04.05.2022 | 17:00

Иэстээхтэри кытта үлэ сокуоҥҥа эрэ олоҕуран барар

Иэстээхтэри кытта үлэ сокуоҥҥа эрэ олоҕуран барар
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Муус устар 27 күнүгэр “Бэйэҥ быраапкын бил. Бэйэҥ иэскин бил” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа буолан ааспыта. Бу тэрээһин туһунан сиһилии Ис сулууспа хапытаана, СӨ Суут бириистэптэрин Федеральнай сулууспатын салайааччытын солбуйааччыта, СӨ Кылаабынай суут бириистэбин солбуйааччы Полина Владимировна Местникова кэпсиир.

Бэйэҥ быраапкын бил. Бэйэҥ иэскин бил” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн СӨ Суут бириистэптэрин Федеральнай сулууспатын управлениетын үлэһиттэрэ гражданнарга консультациялары ыыттылар. Исполнительнай производство хайдах баран иһэрин, иэстээх буоллахтарына ону хайдах билэн таһаарары,  «Банк данных исполнительных производств» сервис нөҥүө иэһи хайдах төлүүрү,  r14.fssp.gov.ru саайт үлэтин, Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар тус кабинеты туһаныы, “Интэриниэт-приемнай” уонна “Приемҥа суруйтарыы” электроннай сервистэр үлэлэрин кэпсээтилэр.

Муус устар 28 күнүгэр бириистэптэр гражданнары “Мои документы” офистарыгар, Дьарыктаах буолуу киинигэр уонна Бэрэсидьиэн приемнайыгар консультациялаатылар. Аахсыйаҕа Алдан, Ленскэй, Нерюнгри уоннна Мииринэй кыттыстылар.

– “Исполнительнай производство” икки өрүтүн өйүүр миэрэлэр тустарынан сиһилии быһаарыахха. Билигин туох-ханнык өйөбүл баарый?

02.10.2007  ылыныллыбыт 229-ФЗ №-дээх «Об исполнительном производстве» Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, иэстээх киһи суут эбэтэр атын туһааннаах уорган, дуоһунастаах сирэй аактатын толороругар, ол аата иэһин төлүү охсоругар, бытарытан төлүүрүн (рассрочка) эбэтэр төлөбүр болдьоҕун уһатар (отсрочка) туһунан сайабылыанньа түһэриэн сөп. Ону тэҥэ, исполнительнай докумуону биэрбит уоргаҥҥа төлөбүр бэрээдэгэ, ньымата уларыйбытын иһитиннэрэр бырааптаах.

Болдьоҕу уһатан биэрии (отсрочка) – суут быһаарыытын толоруу болдьоҕун көһөрөн биэрии. Холобур, иэстээх киһи үлэтэ суох хаалбыт буолуон сөп, онон сибээстээн кини сууттан материальнай балаһыанньата тупсуор, үлэ булунуор диэри иэһин төлөһөр болдьоҕун уһаттарыан сөп. Маныаха, холобур, биир сылга (маны суут быһаарар), иэһи күһэйэн тутан ылыы киниэхэ оҥоһуллубат.

Иэһи бытарытан төлөөһүҥҥэ (рассрочка) гражданнар иэстэриттэн төлөрүйэллэригэр кыралаан төлөһүөхтэрин сөп буолар.

Сокуонунан иэһи бытарытан төлөөһүн уонна болдьоҕун уһатыы бэриллэр чуолкай усулуобуйалара, ирдэбиллэрэ суох. Ол иһин суут эбэтэр боломуочуйалаах сирэй хас биирдии түгэҥҥэ, дакаастабыллары үөрэтэн баран, туһунан быһаарыыны таһаарар.

 

 

– Быйыл олунньуттан ыла иэстээх киһи счетуттан олох таһымын алын кээмэйин сууматын устубат туһунан сокуон таҕыста. Дьиҥнээх олоххо бу сокуон хайдах үлэлиирий?

Олунньу 1 күнүттэн биһиги управлениебытыгар дохуоттан олох таһымын алын кээмэйин устубакка хаалларар туһунан 1193 сайаапка киирдэ. Олоххо баары эттэххэ, бу үксүн физическэй сирэйдэр юридическай сирэйгэ иэстэригэр көстөр, ол аата үксүн кирэдьиит ылан баран сатаан төлөспөтөх дьон иэстэригэр туттуллар сокуон.

Уопсайа 772 сайабылыанньа, 973 испольнительнай производство иһинэн ылылынна.

 

– Дьон иэһин тутан ылалларыгар олох таһымын алын кээмэйэ тыытыллыбатын туһугар туох нааданый?

