02.06.2023 | 18:00

Илии иминэн саҕыллыбыт дьоҕур

Быйыл дойду үрдүнэн Учуутал уонна уһуйааччы сыла бара турар. Күндү ааҕааччыларбар кумааҕынан кырыйан Арассыыйаҕа тиийэ биһирэммит иитээччи Алек Алексеевич Кириллин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Илии иминэн саҕыллыбыт дьоҕур
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Үтүө күнүнэн, Алек Алексеевич! Бэйэҥ тускунан «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.

– Мин 1952 сыллаахха оччолорго Орджоникидзевскай оройуон диэн ааттанар улууска Покровскай нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Билигин төрөөбүт улууһум төрүт аатынан Хаҥалас улууһа дэнэр. Аҕам Алексей Иосифович тутууга үлэлээбитэ, уруһуйдуур этэ. Ийэм Марфа Николаевна өр кэмҥэ балыыһаҕа сиэстэрэлээбитэ, иистэнэрэ, быысапкалыыра. Эдьиийим Джемма учууталлаабыта, уруһуйдуур, иистэнэр дьоҕурдааҕа. Онон дьоҕур хаанынан бэриллэрин билэбин уонна ылынабын. Ол эрээри киһи уһуйуллан бэйэтин кыаҕын арыйыан, сатабылын сайыннарыан эмиэ сөп.

Оҕо сааска тиийэн ылыахха. Уруһуйдуур, ойуу таһааран кырыйар этиҥ дуо?

– Оҕо сылдьан кинигэттэн суруйааччылар мэтириэттэрин уруһуйдуурбун өйдүүбүн. Кыптыйынан кыыллары эмиэ оҥорорум. Учууталым нуучча киһитэ: «То, что ты срисовываешь с готовых картин – это, конечно, хорошо. Но ты старайся самостоятельно  рисовать, развивай творческое мышление, фантазию, и тогда станешь хорошим художником»,– диэн сүбэлээн турар. Кини сүбэтэ мин уруһуйдьут быһыытынан сайдарбар олус көмөлөспүтэ.

Ол эрээри идэҕинэн биология, химия учууталаҕын дии.

– Оннук. СГУ биолого-географическай факультетын бүтэрэн, үлэбин Бүлүү оройуонун Дьөккөн нэһилиэгиттэн саҕалаабытым. Онно икки сыл учууталынан, онтон түөрт сыл дириэктэринэн үлэлээбитим.

Устудьуоннуур сылларгар уруһуйдаан харчылаһар этиҥ дуо?

– Сэбиэскэй кэмҥэ харчылаһыы диэн суоҕа, үлэҕинэн эбэтэр уопсай хамсааһыҥҥа кыттыһан оҥорорум. Аармыйаҕа Ленинскэй хоһу оҥорон,  дойдубар уоппускаҕа кэлэ сылдьыбытым баара. Мин эрэ буолуо дуо, аармыйаҕа элбэх саха писарь, армейскай кулууп, Ленинскэй хос оҥорбут буолуохтаах.

Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство ханнык көрүҥүн ордороҕун? Ханнык худуоһунньук айар үлэтэ эйиэхэ чугаһый?

– Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство бары искусстволар курдук киһиэхэ дьайыыта олус күүстээх. Искусство нөҥүө киһи сайдар, эйгэтэ кэҥиир, куруук кэрэни-үтүөнү эрэ саҕар. Оннук күүстээх абылаҥнаах буолар. Дьөккөҥҥө учууталлыырбар култуура дьиэтигэр истиэнэҕэ олоҥхо, айылҕа көстүүлэрин уруһуйдаабытым. Ол уруһуйдарым, төһө да отуттан тахса сыл аастар, өҥнөрүн-дьүһүннэрин сүтэрбэккэ, суолталара сүппэккэ туралларыттан үөрэбин уонна  баччааҥҥа диэри көрө-харайа сылдьалларыгар махталым улахан. Бэйэм ордук графиканы сөбүлүүбүн. Графика тиэхиньикэтэ омос көрдөххө судургу эрээри, ньыманы үчүгэйдик билэри ирдиир. Кумааҕынан кырыйан оҥорор үлэлэрим графика тиэхиньикэтин санаталлар. Оттон өҥ муҥутуур кэрэтин хоһуйар живописец худуоһунньуктартан Илья Репины, Айвазовскайы, сахалартан Афанасий Осиповы, Андрей Чикачевы ордоробун, графикаттан – Афанасий Мунхаловы.

