15.09.2022 | 12:00

Иккис симиэнэттэн аккаастанар кыахпыт суох

Иккис симиэнэттэн аккаастанар кыахпыт суох
Ааптар: Ирина Кононова, тылбаас: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Саҥа үөрэх дьылыгар куорат оскуолаларыгар, уһуйааннарыгар туох уларыйыылар киирэллэр? Профориентацияны күүһүрдүү, иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһитэ уо.д.а. сонун сүүрээн элбэх. Бу туһунан Дьокуускай куорат Үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Мария Петровна Петрова “Эхо столицы” кэрэспэдьиэнигэр кэпсээбитин ааҕааччыларбытыгар тылбаастаан, кылгатан бэчээттиибит. 

Үөрэнээччи ахсаана элбии турар

– Саҥа үөрэх дьылыгар уһуйаан, оскуола аһылыгар туох уларыйыы киирдэ?

– Сыаната кыратык уларыйда. Бу иннинэ оҕо уһуйааннарыгар төрөппүттэр 190 солкуобайы төлүүллэрэ, билигин – 199 солк. Дьиҥэр, ити наһаа элбэх буолбатах, тоҕо диэтэххэ бородуукта сыаната үрдүү турар уонна, биллэн турар, ас-үөл хаачыстыбата мөлтүө суохтаах. Чааһынай уһуйааннар сыананы өссө үрдэтэри туруорсубуттара, ол эрээри 5% кэриҥэ үрдэттибит. Биир оҕоҕо меню 259 солк. курдук буолар. Ону таһынан оскуола аһылыга индексацияланна: бу иннинэ чэпчэтиинэн туһанааччыларга 54 солк. этэ, билигин – 86 солк. кэриҥэ. Маны сэргэ, “Үөрэхтээһин туһунан” федеральнай сокуоҥҥа уларыйыы киирбитинэн бу ыйтан доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор иккитэ аһыыр буолуохтара. Манна дьиэтээҕи үөрэххэ олорор оҕолор эмиэ хабыллаллар.  

– Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга диэри   Арассыыйа бары оскуолалара иккис симиэнэттэн аккаастаныахтаахтар диэн соруйбута. Ол куорат оскуолаларыгар кыаллыа дуо?

– Суох, ити билиҥҥитэ кыаллыбат. Үөрүөхпүт иһин, куоракка оҕо ахсаана элбии турар. Холобур, былырыын 5000 оҕо маҥнайгы кылааска киирбит эбит буоллаҕына, быйыл – 6000 кэриҥэ үөрэнээччи. Маны таһынан, нэһилиэнньэ көһөн кэлиитэ элбэх, онон атын кылаастарга үөрэнээччи ахсаана эмиэ эбиллэр. Сыл аайы 2000 курдук оҕо куоракка үөрэнэ кэлэр. Биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн саҥа эбийиэктэр элбииллэр, холобур, “Прометей” оройуонугар 900 миэстэлээх оскуола тутуллан бүтэрин күүтэбит, онно оҕо ахсаана быдан элбэх буолуо диэн сабаҕалыыбыт.

– Дьокуускай куораттааҕы лицей 2 №-дээх оскуола эргэ дьиэтигэр баар, физкультура саалата, буфета суох, тэрээһиннэрэ көрүдүөргэ ыытыллар, оҕолор атын сиргэ баран физкультуралыыллар, эбиитин иккис симиэнэҕэ. Инникитин туох былааннааххытый?

– Воинскай уулуссаҕа “Прометей” курдук бырайыактаах 990 миэстэлээх оскуола тутуута саҕаламмыта. Икки спортивнай саалалаах, аактабай саалалаах, оранжереялардаах. 2024 сылга тутуу түмүктэниэхтээх. Лицейи онно көһөрөр былааннаахпыт. Оччоҕо микрооройуоҥҥа олорор, ону сэргэ, билигин лицейгэ үөрэнэ сылдьар оҕолор тупсаҕай усулуобуйаҕа хаачыстыбаннай үөрэҕи ылар кыахтаныахтара. 

Уопсайынан, хаачыстыбаннай үөрэхтээһин сүрүннээн куорат киинигэр эрэ туһуламмыта сөбө суох, ону саҥаттан көрүөххэ наада диэн санааны тутуһабын. Хас биирдии уокурукка сайдыы тирэҕэ баар буолуохтаах. Онон бастакы уопут Автодорожнай уокурукка “Прометей” оскуолата буолара күүтүллэр.  

