16.03.2024 | 14:00

Худуоһунньук куттаах Вова Ким

Худуоһунньук куттаах Вова Ким
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Вова Ким — 12 саастаах аутист уолчаан. Букатын саҥарбат да диэххэ сөп. Биирдэ эмэ судургу ыйытыыларга кылгастык “суох” эбэтэр “ээх” диэн хоруйдуон сөп, эбэтэр төлөпүөнүгэр хаартыскалары көрдөрөн, наадатын быһааран биэрэр. Ол да буоллар кини бэйэтэ туспа «кэпсэтэр» ньымалаах, Вова — худуоһунньук. Соторутааҕыта Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ “Дууһа курустаал дуораана” диэн ааттаах Вова бастакы улахан быыстапката буолан ааста.

Вова уруһуйга наадалаах тэрилинэн үгүһүнэн холкутук туттар: харандаас, фломастер, гуашь, акварель, акрил, арыы кырааска... Кини уруһуйдарын көрөн, бэйэҥ оҕо сааскар тиийэҕин эбэтэр саҥа айыллыбыт аан дойду эйгэтигэр киирэҕин. Вова Ким үлэлэрэ ол курдук оҕолуу ыраас куттаахтар, сырдык тыыннаахтар.

Уол ийэтэ Евгения Юрьевна этэринэн, Вова төрөппүттэрин кытта аан бастаан 4 сааһыгар уруһуй нөҥүө алтыһан саҕалаабыт.

“Оҕобутун дьиэбит иһигэр Улахан худуоһунньук диэн ааттыыбыт. Айылҕаҕа сылдьан тугу көрбүтүн-истибитин, кинигэлэр, мультиктар дьоруойдарын  уруһуйдуурун сөбүлүүр. Саамай сөбүлүүр «Өлүөнэ очуостара» хартыынатын кэмиттэн кэмигэр көстөр сиргэ таһааран ыйыыр. Ону таһынан дьону уруһуйдуур идэлээх: уулуссаҕа таҕыстахпытына эбэтэр кафеҕа олордохпутуна, тула баар дьону уруһуйдуу олорор буолааччы. Онто сүрүннээн шарж курдук”,— диэн кэпсиир Евгения Юрьевна.

Вова 34 №-дээх анал коррекционнай оскуолаҕа үөрэнэр уонна Саҥа технологиялар институтугар эбии дьарыкка киирбит. Онно кинини педагог Клара Николаевна Наумова үөрэтэр-такайар, уруһуйдуурга көҕүлүүр. Соторутааҕыта Вова уһуйааччытын мэтириэтин уруһуйдаан соһуппут.

“Мин бэйэбин, нууччалыы эттэххэ, мотиваторбын дэнэбин. Аутист оҕо мээнэ тиэмэни ылла да уруһуйдаабат, туох эрэ суолталааҕы ис-иһиттэн таһааран ойуулуур. Онон мэтириэппин уруһуйдаабытын наһаа сыаналыыбын. Аватаркабар туруорбуппун чугас дьонум соһуйаллар. Характергын таба уруһуйдаан көрдөрбүт дииллэр”, — диэн уһуйааччы үөрэр.

Клара Николаевна төлөпүөнүгэр видео көрдөрөр. Вова абаҕата бэлэхтээбит мольбердын куухунаҕа туруоран, бэрт холкутук уруһуйдуу олорор. Туттара-хаптара, уруһуйдуур ньымата түргэнэ киһини сөхтөрөр. Уһуйааччыта кини өҥү-дьүһүнү бэргэнник табарын бэлиэтии көрөн, сөҕөн, Вованы худуоһунньук куттаах оҕо быһыытынан сыаналыыр.

“Мин тугу уруһуйдуохтааҕын сыҥалаабаппын, тиэмэтин бэйэтэ быһаарынар, тугу баҕарарын уруһуйдуур. Педагог быһыытынан киниэхэ этии эрэ киллэрэбин, ону, иэйиитэ киирдэҕинэ, ылсар. Суруйааччыны тутан олорон: “Ыл, суруй!” — диэбэккин буоллаҕа, худуоһунньук эмиэ оннук. Настарыанньата, иэйиитэ киирэн уруһуйдуурун таба таайыахха наада.

