08.03.2022 | 13:16

Ирина Докторова: «Дьахтар ийэ буоллаҕына, кыаҕа толору арыллар»

Ирина Докторова:  «Дьахтар ийэ буоллаҕына, кыаҕа толору арыллар»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьытым – тапталлаах кэргэн, түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх интэриэһинэй дьарыктаах сэргэх сэһэргэһээччи. Ирина Докторова инстаграмҥа сахалыы аудио остуоруйалары устан таһаарар, балысхан сайдыылаах олоххо, төрөөбүт тыл сүтэр-симэлийэр кутталлаах кэмигэр, оҕолорго, төрөппүттэргэ олус наадалаах уонна туһалаах @sakha_audio_skazki бырайыактаах.

Билигин Москва куоракка олорор дьиэ кэргэн сахалыы кутун, ийэ тылын илдьэ сылдьар кистэлэҥин арыйда, оҕолору иитиигэ ураты көрүүлэрин ирэ-хоро кэпсээтэ. Ону сэргэ, астрология, ароматерапия, ыраастаныы туһунан сэһэргээтэ. 

 

Туох барыта оҕо саастан саҕаланар

– Ирина, саха дьонун сиэринэн сэһэргэһиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Мин Уус Алдан Хомустааҕыттан төрүттээхпин. Василий Васильевич, Оксана Афанасьевна Бурнашевтар дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтүм. Ийэлээх аҕам оскуолаҕа учууталлаабыттара. Ыал улахан оҕотобун, икки балтылаахпын уонна бырааттаахпын.

Новосибирскайга инженер-тутааччы үөрэҕин бүтэрбитим. Утуу-субуу оҕолонон, идэбинэн үлэлээбэтэҕим.  Кэргэним – предприниматель. Түөрт оҕолоохпут. Билигин астрологиянан, ароматерапиянан дьарыктанабын, детокс марафоннары ыытабын, сахалыы аудио остуоруйалары таһаарабын. 

– “Туох барыта кыраттан саҕаланар” дииллэринии, саха оҕолоругар аналлаах кэскиллээх бырайыаккын олоххо киллэрэр туһунан санаа хаһан саҕыллыбытай?

Итиннэ туох барыта оҕо саастан саҕаланар диэн эбэн этиэхпин баҕарабын. Биһиги сахалыы куттаах истиҥ эйгэҕэ улааппыппыт. Ийэм талыы-талба Тааттаттан төрүттээх. Аҕам бэйэтэ артыыс идэлээх, төрөөбүт тылбыт тыыннаах хааларын туһугар ис сүрэҕиттэн долгуйар патриот. Биһиги дьиэ кэргэнинэн сайын аайы сайылыкка көһөн тахсарбыт, аҕабыт туппут дьоҕус балаҕаныгар олорорбут. Онон ийэ тылбытын, төрүт култуурабытын өрө тутан иитиллибит дьоллоох дьоммут.

Интэриниэт күүскэ киириэҕиттэн, балысхан сайдыы тыына биллиэҕиттэн ийэ тылбыт тыыннаах хаалар боппуруоһа сытыытык турбута. Саха оҕолоро улам нууччалыы саҥарар буолбуттара. Ол биһиги курдук иитиилээх дьон көрөрүгэр ыарахан соҕус этэ.

Биирдэ инстаграмҥа “Папашины сказки” диэн аккауҥҥа түбэһэ түспүтүм. Элбэх оҕолоох аҕа остуоруйа ааҕарын сэргии истибитим. Олус судургу: баттыыгын, остуоруйа холбонор. Кэтээн көрбүтүм, оҕону үтүөҕэ эрэ үөрэтэр айымньылары талан ааҕар эбит.  “Маннык гыныахха баар эбит” дии санаабытым. Испэр уруккуттан иитиэхтии сылдьыбытым күөдьүйбүккэ дылы буолбута. Бастаан утаа дьиэбэр баар кинигэлэртэн саҕалаабытым. Кыра сылдьан сөбүлээн аахпыт Николай Якутскай остуоруйаларын булбутум. Бастакы сырыыбар массыынаҕа олорон аахпытым, тыас-уус суох буоллун, ким да мэһэйдээбэтин диэн. Онтон “Кыһалҕа үөрэтиэ” уонна “Хаһан да сымыйалаабат киһи” диэн остуоруйалары төлөпүөммэр устан, редакциялаан баран, инстаграмҥа бэйэм страницабар уонна @sakhasisters диэн бөлөхпүтүгэр таһаарбытым. Кэлин туспа аккаунт арыйбытым. Салгыы Амма Аччыгыйа “Тоҕус төгүл “тоҕо?” кэпсээннэрин ааҕан укпутум. Бырайыагым итинник сыыйа-баайа олоххо киирэн барбыта.