– 12-с оскуола салҕааһына хаһан үлэҕэ киирэрий?

– Үлэ барар, сэтинньигэ эбийиэк туттарыллара күүтүллэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар оҕолор номнуо үөрэниэхтэрэ дии саныыбын.

– Быйыл маҥнайгы кылааска суруйтарыы этэҥҥэ ааста курдук. Үҥсүү аҕыйах соҕус этэ, арай 203-с микрооройуон төрөппүттэриттэн элбэҕэ. Ону хайдах быһаардыгыт?

– 203-с микрооройуоҥҥа Глобальнай үөрэхтээһин киинин икки эбии кылааһа  “Айыы Кыһатын” баазатыгар арылынна. Маны сэргэ, киин куорат баһылыга Евгений Григорьев быһаарыытынан кэлин чааһынай инвестортан атыылаһан ылар курдук Глобальнай үөрэхтээһин кииниттэн чугас эбии дьиэ тутуллуоҕа. Ол үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр ананыаҕа, онон оскуолаҕа алын сүһүөх кылаастарга элбэх миэстэ тахсыаҕа. 203-с микрооройуоҥҥа тутуу бара турар, онон инникитин үөрэх эбийиэктэрин бырайыактааһын уонна былааннааһын үлэтэ салгыы ыытыллар. 

 Кылаас чаастара биир тиэмэлээх буоллулар

– Быйыл федеральнай таһымҥа биир кэлим үөрэхтээһин эйгэтэ тэрилиннэ. Онно биһиги куораппыт үөрэхтээһинин систиэмэтэ учуоттанар дуо?

– Биһиги бары – Арассыыйа олохтоохторобут. Ийэ дойдубутун таптыахтаахпыт уонна ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт. ФГОС үөрэхтээһиҥҥэ региональнай, национальнай, култуурунай компоненынан толорор кыах биэрэр. Ол төрөөбүт тыл чаастарыгар көстөр, уруогу таһынан үлэҕэ, эбии үөрэхтээһиҥҥэ эмиэ кыах бэриллэр. Оҕону култуураҕа иитии син биир дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Төрөппүтү, дьиэ кэргэни кытта үлэ элбиэхтээх. Онон федеральнай, региональнай уонна муниципальнай компоненнар үчүгэйдик хааччыллыахтара.

Манна даҕатан эттэххэ, үөрэх бары тэрилтэлэригэр Дьокуускай куорат 390 сылыгар аналлаах куорат историятын туһунан уопсай презентациялары кылаас чаастарыгар көрдөрдүбүт. Оҕолор тапталлаах куораттарын туһунан суруйан, уруһуйдаан араас күрэхтэргэ кытыннылар. Ону сэргэ, кыраайы үөрэтэр куруһуоктарга сылдьаллар, төрөөбүт куораттарын, дойдуларын туһунан элбэҕи билэллэр-көрөллөр. 

– “Разговоры о важном” дьарыктар хас нэдиэлэ аайы бастакы уруогунан ыытыллыахтаахтар. Куорат оскуолалара тобус-толорулар, ону уустугурдуо суоҕа дуо?

Бу эмиэ ФГОС чэрчитинэн, онон эбии чаас көрүллүбэт. Урут-уруккуттан кылаас чаастара нэдиэлэ аайы ыытыллаллар, арай мантан ыла биир кэлим тиэмэлэннилэр. Хайдах ыытыллалларын оскуолалар уонна кылаас салайааччылара бэйэлэрэ быһаараллар. Оҕолорго үтүө холобур буолар кэрэхсэбиллээх дьону (төрөппүттэри, оҕолору) ыҥырыахха сөп. Онон араас дьону кытта элбэх тиэмэҕэ интэриэһинэй кэпсэтиилэр буолуохтара.

Дириэктэр сүбэһитэ – тэрийээччи

– “Иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһитэ” диэн саҥа дуоһунас сыала-соруга тугуй?

