18.02.2022 | 11:00

Иммунитеты күүһүрдэр утахтар

Иммунитеты күүһүрдэр утахтар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сааскы кэмҥэ киһи тумуулуура, үрдэрэрэ, сыыстарара элбиир. Маныаха иммунитет күүһэ элбэҕи быһаарар. Иммунитеты күүһүрдэр биэс утах арааһын таһаарабыт. Балары ыарыыны сэрэтэр сыалтан эбэтэр ыалдьан баран түргэнник үтүөрэр туһугар оҥостон иһиэххитин сөп.

1. Моркуоп утаҕа
Минньигэс амтаннаах, сыаната чэпчэки. В, С битэмииннээх, натрий, калий,  фосфор уонна железо элбэх. Организм кислотнай-щелочной балансын тупсарар, быар үлэтин өйүүр, суон оһоҕоһу бөҕөргөтөр, ньиэрбэни уоскутар. 

2.Дөлүһүөн уута

С битэмиининэн баай, тумууну аһардарга көмөлөөх, иммунитеты бөҕөргөтөр. Дөлүһүөн отонугар аскорбиновай кислота элбэх –  моонньоҕоннооҕор 10 төгүл, лимоннааҕар 50 төгүл элбэх С битэмииннээх.

3. Облепиха чэйэ
100 г облепиха отонугар киһи сууккаҕа наадыйар иҥэмтиэлээх эттиктэрэ бааллар. Иммунитеты күүһүрдэр, мүөтү кытта истэххэ, сөтөлү эмтиир кыахтаах. Тыынар уорганнар ыарыыларыгар олус туһалаах чэй.

4. Кофе
Биир чааскы кофеҕа 1000 мг антиоксидант баар, антиоксиданнар киһи доруобай килиэккэлэрин харыстыыр күүстээхтэр. Кофе иммуннай систиэмэҕэ, аһы буһарар уорганнарга үтүө дьайыылаах. Куртах уутун элбэтэр буолан, аһы буһарарга көмөлөһөр. 

5. Брокколи сүмэһинэ

Уунан убатан иһиллэр. Сера, кальций, калий, В1 уонна С битэмиин баар – иммунитеты үлэлэтэр сүрүн эттиктэр. Маны таһынан брокколи сүмэһинэ элбэх белоктаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...