 

Айымньыттан үчүгэйи, үтүөнү иҥэриниэхтээх

– Остуоруйаларгын хайдах талаҕыный, атын куоракка олорон, хантан булаҕыный?  Мин көрдөхпүнэ, бары үтүөҕэ, кэрэҕэ сирдиир, иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноохтор. 

– Мин кырачааннарга сөптөөх айымньылары була сатыыбын. Тоҕо диэтэххэ уйулҕа үөрэхтээхтэрэ, педагогтар да этэллэринэн, оҕо остуоруйа истэ олорон, геройу кытта тэҥҥэ герой буолар.

Остуоруйа эрэ барыта үтүөҕэ үөрэппэт дии санаатым. Сорох остуоруйалары ааҕан баран, маны оҕоҕо хайдах кэпсиэхпиний диэн соһуйбут түгэним үгүс. Баайдар бары куһаҕаттар, дьадаҥылар эрэ үчүгэйдэр диэн өйү-санааны үөскэтэр айымньы элбэх эбит. Эбэтэр сорох остуоруйа уоран-талаан, дьону албыннаан байыахха сөп диэн “үөрэтэр”. Аны туран, өлөрсүүлээх, хааннаах-сииннээх айымньылар эмиэ бааллар. Аныгы олоххо онто да суох мөкү көстүү үгүс. Мин кэпсиир остуоруйаларбар ол суох буолуохтаах. Оҕо айымньыттан бэйэтигэр үчүгэйи, үтүөнү иҥэриннин диэн санаанан салайтарабын. Ол иһин кичэйэн талабын.

Эппитим курдук, бастаан дьиэбэр баар кинигэлэрбиттэн саҕалаабытым. Онтон ийэм библиотекаттан уларсан, хаартыскаҕа түһэрэн ыытар буолбута. Сороҕор сурутааччыларым көмөлөһөллөр. Аҕам хас даҕаны остуоруйаны аахпыта. Дьиэ кэргэним өйдүүр, өйүүр, күүс-көмө буолар.  

– Оҕо кэрэхсии истэрин курдук остуоруйалыыр эмиэ туспа дьоҕур. Бука, драмкуруһуокка сырыттаҕыҥ?

– Оннук туохха да анаан-минээн дьарыктамматаҕым. Арай аҕабын көрөн улааттаҕым.  Артыыс буолан, сыаҥкаларга оонньуура, хоһоон суруйара. Сэһэнэ-сэппэнэ өрүү элбэх буолара. Тугу эрэ кэпсииригэр араастаан саҥаран-иҥэрэн, туттан-хаптан биһигини күллэрэрэ.

Хас биирдии ийэ оҕотугар остуоруйа кэпсииригэр син биир куолаһын уларытар, холобур, кыыллар саҥаларын үтүктэр.   Мин остуоруйа ааҕарбын оҕолорум сөбүлээн истэллэр. Уһулар буоллахпына, чуумпураллар, тыаһаабаттар. Монтаж кэмигэр тэҥҥэ күлэллэр.

Оҕо болҕомтотун тардар уустук. Киниэхэ кылгас, тэттик айымньыны ааҕар ордук. Аныгы оҕолор кылгаска үөрэнэн хаалбыттар, өр тулуйан истибэттэр. Ол иһин киэһэ кырачааннар ийэлэрин кытта тэттик остуоруйалары истэн, кэпсэтэн, ырытыһан баран утуйаллара үчүгэй. Олус уһаабакка, аралдьыйбакка. Ийэ оҕолорун утутуон иннинэ уоскутан баран, төлөпүөнүгэр остуоруйа холбуура бары өттүнэн табыгастаах.  

