25.03.2021 | 14:51

Индира ЛИ: “Быйыл ыһыахтыырга бэлэмнэнэбит”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 25 күнүгэр Култуура үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр. Дьокуускай куорат Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччытынан Индира Петровна ЛИ анаммыта сыл буолан эрэр. Индира Петровна бу эйгэҕэ балай эмэ буспут-хаппыт киһи, боростуой специалист дуоһунаһыттан саҕалаан баран, салайааччыга тиийэ үүммүт.

– 2020 сыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Өйдөбүнньүк уонна Албан аат, Саха сиригэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, Дьокуускай куоракка Көлүөнэлэр сылларын чэрчитинэн ааспыта. Былырыын кулун тутартан саҕалаан, коронавирус дьаҥа киэҥник тарҕанан, култуура тэрилтэлэрэ бары тэйиччиттэн олорон үлэ ньыматыгар көспүттэрэ. Чахчы уустук сыл ааста, ол эрэн култуура салаатын үлэһиттэрэ социальнай ситимнэргэ дьону түмэр күүстэрин көрдөрдүлэр, тэрилтэлэр сайтара, информационнай сервистэрэ сайынна.

 Өрөспүүбүлүкэ күнэ, Саас уонна Үлэ бырааһынньыга, Кыайыы күнэ, “Туймаада Ыһыаҕа”, Дьокуускай куорат төрөөбүт күнэ курдук улахан бырааһынньыктарбыт онлайн көрүҥүнэн ыытыллыбыттара, “Строганина” уонна “Бриллианты Якутии” күрэхтэрбит эмиэ маннык ньыманан тэриллибиттэрэ.

Биллэн турар, ордук улахан суолталаах бырааһынньыкпытынан Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтээһин буолбута. Кыайыы Знамятын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы, бэтэрээннэри Бүтүн Арассыыйатааҕы “Поём двором” аахсыйаҕа кыттыһан эҕэрдэлээбиппит, #ЭстафетаПесниПобеды аахсыйаҕа, #Мирные_окнаЯКТ бырайыакка, «Өлбөт үйэлээх полк» онлайн-аахсыйаҕа кыттыбыппыт. Араас викториналары, күрэхтэри, бэстибээллэри ыыппыппыт.

“Туймаада Ыһыаҕа” национальнай бырааһынньыкпыт бэс ыйын 8-27 күннэригэр онлайн форматынан барбыта. 75 тэрээһин ыытыллыбыта. Аныгы технологиялары туһанан Туймаада Ыһыаҕын “Саха” НКИХ уонна социальнай ситимнэр нөҥүө аан дойду араас муннуктарыттан 4 мөлүйүөнтэн тахса киһи көрбүтэ.

Саҥа кулууптар сайдыыны түстүүллэр

– Төһө да араас хааччахтардаах олорбут сылбыт ааспытын иһин, Дьокуускайга саҥа култуура дьиэлэрэ аһыллыбыттара...

Табаҕаҕа 130 миэстэлээх “Кедр” Култуура дьиэтэ арыллыбыта. Манна хореографическай саалалаах, аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах уонна үрдүк кыамталаах интэриниэт ситимигэр холбоммут библиотекалаах.

Бэс ыйыгар Дьокуускай куорат музейыгар Аммосов уул. 1/1 нүөмэригэр баар дьиэ бэрилиннэ. Киин куораппыт историятын кэрэһилиир музейбыт дьэ бэйэтэ бас билэр туспа дьиэлэннэ. Сэтинньигэ улахан өрөмүөн үлэтэ түмүктэммитэ. Билигин музей үлэһиттэрэ ураты экспозициялары бэлэмнии сылдьаллар.

Куорат күнүгэр Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинэ арыллыбыта. Манна 500 көрөөччүнү батарар, аныгы мультимедийнай уонна тыас-уус оборудованиелаах киинэ саалата үлэлиир. Иккис этээскэ 200 киһини батарар кыахтаах универсальнай саала баар. Бу киин арыллыаҕыттан 2020 сылга 26 тэрээһин буолан ааста, 6208 киһи кэлэн барда, 20 култуурунай уонна сынньалаҥ хайысхалаах түмсүүлэр үлэлииллэр – 1528 киһини хабаллар.

