Иис алыбын үйэлээх суола
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар саха олоҕун чинчиһитэ, бөлүһүөк, саҥа үйэ сайдыытын суолун ыйбыт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун, нэһилиэстибэтин үөрэтиигэ, үйэтитиигэ 5 сылы анаан биллэрдэ.
Бу улахан суолталаах үлэ сүнньүнэн Арассыыйа “Таптал уонна бэриниилээх буолуу” бэлиэлээх, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран уһаныыга маастара, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран уһаныыга өҥөтүн иһин”, “Таатта улууһун сайдыытыгар өҥөтүн иһин” бэлиэлэрдээх үлэ бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото, Өксөкүлээх Өлөксөй биир дойдулааҕа Татьяна Васильевна Ефимованы кытта кэпсэттибит.
– Үтүө күнүнэн, Татьяна Васильевна! Хас сыллаахха, ханна төрөөбүккүнүй? Өбүгэлэриҥ кимнээхтэрий?
– Мин 1942 сыллаахха тохсунньу 15 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Ийэм Мария Егоровна Нюрова (Прудецкая) Уус Маайа Алыһардаах диэн сиригэр төрөөбүт. Ийэтэ Мария Николаевна Малышева Чычымай Маччай Ньукулай кыыһа. Аҕата Егор Николаевич Прудецкай диэн Уус Маайа киһитэ. Уонча саастааҕар Чычымахха бандьыыттартан куотан киирбиттэр. Кэлиэҕиттэн холкуоска ыанньыксытынан үлэлээбит. Эбэтин, ийэтин, аҕатын уҥуохтарын тутан, быраатыныын суулаһан олорбут. Бастакы кэргэнэ Терентий Тарабукинтан 8 оҕоломмуттара бары төннүбүттэр. Мин киниэхэ соҕотох оҕобун. Аҕам Василий Спиридонович Нюров диэн 7 оҕолоох Ньуураптар иккис уоллара. Холкуос сылгыһыта этэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын саҥатыгар сэриигэ ыҥырыллыбыт. Баран иһэн Дьокуускайга хаартыскаҕа түспүттэрин ыыппыт уонна ол кэннэ ууга тааһы бырахпыттыы сүппүт. Ханна да тиийбитэ, өлбүтэ биллибэт этэ. Оннук сураҕа суох сүппүтэ. Кэлин кистэлэҥ докумуоннар арылланнар, 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр өлбүттэр испииһэктэригэр баарын көрбүтүм. Аҕам сытыары сымнаҕас майгылаах, туруу үлэһит киһи эбит.
– Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт сириттэн төрүттээххин. Учай сирин, Көрдөрүүлээҕи сырдат эрэ.
– Төрөөбүт Көрдөрүүлээҕим үтүөкэн дойду буоллаҕа. Оҕо сааһым күннээх, сылаас өйдөбүлэ, чахчы даҕаны көмүс ньээкэ уйабыт. Олус эйэлээх, үлэһит дьоннордооҕо. Биһиги бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаҥҥа иитиллэн, киһи буолан уһаарыллан тахсыбыппыт. Учайга кыра эрдэхпинэ олоро сылдьыбыппыт. Дойдум туһунан сырдык, сылаас эрэ өйдөбүллээхпин. Кырдьаҕас Учайга оттуур этибит. Онно халдьаайы анныгар кэрэх маска хара сүөһү тириитэ төбөлүүн, атахтардыын тиириллэн турарын күнүс сыныйан көрөрбүт. Тыыппат этибит. Өксөкүлээх өтөҕө диэн хайдах эрэ тардына сылдьарбыт.
– Өксөкүлээх туйаҕын хатарааччыта Реас Алексеевичка үөрэммитиҥ. Кини олоххо хайдах этэй?
– Реас Алексеевичка үөрэммит дьоллоохпун. Саха тылыгар, ботаникаҕа, зоологияҕа, физикаҕа, нуучча тылыгар үөрэтэрэ. Уруокка ирдэбиллээх этэ. Уруок таһыгар сүбэлэри биэрэрэ. Дьиэлэригэр сылдьар буоларым. Ийэлэрэ Татьяна Паповна куруук үөрэ-көтө көрсөрө. Далбар Хотун диэн аат киниэхэ олус барсар. Алаадьылаах буолара. Уһун аһыыр остуоллаахтара. Реас Алексеевич күһүн, саас уруоктарын айылҕаҕа сылдьан ыытара, олоххо сыһыаран кэпсиирэ, үөрэтэрэ.
– Аҕатын туһунан кэпсиирэ дуо?
– Аҕатын туһунан олох кэпсээбэтэ. Биһиги дьоммутуттан истэн билэрбит.
