Иннокентий Андросов: «Дьон туһугар үлэлии сылдьарбын дьолбунан ааҕабын...»
Олунньу 25 күнүгэр диэри «Арассыыйа — мин историям» историческай пааркаҕа буола турар «Киһи уонна айылҕа алдьатыылаах күүһэ» / «Люди и стихия» хаартыска быыстапкатын ааптара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга, Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ Иннокентий Андросов — биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт.
Поэт, публицист уонна очеркист Сергей Васильев-Борогонскай «Киһи аҥнөөх буолуохтаах!» диэн уоттаах тыллара бүүс-бүтүннүү киниэхэ анаммыт курдуктар.
Баайаҕа нэһилиэгин уонна Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ физическэй култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ Иннокентий Михайлович Андросов ырааҕы-киэҥи анаарар өйө-санаата, дириҥ толкуйа хаһыат икки балаһатыгар хайдах да баппат. 65 сааһыгар диэри ыытан кэлбит баай өрүттээх, элбэх хайысхалаах үлэтин муҥур уһуга биллибэт, түгэҕэ көстүбэт киэҥ байҕалга холуохха сөп. Оттон биһиги ол байҕал саатар биир эмэ арыытын кытылыгар ааҕааччыларбытын сирдээн тиийдэрбит диэн баҕа санаалаахпыт.
Баайаҕам алгыһынан
– Иннокентий Михайлович, бастатан туран, ааспыт үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлиибит. Үгэс быһыытынан кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.
– Мин Таатта улууһун биир кырдьаҕас уонна баай историялаах, айылҕаттан айдарыылаах уус, иистэнньэҥ дьонунан аатырар Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүт, улааппыт, киһи буолбут дьоллоохпун. Ханна да сырыттарбын, ханна да тиийдэрбин, өрүү “Баайаҕабын” диэн киэн тутта этэбин, дойдум алгыһынан киһи буолбутум диэн махтана кэпсиибин.
Оҕо сааһым Саҥа Олоххо ааспыта, холкуостары бөдөҥсүтүү кэмигэр төрөппүттэрбит дьиэлэрин көтүрэн, биир бастакынан Томторго көспүттэрэ. Эбэбит Балаайа сэрии кэнниттэн Влас Егорович Андросовка эргэ тахсыбыт. Оҕо сааһым сырдык өйдөбүлэ кинилэри кытта быһаччы ситимнээх. Эбэм бурдук тардар тааһы эргитэ турара харахпар бу баар. Былаас оҕонньор туулаан кэлэрин, мундуну оһоххо үөлэн, хатаран хаһааналларын, кини ньилбэгэр олорон эбэм астаабыт лэппиэскэтин астына мотуйарбын субу баардыы өйдүүбүн.
Урукку оҕолор кыһын хаарынан, күһүн ынах сааҕынан бырахсан, лапталаан, этэргэ дылы, сыыска-буорга булкуллан улааппыт дьоллоохпут. Бу санаатахха, өктөбүрүөнэк буолан, пионерга, онтон хомсомуолга киирэн, оскуолатааҕы кэмнэрбит олус да чаҕылхайдык ааспыттар эбит.
Аҕабыт Михаил Иванович Андросов – Мэхээлэ үтүө майгылаах, туруу үлэһит киһи этэ. Хомойуох иһин, баара суоҕа 47 сааһыгар бу олохтон туораабыта. Ийэбит Дария Иннокентьевна күүстээх санаатынан, мындыр дьаһалынан бииргэ төрөөбүттэр бары үөрэхтээх, үлэһит дьон буолбуппут. Ийэбит лаппа сааһырыар диэри сүөһүтүн эспэккэ, энчирэппэккэ иитэн кэлбитэ. Баайаҕаҕа тэлгэһэбит сайын аайы чээлэй күөҕүнэн көрсөр, бу – биһиги ийэбит илиитин сылааһын иҥэрбит, өр сыллаах үлэтин үтүө түмүгэ. Тапталлаах күндү киһибит билигин 88 саастаах, Хатаска бииргэ төрөөбүт балтыларым көрүүлэригэр-истиилэригэр олорор.