Пандемия сылын ситиһиилэрэ

–  Дьоҥҥо туһалаах , интэриэһинэй уонна бары өттүнэн көдьүүстээх сынньалаҥы тэрийии Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин иннигэр сорук быһыытынан туруоруллубута. 2020 сыл түмүктэрин ылан көрөр эбит буоллахха, 3131 тэрээһин 192 876 киһини хапта. Ол иһигэр 1661 төлөбүрдээх тэрээһиҥҥэ 63 тыһ. киһи сырытта – муниципальнай соругу толордубут.

Балаҕан ыйын 24 күнүттэн алтынньы 19 күнүгэр диэри 13 специалист Москватааҕы култуура институтугар куурустарга үөрэнэн квалификацияларын үрдэттилэр, МГИК профессордарыгар инновационнай бырайыактарын көмүскээтилэр.

2020 сылга култуура тэрилтэлэрэ доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо ордук чугаһаатылар диэм этэ. “Доступная среда” бырагырааманан өрөспүүбүлүкэ уонна куорат бүддьүөтүттэн 4 966 025,71 солк. субсидия көрүллүбүтэ. Ол үп барыта туһааннаах хайысхаларынан туттулунна, Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин 16 филиалыгар саҥа оборудование турда.

Оттон куорат кинотеатрдара, Култуура уонна сынньалаҥ паарката үлэлээбэккэ кэриэтэ сылы хайдах туораатылар?

– Чахчы, кинилэргэ ыарахан сыл ааста. Култуура уонна сынньалаҥ паарката 2020 сыл кулун тутарыттан сабыллыбыта. Онтон биирдиилээн дьон дьаарбайарыгар, спордунан дьарыктанарыгар анаан эрэ арыллыбыта. Туох да тэрээһин ыытыллыбатаҕа, аттракционнар сабыллан турбуттара. Сыл буолан баран, хааччахтар уһуллан истэхтэрин аайы, сыыйа-баайа урукку үлэлэрин сөргүтүөхтэрэ диэн эрэнэбит.

Пандемия кэмигэр бары онлайн үлэни күүскэ ыыттылар. 24 онлайн тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан уонна Дьокуускайтан 143 тыһ. киһи кыттыбыта.

Култуура уонна сынньалаҥ паарката 6 куонкуруска уонна грант күрэҕэр кытынна: «ВместеLand» инклюзивнай балаһаакка тутуу” бырайыага 3 мөл. солк. субсидияны ылла; “Золотая пора 65+” бырайыак “Норуот бүддьүөтэ” куонкуруска кыайда. Бырайыактарга өйөбүл буолар үбүлээһин, пандемиянан сылтаан, 2021 сылга көспүтэ.

Кинотеатрдар кулун тутартан балаҕан ыйыгар диэри сабыллан турбуттара. Ол иһин киинэ көрөөччү ахсаана 85 бырыһыан түспүтэ. Ол да буоллар, “Лена” уонна “Киин” киинэ театрдара аһымал аахсыйаларын салгыы ыыппыттара – “Берегиня” оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр, инбэлиит оҕолорго, оскуола үөрэнээччилэригэр киинэ көрдөрбүттэрэ.

– Оҕо искусствотын оскуолалара ааспыт сылга эмиэ ураты уопуттаннахтара?

– Оҕо искусствотын оскуолаларыгар 1707 оҕо үөрэнэр. Куонкуруһунан 330 оҕо маҥнайгы кылаастарга ылыллыбыттара. Алтынньы 1 күнүттэн ахсынньы 3 күнүгэр диэри искусство оскуолалара оҕолору тэйиччиттэн үөрэтэ олорбуттара. Ахсынньы 3 күнүттэн онлайн уонна күнүскү үөрэҕи дьүөрэлээһин саҕаламмыта.

