08.04.2022 | 14:00

Хортуоппуй олордорго бэлэмҥит дуо?

Хортуоппуй олордорго бэлэмҥит дуо?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Хортуоппуй элбэх крахмаллаах, А, В1, В2, В6, С битэмииннэринэн, калийынан, кальцийынан, магнийынан баай, сера, железо, йод кытта бааллар.  
Хортуоппуй төрөөбүт дойдута – Соҕуруу Америка. Арассыыйаҕа аан бастаан ыраахтааҕы Петр 1 аҕалбыта. Онтон ыла “хортуоппуй – иккис килиэппит”  диибит.

Былдьаһыктаах күннэр үүннүлэр

Сааскы ыһыыга бэлэмнэнии номнуо саҕаланна. Дьокуускайга үчүгэй хаачыстыбалаах сиэмэ хортуоппуй былдьаһык буолла. Дьон, бэл, халыҥ дэлэгээссийэ тэринэн, таксига кыттыһа-кыттыһа, чугастааҕы улуустарга сиэмэ хортуоппуй атыылаһан кэлэллэр.

Нам Хамаҕаттатыгар баар фермер А. Жирков быйыл сиэмэ хортуоппуйун ханна да суох чэпчэки сыанаҕа биэрдэ – киилэтэ 45-50 солк. Биллэн турар, атыыта номнуо бүппүт.

Куорат эргинигэр минньигэс амтаннаах хортуоппуйунан аатырар, кыбартыыраҕа диэри сыыдамнык тиэрдэн биэрэр өҥөтүнэн биһирэммит фермер В.Латышев “хортуоска сиэмэтин олох атыылаабаппын” диэн иһэн, дьон көрдөһүүтүн быһа гыммакка, “чэ кыратык атыылыахпын сөп” диэн иккис репродукция сиэмэни атыылаан эрэрин биллэрдэ. Киниэнэ “Гала” диэн сортаах араҕас хортуоппуй, киилэтэ 85 солк. “Гала” сорт олус минньигэһин, сымнаҕаһын, буһардахха илдьирийбэтин, араҕас өҥүн сүтэрбэтин боруобалаабыт эрэ дьон бары уу иһэ-иһэ хайҕыыллар.

"Якутопторг" тэрилтэ Дьокуускайга баар оҕуруот аһын харайар базатыгар атын регионнартан кэлбит сиэмэ хортуоппуйа быйыл киилэтэ 65 солк.  буолбут, атыыга кыһыл уонна араҕас хортуоппуй элбэх кэллэ диэн иһитиннэрдилэр.

Чааһынайдар бэйэ буолатыгар былырыыҥҥы үүнүүлэриттэн хаалларынан олордор үгэстээхтэр. Онуоха сылтан сыл хаалан иһэр сиэмэ кырдьарын, суорда эргэрэрин таһынан, араас ыарыылаах буолуон сөп эбит.

 

Сиэмэ хортуоппуй хайдах буолуохтааҕый?

Альбина Ивановна Козлова –  "Россельхозцентр" ФГБУ Саха сиринээҕи филиалын Хаҥалас оройуонугар отделын начаалынньыга:

– Сиэмэ буолар хортуоппуй, бастатан туран, доруобай, хараҕа, тас көрүҥэ үчүгэй, сымыыт саҕа буолуохтаах. Сытыйбыт, бээтинэлээх, мырчыстаҕас, алдьаммыт, араастаан ханньары барбыт хортуоппуй сиэмэҕэ сөп түбэспэт.

Хортуоппуй сиэмэтэ араас суортарга арахсар. Оройуоннаммыт суортары анал сиэмэ таһаарар хаһаайыстыбалар үүннэрэллэр. Оннук хортуоппуй сиэмэтин үүннэрэр уонна харайар хаһаайыстыба, холобур, Хаҥаласка Бастакы сиэмэлээһин элитнэй хаһаайыстыбата “Наука” ХЭТ баар. Биһиэхэ 4 оройуоннаммыт суортаахпыт: “Тулунский ранний”, “Северный”, “Якутянка”, “Вармас” – барыта олохтоох селекция киэннэрэ.

Дьон хортуоппуйу “кыһыл” уонна “араҕас” эрэ диэҥҥэ араара үөрүйэх. Маныаха ким ханныгы сөбүлүүрүнэн буолар, чуолаан кыһыла ордук, үрүҥэ куһаҕан диэбэппин. Мин санаабар, маҥан астаах хортуоппуй ордук минньигэс.

Саха сиригэр “Розара”, “Любава”, "Невский" диэн атын регионнартан кэлэр суортар ордук тарҕаннылар. Бу кэлии суортар, наука тылынан, “адаптированнай” көрүҥ буолаллар, ол аата айылҕа улаханнык уларыйар кэмигэр биһиэхэ үүнүүнү биэримиэхтэрин эмиэ сөп.  Оттон “оройуоннаммыт” диэн суортар биһиги тыйыс усулуобуйатыгар ананан оҥоһуллубут буоланнар, хайа да усулуобуйаҕа үүнүүнү биэрэллэр.