Олоҕум суола – ууну тула
– Бэһис кылааска географияҕа Хара Алдантан төрүттээх Елена Федоровна Старостина диэн учуутал үөрэппитэ. Кини кэпсиирин олус сэҥээрэн-сэргээн олорон истэрбит. Ити сааспар хайыы үйэ географ буолуохтаахпын диэн бигэ сорук туруоруммутум, ол баҕа санаабын 10 кылааһы бүтэриэхпэр диэри ыһыктыбатаҕым. 1976 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран СГУ БГФ-тыгар туттарсан киирбитим.
Устудьуоннуур кэммэр наар ууну, Саха сирин күөллэрин үөрэппитим, элбэх экспедицияҕа сылдьыбытым. Дипломнай үлэм тиэмэтэ “Физико-географические вопросы мелиорации озер Центральной Якутии” диэн этэ. Үөрэхпин бүтэрбит сылбар Мелиорация уонна уу хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэҕэ киирбитим, кэлин Уу ресурсаларыгар федеральнай агентство Өлүөнэ тардыытын ууга управлениетын салайбытым. Онон сибээстээн 2000 сылтан ыла куруук ыксаллаах быһыы-майгы эйгэтигэр ыкса үлэлээн, кэнники 18 сылга эбэ мууһун кэбирэтэр дэлби тэптэриини ыытан уонна салайан кэллим. Бэйэм Күрүлгэн бэлиэлээх буолан эбитэ дуу, уу эйгэтиттэн олох тэйбэппин. Сайын Саха сирин өрүстэринэн устарбын туохтааҕар да ордоробун. Онон хайа эрэ өттүнэн уубар син биир эргиллэн кэлэ турабын (күлэр).
Киһи уһуннук олороро – дьол. Сааһыран да баран дьон туһугар үлэлии сылдьарбын дьолбунан ааҕабын. Бу иннинэ СӨ Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччытын бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитим. Ол кэмҥэ баһаарынайдары уонна быыһааччылары көрөр-истэр куратор быһыытынан бу эйгэ дьонун кытта үгүстүк алтыһар этибит. Онон, быыһыыр сулууспаҕа балачча бэлэмнэнэн, син сөп соҕустук кэллим дуу дии саныыбын.
Быыһааччынан төрөөбүт суох...
– СӨ Быыһыыр сулууспата билигин 267 үлэһиттээх, онтон 170-на – быыһааччы. Өрөспүүбүлүкэ уон эрэ улууһун хабан олоробут. Дьиҥэр, улуус да аайы баар буолуон сөп, оччоҕуна биһиги үлэбит арыый да сыыдамсыйыа этэ. Сороҕор аҕыйах сөкүүндэ даҕаны киһи олоҕун быһаарыан сөп.
Мин санаабар, быыһааччынан төрөөбүт суох. Бу эйгэҕэ ис-иһиттэн дьону өрүһүйэр, көмөлөһөр санаалаах, “бу – аналым” диир эрэ киһи кэлэр. Айылҕаны кытта ыкса алтыспыт, сири-дойдуну үчүгэйдик билэр дьон, холобур, булчуттар уһуннук уонна таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр ханнык баҕарар күҥҥэ-дьылга, томороон тымныыга, өҥүрүк куйааска да сылдьа үөрүйэхтэр. Итиннэ өссө эбии идэлэргэ үөрэнэн, чочуллан, үчүгэй быыһааччы буолан тахсаллар. Аны туран биһиги уолаттарбыт өй-санаа, уйулҕа өттүнэн күүстээхтэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Биллэн турар, сорохтор уйбакка, тулуйбакка, сылайан да уурайан бараллар. Быыһааччы – дьиҥ чахчы дьон туһугар үлэлиир киһи.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сүрүн уратыта диэн сирэ-уота олус киэҥ, айылҕата тыйыс. Баҕар-баҕарыма, ыксаллаах быһыы-майгы куруутун буолар. Дьэ, ол иһин быыһыыр сулууспа нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа нус-хас буоларын, алдьаныы-кээһэнии, ытаһыы-соҥоһуу тахсыбатын, алдьархай ааҥнаабатын туһугар сылы эргиччи үлэлиир. Кыһын ититии систиэмэтигэр саахал тахсан, тоҥоруу буолара, аара суолга быстыы, кыбартыыраҕа оҕо хаайтаран хаалара о.д.а. элбэх. Көрдүүр, быыһыыр үлэни барытын ааҕан сиппэккин. Суукканы эргиччи дьуһуурустуба үлэлиир, сулууспабыт суһал көмөнү оҥорорго мэлдьи бэлэм.