– Дириэктэр сүбэһитэ – оҕолор үлэлэрин, үөрэхтэрин көхтөөх тэрийээччи. Холобур, оҕо туох эрэ бырайыагы толкуйдаатаҕына, сүбэһит киниэхэ көмөлөһөр, тэрийэр, оҕолору кытта биир тылынан кэпсэтэр.

Сүбэһиттэр оҕолору кытта араас бырайыактары толкуйдууллар, ол үөрэнээччилэр бэйэлэрин кыахтарын холонон көрөллөрүгэр, уопсастыбаҕа туһаны аҕалалларыгар, сатаан үлэлии үөрэнэллэригэр көмөлөһөллөр. Улаатан эрэр оҕолор үксүн тугу эрэ үтүө өттүгэр уларытыахтарын баҕараллар. Онуоха сүбэһит кинилэргэ бэйэлэрин кыахтарыгар эрэли саҕар киһи буолуохтаах. 

– Быйылгы сылга оҕо түмсүүлэрин тэрийэр уонна инники күөҥҥэ таһаарар үлэ күүскэ ыытылынна. Куорат баһылыгын өйөбүлүнэн үлэлиир Оҕо уопсастыбаннай сэбиэтэ ханнык боппуруостары быһаарыахтааҕый?

–   Оскуола саҕаттан уопсастыбаннай деятель, гражданскай уопсастыба актыыбынай бэрэстэбиитэлин быһыытынан элбэҕи оҥорор кыахтаах оҕолору таба көрөр уонна өйүүр хайаан да наада. Аны туран, оҕолор санаалара улахан суолталааҕын билэ-көрө сылдьыахтаахтар, сайдыы, үөрэхтээһин, куорат боппуруостарыгар кинилэр санаалара хайаан да учуоттаныахтаах. Ити, дьиҥэр, куорат инники кэскилэ үүнэр көлүөнэбит баҕатынан сайдарыгар туһалаах, тоҕо диэтэххэ сарсыҥҥы күнү кинилэр оҥоруохтара турдаҕа. Онон сэбиэт биһиги, улахан дьон, көрбөппүтүн арыйарга көмөлөһүөҕэ.  

 Дистанционнай үөрэх хаачыстыбалаах билиини биэрбэт

– Кэнники сылга выпускниктар ГИА-ҕа көрдөрүүлэрэ намыһах. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, 9 кылаастарга үс төгүл элбэх оҕо кыайан туттарбата. Биричиинэтэ туохханый? Маны хайдах быһаарар былааннааххытый?

–  Туох да диэбит иһин, дистанционнай үөрэх быыһаабат, элбэх оҕоҕо хаачыстыбалаах билиини биэрбэт. Оҕолор бэйэлэрэ дьарыктаналларыгар көмө эрэ буолуон сөп.

Математикаҕа тохсус кылаастарга геометрия туспа киирэ сылдьар. Ол түмүгү мөлтөттө. Онон математика учууталлара оҕолору кытта геометрияҕа үчүгэйдик үлэлииллэрин курдук сорук туруордубут. Баҕар, математик барыта ити матырыйаалы үчүгэйдик быһаарбата буолуо. Манна даҕатан эттэххэ, каадырдар эдэримсийэн иһэллэрин бэлиэтиибит. Учууталлар төһөнөн эдэрдэр да, оччонон уопуттара суох, онон кинилэри методическай өттүнэн арыаллыахха наада.

Маныаха үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна, бастатан туран, учууталлар анаалыс оҥостуохтаахтар. Оттон биһиги, салайааччылар, дистанционнай үөрэҕи тумна сатыахтаахпыт. Быйылгы үөрэх дьылыгар харантыыны биллэрэр да буоллахпытына, биирдиилээн уонна кылгас оҥорор санаалаахпыт. Холобур, нэдиэлэ. Оҕолор оскуолаҕа кэлэн үөрэнэллэрэ ордук.

Технология, информатика уруоктарыгар – ураты болҕомто

– Үөрэхтээһин систиэмэтигэр туох уларыйыы чопчу киириэҕэй?

– Эрдэ эппитим курдук, патриотическай иитиигэ ордук улахан болҕомто ууруллуоҕа: былаахтары өрө көтөҕүөхтэрэ, өрөгөй ырыатын ыллыахтара, “Разговоры о важном” ыытыллыаҕа, иитэр үлэ толору ис хоһооннонуоҕа. Биир кэлим халандаартан ордук үөрэбин – дойду үрдүнэн каникул биир кэмҥэ биллэриллиэҕэ, онон култуура уонна спорт тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлээн, оҕолор сынньалаҥнарыгар дьарыктаах буолуулара маассабай уонна туһалаах буоларын ситиһиэхпит.

