17.02.2023 | 14:00

Ил Дархан ыйааҕа олоххо бигэтик киирэр

Олунньу 8 күнүгэр куорат баһылыгын уокуруктары сайыннарыы боппуруостарыгар, тырааныспар өҥөтүгэр уонна тырааныспарынан хааччыйыыны тэрийиигэ солбуйааччыта Антон Алексеенко «Саха» НКИХ «Дьокуускай бүгүн» телевизионнай уонна «Тэтим» араадьыйанан биэриилэригэр быһа эпииргэ таҕыста.
Ил Дархан ыйааҕа олоххо бигэтик киирэр
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Антон Алексеенко Дьокуускай куорат маастар-былаанын иитинэн ыытыллар үлэ сүрүн хайысхаларын, эбийиэктэрин туһунан сырдатта. Итиэннэ быһа эпииргэ кэпсэтии нэһилиэнньэни хаарбах туруктаах, эргэ дьиэлэртэн көһөрүү, куорат инфраструктуратын сайыннарыы – суол өрөмүөнүн, тиэргэни тупсарыы, саҥа уопсастыбаннай туоналары тутуу, биир тылынан Ил Дархан Айсен Николаев «2032 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын – Дьокуускай куораты сайыннарыы туһунан» ыйааҕын чэрчитинэн ыытыллар үлэ тула барда. Итини сэргэ Антон Анатольевич уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин тупсарыы саҥа ньымаларын,  саҥа социальнай эбийиэктэри тутууну уонна да атын суолталаах информацияны иһитиннэрдэ, куорат олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаата.

Ил Дархан ыйааҕын чэрчитинэн ыытыллар үлэ хаамыыта

– Олунньу 8 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара 45-с уочараттаах сессияҕа куорат баһылыга Евгений Григорьев Олохтоох дьаһалта 2022 сыллааҕы үлэтин туһунан отчуотун иһиттилэр уонна биир санаанан бигэргэттилэр. Ити түмүктүүр 30-с отчуот буолла. Быйылгы отчуоттар уратылара – баһылык нэһилиэнньэ иннигэр эрэ буолбакка, куорат уокуругун араас эйгэтин, улахан тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүбүтэ.

Ил Дархан Айсен Николаев «2032 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын – Дьокуускай куораты сайыннарыы туһунан» ыйааҕын чэрчитинэн ыытыллар үлэни сырдатар буоллахха, ити – улахан хабааннаах стратегическай докумуон диэн бэлиэтиэххэ наада. Ыйаах биһиги иннибитигэр глобальнай суолталаах сыалы туруорар – 2032 сылга диэри, Дьокуускай 400 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, киин куораппытын ирбэт тоҥ үрдүгэр турар бастыҥ куорат оҥоруохтаахпыт. Ити биһиги сүрүн сыалбыт. Соругу толоруу чэрчитинэн 152 араас тэрээһин былааннанан турар. Сорох бырайыактар уонча сыл устата олоххо киириэхтэрэ, сорохтор 2-3 сылынан бэлэм буолуохтара.

Билиҥҥи туругунан Дьокуускайга 372 тыһыынча киһи олорор, бу Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка саамай тэтимнээхтик улаатар куорат. Онон, хайа диэки сайдарбытын чопчулаабатахпытына сатамматын бары өйдүөх тустаахпыт. 

Урут даҕаны Дьокуускай куорат сайдар стратегията баар этэ, ол эрэн маннык киэҥ хабааннаах, өрөспүүбүлүкэ бары министиэристибэлэрин, биэдэмистибэлэрин уонна федеральнай бырайыактар кыттыылаах докумуон суох этэ. Манна инфраструктура араас хайысхатын, социальнай блогу сайыннарыыны сэргэ хас биирдии киһиэхэ сайдар кыаҕы биэрэр дьаһаллар бааллар. Ол курдук, Ыйаах саамай сүнньүгэр киһи, куорат олохтооҕун олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы  турар.

Маастар-былаан – стратегическай былааннааһын үнүстүрүмүөнэ

– Арааран, быһааран этиэххэ наада: генеральнай былаан уонна маастар-былаан диэн тус-туһунан докумуоннар. Маастар- былаан куораты тутуу, архитектура эрэ буолбакка, бастатан туран, территориялар, салаалар сайдыыларын, нэһилиэнньэ ирдэбиллэрин олоххо киллэрии экономическай былааныттан турар. Онон далааһына киэҥ, сайдыы хайысхаларын чопчулуур, ыйар-кэрдэр сыаллаах.