Сулбу ойутан тиийэн дэлби тэптэрэн барбаппыт...
– Дьиҥэр, сааскы халаан – айылҕа биир көстүүтэ, Өлүөнэ эбэ хас эмэ үйэ тухары уста турдаҕа. Онно киһи аймах бэйэтэ кыттыһан, уу ылар сиригэр дьиэ-уот туттан, бөһүөлэктэри төрүттээн, өтөн киирэн олордоҕо.
Сааскы халаан кэмигэр 40-ча хонук устата ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимигэр олоробут, анал постары аһан, көрөбүт-истэбит. Харыы буоллаҕына, дэлби тэптэрии үлэтин ыытабыт.
Биһиги, айылҕаны кытта алтыһар уонна онно үлэбитинэн кыттыһар дьон, кини сүдү күүһүгэр итэҕэйэбит. Кэнники сылларга алгыс ылар үгэстэннибит, сиэри-туому тутуһан, эбэни куруук аһатабыт, сезоммут этэҥҥэ ааһарыгар көрдөһөбүт-ааттаһабыт.
Сорохтор биһигини өрүс мууһун салайаллар, ону хараардан, эрбээн, туһата суох үлэни ыыталлар дии саныыллар. Эбэтэр “эмиэ дэлби тэптэрэ сылдьаллар үһү” диэн буолар. Биһиги хаһан да сулбу ойутан тиийэн дэлби тэптэрэн барбаппыт. Ол иннинэ хайаан да үгүс үөрэтии, кэтээн көрүү үлэтэ ыытыллар. Бастаан күн-дьыл туругун, тоҥоруу буоларын, хаар кэлэрин, кэнэҕэскитин үөһээ өттүбүтүгэр улахан уу долгуна баарын-суоҕун үөрэтэбит. Уу долгуна баар буоллаҕына, эмиэ сэрэхтээх. Сороҕор кыра долгун бэйэтэ илдьэ барар. Уу таһымын кэтээн көрүү эмиэ үгүс бириэмэни эрэйэр. Итиннэ кэтээн көрөр уонна сабаҕалыыр анал киин үлэлиир.
Аны туран, бэдэрээтчити булар дөбөҥ буолбатах, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дэлби тэптэриинэн дьарыктанар элбэх тэрилтэ суох. Онно барар дьон анал үөрэҕи ааһаллар, сертификацияны бараллар. Ис-иһигэр киирдэххэ, ыарахан үлэ.
– Сааспыт чугаһаата. Билиҥҥи туругунан сабаҕалааһын хайдаҕый?
– Саха сиринээҕи күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа халаан уутун туһунан бүтэһик билгэлээһини муус устар 15 күнүгэр биэрэр. Күһүҥҥүттэн саҕалаан киэҥ хабааннаах кэтээн көрүү, урукку сыллары кытта тэҥнээһин үлэтэ ыытыллар.
