08.06.2022 | 20:00

Игнат Бережнев: «Аллараа дойду суутугар сылдьыбытым»

Игнат Бережнев:  «Аллараа дойду суутугар сылдьыбытым»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Ураты киһилиин билистим. Кини кимий диир эбит буоллаххытына, Уус Алдантан силистээх-мутуктаах, 1987 сыллаахха алтынньы 27 күнүгэр Тулунаҕа күн сирин көрбүт, сахалыы идэлээх көрбүөччү, “Битва экстрасенсов” Саха сиригэр ыытыллыбыт айылҕаттан айдарыылаахтар күрэстэрин кыайыылааҕа Игнат Бережнев. Кэпсэтиибит былаһын тухары эмиэ да куттана, сороҕор сөҕө, эмиэ да остуоруйа курдук истэ, олоҥхо курдук харахпар көрө олордум. Онтон туох тахсыбытын ааҕааччыларбар тиэрдэбин. Онон, тылы Игнат Бережневка биэриэххэ.

Сайын аайы дойдубар тахсабын. Тиийэн да баран, онно-манна көстө сатаабаппын. Ол оннугар алаастарынан, өтөхтөрүнэн сылдьабын, тыаҕа күүлэйдиибин, тыын, күүс-уох ылабын. Ардыгар дьон уҥуоҕун кэрийэбин, ким хайдах хараллыбытын көрөбүн-истэбин, сыыһа баар буоллаҕына, көннөрөбүн.

Дойдум дьоно этэҥҥэ олордуннар диэн, хара күүстэри бэлиэтии көрдөхпүнэ, ону үтэйэр дьаһаллары ылынабын. Урут Эбэбитигэр элбэх киһи ууга түһэн өлбүт түгэннэрэ баар, биирдиилээн эмиэ ылара. Ону көрдөхпүнэ, арыы тумсугар иччи баар эбит этэ, уу абааһыта диэххэ дуу... Ол иччини суох гыныахпыттан оҕо, дьон ууга былдьаныыта аҕыйаата, этэҥҥэ курдук. Ол хара күүс икки аҥаар, үс миэтэрэ курдук үрдүк уҥуохтаах этэ. Ити этэр арыым муннугуттан туран дьону ох саанан ытар, оноҕоһо көннөрү ох саа гиэниттэн төһө эмэ улахан. Сөтүөлүү сылдьар дьон ол оноҕоско таптардахтарына, эттэрэ-сииннэрэ аккаастаан кэбиһэр, иҥиирдэрэ тардар, өйдөрүн сүтэрэллэр. Бүттэҕэ ол, өлөр өлүү илдьэ барар. Ол абааһыны суох гыммыппын кэпсээтэххэ, маннык.