Оҕону кэрэ эйгэтигэр уһуйар оскуолалар улахан кыһалҕалары көрсүбүттэрэ. Бастатан туран, ханнык баҕарар музыкальнай инструмеҥҥа үөрэтии илэ көрсүһүүнү, эт кулгааҕынан истиини ирдиир үлэ. Тиэхиньикэ хаппырыыстаата да, уруок табыллыбат. Иккиһинэн, оҕолор инструменнаах да буоллахтарына сатаан бэйэлэрэ настройкаламматтар эбит. Үсүһүнэн, ансаамбыллары уонна үҥкүү кэлэктииптэрин кытта үлэ улаханнык атахтаммыта.

Ол үрдүнэн 2020 сылга искусство оскуолаларыттан 207 выпускник таҕыста.

Пандемия саҕаланыаҕыттан 372 тэрээһини ыытан, социальнай ситимнэргэ 20 тыһ. тахса көрүүлэри оҥордулар.

“Музыка барыбытыгар” бырайыак 7-с сылыгар анаммыт күрэххэ 2-с №-дээх Оҕо искусствотын оскуолата кыайыылаах таҕыста. Оттон 1-кы №-дээх Оҕо искусствотын оскуолата Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бастыҥ үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ” куонкуруска лауреат аатын ылла.

Библиотекалар үлэлэрэ эмиэ саҥа тыыннаммыта, бары эмискэ онлайн үлэҕэ көспүттэрэ хайдах буолла дии саныыгын?

– Библиотекалар быһа эфирдэри, ZOOM уруоктары, виртуальнай быыстапкалары, социальнай ситимнэргэ аахсыйалары уонна флешмобтары, онлайн-библиотекалар нөҥүө кинигэ тарҕатыытын күннээҕи олохторугар хото киллэрдилэр.

Кииннэммит библиотека ситимэ кэккэ ситиһиилэрдээх сылын түмүктээтэ. Ол курдук, “Библиотека волонтера” сетевой бырайыак Регионнар икки ардыларынааҕы көрүү-күрэххэ кыайда; 5 №-дээх “Книга-03” библиотека Бэрэсидьиэн пуондатын граныгар “Этюды для взрослых” бырайыагынан 378 тыһ. солк. ылла.

 “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн 21 №-дээх “Созвездие”, 13 №-дээх “Библиополе” модельнай библиотекалары тэрийиигэ көрүллүбүтэ. Өрөмүөн оҥоһулунна, пуондалара байытылынна, көмпүүтэрдэрэ, миэбэллэрэ, тиэхиньикэлэрэ саҥардылынна, үлэһиттэр идэлэрин үрдэтиннилэр. Ааҕааччылары кытта автоматическай үлэҕэ RFID технологиялар киирдилэр, SMART-лаборатория уонна Биир кэлим ааҕааччы билиэтэ киирдэ.

Култуура эйгэтигэр династия элбэх

“Дьокуускай куораттааҕы уокуругун култуурата 2020-2024 сс.” муниципальнай бырагыраама төһө олоххо киирэн эрэрий?

– 2020 сыллаахха 884,6 мөл. солк. тыырыллыбыта, 99,9 бырыһыана туһаныллыбыта.

Кэнники сылларга култуура эйгэтин үлэһиттэрин хамнаһа биллэ эбилиннэ. Биллэн турар, үлэһиттэр сүргэлэрэ көтөҕүллэр.

Киин куоракка култуура эйгэтигэр төһө киһи үлэлиирий?

– Управлениебытыгар 726 киһи үлэлиир. Олортон 3 киһи “Гражданскай Албан аат” хаһаайына, 3 киһи – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 134 киһи – култуура туйгуна, 4 киһи – үөрэхтээһин туйгуна.