Кэнники сылларга мууспут халыҥа наар чараас, кыһыммыт сылаас, сымнаҕас буолла. Дьылдьыттар быйыл уу кыра буолуох курдук диэн этэллэр, ону кытта хайдах эрэ сөбүлэһиэх курдукпун. Уу кыра буолара кутталлаах. Быйыл олус эрдэттэн тыалырар. Саас тыалырар буоллаҕына, хаарын үрэн кэбиһээччи. Аны мантан саас хаар хойуутук түһүөн сөп. Айылҕаҕа үөйбэтэх өттүгүттэн элбэх көстүү буолар, ол биһигиттэн тутулуга суох. Арай сөпкө дьаһанан, сэрэтэр үлэни эрдэттэн былааннаан, бэлэмнээх буолуохпутун наада.
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ
– Айылҕаҕа ойуурга эрэ буолбакка, дэхси сирдэргэ, туундараҕа, талахтаах сирдэргэ, хайа тэллэҕэр кытта уот турар. Оннук баһаары “ландшафтнай” диэн ааттыыбыт. Ону СӨ Быыһыыр сулууспата умуруоруохтаах. Онно анал бөлөх тэриллэн турар. Итиэннэ олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара кытталлар.
Манна ойуур хаһаайыстыбатын систиэмэтэ уларыйан, үлэ хаамыыта эмиэ уларыйбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кэлин, улахан умайыылар кэннилэриттэн СӨ Бырабыыталыстыбатын салайыытынан бары бииргэ үлэлээн, оннун булларан, сааһылаан олоробут.
Билиҥҥи ирдэбилинэн нэһилиэнньэлээх пуун тыаттан чугас турар эбэтэр, тула тыа буоллаҕына, баһаары утары минерализованнай хоруу баар буолуохтаах. Барыларыгар баар диэн этэр кыах суох, ол эрээри үгүс дэриэбинэҕэ оҥоһулунна. Ону сыл аайы сөргүтэн, уот кэлэн, алларанан барбат усулуобуйатын үөскэтэн, хорутулла сылдьыллыахтаах.
Манна Иннокентий Михайлович уоту кытта охсуһуу үлэтигэр норуот күүһэ – көмүөл күүһэ буоларын, алдьархай дьону түмэрин 2021 сыллаахха Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр буолбут улахан баһаарга илэ көрөн итэҕэйбитин кэпсээтэ:
– Онно 10 тыһыынчаттан тахса киһи кэлэн күүс-көмө буолбута. Бүтүн бөлөҕүнэн, тэрилтэнэн, кэлэктиибинэн – бары күргүөмүнэн, баҕа өттүнэн. Холобур, спорт министиэристибэтэ 100 киһини хомуйан тахсыбыта. Үлэ министиэристибэтиттэн улахан бөлөх тиийбитэ. Итинник төһө баҕарар холобурдуохха сөп.
Салайааччы ыксаллаах быһыыга-майгыга суһал быһаарыныыны ылыах тустаах. Иннокентий Михайлович курдук холку киһи көхсө кыарыыр түгэнэ үгүс.
– Бэс Күөлгэ уокка икки киһи былдьанна – биир баһаарынай, биир саллаат диэбиттэригэр, сүрэҕим “парк” гына сыспыта. Саллааттарбын тиийэн иккитэ стройдатан, бары баалларын көрөн баран биирдэ уоскуйбутум. Биир баһаарынай уол хараҕын уокка сиэппит этэ, билигин этэҥҥэ буолбута. Бу санаатахха, ити улахан баһаарга киһи өлүүтэ тахсыбатаҕа, онно улахан махталлаахпын.
Мунуу, сүтүү, ардаҕы түһэрии...
