Хортуоппуйу көрүүгэ — истиигэ сүбэлэр
Хортуоппуй саҕа судургутук үүннэриллэр, улахан көрүүгэ-истиигэ наадыйбат оҕуруот аһа суох курдук. Билигин хортуоппуй олордор түбүктээх күннэр үүннүлэр – «иккис килиэбинэн» биллэр оҕуруот аһын бу көрүҥүн Саха сиригэр ыам ыйын 25 күнүттэн саҕалаан олордоллор.
Наука дьоно суруйалларынан, хортуоппуй сымнаҕас климаттаах дойдуга үөскээбит буолан, +28 кыраадыстан сылааһы, -4 кыраадыстан тымныыны тулуйбат эбит.
***
Хортуоппуй чэпчэки, көпсөркөй буору сөбүлүүр. Тураҥнаах буорга үүнүүтэ мөлтүүр. Олордор сирбитин сыллата обработкалыахтаахпыт.
***
Хортуоппуй ыарыытын эмтээбиттээҕэр эрдэттэн сэрэппит ордук. Туох да биопрепарат суох буоллаҕына, саатар күлү туттуохха наада.
***
Саха сиригэр алта суорт оройуоннаммыта (ол аата биһиги усулуобуйатыгар ордук барсар гына таһаарыы): “Якутянка”, “Вармас”, “Эрдэтээҥи Тулунскай”, “Хотугу”, “Любава” уонна “Невскэй”. Балартан “Якутянка”, “Эрдэтээҥи Тулунскай” итиэннэ “Любава” кыһыл астаахтар, “Невскэй” хаҕа сырдык эрээри, харахтара кыһыл өҥнөөх.
***
Сиэмэ хортуоппуйу араскылаах буолла эрэ атыылаһар сыыһа. Бастатан туран, сертификат баар буолуохтаах. Сертификат баар буолла да, бу хортуоппуй сиэмэтэ олордууга ананан үүннэриллибит, апробацияламмыт, үөрэтиллибит диэн буолар. Ол сертификакка хортуоппуй суорда уонна хаачыстыбалара сурулла сылдьар. Сиэмэ хортуоппуйу атыылаһарга хайан да суордун уонна төһө өр үүнэрин билиэхтээхпит. Биһиэхэ 60-70 хонук иһигэр ситэр суортар барсаллар, хойут ситээччилэр Саха сирин кылгас сайыныгар үүнүүнү ситэ биэрбэттэр эбэтэр олус бытархай астаах буолаллар.
***
Чааһынай хаһаайыстыбалар хортуоппуйдарын сыл аайы биир сиргэ олордор буоланнар, буордарын улаханнык көрбөккө-истибэккэ, обработкалаабакка хаалыахтарын сөп. Ол иһин сиэмэ хортуоппуй ыһыы иннигэр обработкаланыахтаах. Тоҕо диэтэххэ хортуоппуй араас ыарыылара сыл аайы мунньуллан иһиэхтэрин сөп. Холобур, фитофтора, склероция, парша диэн инфекциялар бааллар. Үүнээйи араас ыарыыта почваҕа хаалан, сиэмэттэн сиэмэҕэ бэриллэн иһэр.
***
Сиэмэ хортуоппуйу “Суперэлита”, “Элита” диэнинэн уонна репродукциятын таһымынан араарабыт. Элитаны холкутук үс сыл устата сиэмэ хаалларынан үүннэриэххэ сөп. Оттон “иккис репродукция” диэн бүтэһик көлүөнэ, быйыл ылан биирдэ эрэ ыһаҕыт, эһиил табаарынайы эрэ үүннэрэр буолаҕыт, ол аата сиэмэҕэ хаалларбаккыт. Суорду уларытыы (сортосмена) эбэтэр саҥардыы (обновление) хайаан да оҥоһуллуохтаах.
***
Хортуоппуй 20 сантиметрга диэри хорутуллубут көпсөркөй буорга табыллан үүнэр. Маннык таҥастаммыт буорга салгын уонна уу таһымнара сөпкө дьүөрэлэһэллэр, силиһэ үчүгэйдик сайдар.
***
Ноһуом буолбут ынах сааҕа – органическай уоҕурдуу. Ноһуому күһүн, хомуур бүппүтүн кэннэ, киллэриллэр. Сибиэһэй ноһуом туһата кыра, ону аһан сыыс от хойуутук үүнэр. Кур ноһуому киллэрэр ордук.
***
Хортуоппуйу олордубут кэнниттэн, ото быгыан иннинэ, биирдэ-иккитэ буорунан көмүллэр. Кэлин сыыс оттон харыстыыр сыалтан буорун көбүтэн биэрэбит.
***
Саха сиригэр хортуоппуйга ууну бастаан ото тахсыан иннинэ эбэтэр тахсан эрдэҕинэ кутар ордук диэн учуонайдар суруйаллар. Салгыы ото тахсыбытын кэннэ кутуллар. Үһүс кутууну ас кутар, онтон сибэккилэнэр кэмигэр оҥоһуллар. Кураан сайын буоллаҕына, ууну түөртэ-биэстэ, орто баайыылаах сайыҥҥа үстэ-түөртэ, оттон ардахтаах дьылга биирдэ-иккитэ кутуллар. Күһүн, хортуоппуйу хомуйуох уонча хонук иннинэ, ууну кутууну тохтотуллар.
***
Хортуоппуйу улахан хаһыҥнар түһэ иликтэринэ хомуйан бүтэрэр ордук. Хомуйуох иннинэ икки-үс күн, хортуоппуй ото өссө да күөх турар кэмигэр, отун охсон бааһына таһыгар таһааран быраҕаллар – оччоҕо хортуоппуй хаҕа халыҥыыр.