Култуура эйгэтигэр мээнэ түбэһиэх киһи үлэлии кэлбэт. Биһиэхэ династия элбэх. Холобур, 5 №-дээх библиотекаҕа Ольга Анатольевна Дроздова династиятын историята 1938 сыллаахха саҕаламмыта. Кини аймах эдьиийэ Лидия Ивановна Хаенко куорат киин библиотекатын, В.Г.Белинскэй аатын сүгүөн инниттэн салайбыта. Ольга Анатольевна ийэтэ Людмила Ивановна Хаенко 1951 сыллаахтан Кииннэммит библиотека методотделын сэбиэдиссэйэ этэ.

1966 сыллаахха 9 №-дээх И.Д. Панаев аатынан Хатастааҕы библиотека сэбиэдиссэйинэн Елена Михайловна Бродникова анаммыт, 2000 сыллаахха кини оннугар кыыһа Евдокия Валерьевна Егорова кэлбитэ.

Вера Влидимировна Гоголева “Горняк” култуура киинигэр 1987-2005 сс. дириэктэрдээбитэ. 2003 сыллаахтан кыыһа Татьяна Викторовна Калашник худруктаабыта, билигин методистыы сылдьар.

Хатас “Тускул” Култуура киинигэр биир дьиэ кэргэн 3 көлүөнэтэ үлэлии сылдьар –Людмила Михайловна Чепалова култуура дьиэтин 24-с сылын салайар, уола Валентин Азотович Чепалов 23-с сылын туруорааччы худьуоһунньугунан, сиэнэ Виктория Андреевна Иванова 2015 сыллаахтан специалиһынан үлэлии сылдьаллар.

Мин санаабар, биһиги эйгэбитигэр көлүөнэлэр ситимнэрин быһыа суохтаахпыт. Ааспыт олоҕу уонна кэлэр үйэни холбуур ситиммитин илдьэ сылдьыахтаахпыт.

Былырыыҥҥы сыл биһигини элбэххэ үөрэттэ. Тэрээһиннэрбит ыырдара кэҥээн биэрдэ. Бу уопуппутун сайыннаран иһиэхпитин наада. Аан дойду олоҕо уларыйа турар кэмигэр култуура эйгэтигэр элбэх ирдэбил олохтонор. Саҥа технологиялары баһылаан иһиэхтээхпит.

– Индира Петровна, эн култуура эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?

– Бу эйгэҕэ үлэлээбитим ыраатта. 1996 сыллаахха Култуура министиэристибэтигэр специалиһынан үлэлии кэлбитим. Отдел салайааччыта буолбутум. Муниципальнай култуура тэрилтэлэрин кытта үлэни салайбытым, ол аата кулууптары, музейдары, библиотекалары кытта үлэлээбитим. Судаарыстыбаннай бырагыраамалары оҥорууга үгүстүк үлэлээбитим. Былырыын Сардаана Владимировна куорат Култуураҕа управлениетын салайааччынан ыҥырбытыгар улгумнук сөбүлэспитим. Тоҕо диэтэххэ, бу иннинэ мин теорияны, методиканы кытта үлэлээбит эбит буоллахпына, билигин дьиҥнээх быраактыкаҕа киирдим.

Тэрээһиннэри ыытыыга син уопуттаахпын – Олоҥхо Ыһыахтарын, Манчаары оонньууларын, о.д.а улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэргэ үлэлээбитим, үстэ “Азия оҕолорун оонньууларын” тэрийэр ыстаабы салайбытым.

Бырааһынньык барыта буоларыгар эрэнэбит

Быйыл чахчы ыһыахтыыр буоллубут дуу?

– Биһиги дьиҥнээхтии ыһыахтыырга бэлэмнэнэбит, буолар диэн эрэлбит күүстээх. Тэрийэр кэмитиэт тэрилиннэ, кулун тутар 11 күнүгэр бастакы мунньаҕа буолан ааста. Екатерина Назаровна Романова – история наукатын доктора, Ыһыах концепциятын оҥорор учуонай консультанынан ыҥырыллыбыта. Ыһыах концепциятын, култуурунай бырагырааматын, Үс Хатыҥ сирин-уотун тупсарыы боппуруостарын тула кэпсэттибит.