– Өксөкүлээх Өлөксөй эйиэхэ туох өйдөбүлү биэрэрий, тугунан сабыдыаллыырый?
– Бастатан туран, – тыл. Мин иитиллибит аҕам ааҕар, суруйар этэ. Онон кинигэ биһиги балаҕаммытыгар куруук баара. Олор быыстарыгар, илдьиркэй да буоллар, “Ырыа-хоһоон” диэн кинигэ баара. Ол кинигэҕэ хоһооннор кэннилэригэр мэкчиргэ эҥин уруһуйдара баара, онтон куттанарбын өйдүүбүн. Кэлин, ааҕар буолбутум кэннэ, дьонум доргуччу аахтараллара. Онтон улаатарым саҕана Ойуунускай кинигэтэ тахсыбыта. Олоҥхону сорох сиринэн нойосуустуохпар диэри аахтараллара. Үрдүк үөрэххэ үөрэнэрбэр пластинката тахсан, ону истэр буолбуттара. Улуу дьон тыл эгэлгэтин, дириҥин, эҕэтин туттар сабыдыалларынан, сахалыы өйдүүргэ, саҥарарга көмөлөһөрө кэмнээх буолуо дуо.
– Татьяна Васильевна, эн Өксөкүлээх Өлөксөй аатын иис нөҥүө үйэтитээччи буолаҕын. Иис бөлөҕүҥ туһунан ааҕааччыларга сырдат эрэ.
– Иис бөлөҕүм тэриллибитэ 11-с сыла. Элбэх чаппарааҕы тиктибит. 2006 с. “Омоллоон олоҕо – олоҥхо дойдута” ыһыахха “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон 7 панно тигэн “Айар Алаһабытыгар” бэлэхтээбиппит, 2009 с. маҥнайгынан оҕуруонан аныгылыы саха таҥаһын тикпиппит, 2010 с. Чычымахха баар былыргы чаппарааҕы сөргүппүтүм. Дьэ, мантан ыла кыбытыылаах ииһинэн үлүһүйбүтүм. 2012 с. Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 135 сылыгар “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ”, “Байанай алгыһа”, “Сайын кэлиитэ”, “Борокуот аал”, “Өксөкүлээх Өлөксөй” (Степанов уруһуйунан), барыта 12 паннону кыбытыылаах иис ньыматынан тигэн, Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕаныгар бэлэхтээбиппит. 2014 с. Өксөкүлээх Өлөксөй соҕотох уола Реас Алексеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 100 сылынан чаппараах комплега Суотту “Доҕордоһуу” музейыгар уонна Реас Алексеевич 8 оҕотугар нэһилиэк дьахталлара ис сүрэхтэн оҕуруонан тикпит чаппараахтара бэлэхтэммитэ. 2017 с. Өксөкүлээх Өлөксөй үбүлүөйдээх сылыгар норуот маастара А.Н. Большакова уруһуйунан чаппараах толору комплегын тигэн, нэһилиэкпитигэр бэлэх ууммуппут. Ат ыҥыырын Н.М. Харлампьев оҥорбута. 2018-2020 сс. “Таатта” литературнай-художественнай музей-заповедникка Өксөкүлээх Өлөксөй, Анна, Николай Неустроевтар, Алампа балаҕаннарыгар кыыс хаппахчытын 5 орон таҥаһын комплегын тигэн бэлэхтээбиппит. «Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Өймөкөөн” диэн хамсааһынынан икки улуус дьоно бииргэ үлэлиибит. Ол курдук, 2020 с. Өймөкөөн улууһун 100 сылынан Н.М. Заболоцкай-Чысхаан музейыгар чаппараах комплегын, улуус үйэтитиигэ үлэлиир бастыҥ дьахталларыгар – Р.И. Готовцеваҕа, Р.Т. Дягилеваҕа, Т.Е. Васильеваҕа – биирдии чаппараах комплегын бэлэх ууммуппут. 2021 с. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан нэһилиэкпит балаҕаныгар утуйар таҥас комплегын тигэн биэрбиппит, 2022 с. Унньуулалаах алааска турар Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕаныгар бэлэххэ диэн убаһа тириититтэн аас тэллэх тигэ сылдьабыт. Санатан эттэххэ, утуйар таҥас барыта кус түүтүттэн оҥоһуллубута. Түүтүн Байанайдаах кусчуттар биэрэн көмөлөстүлэр. Онон биир дойдулаахтарбытыгар улаханнык махтанабыт. Маны таһынан кэккэ иис нэһилиэкпитигэр уонна “Таатта” музейга бэлэхтэммитэ.
