12.05.2022 | 11:43

Ираида Попова: «Суруйааччы истиилэ, буочара, уратыта хаалыахтаах»

Ираида Попова:  «Суруйааччы истиилэ, буочара, уратыта хаалыахтаах»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит Ираида ПОПОВА – Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Полярная звезда” сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ. Икки тылынан суруйар, тылбааска, драмаҕа үлэлиир. Өссө уруһуйдуур, иистэнэр, ыллыыр, гитаралыыр – дьарыгын ааҕан сиппэккин. Оннук эргиччи айар эйгэлээх киһи.

А.Г. Нелунов, Г.В. Попов, Н.К. Антонов, Ким Чул Хон, Е.И. Коркина, П.А. Слепцов – 1995 сыл.
Поповтар дьиэ кэргэн – Павловскай ыһыаҕар. 1972 сыл.

Учуонай оҕото буолар – дьол

– Ираида Гаврильевна, аҕаҥ – биллиилээх учуонай, кыраайы үөрэтээччи Гавриил Васильевич Попов. Бука, оҕо сааһыҥ интеллигенция эйгэтигэр аастаҕа?

– Биһиги Дьокуускай куоракка 1976 сыллаахха көһөн кэлбиппит. Аҕам Тыл, литература уонна история институтугар үлэлии киирбитэ. Ол иннинэ Эдьигээҥҥэ, онтон Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар саха тылын учууталынан үлэлээбитэ.

Аҕам хас да чымадаан картотекалаах этэ. Суруйар остуолун үрдэ барыта кумааҕы, оттон тардарын иһэ картотека буолара. Бээтинсэ, субуота аайы биһиги дьиэбитигэр наука үлэһиттэрэ, интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ ыалдьыттаан, чэйдээн бараллара. Аҕам Петр Алексеевич Слепцовы, Анатолий Гаврильевич Нелуновы, Авксентий Ильич Эверстовы, Хомус Уйбааны кытта ыкса доҕордоһоро. Саамай истиҥ доҕоро Багдарыын Сүлбэ этэ. Иккиэн олус тапсаллара. Мин Дьокуускай куорат 2-c №-дээх оскуолатыгар үөрэммитим. Ол саҕана уруок көттөҕүнэ, Багдарыыннарга сүүрэн тахсарым, туох да сэрэтиитэ суох көтөн түһэрим (күлэр). Биһиги 17-с кыбаарталга олорбуппут, онон дьиэбэр бара сатаабат этим. Ону таһынан Михаил уонна Елизавета Габышевтар диэн аҕам Эдьигээҥҥэ бииргэ үлэлээбит дьонун кытта ыалынан сылдьыһарбыт.

Бу олорон санаатахпына, итинник эйгэҕэ улааппыт буолан, олус элбэҕи иҥэриммит эбиппин. Оскуолаҕа ыытыллар викториналарга аттыбар олорор оҕолорго сөптөөх хоруйу этэн биэрэрим. Бэйэм буоллаҕына, симигим, сэмэйим бэрт, кыбыстан олорорум (күлэр). Сытыы оҕолор “чап” гынан иһэллэрэ.

Учуонай оҕото буолар – туспа дьол. Аҕам доҕотторун кытта сирдэр ааттарын, тылларын, дьон хос аатын ырыталлара. Араас дойдулар тустарынан, былыргыны кэпсэтэллэрэ. Холобур, Шумер, Ассирия, Иран туһунан үгүһү истэрим. Хата, ол билиим Намнааҕы художественнай училищеҕа туттарсарбар көмөлөспүтэ. Дьиҥэр, мөлтөхтүк уруһуйдуурум. Ону собеседованиеҕа: “Маннык оҕону хайдах художественно-графическай салааҕа ылыахпытый?” – диэбиттэрэ. Онуоха искусство историятын учуутала Местникова Ада Федоровна: “Бу шумердары, аан дойду историятын билэр оҕо искусство историга буолан тахсыаҕа. Эһиги ылымаҥ, кинини мин ылабын”, – диэн көмүскэспитэ.