  Уруһуй эйиэхэ тугу биэрэрий?

– Мин санаабар, уруһуйдуур, кэрэни айар киһи куһаҕан киһи буолбат, уруһуй киһини амарах санаалаах буоларга, кэрэни сыаналыырга иитэр. Ол иһин даҕаны улуу педагог В.А. Сухомлинскай: «Через красивое – к человеческому, такова закономерность воспитания»,– диэн турар.

Биир ураты, элбэх киһини сөхтөрөр, сэдэх да диэххэ сөп, дьарыгыҥ кумааҕынан быһыы. Маннык баҕа уруккуттан баара дуу, эбэтэр үлэҕэр туһанар инниттэн дьарыктаммытыҥ дуу?

– Кумааҕынан аан бастаан сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр сыбаайбалары, үбүлүөйдэри киэргэтээри дьарыгырбытым. Сыыйа дьарыкпар тартаран,  айылҕаны, кыыллары быһарга холоммутум. Кэнники уонча сыл дьон мэтириэтин быһабын. Мэтириэти уруһуйдааһын – уустук көрүҥ, киһи ылбычча уруһуйдаан да, кырыйан да барбат. Тиэхиньикэ күүстээх оруолу ылар. Үксүн биллиилээх дьону оҥорорум, билигин ким баҕар мөссүөнүн хаартыскаттан эбэтэр көрөн олорон быһабын.

Дьон мэтириэтин оҥорорго ханнык хаачыстыбалар эрийиллэллэрий?

– Уруһуйга, кумааҕынан быһарга таба уруһуйдааһын, быһыы ирдэнэр. Ону сэргэ тулуур, сүрэхтээх, дьаныардаах буолуу, булугас өй, инициатива, көрбүтү өйдөөн хаалыы уо.д.а. курдук ис кыахтар эрэйиллэллэр. Киһи туругуттан эмиэ тутулуктанар. Халы-мааргы сыһыаннаһан оҥордоххо, үлэҥ түмүгэ суох, оҥорор киһиҥ букатын атын дьүһүннээх буолан тахсыан сөп.

Дьоҕургун сайыннарарга дьулуһаҕын дуу?

– Киһи олорорун тухары үөрэнэр. Дьоҕуру сайыннарарга куруук үөрэниэххэ, биир идэлээхтэрин кытта алтыһыахха наада. Ол инниттэн быыстапкаларга сылдьабын, куйаар ситимигэр дьон маастарыстыбатын көрөн, бэйэбэр ырытыы, түмүк оҥостобун. Нэһилиэкпэр, улууспар, өрөспүүбүлүкэҕэ кумааҕынан быһыыга маастар-кылаастары ыытабын, баҕалаах дьону, оҕолору  үөрэтэбин.

Билигин эбии үөрэхтээһин уһуйааччытынан үлэлиигин. Кырачаан оҕолору кытта үлэлиир хайдаҕый?

– Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин уһуйааныгар эбии үөрэхтээһин уһуйааччытынан үлэлээбитим уонча сыл буолла. Дьыссаакка үлэлиирбин, кырачааннары кытта алтыһарбын олус сөбүлүүбүн. Оҕону кытта киһи бэйэтэ оҕо курдук буолар, кыраттан үөрэҕин, дуоһуйууну ылаҕын. Оҕо тулалыыр эйгэни хараҕынан көрөн, кулгааҕынан истэн, илиитинэн тутан-хабан билэр, үөрэтэр. Итини таба туһаннахха, сөрөөн үөрэтэ охсорго, олус табыгастаах. Бу ньыманан оҕону күүскэ сайыннаран, иитэн таһаарыахха сөп. Сорох төрөппүт «ээ, мин оҕом тугу да сатаабат, туохха да дьоҕура суох» диэччи. Ол олох сыыһа өйдөбүл. Оҕо, сатаатын – сатаабатын, төрүөҕүттэн аан бастакы илиитинэн оҥороро – уруһуй. Ханнык баҕарар оҕо харандааһынан, кыраасканан кумааҕыны марайдыырын сөбүлүүр. Ол сиэринэн ханнык баҕарар оҕону уруһуйдуурга, уһанарга үөрэтиэххэ сөп, көрөн-истэн, такайан, хайҕаан, көмөлөһөн. Биһиги, урукку кэм оҕолоро, элбэҕи аахпыт, сүүрбүт-көппүт, айылҕаны кытта чугастык алтыспыт, бултаабыт-балыктаабыт буолан, уруһуйу, уһаныыны түргэнник уонна чиҥник ылынабыт.

