18.11.2022 | 11:00

Ирина Алексеева: «2032 сылга диэри куорат сайдар былаанын оҥордубут»

Ирина Алексеева:  «2032 сылга диэри куорат сайдар былаанын оҥордубут»
Ааптар: Марианна ТЫРТЫКОВА
Бөлөххө киир

Бу сыл саҥатынааҕы туругунан, Дьокуускай куоракка 358 тыһыынча киһи олорор, нэһилиэнньэ ахсаана оҕо төрүөҕүнээҕэр СНГ дойдуларыттан дьон көһөн кэлиитин түмүгэр 2-3% эбиллэ турар. Ол иһин тутуу хаамыыта тэтимирэн, ДСК диэки, Өрүс пуордугар, Сайсарыга, 17-с кыбаартал түөлбэтигэр аныгылыы көстүүлээх дьиэ-уот тутуллуохтаах. Дьон тоҕуоруһар, ыччат мустар, олох эргийэр киинэ Радиополе хонуутугар түмсүөхтээх, оттон үбүлээччи көһүннэҕинэ, 110 гаа сирдээх паарка саҥардыллан, ойуур буолан турар сир туһаҕа тахсан, төгүрүк сыл үлэлиир аквапаарка аһыллара былааннанар. Тырааныспар сырыытын сыыдамсытар туһугар куораппытын иилии эргийэр кыра уонна улахан суол эргиирэ оҥоһуллуохтаах. 

Ол туһунан бүгүҥҥү ыалдьыппыт СӨ Ил Дарханын иһинэн архитектура уонна градостроительство управлениетын салайааччыта, Саха сирин кылаабынай архитектора, СӨ Бочуоттаах архитектора Ирина Дмитриевна Алексеева кэпсээтэ.   

 

75 тиэргэн тупсарылынна 

Куоракка билигин ыытыллар саамай улахан тутуу — Ленин проспегын өрөмүөннээһин уонна «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн оҕо оонньуур, дьон сынньанар балаһааккаларын оҥоруу. Дьокуускайга аан бастаан биир сыл иһигэр элбэх ахсааннаах, уопсайа 75 тиэргэн хабылынна.

Олбуор иһэ аспаалланан, массыына турар сирэ туһунан, оҕо оонньуур, дьон спордунан дьарыктанар сирэ баар буолла. Сайын итиигэ күн көрбөтүн, ардах хоппотун курдук дьон сынньанар сирэ үрдэ бүрүөһүннээх. Итиэннэ дойду иһигэр оҥоһуллубут үчүгэй хаачыстыбалаах оборудование туруордубут. Тэлгэһэ силигин ситэрэргэ олохтоохтор санааларын истэргэ дьулуһабыт эрээри, Уопсастыбаннай дьүүллэһиигэ бары кэлбэттэр, көхтөөх эрэ өттө сылдьар, кинилэр бар дьон баҕатын тиэрдибэттэр.

Нэһилиэнньэ эрэ санаатын учуоттаабакка, тутууга идэтийбит дьон санаатын эмиэ истиэххэ наада. Куорат архитектурата уокуруктар хатыламмат өрүттэрин бэлиэтээн туран, тиэргэн тас көстүүтүн тупсарарга үлэлэһиэн сөп. Барыта биир халыыбынан барбакка, хас биирдии уокурук тус-туһунан дизайннаах буолуон син.

Тиэргэн бырайыагын бэдэрээтчиккэ сүктэрбэккэ, куорат дьаһалтатын тустаах департамена бэйэтэ сакаастыан наада. Бэдэрээтчит үлэтин туттара охсоору, ыксал муҥунан үрдүнэн-аннынан оҥороро баар суол.  

Массыына турар сирэ уонна оҕо оонньуур балаһаакката ахсаан өттүнэн тэҥ буолуохтаах. Сорох дьон тиэргэн иһин барытын парковка оҥорторо сатыыллар, ол эмиэ табыллыбат.   

Куорат историятыгар аан бастаан «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрэргэ 846 мөл. солк. биэрдилэр. Эһиил үбүлээһин кыччаан, 429 мөл. солк. көрүлүннэ.