Туһунан эйгэҕэ, атын эттиккэ киирэн хаалабын. Дойдубар сылдьабын, сөтүөлүүр сиринэн тыынан киирэн уста сырыттым. Арай кэннибэр түргэн баҕайы, күүстээх тыас сурулаан ааста. Мин ол тухары өйдөөбөтүм, устан истим. Ол истэхпинэ иннибинэн олох чугаһынан улахан, уһун мас көтөн сурулаан ааста, хантан туох ытарый диэммин көрбүтүм, Тулуна бастакы улахан арыытын тумсугар уу ньамах уһун баттахтаах, күөхтүҥү хара өҥнөөх кирдээх эттээх, бөҕө көрүҥнээх, киһиэхэ маарынныыр турар эбит. Дьону дэҥнээн, дьон хараҕын уутунан аһаан-сиэн, баараҕадыйан, күүһүрэн хаалбыт. Мин, ууга олорор буолан, биэрэк диэки туора күүскэ эрдинним; ити барыта аҕыйах сөкүүндэ иһигэр туттуу-хаптыы. Кытылга чугаһыам икки ардыгар бөдөҥ киһим тыым түгэҕэ уу ньамаҕар ыйаныар диэри аллара баттаан, нэһиилэ тыыбыттан сулбу ыстанан, бадарааҥҥа батары түстүм. Онтон бэрт эрэйинэн тахсан, дьэ, буутум быстарынан сүүрдүм. Киһим хаалсыбат. Бөһүөлэккэ киирэн дьон дьиэтин көрдөхпүнэ, бары ааннара үрүҥ көмүс хатааһыннаах, дэриэбинэ иһэ уу чуумпу, тыынар-тыыннаах суох курдук. Улахан киһим түргэнэ суох да буоллар, субу тилэх баттаһан иһэр. Ыксаан, аймахтарым олбуордарыгар киирдим. Итинник дойдуга охсуһар сэбиҥ куруук баар буолбат; суох буолар түгэнигэр, үөһэттэн быраҕан биэрэллэр, санаабар, ону кэтэһэбин. Өр буолбата, биир эдэр көмөлөһөөччүм баар буола түстэ, тэҥҥэ сүүрэн иһэн, дьиэ тула сүүрүөх дэстибит. Ону кытта кэннибиттэн көстүбэт күүс: “Сири хас!”- диэтин кытта, сир анныттан хара уһун луом курдук тимир көстөн кэллэ. Ону ылан баран эдэр көмөлөһөөччүбэр аралдьытарыгар уонна ол дьиэ муннугар кинини кэтэһэрбин эттим. Тиийэн эргэ тимир буочука үрдүгэр тахсан турдум. Өр буолбата, уолу батыһан тахсан кэлбитин чэчэгэйин диэкинэн луоммунан батары саайдым. Сууллан түһээтин кытта үрдүгэр ыстанан тахсан тимиринэн кырбаан уоскуттубут. Ити сэттэ-аҕыс сыл анараа өттүгэр этэ. Ол кэнниттэн ууга дэҥ-оһол тахса илик курдук. Абааһыны өлөрдөххүнэ, барытын эттээн кэбиһэҕин: атаҕа, төбөтө хамсыы сытар буолар; сыһыннаҕына, сыстан чөлүгэр түһэр, ону барытын, хас биирдии сүһүөҕүн маһынан батарыта анньаҕын. Ол кэннэ сиргэ тимирдибитим.

Оннук гымматахха, быстыбыт сириттэн саҥалыы атын элбэх хара күүс үөскүүр.

***

«Битва экстрасенсов» кыайыылааҕа. 2015 сыл.

Бу дьарыгым миэхэ кыһыл оҕо эрдэхпиттэн баар этэ диэхпин сөп. Мин игирэ аҥаарабын. Анараабын кытта ийэм суулаан баран аҕалан сытыаран кэбиһэр. Тахсан бардаҕына, дьон кэлэллэр этэ. Төгүрүччү көрөн баран тураллар, миигин көтөҕөллөр, саараталлар. Мин куттанар этим. Игирэм аҥаара ытаабакка сытар, мин ол иччилэртэн куттанан ытаатахпына, ийэм, эбэм кэлэн, «тоҕо ытыыгыный?” дииллэрэ. Сатаан саҥарбат буоллаҕым. Ол сылдьан аллараа дойдуга тардан ылаллар, онно олох баар. Бастаан утаа наар куттууллар уонна кэтээн-манаан көрөллөр этэ: тулуйар дуу, суох дуу диэн эбит, бу санаатахха. Дьэ ол элбэх эрэйи ааспытым кэннэ улуутуйар улуу тойону кытта бастакы билсиим буолла. Кини хараҕар тыҥырах эрэ саҕа этим, оччо улахан киһи. Мин куттаммыппын көрөн, аччаан биэрдэ уонна: “Аатыҥ кимий?” — диэн ыйытта. Ааппын эҥин билэбин, хоруйдаатым. 8-9 саастаах оҕо курдук сананабын. Ааппын эппитим кэннэ айахпыттан көмүс буукубалар тахсан, иероглифтар, көмүс улахан кинигэтигэр сыстан хааллылар. Ону көрөн баран мичик гынна уонна дорҕоонноох куолаһынан: “Өлбүт дьон бастаан биһиэхэ түһэллэр, ким даҕаны биһигини нөҥүөлээн ырайга көппөт”, — диир. Кинигэтин биир сирэйэ – инникини, биирэ уруккуну көрдөрөр. “Мин баарбын бил!” – диир. Мин элбэҕи ыйыттым, ону тута аҕыйах тылынан этэн, көрдөрөн иһэр. Уҥа өттүгэр уһун хара сонноохтор тураллар, түөстэригэр хаан сүүрдэр лотуок курдук быһыылаах үрүҥ көмүскэ маарынныырдаахтар. Туох эрэ былыргылыы быһыылаах эриллэ сылдьар кумааҕыны аҕалан туттараллар, отчуоттууллар. Хаҥас өттүгэр иэстээхтэр тураллар; мин өйдөөбүппүнэн, харчы эҥин иэстээхтэр быһыылаах. Онтуктара улахан элбэх таас буолар эбит. Бүтүннүү уҥуох-тирии буолбут, төбөлөрө эрэ хаалбыт, таҥас-сап суох кэриэтэ дьон ол таастары улахан киһи кэннигэр оҥхойго уокка быраҕаттыыллар. Бу дьон этиллибит болдьоххо кыайан төлөспөтөхтөрүнэ, бэйэлэрин итиннэ быраҕабын диир.