 

Кыраны да буоллар, туһалааҕы оҥорорбуттан дьоллонобун

– Үтүө үтүөнэн төннөрө кырдьык. Ханнык баҕарар үтүө санаа бырайыага эмиэ оннук эбит. Аудио остуоруйаларбын ийэлэр, блогердар тарҕаталлар, дьоҥҥо-сэргэҕэ сүбэлииллэр. Саҥа айымньыны угарбын күүтэр эрэллээх истээччилэрдээхпин. Национальнай библиотека ааҕыы амбассадорун бэлиэтин туттарбыта. Бырайыагым туһунан тэлэбиидэнньэҕэ, хаһыакка сырдаталлар, араас тэрээһиннэргэ, биэриилэргэ, подкастарга ыҥыраллар. Ийэ тылбыт сүтэн-симэлийэн эрэр диэн аймаммакка, тылбынан эрэ эппэккэ, кыраны да буоллар, туһалааҕы оҥорорбуттан олус үөрэбин, дьоллонобун. Миигин өйүүр дьоҥҥо махталбын тиэрдэбин.

– Ааҕар киһи маннык бырайыакка ылсар. Оҕо сылдьан сөбүлээн аахпыт айымньыҥ?

– Оскуолаҕа буукубаны билэн, ааҕан, Букубаары бүтэрэн киирбитим. Бииргэ төрөөбүттэрим мультик, киинэ көрө сүүрдэхтэринэ, мин үөрэ-көтө кинигэ ааҕа хааларым. Кыра эрдэхпиттэн саҥаны, сонуну билэрбиттэн-көрөрбүттэн, дьоҥҥо кэпсиирбиттэн дьоллонобун. 

Оҕо сылдьан Иван Гоголев-Кындыл “Хара кыталык” романын умсугуйан аахпыппын өйдүүбүн. Кыһыҥҥы сынньалаҥ кэмэ этэ. Ахсынньы 31 күнүгэр салаат оҥорсубакка, кинигэҕэ киирэн сыттахпына, ийэм ыксаан: “Саҥа дьыл буолара аҕыйах чаас хаалла, кэл, көмөлөс”, – диэбитэ (күлэр).

Төрдүс кылаастан бөдөҥ айымньылары ааҕан саҕалаабытым. Николай Якутскай “Араҥ уонна таптал” романын долгуйа аахпыппын умнубаппын. Аҕам Далан “Кэриэн ымыйатын” олус сөбүлүүрэ. Онно баар үһүйээннэри, номохтору, кутталлаах кэпсээннэри олус сэргээбитим.  Итиэннэ “Эдэр саас” “Хараҥа хос” балаһатын көтүппэт этим. Хара бэкирдэри, иччилэри, абааһылары   харахпар оҥорон көрө-көрө ааҕарым (күлэр).

 

Оҕону сахалыы иитии – үлэ

– Кэнники кэмҥэ саха ыччата төрөөбүт дойдутуттан атын сиргэ күргүөмүнэн көһөр. Былырыын хаһыаппытыгар бу туһунан “Көһүү дуу, куотуу дуу?” диэн матырыйаал тахсыбыта. Маассабай көһүү туһунан санааҥ.

– Кэргэним киэҥ сиргэ үлэлиирэ үчүгэй. Онон ыал буолуохпутуттан элбэхтэ көстүбүт, онон үөрэнэн да хаалбыппыт. Арассыыйа араас куораттарыгар, ону таһынан Таилаҥҥа, Малайзияҕа, Индонезияҕа олорбуппут. Билигин Москваҕа баарбыт. Онон маассабай көһүү саҕаланыан инниттэн маннык олохтоох ыалбыт.

Кэргэним оҕолорбут сир хайа да муннугар тиийдэхтэринэ, аан дойду киһитэбин диэн сананалларын курдук омуктуу ааттаабыта. Ол иһин дьон атын сиргэ олорорбутун иһиттэхтэринэ уонна оҕолорбут сахалыы саҥаран бардахтарына олус соһуйаллар. Саха сиригэр олорор Айаал, Эркин, Айхал сахалыы уһуйааҥҥа сылдьаллар уонна сахалыы билбэттэр дииллэр.  

Оҕолорбутун сахалыы иитэбит. Сыыһа саҥардахтарына, нууччалыы тылы кыбыттахтарына, тута көннөрө сатыыбыт. Ити күн аайы хатыланар үлэ. Оҕоҕо кыыһырбакка, айдааны таһаарбакка, ортотун булан иитиэххэ наада дии саныыбын. Кырачаан нууччалыы эйгэҕэ булкуллара биллэр. “Оҕом нууччалыы эрэ саҥарар, сахалыы өйдөөбөт” диэн ыһыктынан кэбиһэр, тугу да гыммат табыллыбат. Нууччалыы тыллаах уһуйааҥҥа сылдьар, доҕотторун кытта нууччалыы эрэ кэпсэтэр диэн куотунар – чэпчэки суол. Оҕо биир күнүнэн нуучча буолбат. Биир күн биир тылы, иккис күнүгэр биир этиини кыбытыа, биир ыйынан толору нууччалыы эрэ саҥарыа. Сахалыы эйгэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Оҕоҕо ийэ эрэ көмөлөһөр кыахтаах.