Тупсарыы үлэтин ыытарга, тиэргэннэри таларга ким төһө бэлэмнээҕин көрөбүт, бырайыак интэриэһинэй, хаачыстыбалаах, аныгы көстүүлээх буолуохтаах. Дизайн таһынан, бырайыактыыр-сметнай докумуон ирдэнэр, онтон сыанатын көрөр экспертизаны ааһыахтаах. Бырагыраамаҕа кыттарга тоһоҕолоон этиэм этэ, куорат дьаһалтата ити бырайыактарын эрдэттэн бэлэмниэхтээх.

Ил Дархан Сахабыт сирин киин куоратыгар сыл ахсын 30-тан итэҕэһэ суох олбуор оҥоһуллуохтаах диэн социальнай-экономическай сайдыы ыйааҕар сыал-сорук туруорбута. Ити сыалга сыл аайы 150 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр. 

 

Ленин проспега икки сыл оҥоһуллуоҕа

Куораппыт килбэйэр киин суолун өрөмүөннээһин икки сыл тухары барыаҕа. Быйылгы үлэ бастакы түһүмэҕэ саҥа түмүктэнэн эрэр. Бастатан туран, Орджоникидзе болуоссатыттан Доҕордоһуу болуоссатыгар диэри суол аспаалын уларыттылар, итиннэ сатыы, бэлисипиэттээх дьон сылдьар суоллара, сырдатыы үлэтэ оҥоһуллуо.

Сырдатыы үлэтигэр билигин кэккэ боппуруостар үөскээтилэр, соччото суох үлэ көтүрүллэн баран, баҕар, иккистээн оҥоһуллуоҕа. Биһиги 2021 с. Ленин проспегын аныгылыы дизайн-кодун оҥорон биэрбиппит, онно суолу сырдатыы, оптуобус тохтобула, суол быһа охсуһуута, көҕөрдүү хайдах оҥоһуллуохтааҕа ыйылла сылдьар. Кабель-ханаалга олоҕу хааччыйар ситими барытын уган, куорат киин проспега боруобата суох буолуохтаах.

Дьон суол бүрүөһүнүн саҥардыыны көнөтүнэн көрөн, туох да уларыйбатаҕын курдук ылынар, онон дьиэлэр тас көстүүлэрин, киирэр ааннарын, информационнай вывескаларын уларытарга үлэлэһэбит.

Ленин проспегар киирэр Московскай сквергэ эһиил арт-эбийиэктэри, “өйдөөх” тирэхтэри оҥоруохтара, Нуучча тыйаатырын иннин, Космофизика институтун таһыгар Ларионов пааматынньыгын сирин саҥардыахтара.

Суолга ууруллар билиитэ атыылаһылынна, ону Орджоникидзе болуоссатыгар эмиэ туттар курдук бырайыактыыр дьону кытта кэпсэтэ сылдьабыт. Орджоникидзе уопсай бырайыакка киирбэтэҕэ эрээри, ону умнар сатаммат.

Икки суол эргиирэ

Куораппыт биир баар-суох киин проспега оҥоһуллар кэмигэр суол сабыллан, тырааныспар сырыыта бытаарда, үгүс дьон үлэлэригэр чааһы-чааһынан айанныыллар. Ити кыһалҕаны Москваҕа МКАД курдук дьоҕус ЯКАД — куораты иилии эргийэр суолу тутан быһаарыахха сөп. Дьокуускай генеральнай былааныгар ол киирэн турар уонна дьиҥэ, олоххо киирэр кыахтаах. Бүддьүөккэ үп-харчы тыырыытыгар инники сорукка киллэриэххэ, дьокутааттар туруорсуохтарын эрэ наада. Биллэн турар, куруук харчы тиийбэт диэн итинник бырайыактар үтүрүллэн хаалаллар.

Бүддьүөтү көрүүгэ сыл ахсын социальнай эйгэни, доруобуйа харыстабылын туруорсаллар, оттон ОДьКХ салаатын үбүлээһин, куоракка дьон олороругар табыгастаах эйгэни тэрийии кэнники хаалан иһэр.