 

"Ааҕааччы аҕыйаата, ол чахчы. Тоҕо диэтэххэ чэпчэки информация элбээтэ."

 

– Аны ийэҥ туһунан кэпсээ.

– Ийэм аҕатынан Кэбээйи. 1937 сыллаахха алта ыйдааҕар төрөөбүт. Хос эһэтэ сайыннары кэтэр тулуубугар куобах бэргэһэтин тиэрэн, ийэбин онно укпут уонна курданан баран оннук сылдьыбыт. Уонна сиэнигэр: “Оҕоҥ алҕас өлөн хааллаҕына, харыһыйыма. Баран үлэлээ. Өссө элбэх оҕолонуоҥ. Тыыннаах хаалар буоллаҕына, хаалыаҕа”, – диэбит. Эбэм Лермонтов “Герой нашего времени” айымньытын ааҕан баран, ийэбэр Бэла аатын биэрбит. Ону үөрэҕэ суох дьон Биэнньэ диэн ааттыыллар эбит. Ол иһин ийэм оҕо эрдэҕинээҕи аата Феня диэн. Аттестат тутарыгар дьиҥнээх аатын билбит. Сэрии саҕана эһэлээх эбэм Арбынтан икки оҕолоох хоту көһөн барбыттар.    

Ийэбит алын сүһүөх кылаас учуутала буолан, биһигини оруолларга араартаан пьесалары аахтарара. Баҕар, ол иһин кэнники кэмҥэ драмаҕа сыстан эрэрим дуу дии саныыбын. Ол саҕана олус элбэх пьеса бэчээттэнэрэ, арай билигин аҕыйах курдук...

«Полярная звезда» сурунаал – Мииринэйгэ. 2016 сыл.

Оҕо сааһым ыра санаата

Айар үлэһит бэйэтин төһө өр көрдөнөрүй? Эн суолбун-ииспин буллум диигин дуо?

Дьиҥэр, ханнык баҕарар киһи тугу эрэ ситиспит да буоллаҕына, онно тохтоон хаалбат эбит. Мин үлэм кинииискэтэ туолан, икки дуу, үс дуу сыһыарыылаах. Биир сиргэ уһаабыта түөрт сыл үлэлиирим. Бу санаатахпына, бэйэбин өр көрдөммүппүн. Уопсайынан, хас үлэлээбит сирбэр саҥаны, сонуну ылыммыт уонна дьоҥҥо эмиэ элбэҕи биэрбит эбиппин. Ол курдук, 15 сыл учууталлаабытым тухары уруһуй, черчение, нуучча тыла, төрүт култуура, саха литературата,  “Страноведение”, “МХК”, “Этика”, “Эстетика” курдук предметтэргэ үөрэппитим. Ол саҕана биирдэ эмит суруйарым. Учуутал киһи айар үлэҕэ илиитэ тиийбэт. Бэчээт эйгэтигэр син суруйар быыс булар эбиккин.

“Полярная звезда” сурунаал – оҕо сааһым ыра санаата. Оччолорго киһи барыта “Хотугу сулус”, “Полярная звезда” сурунааллары тэҥинэн суруйтарара. Почтаттан ылбыт киһи бастакы ааҕар дьолго тиксэрэ. Ол кэнниттэн илииттэн илиигэ барара, эргитэ сылдьан, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ааҕарбыт.

 

Баһылай Харысхал семинарыгар. 2018 сыл.

Тыл оонньуута буолбатах

– Үгүс суруйааччыны көччөх гынан көтүппүт “Полярная звезда” сурунаалга үлэлиигин, этэргэ дылы, литература үөһүгэр сылдьаҕын. Аныгы литература туһунан туох санаалааххыный?