 

Уһугуннарыахха эрэ наада

– Биллэн турар, куоракка эрэ улааппыт оҕо сахалыы саҥарарыгар, ылынарыгар ыарахан. Биһиги дойдубутугар кэллибит эрэ, оҕолорбутун илдьэ сайылыкпытыгар тахсабыт. Эһэлэрэ батыһыннара сылдьан, айылҕалыын алтыһыннарар, сахалыы куттарын уһугуннаран, күүһүрдэн ыытар. Оҕону музейдарга, өбүгэлэр олорбут сирдэринэн сырытыннарар, сахалыы иһити-хомуоһу, туттар тэрили көрдөрөр ордук. Эһээ, эбээ көмөтө улахан. Өйдөөбөт эрэ диэн нууччалыы эрэ кэпсэтэр сыыһа дии саныыбын.  Оҕо туохха барытыгар түргэнник үөрэнэр. Иһигэр баарын уһугуннарыахха эрэ наада.

Мин оҕолорум төрдүөлэр, ол иһин бэйэ-бэйэлэрин кытта сахалыы саҥаралларыгар чэпчэки. Биир, икки оҕолоох ыал оҕолоругар бодоруһуу, кэпсэтии тиийбэт. Ыалдьыттыы бардахха, улахан дьон туспа кэпсэтэллэр, оҕолор гаджеттарын тутан олороллор. Ити баар көстүү. Москваҕа көһүөхпүтүттэн биир кыыһы кытта билсибитим. Кинини кытта сүбэлэһэн баран, киин куораттарга олорор саха оҕолоругар ийэ тыл эйгэтин тэрийэр көрсүһүүлэри ыытабыт. Ол курдук остуол оонньууларын оонньуубут, викториналары ыытабыт, ол күн сахалыы эрэ саҥарабыт. Икки тэрээһин буолбута. Инникитин өссө да көрсүһэр санаалаахпыт.

 

Дьиэ кэргэн эйгэтин тэрийээччи

– Сорох кыргыттар үлэни эрэ өрө туталлар. “Хаһан үлэлиэхпиний?” дии саныыллар. Биллэн турар, киһи барыта кыһалҕалаах, үгүстэр ипотека төлүүллэр. Ол эрээри дьахтар айылҕатынан олоруохтаах, доруобуйата этэҥҥэ эрдэҕинэ, кэмигэр оҕолонуохтаах дии саныыбын. Ити кини олоххо сүрүн анала. Ыал – уопсастыба, норуот төрдө. Дьахтар бэйэтэ да билбэтинэн наһаа үрдүк эппиэтинэһи уонна элбэх кыаҕы илдьэ сылдьар. Кини, бастатан туран, дьиэ кэргэн эйгэтин тэрийиэхтээх дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ оҕолоро улааттахтарына, кини кыаҕа тиийэринэн ханнык баҕарар саҕалааһыннарга ылсыан сөп. Бэйэбин, дьүөгэлэрбин да кэтээн көрдөхпүнэ, дьахтар ийэ буоллаҕына эрэ толору арыллар эбит. Кини дьоло – дьиэ кэргэнигэр. Ханнык баҕарар ийэ оҕолорун ситиһиилэринэн кынаттанар. Кырачааннарын көрүдьүөс түгэннэрэ, уруһуйдара, бэйэлэрэ оҥорбут бэлэхтэрэ, астаабыт астара үрдүк үөрүүнү аҕалар. Атын кэрэ аҥаардар туох дии саныылларын билбэппин, ол эрээри бэйэбинэн ылан көрдөхпүнэ, дьахтар анала уонна дьоло – ити. Киһи тугу эрэ гынарыттан, онто хардалаах буоллаҕына ордук дьоллонор дии саныыбын. Холобур, мин остуоруйаларбын истибит дьон эбэтэр дьүөгэлэрим сүбэлээтэхпинэ махтаннахтарына олус үөрэбин.

 

Киһи олоҕун тухары үөрэнэр

– Астрологиянан уонна ароматерапиянан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕыный? Бу туһунан кылгастык кэпсээ.

