18.12.2019 | 11:53

ИЛБИИҺИТ МАССАЖИСТАН ТУОХ УРАТЫЛААҔЫЙ? (Илбииһит Мария Григорьева)

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахалыы илбийэн эмтээһини көннөрү массааска тэҥниэххэ сөп. Ол эрэн саха илбииһиттэрэ киһи ис туругун уонна көстүбэт эйгэни кытта үлэлиир кыахтаахтар. Ол иһин кинилэр көмөлөрө биһиэхэ тиийимтиэ уонна туһалаах буолар дииллэр.

Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх илбииһит Мария Григорьеваны Дьокуускайга аҕыйах хонукка кэлэ сырыттаҕына таба тутан, “Айылҕаттан айдарыылаахтар” рубрикабытыгар ыалдьыттаттыбыт:

– 8 оҕолоох ыал ийэтэбин, кэргэннээхпин, икки сиэннээхпит. Дьокуускайга наар эмтиир, илбийэр дьонноохпун – инсуллаан сытар дьон, ДЦП-лаах оҕолор. Ыҥырыынан кэлэн барааччыбын. “Өбүгэ үгэһэ” диэн норуот эмчиттэрин ситимнэрин чилиэнэбин. Биһиги ситиммит дьоҥҥо-сэргэҕэ өй-санаа ырааһырыытын, эмтээх отунан туох ханнык ыарыыларга туһаныахха сөбүн сүбэлиир, сырдатар кэпсэтиилэри ыытар.

 – Бэйэҕиҥ илбииһиппин дэнэр эбиккин. Ким үөрэппитэй? Маннык айдарыылааххын төһө эрдэ билбиккиний?

– Маалыкайтан тэйиччи Маай диэн учаастакка улааппытым. Дьонум мэҥэдьэк сылгытын иитэр сылгыһыттар этэ, онон 5 сааспар диэри учаастакка улааппытым. Миигиттэн ураты бастайааннай олорор оҕо да суох буолара. Амакинскай экспедиция баара. Ол саҕана элбэх киһи аһыы утаҕы амсайар этэ, оччоҕо иэдээн буолан хаалыа диэн быһахтары кистэтэр буолаллара. Дьон “аһаабыт” буоллахтарына, дьиэлэринэн сылдьан быһахтарын кистэтэлээн кэбиһэр этим. Аны өйдөнөн баран сүтүктэрин ирдэстэхринэ сатаан булан биэрбэппин. Таһыччы умнар эбиппин.

– Ити “этэллэр этэ”, “кистэтэллэр этэ” диэн кимнээҕи этэҕин?

– Көстүбэт эйгэттэн кэпсэтэр дьоммун этэбин. Кыра эрдэхпиттэн көрөбүн, баалларын билэбин. Кыра сылдьан бииргэ оонньоһор “оҕолоох” буоларым. Наар харыйаҕа ыттан, харыйаны кытта өрө тустан тахсар этибит. Ону дьоммор эттэхпинэ, улаханнык буойуллабын, кэпсиирбин боболлор этэ. Ол иһин кэлин тугу таайбыппын, тугу сэрэйбиппин, ол “оҕолуун” оонньуурбун кэпсээбэт да буолбутум.

Биирдэ “иэдээн буолаары гынна” диэн эмиэ уһуктааҕы барытын кистэттилэр. Онно биир киһи быһаҕын булбатым, ылбакка хааллым. Оннук биир киһини суорума суоллаатылар. Наһаа хомойбуппун, буруйдаммыппын өйдүүбүн. Эппиттэрин үрдүнэн сөпкө туттубатахпыттан киһи өллө диэн...

Боболлоро бэрдиттэн устунан сабыллан барбытым. Билбэтэҕэ буола сатыыр этим. Оскуолаҕа киирэр сылбар дэриэбинэҕэ көһөн киирдибит, ол алтыһар арыалдьыттарым суол тоҕойугар диэри атаарбыттара. Онон бүттүм дии санаабытым, тугу да көрбөт буолбутум. Бүөлэнэн хаалбытым.

– Баар син биир баара биллэрэ буолуо?

– Оннук эбит. Ыал буолан киһи-киһи курдук олоҕу олордоҕум дии. Бэһис оҕобун хат сырыттахпына балыыһаҕа саха эмчиттэрэ кэлэн дьону көрөн эрэллэр үһү диэтилэр. Мин аахайбатым. Бырааска көрдөрө барардаах буоламмын эрэ тиийдим. Арай көрүдүөрүнэн ааһан истэхпинэ биир киһи көрөн турар (ол дьон биирдэстэрин араспаанньата Горохов, биирдэстэрин аата Пантелеймон диэннэр этэ. Уонна толору ааттарын олох умнубуппун). “Киирбэккин дуо?” - диэтэ. Мин: “Эс, суох, мин атын наадаҕа сылдьабын”, -диэн куотуна сатаан баран, кабинекка киирдим. Олордон баран саастааҕа кэпсэтэ сатаата: “Эн бэйэҥ туохтаахпын эрэ дии санаммаккын дуо?” – диир. Илиибин ылан көрөн баран, илиигинэн үлэлииһиккин диэбитэ. Сарсын баччаҕа кэлээр диэн ыыттылар.