– Сулууспа үлэтин быыһыыр, көрдүүр өрүтэ элбэх. Сайын сир аһын кэмигэр, күһүҥҥү булка мунуу-тэнии бөҕө буолар. Айылҕаҕа тахсар киһи, массыынаҕа олороот, этэргэ дылы, турар бэйэтэ баран хаалбакка, хайа баҕарар түгэҥҥэ бэлэм буолуохтаах. Ыһыктаах, испиискэлээх, компастаах, төлөпүөнэ иитиилээх, онно үчүгэй каартаны хачайданан сылдьара ордук. Үксүн төлөпүөннэрин иитиитэ бүтэн, сибээскэ тахсыбакка, сүтэллэр. Дьэ, оччоҕуна бу киһи ханна сылдьарын быһаарар уустук. Сорохтор тута биллэрбэккэ, бэйэлэрэ көрдүү сатаан күнү-дьылы сүтэрэллэр, үһүс-төрдүс күннэригэр биирдэ суһал иһитиннэрии киирэрэ олоххо баар. Дьиҥэр, ыраах айаҥҥа турунар туристар быыһыыр сулууспаҕа учуокка туруохтаахтар, ханна тиийбиттэрин төлөпүөннээн биллэрэн иһиэхтээхтэр.
Булчуттар, өрөбүл түүн кэлиэхпит диэн баран, сүтэн хаалаллара эмиэ баар. Биирдиилээн эрэ буолбакка, бөлөҕүнэн кытта мунуу-тэнии элбэх. Сорохтор кэргэттэригэр ханна баралларын чопчу эппэтэх буолаллар. Эбэтэр күн-дьыл туругун билэ-көрө сатаабакка, тыалга түбэһэллэр, оҥочолоро устан баран хаалар да түгэнэ үгүс. Өрүстэр тоҥор кэмнэригэр үгүс быһылаан тахсар, муус чараас эрдэҕинэ ууга түһүү элбэх. Аҥаардас былырыын биһиги үлэһиттэрбит 70 киһи өлүгүн таһаарбыттара.
– Кэпсэтиибит саҕаланыытыгар быыһыыр сулууспа ууну, уоту ортотунан, сиргэ, салгыҥҥа кытта үлэлиир, космоска эрэ тахсыбат диэн истэхпинэ: “Дьэ, куйаары кытта үлэ эмиэ барар”, – диэбитиҥ. Итини быһаарыаҥ дуо?
– Илиҥҥи космодромтан көппүт ракета тобохторо биһиэхэ кэлэн түһэллэр. Бастакы үктэллэр үксүн Алдаҥҥа эбэтэр Өлүөхүмэҕэ, иккис үктэллэр Бүлүү, Кэбээйи (Сэбээн Күөл) диэки тиийэллэр. Кыраныыссалара биллэр – биэстии көстөөх эргимтэҕэ. СӨ Бырабыыталыстыбата уонна Роскосмос сөбүлэҥнээхтэр, туох баар эттиктэри барытын көрдөөн, төттөрү ылыахтаахтар диэн. Ол ыарахан үлэ биһиги сулууспабытыгар сүктэриллэр. Хомуйан аҕалан, контейнерга биир сиргэ мунньабыт, ону илдьэ бараллар. Сорох түгэҥҥэ бөртөлүөт киирэн эргийбэт да сирдэрэ баар, дьэ, онно үөрэтии бөҕө буолар.
Маны таһынан кэнники сылларга, СӨ Ил Дархана уонна Бырабыыталыстыбата туруорсан, Саха сиригэр искусственнай ардахтатыы үлэтэ ыытыллар, ону кэллиэгэлэрбит, Росгидромет киин аэрологическай обсерваториятын үлэһиттэрэ, сүрүннүүллэр. Биһиги итиннэ эмиэ кыттабыт, анал дьону үөрэттэрдибит. Былырыын ыам ыйын иккис аҥаарыгар уонна бэс ыйын саҕаланыыта ардаҕа суох, от үүнүө суох диэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сайаапкатынан улуустарга үлэлээбиппит. Инньэ гынан икки күүстээх ардаҕы түһэрэн турабыт. Быйыл да сорудах биэрдэхтэринэ, көмөлөһүөхпүт. Инникитин, өссө кэккэ түһүмэхтэри аастахпытына, бэйэбит да көтөн ытар буолуохпут.