Киин куораппыт дьон олороругар табыгастаах буоларын тэрийиини тумус тутан, сүрүн сыал-сорук оҥоһуннахпытына биирдэ баар кыһалҕа быһаарыллыа.

Куоракка суол эргиирин тутуутун үбүлээһинэ, дьиҥэ, олохтоох бүддьүөккэ ноҕорууска буолбат, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак нөҥүө үбүлэнэр. Сыл ахсын итиниэхэ үлүгэрдээх улахан үп көрүллэр, кэлиҥҥи кэмҥэ куорат кытыы оройуоннарыгар үгүс саҥа суол тутулунна, сырдатыы үлэтэ ыытылынна. 

Суол эргиирэ Объездной суолтан саҕаланан, Геологтар бөһүөлэктэринэн эргийэн, Медкиинтэн Автодорожнай уулуссаҕа, Покровскайдыыр суолга тахсар. Былаан быһыытынан, куораты эргийэр улахан уонна кыра суол тутуллуохтаах. Ону саҕалыырга дьокутааттар таһымнарыгар быһаарыныы эрэ ылыныахха наада.

Бүддьүөт инникитин хас эмэ сыл тухары оҥоһуллан, хас биирдии бырагыраама сааһыланан турар, ону ким да уларытыан баҕарбат. Холобур, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ экологияҕа үтүмэн үбү көрөр, оттон тупсарыы салаатыгар икки эрэ мөл. солк. көрүллэр, бүтүн Саха сирин үрдүнэн. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэриллэр федеральнай субсидия — 267 мөл. солк.   

     

Фонтан сухуой буолуохтаах

Ленин болуоссатын саҥардар үлэҕэ бырайыагынан 700 мөл. солк. көрүллүбүтэ эрээри, санкция кэмигэр уонна экономика билиҥҥи балаһыанньатынан саҥаттан тутуу (реконструкция) толору кыаллыбата буолуо. Болуоссакка хапытаалынай өрөмүөн үлэтин ыытарга бырайыак көннөрүллэн эрэр.

Саҥа фонтан сухуой буолуохтаах, ол аата уу сир анныттан тыгыахтаах. Уоттаах-күөстээх, музыкальнай, динамическай фонтан сыаната олус ыарахан, техническэй өттүнэн эмиэ уустук, сир анныгар 2,5 миэтэрэ дириҥнээх хайаҕаска улахан насоснай ыстаансыйа баар буолуохтаах. Аҥаардас тиэхиньикэтигэр 75 мөл. солк. наада.

Холобур, Ижевскэй куоракка икки сыллааҕыта Сбербаан 85 мөл. солк. фонтан тутуутун үбүлээбитэ. Арассыыйаҕа саамай улахан динамическай фонтаҥҥа быйыл Дербент куоракка эмиэ ити баан 150 мөл. солк. кэриҥэ үбү укта.

Ону таһынан, Ленин болуоссатыгар өр кэмҥэ фонтан үлэлээн, сир аннынааҕы уу элбээн турар. Уулаах сири тоҥорорго эмиэ үп-харчы, бириэмэ ирдэнэр буолан, фонтан хайдах оҥоһуллара ситэ быһаарылла илик.

Итинник улахан бырайыактар олоххо киирдэхтэринэ, куораппыт тас көстүүтэ уларыйа түһүө этэ.

Дьон сынньанар киинэ — Сайсары күөл кытыла

Дьокуускайга «Триумф» спортивнай киин таһыгар 2023 сылга Сайсары күөл кытыла оҥоһуллуохтаах. Бырайыак рейтинговай куоластааһыны ааспыта, элбэх киһи өйөөбүтэ. Улахан эбийиэк диэтэххэ, 48 мөл. солк. көрүллүбүтэ, онон бастакы хардыы быһыытынан, спортивнай килбиэн аллеята, дьон сынньанар, скейтинэн дьарыктанар сирэ тутуллуоҕа. 

Дьиҥэр, Сайсары күөл кытылын барытын эргиччи оҥоруохха баара, ол эрэн, ону барытын хааччыйар үп көрүллүбэтэҕэ. Бырайыак быһыытынан, күөл тула сатыы дьон хаамар сирэ, Ийэ скверигэр төгүрүк сыл үлэлиир павильон, оҕо балаһаакката оҥоһулларыгар баҕа санаалаахпыт.