– Хас биирдии оҕо ийэтин олоҕор туох эрэ уларыйыыны аҕалар эбит. 2013 сыллаахха оҕо күүтэр кэммэр дьахтар, эр киһи айылҕатын, ас-үөл, доруобуйа туһунан үгүс толкуй кутуллан кэлбитэ. Кыра оҕолоох буолан, ымсыырар эрэ этим. Онтон сыыйа ааҕар буолбутум. Иллэрээ сыл күһүнүттэн үөрэнэн, былырыын кыһын базовай кууруһу онлайн бүтэрбитим. Билигин ол билиибин өссө дириҥэтэн үөрэнэ сылдьабын.

Индия уонна арҕаа дойдулар астрологиялара уратыта элбэх. Индия киэнэ 5 тыһыынча сыл анараа өттүгэр баар буолбут. Бу дойду үрдүкү касталара туттар билиилэрэ.

Киһи төрөөбүт сиригэр уонна күнүгэр халлааҥҥа сулустар хайдах турбуттара комбинация буолан, олоҕун тухары дьайар. Биллэн турар, биһиги халлааны көрөн үөрэппэппит, анал бырагыраамаларынан киһи майгытын-сигилитин, олоххо тугу гыныахтааҕын, киниэхэ ханнык идэ барсыан сөбүн көрөбүт.  

Биһиги кып-кыра Сиргэ олоробут. Атын улахан планеталар биһиэхэ дьайыылара олус күүстээх. Аҥаардас ый үүнүүтэ, өлүүтэ үүнээйилэргэ биллэр. 

Киһи олоҕун тухары бэйэтин үөрэтэр. Астрология онуоха олук буолар. Биһиэхэ үксүн олохторугар муммут эбэтэр тугу эрэ саҥаны киллэриэхтэрин, уларыйыахтарын баҕарар, суолларын-иистэрин көрдөнөр, үлэлэриттэн сылайбыт дьон сүбэлэтэ кэлэр. Биир киһи каартатын өр оҥороҕун. Биһиги хас биирдии киһи ис-иһиттэн уларыйдаҕына эрэ, олоҕор туох эрэ уларыйыы буолар диэн үөрэтэбит. Онуоха кини эйгэтэ элбэҕи быһаарар. 

Ароматерапияны сэргиибин, дьиэбэр-уоппар сөбүлээн туттабын. Эфирнэй арыыны үүнээйи саамай сүмэһинин ылан оҥороллор. Холобур, биир бааҥка роза эфирнэй арыыта 12 тыһыынча бутонтан тахсар. Ол иһин киһиэхэ дьайар күүһэ улахан. Доруобуйаҕа буортута суох, туһалаан баран, ордуга организмтан көтөн хаалар.

 

Ыарыы уонна үөрүү

– Аны тоһоҕоҕо турар дьикти дьарыктаах эбиккин. Ол туһунан ааҕааччыларга сэһэргиэҥ дуо?

– Бу дьарык киһи мэйиитин кытта кэпсэтэригэр, ис дьиҥин билэригэр туһалыыр. Биһиги туохтан эрэ куттаннахпытына, көлбөрүтүнэр, төттөрү этинэр үгэстээхпит дии. Ол искэр баары барытын түргэнник таһаарарга, сааһылыырга бэртээхэй ньыма эбит. Сүрүн кистэлэҥэ – ыарыытыгар. Ким эрэ хаһыытыыр, ким эрэ ытыыр, ким эрэ үөхсэр. Дьахтар талыыта киирэр ыарыытыгар майгынныыр. Этэҥҥэ аһарыннаххына, оҕоҥ төрөөтөҕүнэ олус үөрэҕин дии, тоһоҕоҕо туруу син биир ол курдук. Эмиэ да бэйэҥ бэйэҕин кытта күрэхтэһии, тургутан көрүү диэххэ сөп. Ыарыы кэмигэр киһи мэйиитэ улахан стресскэ ылларар уонна искэр кистэнэ сыппыт эмоцияларгын таһаарар. Холобур, туохтан эрэ куттанар, улаханнык долгуйар буоллаххына, тоһоҕоҕо туран аһардыныаххын, бэйэҕин кытта кэпсэтиэххин сөп. Ыарыы уонна үөрүү тэҥҥэ дьүөрэлэһэллэр. Ити икки тылы саҥардахха да биирдик иһиллэр. Биирэ арыый аллараа, иккиһэ – үрдүк. Ыарыыны тулуйдаххына, үөрүү кэлэр диэн өйдөбүллээх.