Баһылык солбуйааччыта Роман Сергеевич Сорокин туруорбут соруга – муус устар 5 күнүгэр диэри Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспаны, Тутуу департаменын, тырааныспар отделын, “Главстрой” тэрилтэни  кытта Үс Хатыҥҥа баар эбийиэктэрбит туруктарын бэрэбиэркэлээн, туох үлэ ыытыллыахтааҕын былаанныахтаахпыт. Былырыын Ыһыах буолбатаҕа, онон туох да өрөмүөн үлэтэ барбатаҕа.

– Ыһыахха уруккутааҕар аҕыйах харчы көрүллүбүт дии?

– Смета билигин чуолкайдана илик. Ыһыах идеятыттан, массовка көстүүмүттэн саҕалаан, улахан өрөмүөн үлэтигэр төһө үп наадатыттан барытыттан тутулуктаах. Холобур, ипподром трибунатын өрөмүөнүгэр элбэх үбү ороскуоттаныахпыт. Кэнсиэртиир балаһааккалар өрөмүөннэммэтэхтэрэ ыраатта. Маныаха спонсордары кытта үлэбитин сааһылыахпыт...

Сорох тэрээһиннэр онлайн форматынан хаалыахтара диэн баара...

– Былырыын онлайн Ыһыахха 26 улуус кыттыбыта. Онон дьон интэриэһэ үрдүк этэ. Онлайн үлэбит уопутун ыһыктыа суохтаахпыт. Сүрүн Ыһыаҕы кытта куйаар ситимигэр эмиэ тэҥинэн үлэлиэхпит, элбэх киһини хабар сыаллаах үлэбитин салҕыахпыт. Былырыын онлайн Ыһыахха 5 фольклорнай куонкурус, 7 айар үлэ күрэҕэ, 13 этническэй хайысхалаах кэнсиэр, 11 эстраднай кэнсиэр, 9 лекция, 9 челлендж, 11 маастар-кылаас, 8 виртуальнай быыстапка ыытыллыбыта. Ыһыахха 75-тэн аҕа саастаах куорат олохтоохторугар бэлэхтэри тиэрдибиппит. “Киин куорат” анал таһаарыыта 10000 экземплярынан тарҕаммыта.

Ыһыах сүрүн тиэмэтэ Доруобуйа сылыгар ананыаҕа. Пандемия кэнниттэн урукку олохпут укулаатыгар этэҥҥэ үктэнэрбит туһугар алгыс баһа сыаланыахтаах. Екатерина Романова Ыһыах сүрүн түһүлгэлэригэр сүүйүүлээх лотереялары утарарын туһунан санаатын эппитэ. Предпринимательство отделыгар харыстанар мааскалары, бэрчээккилэри Ыһыахха аналлаах сахалыы тыыннаах гына тигэн атыылыырга предпринимателлэри кытта үлэлээҥ диэн этии киирбитэ.

Быйылгы алгыс уратытык ыытыллыаҕа. Эрдэ кистэлэҥи арыйан кэбиһиэхпин баҕарбаппын. Сүрүн режиссерунан РФ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа, Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Семенович Федоров буолар.

Былырыын ыһыахтаабатах дьон быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх буолан мустарбыт буолуо дии саныыбын. Сылдьар киһи ахсаана сыл аайы эбиллэр. 2019 сыллаахха икки күн иһигэр 200 тыһ. тахса киһи ыһыахтаабыта.

Быйыл Маай бырааһынньыгар, Кыайыы күнүгэр параадтыахпыт дуо?

– Оччотооҕу ирдэбиллэринэн сирдэтиниэхпит. Биһиги барыта буоларыгар былааннанабыт. Хааччахтар хаалар түгэннэригэр куорат олохтоохторун барыларын биир эрэ сиргэ түмпэт гына, араас балаһааккаларынан тэрээһиннэри ыытар санаалаахпыт.