***

Дьон үксүн оҕо кутун көрдөрөөрү кэлэллэр. Ыал буолабыт дуу, суох дуу, аналым дуу, суох дуу диэн сураһаллар. Дьон кыһалҕата элбэх, арааһы барытын ыйыталлар. Саамай боростуойун эттэххэ, дьахтар хас оҕолонуон сөбүн, кыыһын-уолун этиэхпин сөп.

Холобура, элбэхтэн биири кэпсиэм. Кыраһыабай, доп-доруобай көрүҥнээх ыал, нууччалар. Олорбуттара син ырааппыт. Дьахтарга оҕо кута олох суох, араастаан көрдүүбүн, оҕо кутун чугаһата сатыыбын да, хайдах да кэлбэт, суох. Оттон эр киһитигэр икки эҥин оҕо кута баар. Ону чиэһинэйдик эттим, эр киһи атын дьахтартан оҕолонуон сөп диэн.

Ол дьон кыыс оҕо иитэ ылбыттар этэ, оҕо кутун тардаары. Ол да буоллар син биир үөскээбэтэҕэ. Сылтан ордук буолан баран иккистээн эмиэ кэлэ сылдьыбыттара даҕаны, оҕо кута көстүбэт буоллаҕына, хайдах да үөскээбэт. Кэлин арахсыбыттар, эр киһи атын дьахтарга оҕо үөскэппит этэ.

Билигин үксүн уҥуохха үлэлии сатыыбын. Тоноҕос уҥуоҕа туора барыытын көннөрөбүн. Кэлиҥҥи кэмҥэ оҕолорго олус элбээтэ. Оҕо онтон сылтаан утуйбат, ньиэрбинэй буолар. Тоноҕос туора бардаҕына, сорох оҕолор улааппаттар, үчүгэйдик аһаабаттар, эт-сиин өттүнэн мөлтүүллэр, хааннарын эргиирэ бытаарар. Ону көннөрдөххө, барыта оннугар түһэр. Урут атын ыарыылары араастаан эмтиир этим, билигин уҥуох элбэҕи быһаарар эбит диэн түмүккэ кэллим. Туора сылдьар уҥуоҕу босхо ыыттахха, тута уларыйа түһэллэр, хаамардыын, утуйардыын.

***

Ыһыах кэмигэр арыгыны иһимэҥ, уокка арыгыны ыһымаҥ, бөх курдук элбэх алаадьыны уурар эмиэ сөп буолбатах.