– Дьиҥинэн, суруйааччы элбэх. Бииртэн биир эдэр суруйааччы тахсан иһэр. Араас жанрга үлэлииллэрэ хайҕаллаах. Фэнтези, криминал да баар. Арай поэзиябыт мөлтөөтө. Сорохтор формаҕа охтон хааллылар диэххэ сөп. Нууччалыы тиэрмининэн эттэххэ, “рифмоплетство” баар буолла. Тас көстүүлэрэ үчүгэй, онтон ааҕан көрдөххө, туох да ис иэйиитэ суох. Тыл оонньуутун курдук – тыллары эргитэн, киэпкэ уган. Ол да буоллар биирдиилээн үчүгэй хоһоонньуттар бааллар. 

– Былатыан Ойуунускай: «Суруйааччы элбэх, айааччы аҕыйах», – диэн тылларын санаан кэллим...

– Ити эппит элбэх суруйааччыбыттан историяҕа аҕыйах ахсааннаах хаалыаҕа. Кэм, ааҕааччы сүүмэрдээн, сиидэлээн биэриэҕэ. Онно мин баар буолуом диэн этэр кыаҕым суох. Ким да билбэт... Кэм-кэрдии эрэ көрдөрүөҕэ. Умнууга хаалбыт суруйааччылар бааллар, суох буолбатахтар. Олор истэригэр олус талааннаахтар эмиэ.

– Оттон билиҥҥи ааҕааччы чэпчэки, күннээҕи литератураны ордорор буолла дииллэрэ оруннаах дуо?

– Ааҕааччы аҕыйаата, ол чахчы. Тоҕо диэтэххэ чэпчэки информация элбээтэ. Киһи көрдөөбүтүн куйаар ситимиттэн бэрт түргэнник булан ылар кыахтаах. Хантан эрэ хаһыат, сурунаал тиийэн атыылаһан ааҕыан оннугар, TikTok, ютубу көрөр, бассаабы хаһар. Сурутааччылар билигин да бааллар. Ол эрээри кумааҕыттан ааҕыы диэн бэйэтэ туспа үлэ уонна үөрүйэх. Холобур, билиҥҥи оҕо төлөпүөнтэн ааҕара судургу курдук.  

– Аны эрэдээктэр үлэтин туһунан кэпсэтиэххэ. Иннигэр (үлэлиир остуолугар – Аапт.) тиэкис кииппэтэ кыстанан сытар. Итини көннөрөн, сааһылаан, этэргэ дылы, “сууйан-сотон”, “өтүүктээн”, бэчээккэ бэлэмниэхтээххин. Үчүгэй эрэдээктэр мөлтөх да тиэкиһи тупсарар кыахтаах дииллэр...

– Кырдьык, оннук. Сороҕор олус үчүгэй идеяны олуттаҕас тылынан суруйаллар. Ону көннөрөн, сааһылаан биэрэҕин. Биллэн турар, ааптары кытта кэпсэтэҕин, сүбэлэһэҕин, сөбүлэҥин ылаҕын. Суруйааччы истиилэ, буочара, уратыта хаалыахтаах. Холобур, сорох хаһыаттар бэйэлэрин истииллэринэн уларытан кэбиспит буолаллар. “Хайа, бу мин суруйбутум дуо?” диэххэр дылы. Аан бастаан оннукка түбэспит киһи сирэйигэр уһааттаах ууну саба ыспыттарын курдук турукка киирэр.

Ханнык баҕарар үлэ үс өрүттээх буоларын курдук, эрэдээктэр киэнэ эмиэ оннук. Ким эрэ хайгыаҕа, ким эрэ сөбүлээбэтэҕин биллэриэҕэ, үгүстэр ылыныахтара.

"Ити эппит элбэх суруйааччыбыттан историяҕа аҕыйах ахсааннаах киһи хаалыаҕа. Кэм, ааҕааччы сүүмэрдээн, сиидэлээн биэриэҕэ. Онно мин баар буолуом диэн этэр кыаҕым суох."

«Драматургтар лабораториялара». 2022 сыл.

Кырса – Снежок, Баһырҕас – Громоглас

– Тылбааска киириэххэ. Урут тылбаас олус да сайда сылдьыбыт эбит. Биһиги “Бөкчөгөркөөн соноҕосчоон” остуоруйаттан саҕалаан, “Ыстаал хайдах хатарыллыбыта”, “Сэрии уонна эйэ” романнары тиийэ сахалыы тылбаастарын ааҕан улааппыппыт. Бэл диэтэр, оҕо санаабытыгар, саха суруйааччыларын айымньылара диирбит.