Уопсайынан, куорат тас көстүүтүн тупсарарга олус аҕыйах үп-харчы көрүллэр. Олохтоох хааһынаҕа ити сыалга куруук харчы суох диэн, ол иһин өрөспүүбүлүкэ уонна куорат таһымнаах дьокутааттар Сахабыт сирин киин куоратын тупсарар үлэни өйүөхтэрин баҕарабын.  

 

Өрүс пуордугар дьон олорор дьиэтин тутуохтара

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин бырагырааматыгар  этэринэн, сир баайыттан буолбакка, атын салааттан дохуот киириэхтээх. Куорат сайдыытын сүрүн драйвера дьон олорор дьиэтин тутуутун кытта ситимнээх.

Билигин ДСК оройуонугар Воинскай уулуссаҕа «Звезднай» диэн улахан оройуон тутуллан эрэр, быйыл номнуо сэттэ дьиэ киириэхтээх. Эргэ хаарбах туруктаах мас дьиэ олохтоохторун манна көһөрүөхтэрэ, атыыга диэн дьиэ эмиэ тутуллуоҕа. Биллэн турар, куорат киинин кытта тэҥнээтэххэ, сыаната удамыр буолуо.

Манна сабыылаах хоккейнай каток тутуллуоҕа, оҕо уһуйаана, социальнай эбийиэктэр, күөл тула дьон сынньанар сирэ баар буолуохтаах. Аҕыйах сылынан аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир тупсаҕай оҥоһуулаах саҥа оройуон тутуллан дьэндэйэн тахсыа. Ону таһынан, 2,14,17 кыбаарталларга тутуу барыа.

Сири биир кэлимник сайыннарыы регионнааҕы операторынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство ылсан үлэлиэҕэ. Бу тэрилтэ «Звезднай» оройуону, 2,14,17,31 кыбаарталлары тутан таһаарыахтаах, бырайыакка инженернэй инфраструктураны оҥоруу эмиэ киирэ сылдьар.

Чааһынай үбүлээһин быһыытынан, таһаҕас тиэйэр Өрүс пуорда улахан реновацияны баран, онно уопсайа 354 000 кв.м иэннээх хас да этээстээх дьон олорор дьиэтэ тутуллуохтаах. Өлүөнэ эбэ кытылыгар кэрэ көстүүлээх кытыллаах бэрт интэриэһинэй бырайыак оҥоһуллубута. Өрүс пуорда Аллараа Бэстээххэ көһүөхтээх.

Сайсары түөлбэтигэр, Мархаҕа, Кирзаводка дьон олорор дьиэтэ эмиэ саҥардыллыахтаах. Эргэ хаарбах туруктаах мас дьиэлэри көтүрэн баран, аныгылыы көстүүлээх саҥа дьиэлэри тутуохтаахтар.

Күөх хонуу кытылын устун үһүс канализационнай коллектор тутуллан, куорат соҕуруу өттүгэр, ДСК диэки тутуллар «Звезднай» оройуон дьиэлэрин хааччыйар кыах көстүө.

Бу күннэргэ креативнай кластеры сайыннарар «Үлэ кыбаартала» үлэҕэ киириэхтээх, манна айар-тутар дьоҕурдаах дьон мустан, талааннарын сайыннарыахтара, дохуот киллэринэр кыахтаныахтара.

Паарканы саҥардыы

Дьон сынньанар сирин тэрийэргэ куорат пааркатын саҥардыахха наада, манна киирдэххэ 110 гаа сирдээх, ол туһаҕа тахсыбакка ойуур буолан турар. Аттракционнар бэтэрээ эрэ эргин бааллар, онтон салгыы, холобур, үбүлээччи көһүннэҕинэ, төгүрүк сыл үлэлиир аквапаарка, ас-үөл атыылыыр павильоннары, кафелары, мыраантан хайыһарынан, сноубордунан түһэр сыыры, кыһыннары үлэлиир “колесо обозрения” оҥоруохха сөп. Куорат дьон күннэтэ кэлиитин хааччыйдаҕына, предпринимательство сайдан барыа.