  

Кыратык ыалдьартан куттанымаҥ

– Детокс марафоннары ыытаҕын. Бу киһиэхэ туох туһалааҕый?

– Кэргэммин кытта ас-үөл доруобуйаҕа суолтатын туһунан элбэҕи аахпыппыт, киһи аҥаар кырыытыттан аһыа-симиниэ суохтааҕын билбиппит. Киһи төһөнөн аччыктыыр да, соччонон үчүгэй эбит. Ол кэмҥэ организма ыраастанар, хомунар, куһаҕантан босхолонор.

Уопсайынан, биһиги организммыт олус күүстээх уонна өйдөөх. Кини кыаҕын сатаан туһаннахпытына, салайан биэрдэхпитинэ, бэйэбит эмтэнэр, атахпытыгар турар кыахтаахпыт.

Марафоммут 21 күннээх. Маҥан бурдуктан, саахартан, доруоһаттан аккаастанабыт, элбэх ууну иһэбит, киэһэ алта кэннэ аһаабаппыт.   Нэдиэлэҕэ биир күн аччыктыыбыт. Ол аата фруктаны эбэтэр оҕуруот аһын эрэ сиибит. Бу астар түргэнник буһан тахсаллар уонна элбэх энергияны биэрэллэр. Киһи токсиннара таҕыстаҕына чэпчиир. Кыргыттар ыйааһыннарын түһэрэллэр, ыраастаналлар, сэргэхсийэллэр. Аны туран, марафон кэмигэр туһалаах үөрүйэхтэри элбэтэргэ дьулуһабыт. Кылгастык кэпсээтэххэ, итинник.

Киһи организма киртийдэҕинэ, бэл диэтэр, салыбыраан-илибирээн барар. Оттон ыарыйдаҕына ыраастанар. Биһиги вирустары “көмөлөһөөччүлэрбит” диэн ааттыыбыт. Эйиэхэ баар мунньуллубут кири сыыҥк, сил гынан таһаараллар. Ону үгүстэр эминэн-томунан, укуолунан тохтотон кэбиһэллэр. Киһи кыратык ыалдьарыттан куттаныа суохтаах.

Билигин сорох дьон иммунитеттара мөлтөөн, сатаан ыалдьыбат да буолбуттар. Кыраадыстара тахсыбат, ол аата организмнара ыарыыны кытта охсуспат.

Бу күннэргэ натуропатияҕа үөрэнэн саҕалыахтаахпын. Онон элбэҕи билэргэ-көрөргө бэлэммин.

 

Ыраастанарга тоҕоостоох кэм

– Бачча элбэх информацияны хайдах тутан илдьэ сылдьаҕыный? Сылайбаккын дуо?

– Информация араас. Онтон киһи хаачыстыбалааҕы уонна туһалааҕы эрэ арааран ылыныахтаах дии саныыбын. Билбитиҥ-көрбүтүҥ үтүө түмүктээх буолуохтаах. Ону дьоҥҥо тарҕатарыҥ эмиэ туспа сатабыл. Холобур, мин кэпсээбиппин уон киһиттэн, баҕар, биир киһи өйдүө. 

Сороҕор, кырдьык, сылайабын. Оччоҕуна сынньанабын. Ол эрээри өр тугу да гымматахпына, тулуйбаппын. 

– Саас – уһуктуу, тиллии, тыллыы кэмэ. Уларыйарга, саҥаны саҕалыырга, ыраастанарга үчүгэй буолуо?

Мин мутукча тыллар кэмин олус сөбүлүүбүн. Саас киһиэхэ инникигэ эрэли үөскэтэр. Кыһын (утуйуу) кэнниттэн саас (уһуктуу) кэлэр. Киһи ыраастанарыгар, доруобуйатын көрүнэригэр, толкуйданарыгар, санаатын сааһылыырыгар, бэйэтин иһиллэнэригэр, саҥаны саҕалыырыгар, арылларыгар тоҕоостоох кэм. Ыраас өйдөөх-санаалаах киһиэхэ туох барыта табыллар.

–   Ирина, истиҥ кэпсээниҥ, сүбэҥ-амаҥ иһин махтанабын. Эйигин сааскы кэрэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. Санаабытыҥ сатаннын, туппутуҥ тубустун!   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....