Суут бириистэптэр сулууспаларыгар дохуоттан олох таһымын алын кээмэйин хаалларар туһунан сайабылыанньа суруйуохтаахтар.

Сайабылыаньаны кытта дохуоккут туһунан ыспыраапканы, счеккут реквизиттэрин биэрэҕит. Сайабылыанньаҕа суруйбут биричиинэҕититтэн көрөн, суут бириистэбэ туһааннаах уурааҕы бааҥҥа, Биэнсийэ пуондатыгар эбэтэр үлэһит тэрилтэтигэр ыытар.

– Сайабылыанньатын киһи бэйэтэ аҕалан биэриэхтээх дуо?

Суут бириистэптэрин сулууспаларыгар бэйэлэрэ тиийэн кэлбэккэ, интэриниэт-приемнайбытыгар сайабылыанньа ыытыахтарын сөп. Сокуон болдьообут кэмигэр сурук туталлар. Хас биирдии сайаапкаҕа нүөмэр иҥэриллэр, ол нүөмэринэн саайтка кэтиигит.

 

– Бириистэптэргэ приемҥа хайдах киирэбит?

Гражданнары  эрдэттэн сурутуунан приемнуубут. 2020 сылга 2000 тахса киһи кэлэн барбыт эбит буоллаҕына, 2021 сылга 7000 киһини приемнаатыбыт. Управлениебыт саайтыгар баар “Запись на личный прием” сервиһинэн дьон хото туһанар буолла.

 

– Информацияны сибилигин наадыйар буоллахпытына хайдах гынабыт?

Гражданнар кыһалҕалаах боппуруостарын тута быһаарар туһугар, Биир кэлим линия үлэлиир. 31-96-97 нүөмэргэ эрийдэххитинэ, исполнительнай производство туһунан барытын билиэххитин сөп.

 

– Официальнай саайткытыгар өссө ханнык өҥөлөр баалларый?

Хомойуох иһин, бу кэлиҥҥи кэмнэргэ сымыйанан суут бириистэптэрэ буолалларын этэн туран, гражданнары албынныыр массыанньыктар наһаа элбээтилэр. Электроннай почталарыгар маассабайдык сурук ыыталлар, пуоста дьааһыктарыгар сурук угаллар. Бу үксүн иэстэрэ 200-300 тыһ. солк. суумалаах дьоҥҥо буолар, “биир кнопканы баттаан иэскитин сабан кэбиһиҥ” дииллэр. Ол сигэлэри баттаан киирбит киһи каартатын дааннайын масыанньыктарга арыйан биэрэр.

Ол иһин Суут бириистэптэтрин управлениета дьоҥҥо официальнай эрэ сервистэри туһанарга сүбэлиир:

- «Банк данных исполнительных производств» сервис;

- “ФССП России” мобильнай сыһыарыы;

- Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталлара.

Бириистэптэртэн сурук туттаххытына, массыанньык сиэртибэтэ буолбат туһуттан, бастатан туран, бэйэҕитин «Банк данных исполнительных производств» диэн биһиги саайтпытыгар баар сигэнэн көрдөөҥ. Иэскит суох буоллаҕына, толору ааккытын уонна төрөөбүт күҥҥүтүн-дьылгытын ыйан баран баттаатаххытана, сервис «По вашему запросу ничего не найдено» диэни таһаарар. Иэстээх буоллаххытына, исполнительнай производство нүөмэрэ ыйыллыбыт таблица тахсар, манна суут быһаарыытын нүөмэрэ, эһиги иэскитин кытта үлэлиир бириистэпкит нүөмэрэ ыйыллар.

 

– “Госуслуги” сыһыарыыта үгүспүтүгэр төлөпүөҥҥэ баар. Онно хайдах көрөбүт?

Ити порталга “Личный кабинет стороны исполнительного производства» диэнинэн киирэн, онлайн эрэсиимҥэ профессиональнай докумуоннары, дьыала хайдах баран иһэрин көрүөххэ сөп. Тус кабинекка киирэн регистрацияны ааһаҕыт, суруйтараҕыт, оччоҕо электронкаҕытыгар сурук кэлэр буолар. Инник гынан бириистэптэр тугу гыналларын барытын – счет тутуллубутун, айан бобуллубутун, айаҥҥа хааччах ууруллубутун, хамсаабат баайы-дуолу регистрациялааһын бобуллубутун барытын билэ олорор кыахтанаҕыт.

Маны тэҥэ порталга дуоһунастаах сирэй сайабылыанньатын, хадатаайыстыбатын, быһаарыы суругун, үҥсүүтүн электроннай ньыманан биэрэр кыахтанна. Манна 30 типовой сайаапка баар. Ааспыт 12 ый устата Управлениебыт 22000 судаарыстыбаннай өҥөнү оҥордо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...