Манна быһааран биэриим. Биһиги былыты хайдах да үөскэппэппит, хантан да соһон аҕалбаппыт. Тыал хайысхатын үөрэтэн, ааһан иһэр үчүгэй былыты ытан, күүһүрдэн эрэ биэрэбит (үлэ хаамыытын сиһилии кэпсээтэ – Аапт.). Ити бэйэтэ туспа наука.
– Чахчы, үлэҕит хайысхата олус киэҥ эбит...
– Дьиҥэр, өссө элбэх. Сороҕун кэпсээмиим, кистэлэҥҥэ хааллын. Арай биири этиэхпин баҕарабын: биһиги олохпутугар ыксаллаах быһыы-майгы суох буоллун, дьон сүппэтин, мумматын, быһылаан тахсыбатын. Ол туһугар бары биир санаанан дьулуһуохха!
Айылҕа – сүдү күүс!
– Балысхан сайдыылаах үйэҕэ олорор дьон сороҕор Ийэ айылҕаттан күүстээх курдук сананар түгэнэ элбэх. Ол эрээри эн бу ыйга аһыллыбыт “Люди и стихия” быыстапкаҕар сылдьан, айылҕа алдьатыылаах күүһүн илэ харахпытынан көрдүбүт, киһи уонна айылҕа быстыспат ситимнээхтэрин өссө күүскэ итэҕэйдибит. Бука, хаартыскаҥ өссө элбэх буолуохтаах.
– Ити төрдүс быыстапкам. Бэйэм элбэхтик айанныыбын, сири-дойдуну кэрийэбин, Сахам сирин кэрэ айылҕатыгар, киэҥ нэлэмэн сиригэр сынньанарбын туохтааҕар да ордоробун. Бу сылдьан тугу көрбүппүн наар хаартыскаҕа түһэрэбин. Бу иннинэ “Уу ньуура” (2015), “Айылҕа кэрэ көстүүлэрэ” (2017), “Олоҥхо сирин көстүүлэрэ” (2019) диэн хаартысканан быыстапкаларбын бар дьоммор анаабытым.
Дьиҥэр, итинник түгэннэри дьон-сэргэ кулгааҕынан истэр, ол эрээри илэ хараҕынан көрөн ылынара атын. 100 хартыынаҕа барытын хайдах да хабар кыах суох, дьиҥэр, төһө баҕарар кэҥэтиэххэ сөп этэ. Биллэн турар, элбэх хаартыска быыстапкаҕа турбата, уопсай үлэни-хамнаһы киэҥник хабан көрдөрө сатаатым. Итинник тэрээһиннэргэ элбэх киһи кыттыыны ылар, ону барытын батыһа сылдьан түһэрбэккин, ол эрээри улахан салайааччылар миэстэтигэр тиийэн, суһал быһаарыыны ылбыт түгэннэрин көрдөрөргө дьулустум. Түгэнинэн туһанан, “Арассыыйа – мин историям” мультимедийнай историческай пааркаҕа махтанабын.
– Айылҕа сүдү күүһүгэр итэҕэйбит биир эмэ түгэҥҥин кэпсиэҥ дуо? Икки атахтааҕы аһынан көмөлөһөрө эбэтэр, төттөрүтүн, өрө турара баар дуо?
– Итинник түгэн баһаарга сырыттахха үгүстүк көстөр. Үчүгэй былыт кэлэн, ардах түһэн, умуруоран көмөлөһөр эбэтэр, утаран, тыалыран, силлиэрэн туруон сөп. Аны баһаар үөһэнэн, мас төбөтүнэн бардаҕына (“верховой пожар” дииллэр), ким да, туох да тохтоппот дииллэрэ чахчы эбит. Оннукка тыал хайдах үрэринэн салайар. Уот уоту кытары утары көрсөрө – дьулаан көстүү. Бэйэ-бэйэлэрин кытта харсыһар курдук, түүнү быһа уһуутуулларын хаста да көрбүтүм уонна истибитим. Дьэ, иэдээн тыас-уус онно буолар.