Кыайыы күнүн бырагыраамата бэлэмнэммитэ. Арай “Өлбөт үйэлээх полк” сэлэлии хаамыы буолара-буолбата биллэ илик.

Үс Хатыҥ инникитэ туризмы кытта ситимнэниэн сөп

Үс Хатыҥ сылы эргиччи үлэлиир паарка буолуохтаах диэн этнограф,  Үс Хатыҥ  салайааччыта Вильям Федорович Яковлев идеята баар этэ. Эн санааҕар, бу төһө олоххо киирэр кыахтааҕый?

– Вильям Федорович Үс Хатыҥҥа “Эйгэ” музей-заповеднигы бырайыак быһыытынан бэлэмнээбитэ. Үс Хатыҥҥа уот, ититии ситимэ суох. Барыта автономнай үлэлиир кыахтаах буолуохтаах. Аны туран, Үс Хатыҥ ытык сирдэргэ киирбитэ, ол аата сыбаайалаах хапытаалынай тутуу туруо суохтаах. Наһаа элбэх үлэ барыан наада буолар.

Саҥа баһылык талылыннаҕына, Вильям Федоровичтыын киирэн бу идеяны кэпсиэхпит. Бастатан туран, бу куорат олохтоохторугар туһалаах бырайыак буолуо, туризм салаатын быһыытынан сайдыа этэ.

– Уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта хайдах үлэлиигит?

– Икки тэтимнээхтик үлэлиир уопсастыбаннай тэрилтэлээхпит. Куорат эдэр библиотекардарын “Молодо-зелено” түмсүүтэ 60 дьиэ кэргэни ылан ааҕыыга көҕүлүүр бырайыагы үлэлэтиэхтээхтэр. “Марафон чтения 500 и одна книга” диэн Бэрэсидьиэн граныгар кыттар бырайыак бэлэмнээтилэр. Манна 6 библиотека пуондата хаҥатыллыахтаах; Дьокуускай 6 библиотекатыгар 10-нуу 6-гар диэри саастаах оҕолордоох ыалы кытта үлэлиэхтээхтэр; хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ ыйан-кэрдэн биэрэр куратор-библиотекарь ананыаҕа.

Ю.А. Гагарин аатынан кииҥҥэ “Молоды душой” Арассыыйа волонтердарын хамсааһынын иһинэн аһылынна. Саастаах дьон куруһуоктарга дьарыктанар буолла.

Култуура эйгэтэ – айар үлэ биир хайысхата. Дьон махталын ылан үөрэр, дьоллонор үлэлээхпит. Холобур, үчүгэй кэнсиэр буолбутун көрөөччү ытыһын тыаһа туоһулуур. Библиотекаҕа суруйааччы туһунан кэпсээтэххинэ, ол ааптар кинигэтин дьон ыйыталаһара элбээн барар – ол эмиэ дьон махтала. Оҕо искусствотын оскуолаларыгар быйыл төрөппүттэр, эппиэтинэһи бэйэлэригэр ылан туран, бытарҕан тымныыга оҕолорун дьарыктарга таһан үөрэттилэр – ол эмиэ биһиги эйгэбит үлэһиттэригэр үрдүк үөрүү. Дьону кытта үлэттэн киһи кынаттанар.

Култуура эйгэтин үлэһиттэригэр саамай сүрүн өйөбүллэрэ – дьиэ кэргэн. Бырааһынньыктарга полициялар, быраастар уонна култуура үлэһиттэрэ эрэ үлэлииллэр. Биһиги эйгэбит дьоно бырааһынньык аайы дьиэлэригэр суохтар, дьону үөрдээри сыана кэтэҕэр сылдьаллар – үлэлэрэ киһи хараҕар көстүбэт. Онон кэллиэгэлэрбинэн киэн туттабын, хас биирдиилэригэр махтанабын, дьоҥҥо дьолу бэлэхтиир идэни талан үлэлии сылдьар дьону идэлээх бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...