Алаадьыны дьон түгэх өбүгэлэрбитигэр диэн уураллар. Биир өттүнэн – сөп, өскөтүн өбүгэлэргэ уурар буоллахха – ийэҕэр, аҕаҕар, эбэҕэр, эһэҕэр. Түҥ былыргыларга, ойууттарга алаадьы ууруллубат, ол саҕана алаадьы суох да буоллаҕа. Мин ити олох былыргы тирии таҥастаах дьон саҕанааҕыны этэбин. Ол сырыттахтара дии дьиҥнээх айылҕа оҕолоро. Олор астара туһунан. Бастыҥ аспыт үүт буолар. Киһи да, кыыл да, төрөөт, үүт иһэр. Онон үүтүнэн туттар буоллаххына, сыыспаккын. Үүттээх да бардаххына, киһи, кыбыстыбакка, аймахтарын, иччилэрин аһатар, ону ылыналлар.

Алаадьыны уурар буоллахха, биири кыра гына үллэрэҕин: иннигэр, кэннигэр, икки ойоҕоскор. Иннигэр – ол аата Үрдүк Айыыларга, кэннигэр – абааһыларга, кинилэри умнар табыллыбат, абааһыны кытта эйэлээх буолуохха наада. Элбэх алаадьы сытыйа-ымыйа сытар буолааччы. Билигин алаадьынан ыһыахтана сылдьаллар. Аһы ыһар-тоҕор куһаҕан.

***

Киһи ханна да сырыттар киһи буолуохтаах. Букатын кэлбит дьон курдук сананымаҥ, биһиги бу сиргэ ыалдьыттар буолабыт. Мин эмиэ эдэр сылдьаммын элбэҕи утарар, өйдөөбөт буоларым. Анараа дойдуга суут-сокуон суох сирэ дии санаамаҥ, онно эмиэ дьэ туһунан судьуйалаахтар. 

Биирдэ суукка сырыттым. Албакаат эҥин биэрэллэр эбит. Бокуонньук тутуу тойоно этэ. Элбэх киһини албыннаабыт, дьон хамнаһын быһан эҥин, ол быыһыгар дьону дьиэлээтэҕэ эҥин дии. Мааны бөҕөтө – биһилэх, сыаналаах бинсээк, остуолга кумааҕы бөҕөлөөхтөр. Дьэ ол суукка араас сирэйдээх дьон киирдилэр: суор сирэйдээх, таҥас сирэйдээх, сирэйэ суохтар, киһиттэн ураты эттээх быһыылаах, төбөлүүн, сирэйдиин дьон курдуктар эҥин. Онно кэп-кэтит санныгар ортотугар айахтаах эрэ төбөлөөх, хараҕа, кулгааҕа суох, тараҕай, моонньо суох киһи киирэн кэллэ. Судьуйалара эбит. Албакааттара элбэҕи, тыл маанытын эттэ, хайҕаата, кумааҕыны кылбаҥнатар. Бэйэтин үлэтин үчүгэйдик толорор албакаат диэн көрдүм. Миигин кытта араас дьон бааллар, аймахтара, табаарыстара быһыылаахтар. Судьуйа саҥата суох истэр. Ол кэнниттэн сүр күүскэ остуолу саайда! Маннааҕы судьуйалар мас өтүйэлээхтэр дии, анараа киэнэ атын, алтан тимиртэн курдук. Уонна: “Буруйдаах!”- диэтэ. Киһибит куттанан, стресстээн, үнтү эстэн, биир тыла суох олоппоско олорон хаалла. Суут онон бүттэ. Судьуйа кыраһыабай тылга, тас көрүҥҥэ балыйтарбата быһыылаах. Сууттанааччы хайдаҕын, тоҕо оннук гыммытын эрдэттэн көрөн-билэн олордоҕо буолуо. Ол кэннэ мөлтөх соҕус сиргэ ыыталлар. Кини курдук таһымнаах, айыылаах дьоҥҥо, тэҥнээхтэригэр.

Миигин маны барытын кэпсээ, дьоҥҥо сырдат, биллиннэр диэн сорудахтыыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...