– Кэнники кэмҥэ килиимэппит уларыйа турар, ирбэт тоҥ ириитэ, глобальнай сылыйыы туох иэдээҥҥэ тиэрдэрэ биллибэт диэн дьиксинии баар. Айылҕабытыгар эмиэ киһи үөйбэтэх өттүттэн көстүүлэр буолаллар. Географ быһыытынан итиннэ туох санаалааххын?
– Ити олус киэҥ хоруйу эрэйэр ыйытыы. Холобур, күөллэр көһөллөрө, уолаллара – айылҕаҕа баар көстүү. Былыр да күөллэр көһөллөрө, тоҕо түһэн эҥин хаалаллара. Уулаах дьылга күөл уутун эбинэр, балык үөскүүр. Сороҕор уу таһыма үрдээн, тардыыта намыһах сиринэн кыратык кээрэтэн алдьатар. Эбэтэр былыргы кыра сиикээннээҕэ отунан-маһынан үүнэн хаалбытын кээрэтэн, “дьыаланы оҥоруон” сөп. Ити 2005-2006 сс. Халымаҕа олус элбэх күөл көспүтэ. Олор бэйэтэ да толору уулаах, эбиитин эрийэ-буруйа сытар Алаһыайга киирэннэр, кыайан уутун оборбокко, аны эниэтэ кыра буолан, сайын, күһүн Арҕахтааҕы, Андрюшкиноны уу ыла сылдьыбыта. Саас үөһэттэн тоҕо анньар күүс баара кэм көмөлөһөр. Саха сирин киин өттүгэр күөллэр итинник түһэллэрэ эмиэ үгүстүк көстөр. Сорохтор сыыр быарын дьөлөҕөстөөн, курдары ааһаллар.
Ол да буоллар ирбэт тоҥ, сүнньүнэн, ирбэт. Биирдэ ылла да, ууллан хаалыа суоҕа диэн эрэнэбин. Учуонайдар да инньэ дииллэр, онно сөбүлэһэбин.
Ураты көстүүнү, кыл түгэни мүччү тутумаары
– Ити үөһэ эппитим курдук, биһиги сайын аайы Саха сирин өрүстэринэн устабыт, сынньалаҥмытын оннук атаарабыт. Ол сылдьан түһэрбит хаартыскаларбын түмэн, альбом таһаартарбытым, онно барыта 40 өрүс киирбитэ. Инникитин өссө байытан, баҕар, салгыы кинигэ оҥоруом.
Биирдэ Эдьигээн анараа өттүгэр айылҕа дьикти кэрэ көстүүтүн түбэһэн көрбүппүт. Өлүөнэ эбэ үрдүнэн сүүнэ улахан былыт халҕаһалыы устан кэлбитэ, тыал, ардах бөҕө түспүтэ, биир өттүттэн күн тыган, халлаан кып-кыһыл буолбута. Чахчы, худуоһунньук Иван Айвазовскай “Девятый вал” диэн хартыынатыгар курдук көстүү этэ. Ол кыл түгэни мүччү тутумаары, ардах аннынан уста сылдьан, оҥочоҕо олорон түһэрбит каадырбын биир табыллыбыт үлэм дии саныыбын.
Спорду өрө тутан
– Оҕо сылдьан дьиэбитигэр үгүстүк дуобаттыыр буоларбыт. Оройуон күрэхтэригэр кыттар, миэстэлэһэр этим. Оччолорго Тааттаҕа дуобат, саахымат күүскэ сайдыбыт кэмэ этэ. Университекка дуобат секцията суоҕа. Хата, боксаҕа киирбитим. Билиҥҥи “Туймаада” стадион турар сиригэр икки этээстээх павильоҥҥа эрчиллэр этибит. Оннук алта сыл спорт бу көрүҥүнэн сөбүлээн дьарыктаммытым, ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат нуорматын толорбутум.