Ил Дархан «2032 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын – Дьокуускай куораты сайыннарыы туһунан» ыйааҕын олоххо киллэриигэ ааспыт сыл бастакы хардыылары оҥорбуппут. Биллэрин курдук, ыйаах 2021 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр тахсыбыта. Ол кэнниттэн бэлэмнэнии үлэтэ – регламеннары, соруктары чопчулааһын, хамаандалары тэрийии, бырайыактыыр офистары оҥоруу уонна да атын үлэ барбыта. Ити тутуллар оскуолаларбыт, үлэҕэ киллэрэр саҥа дьиэлэрбит, үлэ барыта ыйаах соруктарынан ыытыллар.

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү былырыыҥҥы түмүктэрэ

– Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бүгүҥҥү күҥҥэ саамай сытыытык турар кыһалҕа буолан баран, «комплекснай» миэрэлэринэн быһаарыллар сорук. Куорат территориятыгар хаарбах туруктаах дьиэ ахсаана элбэх. 2017 сылга диэри аадырыстаах бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн хаарбах туруктааҕынан 162 дьиэ билиниллибитэ. Киин куорат үрдүнэн хаарбах туруктаах дьиэ уопсай ахсаана 1150-тан тахса. Оттон Ил Дархан ыйааҕын биир булгуччулаах хайысхата – хаарбах дьиэ пуондатын суох гыныы. 2032 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар нэһилиэнньэни ити 1150-тан тахса эргэ дьиэттэн көһөрөр улахан сорук турар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраама чэрчитинэн 250-тан тахса олорор дьиэ бэрилиннэ, 94 дьиэ кэргэн компенсация төлөбүрүн ылла.  «Звезднай» дьоҕус оройуоҥҥа эбии 5 дьиэни үлэҕэ киллэрии уонна аэропорт оройуонугар Кузьмин уулуссатыгар 650-ча ыал саҥа дьиэҕэ көһөрө хаалла. 2022 сыллааҕы түһүмэххэ итинник. Үүммүт 2023 сыл былааннарын этэр буоллахха, 720-чэкэ дьиэ  олохтоохторо көһөрүллүөхтэрэ эбэтэр компенсация төлөбүрүн ылыахтара.

 

Саҥа дьиэлэри тутуу – тыын боппуруос

– Нэһилиэнньэни хаарбах дьиэттэн көһөрөргө маастар-былаанынан хас даҕаны учаастак оҥоһуллар. Олортон биирдэстэригэр – «Звезднай» дьоҕус оройуоҥҥа үлэ бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ, икки дьиэ үлэҕэ киирдэ, өссө биэс дьиэ быйыл иккис кыбаартал ортотугар диэри киириэхтээх. Ити оройуон сайдыытыгар 60-ча гектар сир көрүлүннэ, уопсайа 50-ча дьиэ тутуллуохтаах. Өссө биир улахан бырайыак – өрүс пуордун оройуонугар баар «Лена Пилларс» түөлбэ. Комплекс Өлүөнэ өрүс кытылыгар баар буолуоҕа. 2-с, 4-с, уонна 17-с кыбаарталлар оройуоннарыгар «Спортивнай» түөлбэ тутуллуоҕа. Итиэннэ 86-с, 92-с кыбаарталларга «Күөл» дьоҕус оройуон былааннанар, манна хаарбах туруктаах дьиэ ахсаана наһаа элбэх. Итини сэргэ территориялары комплекснай сайыннарыы былааныгар 53-с, 31-с, 55-с кыбаарталлар бааллар. Олорор дьиэ кыбаарталларын тутууга, бастатан туран, инфраструктура – коммуникация, уот, уу, канализация ситимэ, ититии эбийиэктэрэ бааллара ирдэнэр, онон билиҥҥи кэмҥэ куорат кытыытынааҕы территорияларга көһөрүү былааннаммат. «Звезднай» дьоҕус оройуон территориятын тутууга улахан инфраструктурнай бырайыак олоххо киирэр, ол – канализационнай коллектор. 