Дьокуускай киин сирэ барыта тутуллан бүтэн турар, ол иһин ону кэҥэтэн, Радиополе хонуутугар Арктическай киини, университет саҥа куорпустарын тутуу былааҥҥа киирбитэ. Оччотугар дьон тоҕуоруһар, ыччат мустар сирэ аһыллан, куораппыт тас көстүүтэ киэркэйиэ.

Эппитим курдук, Искусство уонна эпос Арктическай киинэ, Үүнэр көлүөнэ паарката тутулла турар, Кангалааска Суперкампус, куорат саҥа киинин быһыытынан, Радиополе оройуонугар үрдүк үөрэх кииннэрин ситимниир кампус тутуллуохтаах, онно дьоҕус паарканы да оҥоруохха сөп.   

Арктическай киин тутулуннаҕына, култуура эйгэтиттэн бүддьүөккэ дохуот киириэхтээх, саҥа үлэ миэстэтэ тэриллиэхтээх. Үүнэр көлүөнэ паарката көннөрү сынньанар, ыччат мустар сирэ буолбакка, оскуола үөрэнээччитэ оҕо сааһыттан харчы сатаан оҥоро үөрэнэр, айаҕын ииттинэр, инники идэтин булар сиригэр кубулуйуохтаах.

Табаҕа-Хатас икки ардыгар түргэн айаны хааччыйар суол тутуллуохтаах, куорат иһигэр суол эргиирин аҥаара оҥоһуллуохтаах.

Куоракка агрокластеры сайыннарыы – аныгы кэм ирдэбилэ. Ол курдук, эти-үүтү переработкалыахтара, олохтоох бородууксуйаны «таҥастыыр» тупсаҕай хаа оҥорор салааны арыйыахха син этэ.

Ити бырайыактар бары Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдар бырагырааматыгар киирэн тураллар.    

 

Уопсастыбаннай эйгэни көрөр-истэр киһи суох 

202-с дьоҕус оройуоҥҥа Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсаран оҥоруу бырайыактыыр-сметнай докумуона оҥоһуллубута. Куорат сөтүөлүүр сирин аныгылыы бырайыактаан биэрбиппит. Ол хаһан олоххо киирэрэ Дьокуускай дьаһалтатыттан, үп-харчы хаһан көстөрүттэн быһаччы тутулуктаах.

Ити эҥээр муус оҥоһуктарга, сыыртан хатааһылыы, араас аттракционнарга элбэх киһи сылдьар, харчы эргийэр. Бу курдук чааһынай үбүлээччини киллэрэн, сөтүөлүүр сири саҥардан биэрэн, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир курдук оҥоруохха сөп этэ. Бырайыага остуолга бэлэм сытар, ону олоххо киллэрэр дьон наада.

Биһиги, архитектордар, эбийиэк бырайыагын, сметатын оҥоробут, тутааччылар тутан таһаарбыттарын кэнниттэн ол уопсастыбаннай эйгэни көрүөххэ-истиэххэ, алдьаннаҕына өрөмүөннүөххэ, өрө тардыахха наада, хомойуох иһин, биһиэхэ ол кыаллыбат.

Таалай, Теплай күөл тула дьон сынньанарыгар сөптөөх тупсаҕай сир оҥоһуллубута, салгыы ону ким көрөрүй, ыскамыайка, күрүө алдьаммытын саҥардарый? Куруук бүддьүөккэ харчы суох аатырар. Оччотугар дьоҕус урбаанньыттары киллэрэн,  кинилэргэ сир учаастагын хас эмит болдьоххо биэрэн, эппиэтинэстээх сирдэрин көрдөрүөххэ наада.

Холобур, 203-с дьоҕус оройуон кытылын тутарга урбаанньыт ол ороскуотун хайдах төнүннэрэри өйдүөхтээх. Оччотугар дьон түмсэр, харчы киирэр сирэ баар буолуохтаах, баҕалаах дьону аэротрубаҕа көтүтүөхтэрин син, ыччат скалодромҥа тоҕуоруһуо.