Мин сарсыныгар соруйан барбатым. Иннигинэн дьарыктаныахпын баҕарбаппын диибин бэйэм-бэйэбэр. Ону дьонунан илдьиттээн ыҥыттардылар. Кэлии дьону ытыктыахха наада диэн барарбар тиийдэҕим дии. Ол дьон “билигин хат сылдьаргын өйдүүбүт, ыарахан буолуо, ол эрэн эн көмөҕөр наадыйар дьоҥҥо туһалыы сатаа” диэн сүбэлээбиттэрэ.

– Дьону эмтээн саҕалаатыҥ...

– Суох. Ылымматым. Эбиитин өһөстүм. Онтон турбат буола сытынан кэбистим. Оннук күүскэ ыалдьан. Ол сыттахпына кэргэним киэһэ хойут баҕайы эр киһилээх дьахтары батыһыннаран киирдэ. Далбар хотун Маргарита диэн ааттааҕын эрэ өйдүүбүн. Кылгастык кэпсээтэххэ, “биһиги маннык дьону көрдүүбүт”, “В.Кондаков ассоциациятыттан сылдьабыт” эҥин диэтэ. “Бүөлэнэн олорор эбиккин, син биир айдарыыҥ биллэриэҕэ” диэбитэ. Этэҥҥэ оҕолонуоҥ, “саамай таптыыр убайыҥ ырыатынан уол оҕо төрүөҕэ” диэбитэ. Ол саҕана отуппун эрэ ааһан сылдьабын, бэһис оҕобун испэр илдьэ сылдьан ол ыалдьан сытабын.

Ол дьон кэлэн барбыттарын кэннэ өссө күүскэ ыарыйдым. Иһим дэлби иһэн таҕыста. Ньурбаҕа балыыһаҕа киирдибит. Ылымаары гынан баран, испин көрдөрбүппэр, киллэрдилэр. Эпэрээссийэлээн бастаан ол иһэн тахсыбыт испин ыраастаатылар. Бүтүннүү куһаҕан, ириҥэ эҥин үөскүү охсубут эбит. Харахтан сыыһы ылбыт курдук чэпчээтим. Онтон икки нэдиэлэнэн оҕобун кесаревтыахпыт диэтилэр.

Ол сытан түһээтэхпинэ, хотугулуу таба таҥастаах тоҥус оҕонньор кэлэн таһырдьа ыҥыран таһаарда. Марха өрүс үрдүнэн көттүбүт. Көтөн истэхпитинэ биһиги салгыммытыттан уу дьиримниир. Күөх хонуулаах алааска тиийэн сэгэччи чэпчэки баҕайытык түстүбүт. Оҕонньор үстэ үөһээ тыын диэтэ. “Наадыйдаххына мин эйиэхэ кэлиэм” диир. Уһуктан дьиктиргээтим.

Биир нэдиэлэнэн оҕолоноору гынным диэн таайдым. Сиэстирэҕэ, тоҕо эрэ, ол мэй-тэй сытаммын, араадьыйата холбоо диэбит эбиппин. Үлэһиттэр “бу дьахтар баран эрэр” дэһэллэрин истэбин. Уонна биир да талыыта эҥин суох, таайым Ньикииппэр Сэмэнэп “Ууну кытта уу буолан” диэн тыллардаах ырыатынан оҕолонон кэбистим. Уолум атаҕынан кэллэ, ол эрэн этэҥҥэ туга да эчэйбэтэх, доруобай этэ.  

Онно били Маргарита диэн дьахтар киирэ сылдьан эппитин өйдүү биэрэн, дьэ итэҕэйбитим. Эмтиибин диэн кимиэхэ да кэпсэммэт этим. Көннөрү алтыһар дьонум айакалаатахтарына ыарыыларын илбийэн, сүһүөхтэрин тутан кэбиһэрим. Бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэр, көмөлөс диэн көрдөһөр буолбуттара.

– Эмтиир дьон бэйэлэрэ ыраастанабыт диэччилэр.

– Мин бастаан саҕалыырбар сатаан ыраастаммат эбиппин. Дьон ыарыытын барытын бэйэбэр ылынан сытан хааларым. Кэлин уунан ыраастанары сатаатым.

Массажист үөрэхтээх эбиккин дии...

– Кэнники Ньурбаҕа көһөн киирэн баран биир сыл быстах үлэлэргэ сылдьыбытым. Онтон баанньыкка үлэҕэ киирэн баран биирдэ дьону массаастыыр буолбутум. Били баар баарын биллэрэн барбыта. Ол саҕана Любовь Дроботова диэн Бүлүүттэн массажист кыыс кэлэр үһү диэни иһиттим. Кыыс кэлэн: “Баанньыккар үлэлиибин дуо, төһөнү төлүүбүн?” – диир. Ону: “Миэхэ төлөөмө, ол оннугар мин эн хайдах үлэлииргин көрүөм”, – диэтим. Көрөн үөрэннэҕим дии. Киниэхэ махталым улахан.