Сиэмэ хортуоппуйу атыылаһарга бытархай, араскылаах буолла эрэ ылар сыыһа. Бастатан туран, сертификат баар буолуохтаах. Сертификат баар буолла да, бу хортуоппуй сиэмэтэ олордууга ананан үүннэриллибит, апробацияламмыт, үөрэтиллибит диэн буолар. Ол сертификакка хортуоппуй суорда уонна ыһыыга хаачыстыбалара сурулла сылдьар.

Чааһынай хаһаайыстыбалар сыл аайы биир сиргэ олордор буоланнар, буордарын улаханнык көрбөккө-истибэккэ, обработкалаабакка хаалыахтарын сөп. Ол иһин сиэмэ хортуоппуй ыһыы иннигэр обработкаланыан наада. Тоҕо диэтэххэ, хортуоппуй араас ыарыылара сыл аайы мунньуллан иһиэхтэрин сөп. Холобур, фитофтора, склероция, парша диэн инфекциялар бааллар.  Үүнээйи араас ыарыыта почваҕа хаалан, сиэмэттэн сиэмэҕэ бэриллэн иһэр.

Сиэмэ хортуоппуйу  “Суперэлита”, “Элита” диэнинэн уонна репродукциятын таһымынан араарабыт. Элитаны холкутук үс сыл устата сиэмэ хаалларынан үүннэриэххэ сөп. Оттон “иккис репродукция” диэн бүтэһик көлүөнэ, быйыл ылан биирдэ эрэ ыһаҕыт, эһиил табаарынайы эрэ үүннэрэр буолаҕыт, ол аата сиэмэҕэ хаалларбаккыт. Суорду уларытыы (сортосмена) эбэтэр саҥардыы (обновление) хайаан да оҥоһуллуохтаах.

Хортуоппуй олордор сири сыллата обработкалыыр наада. Уоҕурдуу буолла да барыта буортулаах химия диир сыыһа өйдөбүл. Холобур, биһиги филиалбытыгар хортуоппуйу ыһыах иннинэ туттуллар комплекснай органо-минеральнай састааптаах, араас ыарыыттан харыстыыр аналлаах “Бульба” диэн уоҕурдуу баар – почваны уонна сиэмэни байытар кыахтаах; “Кагатник” диэн харыстыыр фунгицид хортуоппуй ыарыыларын сэрэтэр аналлаах; биологическай препараттар “Гамаир”, “Алирин-Б” эмиэ хотуоппуй үүнүүтүн тупсараллар, ыарыылартан, инфекцияттан харыстыыллар. Маны тэҥэ, “Гумат” диэн убаҕас микро уонна макро элеменнэринэн баай, 10 бырыһыан концентрациялаах уоҕурдууну оҥорон таһаарабыт. Наадыйбыт дьон балары “Россельхозцентр” филиалларыттан булуохтарын сөп.

Хортуоппуй ыарыытын эмтээбиттээҕэр эрдэттэн сэрэппит ордук. Туох да биопрепарат суох буоллаҕына, саатар күлү туттуохха наада.

Хортуоппуй туһунан араас дьиктилэр

1. Аан дойдуга хас да хортуоппуй музейа баар. Олортон саамай аатырбыттара Бельгияҕа үлэлии турар.

2. Муора арыыларыгар баар дойдуларга хортуоппуй харчы оруолун толорор этэ.

3. Арассыыйаҕа киэҥник тарҕаммыт “Синеглазка” диэн хортуоппуй суордун бастакы аата А.С. Пушкин эһэтин кэриэһигэр “Ганнибал” диэн этэ. Кини Арассыыйаҕа хортуоппуйу үүннэриинэн дьарыктаммыт бастакы селекционердартан биирдэстэрэ.

4. Беларусь өрөспүүбүлүкэтигэр хортуоппуйга аналлаах пааматынньык баар.

5. Аан дойдуга халлаан күөх өҥнөөх астаах икки суорт баар.

6. Саамай ыарахан сыаналаах хортуоппуй Нуармутье (Франция) арыыга үүнэр, киилэтэ – 500 евро.

7. Хортуоппуйу бастаан билиҥҥи Перу сиригэр-уотугар 4000 сыл анараа өттүгэр олорбут индеецтэр үүннэрэн саҕалаабыттар. Кинилэр 200-тэн тахса  араас суорду таһаарбыттара биллэр.

8. Хортуоппуй 4/5 уу.

9. Хортуоппуй – космоска үүммүт бастакы астаах үүнээйи. 1995 сыллаахха “Колумбия” космическай станцияҕа үүннэрэн көрбүттэр.

10. Аан дойдуга хортуоппуйу үүннэриигэ бастакы миэстэҕэ Беларусь сылдьар.

11. Киһи үүннэрбит саамай улахан хортуоппуйа 8 кг этэ.

12. Хортуоппуй отонун биири да сиэбит киһи сүһүрэр.

13. Хортуоппуй Европаҕа өссө 16-с үйэҕэ баар буолбут, ол эрэн 18-с үйэҕэ диэри дьон сиэбэт эбит.

14. 19-с үйэҕэ, көмүс лихорадкатын саҕана, Аляскаҕа хортуоппуй көмүстээҕэр сыаналана сылдьыбыта. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго көмүс көрдөөччүлэр маассабайдык цинганан ыалдьыбыттар, оттон хортуоппуй бу ыарыыны эмтиир кыахтаах эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...