– Эн салалтаҕынан элбэх үйэлээх үлэ тигиллибит. Иис алыба диэн тугуй?
– Иис алыба, дьэ, дьикти. Күҥҥэ тугу эмэ тикпэтэхпинэ, олох табыллыбаппын. Дуоһуйууну ылабын. Алып диэн, оттон, ымсыырыы, дуоһуйуу буоллаҕа дуу.
– Киһи сатабыла туохханый?
– Киһи сатыырын киһи үксүн сатыахтаах дии саныыбын. Онно, кылаабынайа, баҕа, оҥорор баҕа баар буолуохтаах.
– Иистэн ураты тугунан дьарыктанаҕыный?
– Баайабын, быысапкалыыбын, уруһуйдуубун, урукку олоҕу сурукка тиһэбин, төрүччүбүн оҥоробун, ыллыыбын, хоһоон ааҕабын, эдэрдэргэ олох туһунан кэпсиибин, сатыырбынан сүбэлиибин. Ону таһынан 22-с сылбын үҥкүү бөлөҕүн салайабын. Ол устатын тухары элбэх үҥкүү үҥкүүлэннэ, таҥас тигилиннэ. Сири-дойдуну да кэрийдибит, доҕор-атас да булуннубут. Билигин да өйбүтүн-санаабытын холбоон үлэлиибит. Биир санаанан кырдьар сааспытын көрсөбүт, киэргэтэбит.
– Хас биирдии киһи баҕа санаалаах. Ол үксүгэр оҕо сылдьан ыраланыллар. Оҕо сааһыҥ баҕа санаата туолла дуо?
– Кыра эрдэхпиттэн эдьиийим Татьяна Егоровна Нюрова этэрэ: «Ньуураптар үлэһит удьуордар, ону түһэн биэриэ суохтааххын, хайаан да үлэһит, үчүгэй киһи буолуохтааххын”, - диэн. Оттон, арааһа, толордум быһыылаах, саба быраҕан. Уонна өлөр ыарыытыгар сытар биир эмээхсин: “Сороххут таҥара маһа буолуо, сороххут күрдьэх маһа буолуо, — диэн эппитэ. — Таҥара маһа буоллахха, ону уйуохха наада, суулларга ыарыылаах буолуо. Күрдьэх да маһа буоллаххына, суҥхарбакка көнө сүрүннээхтик сулууспалаар”. Мин күрдьэх маһын ордордум олоҕум устата. Бэйэм сатыырбынан, кыайарбынан олохпун оҥоһуннум. Таҥара маһа буола сатаабатым. Баҕар, ол иһин иис курдук унньуктаах үлэни сүрэҕэлдьээбэккэ хорутан үлэлиирбин сөбүлүүрүм буолуо.
– Дьиэ кэргэн олоҕо туруктаах буоллаҕына, идэлээх анал уонна уопсастыбаннай үлэ элбэх үлэлэнэр. Дьиэ кэргэниҥ туһунан сырдат эрэ.
– Кэргэним Петр Павлович Ефимовтыын ыал буолбуппут 55 сыл буолла. Кини Хаҥалас улууһун Хачыкаатыттан төрүттээх. Манна 1968 с. кэлбитэ. Олохтоох партийнай цеховой тэрилтэ сэкирэтээринэн, оскуола дириэктэринэн, саабыһынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Түөрт уон сыл педагогическай ыстаастаах. Үс кыыстаахпыт, сиэннэрдээхпит, хос сиэннэрдээхпит.
– Дьол туохтан турарый?
– Дьол диэн, мин бэйэм санаабар – этэҥҥэ сылдьыы, туруоруммут сыалгын, кыра да буоллун, ситиһии, дьону кытта өйдөһөн, өйөһөн олоруу, дьоҥҥо туһалаах буолуу, үөрүүнү бэлэхтээһин.
– Ийэ анала диэн тугуй?
– Ийэ анала – дьиэ кэргэниҥ этэҥҥэ сылдьыыта, үүнүүтэ. Оҕоҕун олоххо бигэтик үктэннэрии. Кырдьар сааспар үйэтитиигэ ылсыбытым. Сахалыы ииһи үйэтитэ сатааммын, оҕолорбор, сиэннэрбэр анаан иистэнэбин. Ийэ, эбэ, хос эбэ буолан тураммын сиэри-туому умнумаҥ, тутуһа сылдьыҥ, дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ диэн куруутун сүбэлиибин, алгыыбын.
– Татьяна Васильевна, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Үйэтитии курдук суолталаах үлэҕин сыаналыыбын, өссө да иис алыба, сатабыл, биир өй-санаа буолан, элбэҕи үлэлэттин, ситиһиннэрдин.