Үөрэҕэ суох эрээри дьону массаастыыр диэхтэрэ диэн, сертификат ылаары куурустарга үөрэммитим. Ол тухары эмчиттэр ортолоругар миэхэ наадалаах киһини көрдүүр этим. Елена Егоровна – Одун Элиэнэ, Эдьиэй Элиэнэ диэн эмчити Ньурбаҕа кэлэ сырыттаҕына бэйэм баҕабынан баран көрсүбүтүм. Наһаа үчүгэйдик кэпсэппитэ. Кэлин киниэхэ бэйэтигэр анаан-минээн баран үөрэммитим. Бэйэбин булбуппар, орто дойду олоҕор ананан кэлбит суолбун тобулбуппар Эдьиий Элиэнэҕэ махталым муҥура суох.

– Киһи туга ыалдьарын хайдах билэҕин?

– Үксүн илиим иминэн бигээн, тутан көрөн. Сорох дьону таарыйбакка да олорон билэҕин. Хайдах көрөрбүн сатаан этэр кыаҕым суох. Билэрбин эрэ билэбин.

Холобур, инсультаабыт дьоҥҥо элбэхтик ыҥыраллар. Барыта түүрэ тардан хаалбыт буолаллар. Ону сымнатабын. Уҥа уонна хаҥас өттүнэн оҕустарбыт ыарыһаҕым илиитин көтөҕөр, уҥа өттүн билэр буолбут.

9-таах ДЦП-лаах уол сатаан таҥныбат, биир кэм өрө мөхсөн олорор оҕо баара. Гиперактивнай дииллэр оннуктары. Бастакы сеансыттан туһаммыта – ийэтэ көрөн олордоҕуна наскытыттан саҕалаан булууһатыгар тиийэ бэйэтэ дьаһанан таҥныбыта. Дьоно кэнники сөҕүү бөҕө. Көр, сорох оҕоҕо киһи түргэнник туһалыан сөп. Мин киһи бэйэтин күүһүгэр итэҕэтэ сатыыбын –   “Эн маны сатыаҥ”, “эн маны кыайаҕын” диибин. Итэҕэйэр киһи чахчы кыайар.

Бэриммэт, итэҕэйбэт, тургутан көрө сатыыр дьон баар буолаллар. Иэҕэлээхтик ыйыталаһаллар, бэрэбиэркэлииллэр. Оннуктары кытта мөккүөргэ киирбэппин. Туһаннахтарына син биир итэҕэйэллэр.

Билиҥҥи киһи үксэ хондуруостаах, оҕолор эрдэ баҕайы эрийэ тартаран сколиозтаналлар. Компьютерга, төлөпүөҥҥэ бүк түһэн олоруу содула.

Бастаан үлэлээн эрдэхпинэ Эдьиий Элиэнэ: “Көрөөр эрэ, аҕыйах сылынан дьону диагнозтыы сылдьар буолан хаалыаҥ,” – диэбитэ. Кырдьык, оннук буолла. Оптуобуска эбэтэр ааһан иһэр дьону көрдөхпүнэ, сүһүөх, эт-хаан өттүнэн мөлтөөбүттэрин билэр буолтум.    

– Удьуоргар айылҕаттан айдарыылаахтар бааллара дуу?

– Ийэм да, аҕам да өттүнэн ааттара ааттаммат дьон бааллар. Ыйыталаһа сатаатахпына, бопсоллор этэ. Аҕам мин дьарыкпын наһаа утарбыта. Онуоха мин таһаарымматахпына, дьоҥҥо туһалаабатахпына бэйэм ыалдьан хаалыах курдукпун диэн быһаарбыппар, өйөөбүтэ. Саамай өйдүүр, өйүүр киһим – кэргэним. Улахан оҕом 29 саастаах, кырам 8-һа. Дьону эмтии баран хааллахпына, бэйэлэрэ дьаһанан олорор ыаллар.

– Эн үлэҥ сыаната төһөнүй? Тариф диэн баар буолар дииллэр...

– Мин харчы эрэ туһугар үлэлии сатаабат буоллаҕым, дьиҥэ. Төһөнү биэрэллэринэн. Биирдэ биир дьахтар кэлэн хааннатта, сыанатын удамыр соҕустук эттим. Сарсыҥҥы күнүгэр кэллэ, эмиэ харчы биэрэ сатаата – ылбатым. “Тоҕо ылбаккын?” – диэн соһуйар. Мин: “Биирдэ эн төлөбүргүн ыллым, туох барыта үстээх, үстэ хааннат, биирдэ төлөөтөҕүҥ дии”, - диибин. Киһим үөрэр да үөрэр. Мин дьону эмтээбэтэхпинэ бэйэм туохха-туохха тиийиэм биллибэт, ол иһин маннык сылдьабын. Дохуоттанаары буолбатах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....