Сайын сөтүөлүүр сиргэ ыһыах киһитэ мустар. Эбэни көрөн олорор кыраһыабай көстүүлээх ресторан, харчылаах бассейн оҥордоххо, үп-харчы эргийэн, өрүс кытылын тупсарар кыах көстүө. Ырыынак курдук буолбакка, аныгы хаачыстыбалаах гына оҥоруохха наада. Маны олоххо киллэрэргэ саҥа толкуйдаах, түргэн-тарҕан туттунуулаах, эргиэн эҥээрдээх дьон ылсара көдьүүстээх.

Атын куораттары кытта тэҥнээтэххэ... 

Уһук Илин куораттарын Дьокуускайы кытта тэҥнээн көрдөххө, холобур, Хабаровскайга Амур өрүс кытылыгар бэрт кэрэ көстүүлээх, хойуу күөх мастардаах, чэлгийэр ыраас газоннаах, сибэккинэн симэнэр кытыл, онно “колесо обозрения”, дьону өрүһүнэн хатааһылатар суудуналар бааллар. Пааркаҕа урукку оҥхойдорго уу кутан, искусственнай күөл оҥорон, онно кустар, кубалар устан кынталдьыһаллар, киһи хараҕын көрүөхтэн кэрэ аллеялар, фонтаннар, беседкалар үөрдэллэр, айылҕа кэрэ туонатыгар күөл устун дьон тыынан хатааһылыыр. Амур балыктара диэн аквариум-музейдаахтар, сотору дендрарий үлэҕэ киириэхтээх.

Оттон Сахабыт сирэ сир баайынан аан дойду үрдүнэн аатырар эрээри, дьоллоох Дьокуускайбытыгар ити тоҕо кыаллыбатый? — диэн Ирина Дмитриевнаттан ыйытабын.

«Хабаровскай олохтоохторо куораты тупсарыыга күүскэ ылсан үлэлииллэр, ону сүрүн сыал-сорук оҥостон, олорор куораттарын сыл ахсын тупсарарга дьулуһаллар. Ити эбийиэктэри тутарга бэйэтин кэмигэр куорат салалтата үп-харчы булан, туруорсан, тылын ылыннаран ситиспит. Ол билигин туристар, олохтоох дьон сөбүлээн сылдьар, сынньанар сиригэр кубулуйан турар.

Оттон биһиэхэ бүддьүөт тыырыытыгар куораты тупсарыыга болҕомто ситэ ууруллубат. Үп-харчы көрөөрү гыннахха, наһаа сыаналаах диэн буолар. 2032 с. диэри куораппытын сайыннарар бырайыактар түмүктэрэ кэлин көстүөҕэ. Сайсары күөл кытылын тупсаҕай гына оҥордоххо, куораппыт киһи хараҕар быраҕыллар гына киэркэйэ түһүө.

Ону таһынан, Дьокуускай дьоһун-мааны көстүүтүн чочуйан таһаарарга улахан амбициознай киэҥ хабааннаах бырайыактар наадалар. Итини олоххо киллэрэргэ үүт-хайаҕас көрдөөн, инфраструктурнай кирэдьиит ылыахха, улахан харчыны угар үбүлээччини (инвестор) булуохха наада. Киниэхэ, холобур, пааркаҕа улахан эбийиэк биэрэн баран аллеялары, ону сырдатыыны, көлүччэлэри, үрүйэлэри, беседкалары, фонтаннары оҥорторор тоҕо сатаммат буолуой? Паарканы биһиги кыра эрэ өлүүтүн көрөбүт, дьиҥэр, итиннэ иһигэр киирдэххэ, улахан сир туһаҕа тахсыбакка сытар. Паарка ойуурун кэрдибэккэ эрэ, дьон сөбүлээн сынньанар сирин атын куораттартан итэҕэһэ суох оҥоруохха сөп. Онно баҕа санаа уонна бүддьүөккэ үбү-харчыны сөпкө аттарыы ирдэнэр», — диэн Ирина Дмитриевна бүгүҥҥү сэһэргэһиибитин түмүктүүр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...