17.06.2022 | 10:00

Иннокентий Федоров эмтээх оттор туһунан

Иннокентий Федоров эмтээх оттор туһунан
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Биология институтун сүрүн научнай үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин кандидата Иннокентий Аполлонович Федоров 1991 сылтан, олох ирдэбилинэн, эмтээх үүнээйилэри үөрэтэр-чинчийэр.

 Үүнээйи барыта эмтээх

Сэбиэскэй сойуус саҕана эмп 80 % үүнээйиттэн оҥоһуллара. Билиҥҥи эмп барыта кэриэтэ синтетическэй. Кинилэр ойоҕос дьайыылара быдан элбэх буолан тахсар.

Бөрө сиир ото  (вздутоплодник сибирский) зонтиктаахтар ыалларыгар  киирэр. Аймахтара — моркуоп, сельдерей, укроп. Билэргит курдук, олус туһалаах үүнээйилэр.

Бөрө ото (щитовник мужской) папоротник биир көрүҥэ. Дьиҥэ,  былыргылыы аата «таас баттаҕа» диэн этэ. Күүстээх сүмэhиннээх (дьааттаах) үүнээйи, онон олус сэрэхтээх.

Билигин үгүс дьон бу оту биир умнаһын ыстакаан ууга көөнньөрөн иһэллэр. Оннук иһэри, эмтэнэри мин утарабын. Ити от бастаан киһи бүөрүн, онтон быарын кыралаан кэрбээн сиир. Сүмэhинэ (дьаата) киhи этигэр-сиинигэр мунньуллар. Кылгастык көмөлөһүөн сөп. Сорохтор наһаа уһуннук уонна элбэҕи иһэннэр, доруобуйаларын олох күүскэ айгыраталлар. Онон бу оту иһиллибэт.

Ол оннугар псориаз, дерматит, экзема курдук баастары тас өттүттэн эмтиэххэ сөп. Буоккаҕа оту 3:1 суурайан баран, онон соттоҕун-угуттанаҕын. Сүһүөх ыарыыларыгар кылгастык (15 мүнүүтэ) угуттаан туттуллар. Оччоҕо кини тирии нөҥүө киирэн, араас бактериялары, тэллэйдэри урусхаллыыр. Күүстээх от буолан, уһуннук түүнү быһа угуттаабаккын, хааҥҥар киирэн алдьархайы оҥоруон сөп.

Саамай сэрэхтээҕэ — бу от дьааттаах буолан, аҥаар кырыытыттан киһи ыалдьар уонна, доруобай килиэккэлэрин урусхаллыыр-эчэтэр.

Бөрө отунан микродозалары кытары үлэлииргэ көҥүллээх, аналлаах гомеопат быраастар анаабыттарынан эрэ эмтэниэххэ сөп.

 

Бөрө сиир ото туспа историялаах

Бу диэн эттэххэ, ити папоротнигы алҕаска «бөрө сиир ото» диэбиттэр эбит.

Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар, үп-харчы элбэх кэмигэр, араас семинар бөҕөтө тэриллэр буолара. Хоту улуустарга анаан Муома оройуонугар биологическай семинар тэрийбиттэрэ. Онно араас исписэлиистэр: бэтэринээрдэр, зоотехниктар, биология учууталлара, лесниктэр уо.д.а. айылҕаҕа сыһыаннаахтар түөрэ кыттыбыттара.

Профессор Афанасий Акимович Макаров диэн улахан учуонай баара. Кини миигин үөрэппитэ. Сүрдээх кыахтаах, эмтээх отторго үтүмэн билиилээх оҕонньор этэ.

Кинини кытары Абыйтан төрүттээх Василий Николаевич Дохунаев диэн  университет профессорынан эрэ мунурдамматах, ол курдук бэртээхэй худуоһунньук, фотограф, суруналыыс, суруйааччы, Муомаҕа тиийэн семинары салайан, баһылаан-көһүлээн ыыппыттара. Хотугу оройуоннар биологическай проблемаларын көтөҕөн икки күн мунньахтаабыттар. Дакылаат бөҕөтүн истэн бараннар, үһүс күнүгэр экскурсиялаабыттар. Сэбиэскэй былаас кыахтаах буолан, хас даҕаны МИ-8 бөртөлүөтүнэн тиэйэ сылдьан оройуон араас сирдэрин кэрийбиттэрэ үһү.

Онно туран, биир хайа тэллэҕэр ити икки кэпсиир үүнээйилэрбит кэккэлэһэ туралларын көрөн, Василий Николаевич эппит:

— Ол турар, аатырбыт, чахчы эмтээх бөрө сиир ото. Ньыыкан кырдьаҕас сөбүлээн туттара.

Ону баара, экскурсаннар бары харахтарынан чаҕылхай баҕайы от күөх үүнээйини — папоротнигы, таас баттаҕын өйдөөн хаалбыттар. Ол алҕас өйдөбүлү оройуоннарыгар илдьэ барбыттар. Ити түгэнтэн ыла сыыһа эмтэнии, буккуур барбыт уонна оннук алҕас өйдөбүл олохсуйан хаалбыт.

Ол иһин мин бөрө сиир ото уонна бөрө ото диэн олох төрүт арааран, быһааран биэрэбин.

Чуолаан эттэххэ, бөрө сиир ото (вздутоплодник)  — фармакопейнай үүнээйи. Киниттэн хас даҕаны эми оҥороллор этэ. Сүрүннээн сүрэх-тымыр ыарыыларыгар, онтон кэнники онкологияҕа даҕаны ситиһиилээхтик туттан испиттэр.

Онтон туран, 1991 с. Сэбиэскэй сойуус эмин аҥаарын оҥорор Ленинградтааҕы фармацевтическай собуот эстэн хаалар. Онон, бу бөрө сиир отуттан (вздутоплодниктан) эмп оҥороллоро производствоттан тохтууругар күһэллэр. Ол кэмҥэ, эмп оҥороору, айылҕаттан сиэмэхтик хомуйан, Арҕаа Сибиир, Алтай саппаастарын суох кэриэтэ гынан кэбиспиттэр. Киэҥ далааһыннаахтык нэһилиэнньэттэн туттахтара дии. Онон бу үүнээйи кинилэргэ олох сэдэх буолан хаалбыт.

Саха сиригэр үүнэр эрэ сиригэр баар, эмиэ мээнэ үүммэт. Алдан, Амма, Өлүөхүмэ өрүс бастарыгар, таас хайаларга эрэ сэдэхтик бөлөхтөнөн үүнэр.

 

Толору матырыйаалы хаһыаппыт сайтыгар киирэн ааҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...