– Быйылгы үөрэх дьылыгар саҥа предметтэр баар буолуохтара дуо?  

– Маҥнайгы уонна бэһис кылаастарга ФГОС саҥардыллыаҕа. Технология уруога икки-үс сыл устата күүскэ уларыйда: төрөппүттэр  уолаттарга уонна кыргыттарга үлэ уруогун курдук саныыллар, ол эрээри билигин предмет аддитивнай технологияны, ол иһигэр робототехниканы уонна 3D эмиэ хабар. Биллэн турар, сорох учууталлар ыарахаттары көрсөллөр. Итиэннэ информатика предметин кэҥэтэн уонна дириҥэтэн биэриэххэ наада.  Программист эрэ буолар оҕолору интэриэһиргэтэр предмет буолбатах диэн өйдүөхтээхпит. Өскөтүн 100 сыл анараа өттүгэр ликбез биллэриллэн, нэһилиэнньэ ааҕарга уонна суруйарга үөрэммит эбит буоллаҕына, билигин цифровой грамотность туһунан элбэхтик этэр буоллубут. Билигин цифровой технология олох бары эйгэтигэр баар. Онто суох ханнык да эйгэҕэ үчүгэй үлэһит буолар кыаҕыҥ суох.

Сахалыы бөлөх аҕыйаҕа – кыһалҕа төрдө

– Дьокуускай куоракка үөрэх тэрилтэлэригэр сахалыы кылаастары уонна бөлөхтөрү киллэриигэ чопчу былаан баар дуо?

– 2017 сыллаахха 2025 сылга диэри оҥоһуллубут төрөөбүт (саха) тылынан иитэр уонна үөрэтэр бөлөхтөр уонна кылаастар ситимнэрин комплекснай сайыннарыы былаана ылыллыбыт. Билигин Дьокуускайга үөрэнээччи уопсай ахсааныттан 30 бырыһыан кэриҥэ саха тылын үөрэтэр. 10,4 тыһыынча оҕо сахалыы кылааска үөрэнэр, саха тылын туспа предмет быһыытынан 5,2 тыһыынча оҕо үөрэтэр. Бары уһуйааннарга төрүт култуураны үөрэтэр тэрээһиннэр ыытыллаллар, 181 сахалыы бөлөх үлэлиир. Ити 2018 сылга тэҥнээтэххэ, 1,2 төгүл элбээбит.

Үөрэх управлениета оскуола иннинээҕи тэрилтэлэргэ уонна алын сүһүөх оскуолаларга төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ уонна иитиигэ туттуллар бастыҥ педагогическай практиканы уонна методиканы тарҕатар уонна элбэтэр үлэни күүһүрдүөҕэ. 

Уопсайынан, үтүө хамсааһын баар, ол эрээри улахана суох. Мин санаабар, кыһалҕа төрдө куорат уһуйааннарыгар сахалыы тыллаах бөлөх аҕыйаҕар сытар.  Уһуйааннарга төһөнөн элбэх сахалыы бөлөх баар буолуо да, оччонон элбэх сахалыы кылаас арыллыаҕа. Тоҕо диэтэххэ нууччалыы тыллаах бөлөххө сылдьыбыт оҕо салгыы сахалыы үөрэнэр кыаҕа суоҕа биллэр.

 

Тупсарыы үлэтэ салҕанар

– Хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт оскуолаларыгар тиэргэннэрин тупсарыы үлэтэ хаһан саҕаланыай?