Дуобатынан үлэһит буолуохпуттан утумнаахтык дьарыктаммытым. Оҕо сылдьан оонньообутум туһалаабыта. Тэрилтэлэр араас күрэхтэһиилэригэр кыттан, кэккэ ситиһиилэрдэммитим, кэлин “Урожайга” кыайан турабын. 1985 с. ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат нуорматын толорбутум.
Бу олорон санаатахпына, олоҕум аҥаарын араас уопсастыбаннай үлэҕэ анаабыт эбиппин. Саха Өрөспүүбүлүкэтин дуобакка уонна боксаҕа федерацияларыгар барыта холбоон 23 сыл үлэлээтим. Ити кэмнэргэ спорка олохторун анаабыт салайааччылары, спортсменнары, биллиилээх дьону кытта алтыһан ааспыппын олоҕум дьолунан ааҕабын.
Иннокентий Михайлович – дуобакка спорт маастара, дуобакка норуоттар икки ардыларынааҕы арбитр, Саха сирэ дуобатчыттарынан аан дойдуга киэҥник биллэригэр олук уурбут дьонтон биирдэстэрэ. Владимир Ильич Птицын Аан дойду дуобакка федерациятын бэрэсидьиэнинэн талыллыаҕыттан Иннокентий Михайлович маҥнай эппиэттиир сэкирэтээринэн, онтон толорооччу дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ түөрт киһи гроссмейстер үрдүк аатын ылбыта, утуу-субуу аан дойду чөмпүйүөннэрэ үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 14 гроссмейстер баара элбэҕи этэр.
Кэлин Иннокентий Андросов СӨ Боксаҕа федерациятын бастакы вице-бэрэсидьиэнинэн үлэлээбитэ. 2007 сыллаахха Саха сиригэр Арассыыйа чемпионата ыытыллыбыта, онно Георгий Балакшин кыайбыта, үрдүкү пъедесталга тахсыбыта, нөҥүө сылыгар Пекиҥҥэ ыытыллыбыт Олимпиадаҕа саха киэн туттар спортсмена боруонса призер буолары ситиспитэ. “Ол мэтээлбит билигин кыһыл көмүскэ тэҥнээх буолла”, – диир Иннокентий Михайлович.
Ыты иитии
Иннокентий Михайлович – ыал аҕа баһылыга. Олоҕун аргыһа Надежда Петровна С.А. Новгородов аатынан “Айар” кинигэ кыһатыгар биир тутаах эрэдээксийэ сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Оҕолор хайыы үйэ улаатаннар, билигин туспа ыаллар.
– Дьиэ кэргэнинэн булчут ыттары иитэбит. Билигин алта ыттаахпыт. Кэргэним дьонун кытта Горнайга атахпытынан хаама сылдьан ытынан бултуубут. Кэнники сылларга ыты эһэҕэ тургутуу күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттабыт. Ыты иитии, көрүү-истии, үөрэтии – бэйэтэ улахан тиэмэ, киһи күнү быһа да кэпсиэн сөп (күлэр). Манна даҕатан эттэххэ, тэрилтэбит иһинэн кинологическай сулууспаны сөргүтэн эрэбит, сүппүт дьону көрдүүргэ түөрт атахтаах көмөлөһөөччүлэр абырыа этилэр, – диэн кэпсиир кини.
***
Иннокентий Михайлович – хас да кинигэ ааптара, СӨ Гражданскай оборонаҕа уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэ “Люди и стихия” сурунаалын бас эрэдээктэрэ. Кини сүрүн үлэтин таһынан уопсастыбаннай ноҕоруускатын ааҕан сиппэккин. Арай ханнык да эппиэтинэстээх салайар үлэҕэ олордун, куруук дойдум, спорт, дьон туһа диэн санаанан сылдьарын үтүө холобур оҥостуохха сөп