Устудьуоннар үгэс курдук перспектива, контраст диэннэргэ, күлүк хайдах түһэригэр үөрэтэллэр. Оттон Вова, киһи сөҕүөх, туох да анал үөрэҕэ суох эрээри, ис-иһиттэн уруһуйун өҥүн, быһыытын барытын номнуо идэлээх оҕо курдук оҥорор. Сахаларга төрүөҕүттэн бэриллибит идэлээх диэн өйдөбүл баар; холобура, олоҥхоһуттар, уустар, ойууннар, алгысчыттар, хомусчуттар... Ол курдук Вованы эмиэ төрүөҕүттэн илдьэ кэлбит идэлээх  диэн көрөбүн”,— диэн Клара Николаевна санаатын үллэстэр.

Атын худуоһунньуктартан Вова Ван Гог хартыыналарын бэлиэтии көрөн, улуу худуоһунньугу кытта «кэпсэппит» курдук сулустаах халлааны ойуулаан таһаарбыт. Манна кини Ван Гог истиилин таба көрөн майгыннаппытын, өҥү дьүөрэлээбитин, сулустар тырымныылларын көрдөрбүтүн, ону таһынан Сахатын сирин хаардаах, буурҕалаах, хайалардаах айылҕатын уруйдаабытын  көрөн, айылҕаттан айдарыылаах оҕо буоларын өйдүүгүн. Бу үлэни, Ван Гог айымньытын кытта алтыспыт курдугун иһин, “Ван Гогу кытта кэпсэтии” диэн ааттаабыттар.

Уруһуйтан ураты Вова конструктордары, пазл хомуйарын сөбүлүүр. Конструкторын хомуйарыгар инструкция хас биирдии сирэйин үөрэппэккэ, улахан аҥаарын өйүгэр оҥорон көрөн хомуйар. Аҕатын кытта бассейнҥа харбаан чэбдигирэр, ат кулуубугар иппотерапиянан дьарыктанар. Оскуолаҕа сөбүлүүр уруога, биллэн турар, ИЗО. Вова араас таһымнаах уруһуй күрэхтэригэр атын оҕолору кытта тэҥҥэ көхтөөхтүк кыттар, бириистээх миэстэлэри ылар. Онон Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ кини персональнай быыстапката арыллыбыта—айар үлэтигэр саҥа үктэл.

“Быыстапката арыллыбытыгар үөрбүтэ аҕай. Арыйыытыгар бэлэх бөҕөнү ылбыта: уруһуй бюст, саҥа кырааска, холуста. Бүтэһик кэмҥэ кумааҕыга эрэ буолбакка, холустаҕа уруһуйдуон баҕарар, онон бу мээнэ бэлэх буолбатах, талаанын сайыннарарыгар өйөбүл. Ону таһынан Саха сирин худуоһунньуктарын сойууһун аатыттан грамота ылбыта — киниэхэ улахан хардыы”,— диир уол ийэтэ Евгения Юрьевна.

Хомойуох иһин, бу матырыйаал тахсар кэмигэр “Дууһа курустаал дуораана” быыстапка номнуо үлэлээн бүттэ. Вова ийэтиниин көрөөччүлэр кинигэҕэ суруйбут сыанабылларын ааҕаары кэтэһэллэр. Инникитигэр улахан быыстапканы тэрийэри, оҕо кутун мээнэ күүрдүбэккэ, син бириэмэ ааспытын кэннэ толкуйдуохтара. Билигин Вова араас уруһуй тиэхиньикэтигэр холонор, саҥаттан-саҥа уобарастары ойуулаабытын төрөппүттэрэ кичэллээхтик мунньан, уолларын дьоҕура төһө сайдарын кэтээн көрөллөр.

Клара Николаевна быыстапка тэриллиитин туһунан кэпсиир: “Ойуулуур-дьүһүннүүр түмэл үлэһиттэрэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо-сэргэҕэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийэллэр, элбэх инклюзивнай бырайыактаахтар. “Музей для всех” бырайыак чэрчитинэн НХМ курдук улахан балаһааккаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолортон аан бастакынан Вова Ким тус быыстапката арыллыбыта биһиэхэ улахан ситиһии. Атын доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор, кинилэр төрөппүттэрин, туора дьон болҕомтолорун тардар. Ону таһынан быыстапка ханнык баҕар айар-тутар киһиэхэ билиниини биэрэр, кини итинтэн күүс, өйөбүл ылар, идэлээҕин өйдүүр. Саамай сүрүнэ диэн, маннык быыстапка буолбута атын аутист оҕолорго эрэли үөскэтэр. Онон үөрэнэр оҕобут талаана киэҥ араҥаҕа тахсыбытыттан кэлэктииппитинэн бары үөрэбит”.