– Үлэ номнуо ыытылла турар. Ленин болуоссатыттан көтүрүллүбүт билиитэлэри ити эбийиэктэргэ түҥэппиттэрэ, онуоха салалтабытыгар махтанабыт. Билигин оскуолалар бэйэлэрин күүстэринэн тротуардарын оҥоро сылдьаллар. Бу үлэ салҕаныаҕа. Эһиилгиттэн оскуолалары тупсарыы үлэтин тэрийиэхпитин наада – хапытаалынай өрөмүөҥҥэ уонна, уопсайынан, үөрэх кыһаларын территорияларыгар. Оскуолалар салайааччыларыттан, кинилэр көрүүлэриттэн дизайннара уонна оҥоһуулара хайдах буолара улахан тутулуктаах. Манна Куораттааҕы классическай гимназияны холобурдуохха сөп. Кинилэр төрөппүттэри кыттыһыннаран, сылтан сыл аайы тупсарыыга былааннаах үлэни ыыталлар. Тиэргэннэрэ олус интэриэһинэй, араас бэлиэлэринэн толору, ону таһынан оҕолорго табыгастаах – воркаут, спорт балаһааккалардаах, бодоруһарга, алтыһарга да миэстэ баар.

 

Идэҕэ салайыы, сатабылы чочуйуу

– Оскуолаларга профориентационнай үлэни хайдах күүһүрдүөххэ сөбүй?

– Саҥа ФГОС 10-11 кылаастарга индивидуальнай үөрэх чаастарын киллэрэр кыаҕы биэрэр. Ол эбэтэр аҥаардас профильнай кылаастар эрэ оҕолору идэҕэ салайбаттар. Холобур, математика хайысхалаах кылааска үөрэнэр оҕо искусствоны интэриэһиргиир буоллаҕына, индивидуальнай чаас ылыан сөп. 

Тутаах профориентологтар уонна психологтар этэллэринэн, профориентация диэн предмет буолбатах, үчүгэй исписэлиис сатабылларын чочуйан биэрии. Оттон үчүгэй исписэлиис диэн кимий? Кэлэктиипкэ сатаан үлэлиир, сыалы-соругу сатаан туруорунар уонна быһаарар, дьону кытта биир тылы түргэнник булар, эппиэтинэстээх киһи. Оннук үлэһит мэлдьи аҕыйах. Биһиги дьону кытта сатаан үлэлиир исписэлиис ордук сыаналанарын билэбит. Профориентационнай үлэни бу хайысханан ыытыахха наада. Билигин оҕолор гаджеты олус сөбүлүүллэр уонна симик соҕустар. Тоҕо диэтэххэ кинилэр виртуальнай ситимҥэ бодоруһар сатабыллара ордук сайдыбыт. 

– Индивидуальнай үөрэх былааннара хайдах тэриллэллэрий?

– Сорох оскуолалар маннык былааннарын эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин кытта оҥороллор, холобур, 7-с, 33-с оскуолалар, Куораттааҕы классическай гимназия. Хас биирдии оскуолаҕа итинник чаастар 10 кылаастан бааллар. Ити хайаан даҕаны уруок эбэтэр дьарык буолбат. Холобур, оҕо музейга сылдьыан, тугу билиэн-көрүөн баҕарарынан дьарыктаныан сөп.

– Физкультура уруоктара саҥардылыннылар, онуоха туох уларыйыы баар буолуой?

Спорт эрэ буолбакка, йога, үҥкүү, фитнес элеменнэрэ киириэхтэрин сөп. Бу чуолаан оҕолор интэриэстэригэр сөптөөх суол дии саныыбын.  

 

Музыка оҕону сайыннарар

– Атырдьах ыйынааҕы улахан мунньахха оскуолаларга тыйаатырдары, спортивнай кулууптары киллэрии уонна хордары сөргүтүү туһунан этэн аһарбытыҥ. Куорат бары оскуолаларыгар хаһааҥҥыттан киллэрэр санаалааххытый?

– Ити хас биирдии оскуолаҕа баар буоларын ситиһэр сорук турар. Дьиҥнээх оскуола тыйаатырын тутуохха диэбэппин. Оскуола тыйаатырдара оҕолорго өйөбүл буолуохтара (ол иһигэр психологическай), олоххо бэйэлэрин суолларын-иистэрин булалларыгар, кыахтарын холонон көрөллөрүгэр, оҕолору кытта алтыһалларыгар, бэл диэтэр, стресстэн тахсалларыгар көмөлөһүөхтэрэ. Үөрэнээччилэр литератураҕа сысталларыгар, тыынаах тыл, үчүгэй музыка күндүтүн билэллэригэр олус үчүгэй, туһалаах. Оҕолор да сөбүлүүллэр. Кинилэргэ көмөлөһүөххэ эрэ наада.