– Тылбаас бэйэтэ туспа үлэ. Туруору тылбааска тыл тылга тахсыахтаах. Ол быдан ыарахан. Саха тылын баайын хайдах даҕаны нууччалыы маннык диэн ууран кэбиспэккин. Холобур, “хаарыан” диэн тылы киһи хайдах нууччалыы тылбаастыай? Онон сорох тыллары иккилии-үстүү тылынан быһааран суруйаҕын.

Сорох тиэкиһи хайдах өйдүүргүнэн тылбаастаа диэхтэрин сөп. Оччоҕуна ол омук киһитэ (холобур, нуучча) хайдах ылынарын эмиэ учуоттуоххун наада. Чуолаан оҕо кинигэтигэр. Холобур, саҥа кинигэбин икки тылынан таһаардым. “Кырса уонна Баһырҕас” диэни нууччалыы “Снежок и Громоглас” диэтим. Кырсаны бэйэтинэн хааллардахпына, нуучча Крыса да диэн ааҕыан сөп. Басыргас диирим эмиэ табыллыбат курдук. Ол иһин нууччалыы тыллаах киһи саҥарарыгар уонна ылынарыгар чэпчэки буоллун диэн итинник уларыттым.

 

"Бу санаатахпына, бэйэбин өр көрдөммүппүн. Уопсайынан, хас үлэлээбит сирбэр саҥаны, сонуну ылыммыт уонна дьоҥҥо эмиэ элбэҕи биэрбит эбиппин."

 

Льюис Кэррол “Алиса в Стране чудес” кинигэтин сахалыы тылбаастаан бүтэрбитим. Ол эрээри санкция мэһэйдээн, тахса илик. Бырайыак салайааччыта Виктор Яковлевич Фет: “Саха оҕото өйдүүрүн курдук тылбаастаар”, – диэбитэ. Холобур, Квази диэн чарапаахыны толкуйдаан-толкуйдаан баран, “тамыйах туйах” диэбиппит. Онтон Соня диэн кутуйаҕы Утуйаан кутуйах диэбиппин туруору тылбаас диэн Фет сөбүлээбэтэҕэ. Ол иһин Саха сиригэр баар кыыл аатынан Таарбаҕан диэн уларыппыппыт. Аны туран, “арыгы испиттэр” диэн саха кулгааҕыгар олуонатык иһиллэр. Ол иһин “кымыс испиттэр” диэбиппит.

– Оттон айымньыны баһыттан атаҕар диэри нойосуус билэр киһи уларыйыылары атыҥырыа суоҕа дуо? Аан дойду үрдүнэн “Алиса в Стране чудес” сүгүрүйээччитэ элбэх, биһиэхэ да бааллара буолуо.

– Айымньы фабулата, үгүс уобарас сүрүнэ бэйэтинэн хаалла. Холобур, Күлтээски күлгэри. Уопсайынан, барыта өйдөнөр курдук, тыл тылыгар хаалла. Ол эрээри сорох уобарас сахатыйда эрэ диэххэ сөп. Холобур, Алиса Ээлис диэн уларыйда. Тоҕо диэтэххэ, бэйэтинэн хааллардаххына, киирии тыл элбиир. Төһө кыалларынан сахалыы буолуохтаах, ол сатамматаҕына, сахатытан биэр диэн ирдэбил туруорбуттара. Ити бырайыакка хас да сыл үлэлээтим.  

Икки тылынан суруйарыҥ хайа эрэ түгэҥҥэ мэһэйдиир дуо?