Вова Ким улааттаҕына худуоһунньук буолуон баҕарар. Маны ким да утарбат.

“Иллюстратор идэтэ барсыа дии саныыбын. Бэйэтин баҕатынан сөбүлээбит сакаастарын оҥоруо этэ. Харчы өттүнэн эрэ буолбакка, өй-санаа өттүттэн сайдарыгар, олоҕуттан дуоһуйууну ыларыгар анаан”,— диир уол ийэтэ.

Этиллибитин курдук, ааспыт сылга Вованы төрөппүттэрэ Саҥа технологиялар институтугар эбии дьарыкка суруйтарбыттара. СХИ — оскуола оҕолорун үөрэх хайысхаларыгар барытыгар эбии дьарыктыыр анал уһуйааччылардаах уонна айар лабораториялардаах үөрэх кыһата. Институкка 600-тэн тахса оҕо үөрэнэр, ону таһынан 34 улуустан кэтэхтэн дьарыктаналлар. Клара Николаевна “Искусство уонна айымньы” лаборатория тутаах үлэһитэ:

Оҕону олоххо бэлэмнииргэ, салгыы сайдарыгар көмө буолабыт. Сыл ахсын талааннаах оҕолору бэлиэтии көрөн, быыстапкалары ыытабыт. Хас биирдии үөрэнээччигэ туһунан көмөлөһөбүт. Саҥа харандаас тутан сурааһын оҥорор оҕолору, эбэтэр Вова курдук уруһуйдьуттары  таһымнарын учуоттаан үөрэтэбит. Кинилэргэ анаан институппут үрдүнэн ый аайы араас викториналары, күрэхтэри ыытабыт”.

Куорат киинигэр коррекционнай оскуола суоҕун кэриэтэ, үксүн куорат таһыгар тураллар. Онон Евгения Юрьевна уолун кытта 34 №-дээх оскуола саҥа дьиэтэ тутулларын күүтэллэр.

Оҕолор төрөппүттэригэр эрэ өйөнөллөр. Онон оҕо сааһы аһардымыахха, оҕо эрдэҕинэ кини дьоҕурун арыйа сатыахха наада: уруһуйга, үҥкүүгэ, хомуска, ырыаҕа угуйан, барытын куттаммакка боруобалаан, тугу сөбүлүүрүн булан, инникигэ олук баар буоларын гына,—диир Клара Николаевна. — Ол иһин институппутугар куонкурустары ыытабыт, оҕо бэйэтин дьоҕурун буларыгар көмөлөһөр сыалтан. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор кыра эрдэхтэриттэн көхтөөх буолаллара, олоххо тардыһаллара кэнэҕэски олохторугар сүҥкэн суолталаах.

Кэпсэтиибит бүтүүтүгэр ыалдьыттарбыттан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэргэ тугү сүбэлииллэрин ыйыттым.

Евгения Юрьевна:

— Санааҕытын түһэримэҥ, хас биирдии киһи ураты буолан, биһиги сирбит интэриэһинэй. Оҕоҕутугар көтөр кынат буолуҥ. Киниттэн кыбыстыбакка, кистээбэккэ, төттөрүтүн, өйүү, сайыннара сылдьыҥ. Билигин уопсастыба быдан өйдүүр, билэр буолан эрэр. Оҕо дьоллоох буоллаҕына, дьиэ кэргэн эмиэ дьоллоох.

Клара Николаевна:

— Барыта муҥура суох тапталтан үөскүүр, төрөппүттэр эрэллэрин сүтэрбэккэ, төһө кыалларынан араас өрүтүнэн сайыннара сатыыллара олус туһалаах дии саныыбын. Араас оҕолор бааллар. Онно төрөппүт сөптөөх эйгэни оҥороро наадалаах. Тапталга, сырдыкка иитиллибит оҕо бэйэтэ оннук буолар. Вова төрөппүттэригэр, Евгения Юрьевналаахха, махталым улахан, оҕолорун туһугар олус кыһаналлар. Оҕолоругар холобур буолаллар. Өскөтүн төрөппүттэр олоххо тардыһыылара күүстээх буоллаҕына,  оҕолор иитиилэрэ эмиэ оннук диэн көрөбүн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....