09.04.2023 | 10:00

Худуоһунньук Эдуард Васильев быыстапката аһылынна

Саха норуодунай худуоһунньуга Эдуард Иосифович Васильев уһулуччулаах үлэлэрин СӨ Национальнай художественнай музейын быыстапкалыыр саалатыгар туруордулар. «Реальность в пространстве и времени» быыстапка худуоһунньук төрөөбүтэ үбүлүөйдээх 80 сааһыгар ананна.
Худуоһунньук Эдуард Васильев быыстапката аһылынна
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Эдуард Васильев — живописец, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга (2016), Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга (2002), Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ (1982), Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство уобалаһыгар РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата (1990), РСФСР искусстволарын үтүөлээх деятелэ (1982), РСФСР худуоһунньуктарын сойууһун бириэмийэтин лауреата (1978).

 

Быыстапкаҕа Эдуард Васильев ааспыт үйэ 60-с сылларыттан 2022 сылга диэри суруйбут үлэлэрэ турбуттар. Көрөөччүлэр болҕомтолоругар «Саха норуодунай суруйааччыта Анемподист Софронов – Алампа аҕатын кытта”, “Отутус сыллар оҕолоро”, “Политсыылынайдар Дьокуускайга” уо.д.а. дириҥ ис хоһоонноох үлэлэр бааллар.

— Бу быыстапкаҕа 60 үлэни туруордум, онтон 40-на музей бэйэтин бас билиитигэр баар. Сүүрбэччэ үлэни бэйэм мастарыскыайбыттан аҕалбытым. Сүрүннээн тематическай, сюжетнай хартыыналар бааллар, мэтириэт, пейзаж, натюрморт жанрыгар үлэлэр киирдилэр.

Бириэмэтинэн этэр буоллахха, уопсайа алта уонча сылы хабар үлэлэр түмүлүннүлэр. 60 сыл диэн, төһө даҕаны үйэ аҥаарыттан ордук кэм  буоллар, үлэлэрим бары бэйэ-бэйэлэрин ситэрэн-хоторон, биир кэмҥэ оҥоһуллубут курдуктар.

— Билигин суруйаҕын дуо?

— Билигин даҕаны суруйабын. Доруобуйа эрэ этэҥҥэ буоллар.

— Бэйэҥ санааҕар, саамай чугастык ылынар хартыыналааххын дуо, ол үлэҥ бу быыстапкаҕа киирдэ дуо?

— «Воспоминание о детях” диэн триптих үлэбэр ураты суолтаны биэрэбин. Бу үлэм билигин Чита куорат музейыгар турар. Манна кэлэрэ буоллар, үчүгэй буолуо этэ даҕаны, олох-дьаһах уларыйан, кэлэрэ арыый уустуктардаах быһыылаах. Бу үлэбэр кыыһым сэттэ саастаах мэтириэтэ баар, икки өттүгэр пейзажтаах. 1980 сыллаахха бастаан быыстапкаҕа көрдөрбүтүм. Онтон Москва куоракка Бүтүн Сойуус быыстапкатыгар көрдөрүллүбүтэ. Сойуус быыстапкатыгар оччолорго үлэ киирэрэ кэккэ ыарахаттардаах этэ, тоҕо диэтэххэ 15 өрөспүүбүлүкэ бары кыттыахтарын наада. Ол иһин биһиги Сахабыт сириттэн биир эмэ үлэ хабыллар кыахтааҕа.

— Читаттан тоҕо сатаан кэлбэтий, ол хартыына? Туох кыаллыбатый?

— Урут хартыыналары Москва куоракка тэрилтэлэр атыылаһаллара. Бу оҕолорум туһунан үлэбин быыстапкаҕа эмиэ хаста даҕаны туруорбуттара. Ол кэнниттэн атыыласпыт дьон ханна биэрэллэрин бэйэлэрэ билэллэр. Үс үлэбин төннөрбүттэрэ, оттон триптиҕим Читаҕа баран хаалбыт, ол билигин миигиттэн тутулуга суох.

Олох көстүүтүн ойуута

Эдуард Васильев дойдубут сирин-уотун, чахчытын уот харахха ойуулуур уратылаах. Сорохтор кини хартыыналарын тыыннаах хаартыска курдук диэн бэлиэтииллэр.

 

Ааптар санаатын судургутук тиэрдэр

Худуоһунньук үлэлэригэр санаатын судургутук уонна дьэҥкэтик тиэрдэр — буола турар кэм быһыытын-майгытын ааспыт кэми кытта сатабыллаахтык ситимниир. Тиһэҕэр биир ситимнээх кэми уонна олоҕу ойуулаан таһаарар.

Эдуард Васильев мэтириэт жанрыгар

Айылҕаттан талааннаах худуоһунньук мэтириэт жанрыгар эмиэ элбэхтик үлэлэһэр. Онуоха кини уобарастары арыйан, дьоруойдарын психологическай туруктарын, эмоциональнай кырааскаларын уонна ис туруктарын быһаарар уопсай духуобунай эйгэни тэрийэр.

Дьикти иэйиилэр

Эдуард Васильев чараас пейзажист диэххэ сөп. Кини хартыыналарыгар хотугу олохтоох норуот туһунан сюжеттар ураты дьикти иэйиини тиэрдэр аналлаахтар. Айымньылаах үлэлэрэ олох уонна айылҕа араас көстүүтүн ойуулууллар, элбэх үтүө өрүттэри дьиҥ баардык арыйаллар. Ис санаа, тыҥааһын, тулуур тэҥҥэ түмүллэр үлэлэринэн ааптар көрөөччү кутун-сүрүн тутар.

 

Быыстапка бэс ыйын 4 күнүгэр диэри үлэлиир. Кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, уһулуччулаах худуоһунньук үлэлэрин нөҥүө ааспыт кэми ахтан-санаан ааһыҥ!

Үлэлиир кэмэ: чэппиэр – баскыһыанньа; билсэр төл.: + 7 (4112) 33-52-79.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...