Фитнес-кулууптарга уонна ыччат спортивнай хамсааһыннарыгар көхтөөх буолуу маассабай спорт уонна физкультура сайдыыларын   көрдөрөр. Ол эрээри оскуолаларга физкультура эрэ баар. Оскуола спортивнай кулууптара оҕолор спордунан үлүһүйэллэригэр бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтээхтэр. Тоҕо диэтэххэ куорат үрдүнэн 8 эрэ оҕо спортивнай оскуолата баар. Онно баҕалаах барыта сылдьыбат, сүүмэрдээһин диэн баар – спорка дьоҕурдаах буолуоххун наада.

Аны туран, спорт көрүҥэ олус элбэх. Онон кэпсэтии, ырытыы уонна үөрэтии түмүгүнэн спортивнай кулууптар үлэлэрин тэрийэргэ көмөлөһүөхпүт. Мин санаабар, барыларын биир халыыпка киллэрэр наадата суох, араас буолаллара ордук.

Хордар 2012 сыллаахха Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн “Музыка – барыбытыгар” бырайыак көмөтүнэн үлэлииллэр. Олус күүстээх хордар бааллар, холобур, 17-с оскуола хора “Артекка” Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола хордарын күрэҕэр кыайыылаах аатын ылбыта. Онон ити хайысханы салгыы сайыннарыахпытын наада. Итиннэ эмиэ каадыр боппуруоһа күөрэйэр – музыка учуутала дирижер-хормейстер быһыытынан үлэлиэхтээх. Оскуолалар бэйэ-бэйэлэрин кытта үлэлииллэригэр куорат уокуруктарыгар музыкальнай кластердар бааллар. Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар Дьокуускай куорат оскуолаларын холбоһуктаах хорун тэрийбиппит, онно хордар түмсэллэр уонна биир ырыаны ыллыыллар. Инникитин итини кэҥэтиэхпит. Хорунан ырыа доруобуйаҕа, настарыанньаҕа туһалаах уонна көлүөнэлэри ситимниир аналлаах. Барытыгар үрдүк хаачыстыба баар буоллун диэн этэр кыахпыт суох, ол эрээри сайдар тирэхтэр бааллар, олор элбиэхтээхтэр.

Сыл аайы “Музыка – барыбытыгар” бырайыагы көрүү буолар. Хаһан эрэ бырайыакка кыттар оскуолалары кэтээн көрбүппүт: алын сүһүөх оскуолаларыгар музыка уруога 3 чаас, онно кэлэктиибинэн үнүстүрүмүөҥҥэ оонньооһун уонна хор хайаан да баара. Ити бырагыраама суох кылаастарын кытта тэҥнээн көрбүппүт: хайдах үөрэнэллэрин, психологическай туруктарын. Музыканан дьарыктанар оҕолор оскуолаҕа бары өттүнэн үчүгэйдик сананаллара, кэлэктиипкэ үлэлииллэрэ үрдүк көрдөрүүлээх этэ. Кинилэр ордук холкулара, бэйэлэригэр эрэллээхтэрэ. Маны сэргэ, бу оҕолор предмети ылынар хаачыстыбалара (түргэнник ааҕыы уонна суруйуу) үрдүк этэ. Музыка мэйии үлэтин түргэтэтэр уонна киһи сайдарыгар көмөлөһөр. Оҕо интэриэһиттэн көрүөххэ наада, искусство предметтэрэ үөрэххэ интэриэһи уһугуннараллар диэн этиэхпин баҕарабын.

Сыл бүтүөр диэри бу үлэни ситэриэхпит дии саныыбын. Оҕолору кытта дьарыктаныан баҕалаах учууталлар бааллар, хайаан да предмети үөрэтэр учуутал буолуохтаах диэбэппит. Оскуола тыйаатырын химия да учуутала салайыан сөп, өскөтүн тыйаатыры таптыыр уонна интэриэһиргиир буоллаҕына. Биһиги кинилэргэ көмөлөһүөхтээхпит.

Үөрэхтээһин остуолга сытар учуобунньук буолбатах, бу – тыыннаах алтыһыы, кэпсэтии, онно бүтүн уопсастыба санаата дьайар.

 

Хаартыскалар https://yaguo.ru/ сайтан ылылыннылар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...