–   Дьиҥэр, биир тылы тутар ордук эбит. Кырдьык, ардыгар нууччалыыга охтобун. Сорохтор эмиэ даҕаны: “Сахалыы барбытыҥ буоллар”, – дииллэр. Саха эйгэтигэр сылдьан баран, нууччалыы “пуль-паль” баран хаалар түгэннэрим эмиэ бааллар. Икки тус-туспа майгыннаспат тылы дьүөрэлиир эмиэ уустук. Холобур, сахалыыттан туроктыы тылбаастыыр быдан чэпчэки. Этиилэрбит тутуллара майгыннаһалларын иһин быһыылаах. Оттон сахалыыттан нууччалыы, нууччалыыттан сахалыы тылбаастыыр ыарахан.

«Борук-сорукка» испэктээк кэнниттэн. 2022 сыл.

Ураты, умсугутуулаах. Үрүмэччи курдук...

– Кэлин драмаҕа ылсан эрэҕин. Сунтаардааҕы норуодунай тыйаатыр “Борук-сорукка” диэн пьесаҕын Сунтаарга уонна Саха тыйаатырын уораҕайыгар туруоран, көрөөччү киэҥ эйгэтигэр таһаарда. 

– 2015 сыллаахха “Чолбон” сурунаал ыыппыт айар күрэҕигэр “Драма” хайысхаҕа киһи ахсаанын элбэтээри кыттыбытым уонна кыайбытым. Драмаҕа ити бастакы холонуум буолбута. “Кыратык үлүһүйдүм быһыылаах, кэпсээннэрбэр төннүөм” дии санаабытым. Онтум баара, бэйэтэ ураты, умсугутуулаах эйгэ эбит. Режиссеру, тыйаатыры кытта ыкса үлэлээн, айымньыҥ өссө уларыйан, өссө кэҥээн, үүнэн-сайдан тахсар. Ону үрүмэччи түүлээх үөнтэн дьүһүн кубулуйан, кэрэ бэйэлээх буола уларыйыытын кытта тэҥниэххэ сөп.

Драма – ыарахан жанр. Сыанаҕа турарын курдук хараххар ойуулаан суруйбуккун режиссер бэйэтин көрүүтүнэн уларытар. Ол быыһыгар бытархайа элбэх буоллаҕа. Айымньыҥ хайдах турара артыыстар оонньууларыттан эмиэ тутулуктаах. Оннук барыта холбоһон, биир уопсай хартыына тахсар.

Билиҥҥи кэмҥэ куһаҕан дьаллык тиэмэтэ сытыытык турар. Арыгы көҥүл атыыланар. Дьон испэт буолла диибит даҕаны, ис дьиҥин ыллахха, дьиэлэригэр сытан эрэ арыгылааччы элбэх. Чуолаан пандемия саҕаланыаҕыттан сорох дьарыга суох буолан, үлэтэ, бизнеһэ суох хаалан куһаҕан дьаллыкка ылларбыта баар көстүү. Холобур, тыа сиригэр урут биир эмэ буор иһээччи баар буолара. Билигин хас ыал аайы кэриэтэ... Арыгылаан баран утуйан хаалар диэн туспа. Эдэр ыччат ускул-тэскил сылдьан онно-манна түбэһэрэ, көнөр кыаҕа суох алҕаһы оҥороро – киһи хараастар хартыыната. 

 

"Режиссеру, тыйаатыры кытта ыкса үлэлээн, айымньыҥ өссө уларыйан, өссө кэҥээн, үүнэн-сайдан тахсар эбит."

 

– Драмаҕа салгыы үлэлиир санаалааххын дуо?

– Манна диэн эттэххэ, норуодунай тыйаатырдарга репертуар тиийбэтин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол иһин урукку классическай пьесалары туруораллар эбит. Урут биһиги, 70-с сылларга, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар олордохпутуна, пьеса арааһын көрдөрөр буолаллара. Ол саҕана кыра айымньылары педкэлэктиип бэйэтэ туруорара, Саха тыйаатыра үгүстүк гостуруоллуура.

Кэнники бөдөҥ драматургтарбыт олохтон туораабыттара хомолтолоох. Литератураҕа хас биирдии улахан сүтүк дьөлөҕөс курдук буолар. Ону толоруохха наада...