Билиҥҥи оҕо информационнай билиини  куйаар ситимиттэн ылар, тус бэйэтэ оҥорон, талан, булан ылара аҕыйах. Бэйэ инициативата, фантазията, көрүүтэ суох. Урукку кэм мультиктара уруһуй мультиктар, сиэрдээхтэр, оҕо сааһынан сайдыытыгар анаан оҥоһуллаллара. Онтон билигин? Киһитэ-абааһыта биллибэт дьоруойдар оҕо өйүгэр-санаатыгар туох да сайдыыны биэрбэттэр, туһаны аҕалбаттар. Оҕолор ол дьоруойдарын үтүктэллэр, ол иһин аныгы оҕону кытта үлэлииргэ биир өттүнэн ыарахаттардаах уонна элбэх үлэни эрэйэр. Дьыссааппар 2013 сылтан «Бумажное вдохновение» диэн оҕону кумааҕынан быһарга, кырыйарга үөрэтэр куруһуоктаахпын, анал бырагыраамалаахпын. Бастаан көнө сурааһыны быһарга үөрэнэбит, онтон токур сурааһыны, геометрическай фигуралары, ол кэннэ, уустугурдан, айылҕаны, оҥоһуктары оҥотторобун. Бу ньымабынан «Воспитатель года России – 2015» кыттан, «Оригинальная идея» уонна «Дебют и опыт» диэн ааттары ылары ситиспитим. Билигин сылга иккитэ кумааҕынан быһарга маастар-кылаас, семинар-практикум ыытабын.

Бэйэм иитээччилэрим бары кумааҕынан быһары сатыыллар, араас таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара.

Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?

– Иллэҥ кэмим дьиэ кэргэммэр ананар. Тыа ыалын сиэринэн дьиэ туттан, сүөһү-ас ииттэн олоробут. Айылҕаҕа сылдьарбытын, бары бииргэ оттуурбутун сөбүлүүбүт. Куруук уһана, уруһуйдуу сылдьабын.

Дьиэ кэргэҥҥин сырдатыаҥ дуо?

– Эр киһи буолан сиргэ кэлбит аналбын толорон, аҕа, эһэ буолар дьолу биллим. Кэргэним Татьяна Никифоровна эмиэ иитээччи, дьоҕура элбэх. Кыра кыыс Олеся туйахпытын хатаран, Дьокуускай куоракка иитээччинэн үлэлиир. Улахан кыыс Оксана – риэлтор. Уолбут Алексей производственнай үөрэхтээһин маастара идэлээх. Үһүөн ыаллар, оҕолоох-уруулаах, үлэһит дьон. Айылҕаттан бэриллибит дьоҕур утумнанан, Оксаналаах Алексей  кумааҕынан быһаллар, уруһуйдууллар.

* * *

Алек Алексеевич “Уолбабыт кэрэ айылҕата, дьоно-сэргэтэ, үлэһит дьонунан аатырар-сураҕырар кэпсээнэ, оҕо дьоллоох күлүүтүнэн сайда турар дьылҕата киһи олох олоруох, айыах-тутуох санаатын өссө күүһүрдэр, бөҕөргөтөр”,– диэн тылларынан кэпсэтиибитин түмүктээтэ. Бу курдук айылҕа маанылаан биэрбит, хаанынан салҕанар күндү дьоҕур көлүөнэҕэр бэриллэ, элбэх утумнааччылана турдун диэн баҕа санаабын аныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...