Маастар-былааҥҥа көрүллүбүт үбү – бүддьүөт инфраструктурнай кирэдьиитин федеральнай бырабыыталыстыба биэрэр. Үбүлээһин маастар-былааҥҥа ыйыллыбыт тэрээһиннэр олоххо киириилэригэр туһаайыллар. Тоҕо диэтэххэ ыытыллар үлэ ордук ороскуоттаах чааһа –  инфраструктура. Биһиги эргэ мас дьиэлэри көтүрэн «Спортивнай» кыбаарталга 52 олорор дьиэни тутуохтаахпыт, итиннэ элбэх үп туһуланыаҕа. Территорияҕа социальнай эбийиэктэр – оскуолалар, оҕо уһуйааннара, спорт саалалара тутуллуохтара.

Итини таһынан, үбүлээһин социальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ туттуллуоҕа. Холобур, Ленин болуоссатын саҥардыыга, Сайсары күөл уонна Роман Дмитриев аатынан кытыллары оҥорууга. Ити бырайыактар түргэнник олоххо киирэр кыахтаахтар.

 Ыйаах иитинэн үөрэх миэстэлэрин элбэтэр сорук турар. Ол курдук, 2032 сылга диэри 17 тыһыынча эбии миэстэни оҥоруохтаахпыт. 2022 сылга үс саҥа оскуоланы үлэҕэ киллэрдибит – «Прометей» дьоҕус оройуоҥҥа 990 миэстэлээх баараҕай оскуоланы, Пригороднай 12-с №-дээх уонна куорат 5-с №-дээх оскуолаларыгар салҕааһыны. Быйылгы соруктар – 26-с, 29-с №-дээх оскуолаларга салҕааһыны тутуу. Итиэннэ чугаһынааҕы сылларга 4-с  №-дээх коррекционнай уонна 153-с кыбаарталга оскуолалар үлэҕэ киириэхтээхтэр. Ити испииһэги өссө даҕаны салҕыахха сөп.  

Суолу оҥоруу

 – Быйыл алтынньы 31 күнүгэр диэри Ленин болуоссатын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэниэхтээх. 2019 сылтан суол оҥоһуута барыта «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Сүрүн сыал – куорат суолларын 85%-н нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэрии. Куорат уокуругар уопсайа 134 км суол баарыттан 2022 сылга 36,2 км оҥоһулунна. Итиннэ өрөмүөн, хапытаалынай өрөмүөн, тутуу, саҥардан оҥоруу барыта киирэр. 2023 сыл былааныгар 22,6 км киирэ сылдьар, ол иһигэр Ленин болуоссатын хапытаалынай өрөмүөнүн курдук уустук үлэ, Бабушкин, Поярков, Можайскай уулуссаларын өрөмүөннэрэ баар.

Тырааныспар эйгэтэ

– Куорат баһылыгын отчуотугар уопсастыбаннай тырааныспарга сыһыаннаах элбэх ыйытыы, үҥсүү, этии киирдэ. Ол эрээри былырыын оптуобус пааркатын саҥардыбыппыт үчүгэй түмүктэрдээх буолла, саҥа тиэхиньикэ бэрэбиэркэни ааста. ЯПАК былаанын 99,98% толордо. Оптуобус пааркатын саҥардыыны сэргэ 30-ча сыл анараа өттүгэр тэриллибит айан схематын уларытан эрэбит. Күҥҥэ 100-чэкэ тыһыынча киһи уопсастыбаннай тырааныспар өҥөтүнэн туһанар тэтимнээхтик улаатар куорат ирдэбилигэр бүгүҥҥү ситим эппиэттээбэт. Саҥа схема туһунан нэһилиэнньэ санаатын билээри, анал сайтка ыйытык оҥордубут.

 2024 сыл сааһыттан «брутто-контракты» диэҥҥэ көстөхпүтүнэ, куорат дьаһалтата тиэйии өҥөтүн сакаасчыта буолуоҕа. Былырыыҥҥыттан ити хайысханан научнай-чинчийэр үлэни ыытабыт. Үлэ кулун тутар ыйга түмүктэниэхтээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ төһө киһи ханнык хайысханан, ханнык маршруттарынан айанныырын чопчу билэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...