Мин ситэ үөрэнэн, элбэхтик суруйан сайдыахпын баҕарабын. Сарсыарда аайы сурунар күннүктээхпин (улахан уопсай тэтэрээти ылар, онно араас өҥнөөх уруучуканан кэчигирэппитин  көрдөрөр – Аапт.). Хайаан даҕаны үс сирэйи сурунуохтаахпын диэн сыал-сорук туруорунабын. Урут өйбөр туох киирбитин бэлиэтэнэр этим. Кэлин диктофоҥҥа саҥарабын. Итинник чэпчэки суолу көрдүүр куһаҕан. Киһи хайаан даҕаны илиитинэн суруйуохтаах диэн санааны тутуһабын. Урут учууталлыы сылдьан оҕо хайаан да саҥарыахтаах, истиэхтээх уонна суруйуохтаах, оччоҕуна ордук өйдүүр диирбит. Чахчы, оннук.

 

Кинигэ сүрэхтэниитигэр прототиптар ыалдьыттаатылар. 2022 сыл.

Сүрэҕиҥ сылаанньыйар, олоҕуҥ минньийэр

– “Кырса уонна Баһырҕас” диэн оҕолорго аналлаах кинигэҥ таҕыста. Оҕоҕо суруйар хайдаҕый? Ааҕааччыга айар үлэҥ биир кэрдиис кэмин – “Колокольчик” сурунаалга үлэлээбиккин санаан ааһыахха эрэ.

– Дьиҥэр, ол иннинэ улахан дьоҥҥо суруйа сылдьан, “Далбар Хотун” сурунаалтан көстөҕүм. “Чуораанчыкка” үлэлээбит кэммин олус күндүтүк саныыбын. Билигин да дөрүн-дөрүн суруйабын. Оҕолору кытта алтыһыыттан сүрэҕиҥ сылаанньыйар, сырдыыр, үөрэр, бэл, олоҕуҥ минньийэргэ дылы буолар эбит. Бу кинигэбин ис-испиттэн сырдаан олорон суруйбутум. Күһүн тыбыс-тымныыга, бэл диэтэр, үөрүүбүттэн илиим сылыйан ылара. Оҕолорго үчүгэйи, үтүөнү суруйар кэмҥэр оннук дьикти иэйии кууһар эбит. Сүрэҕиҥ сылааһын кинилэргэ бэрсэр, тиэрдэр курдук ураты турукка киирэҕин. Бу иннинэ наай гыннар улаатан эрэр обургу оҕолорго суруйарым. Оччугуйдарга эмиэ суруйбут киһи дии санаатым.

Кинигэ дьоруойдара – дьиҥ олоххо баар оҕолор. Илья уонна Афоня – тастыҥ бырааттарым. Айыына прототиба – бэйэм. 

– Суруйааччы быһыытынан ааҕааччыларгар тугу тиэрдэ сатыыгыный?

– Айымньыларбар билиҥҥи олоҕу, үйэлээх сыаннастары көрдөрө сатыыбын. Тапталы, үтүө санааны, дьоҥҥо үчүгэйи баҕарыыны.

Хас биирдии киһи бу Орто дойдуга Үрдүкү күүстэртэн айыллан кэлэр, ол иһин үс куттаах, сырдык сүрдээх. Онтон олорон истэҕин аайы тастан киирэр күүс кинини уларытар. Хомойуох иһин, билиҥҥи үйэҕэ дьонтон тугу эрэ туһанар, ылар эрэ аакка сылдьар кэтэх санаалаах, бэйэмсэх элбээтэ. Туох да диэбит иһин, киһи киһиэхэ көмөлөһүөхтээх. Кыахтаах буоллаҕына. Уопсайынан, бу олоххо орто сүнньүн булан олоруохтаах эбиппит дии саныыбын.

– Ираида Гаврильевна, сэргэх сэһэниҥ, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабын! Айымньыларгар аныгы кэми көрдөрө, тылбаастаргынан саха литературатын байыта тур, оҕолорго суруйууларгынан олоҕуҥ минньийдин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...