Хорообут арыыта саамай минньигэс!
Биһиги уһун, тыйыс кыһыммыт кэннэ самаан сайын кэлэ охсон көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүппүтэ эрэ баар буолар. Онон дьылы туоруур үлэлэр биир күн өрөөбөккө ыытыллаллар. Ордук тыа сирин дьоно барахсаттар хаар түһүөр диэри оттууллар, мастыыллар, үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө үлэлииллэр.
Биир оннук үлэһит тэрилтэ туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
“Хорообут” ХЭТ дириэктэрэ Валерий Афанасьевич Колосовка эрийэрбэр оруобуна ууларын ыыта сылдьар кэмнэригэр түбэспитим. Кинилэр улахан хаһаайыстыбаларыгар зоотехник, агроном баалларын истэн, хайдах эрэ урукку сопхуос саҕанааҕы кэмнэри санаан ылбытым.
Онон үлэ дьонун кыратык аралдьытан, үлэлэрин-хамнастарын кэпсээбиттэригэр махтанан туран тылы Валерий Афанасьевичка биэрэбин.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан
Бөдөҥсүтүү саҕана “Кыһыл Сулус”, Карл Маркс аатынан холкуостар улаатан, тэнийэн, Герой Попов аатынан биир бөдөҥ сопхуоска кубулуйбуттара. 1983 сыллаахха, 40 сыл анараа өттүгэр, “Кыһыл Сулус” сопхуос элбэх сыллаах от сиэмэтин ыһыынан дьарыктанар анал хаһаайыстыба тэринэр. Бу өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин анал дьаһалынан олунньу ыйга тэриллибит. Туһунан икки отделение холбоһоллор, Хорообут уонна Суола Мэлдьэхситэ Герой Поповтан арахсаллар. Онно сир үлэтэ күүскэ баран, саҥа тутуулар ыытылланнар, анал үбүлээһиннэр баар буоланнар, тиэхиньикэ ылыыта күүһүрэр. Хаһаайыстыба тэриллибитин сүрүн биричиинэтэ – сылгыга уонна ынахха бэриллэр сүрүн аһылык кормовай базатын хаҥатыы, онуоха сирбит-уоппут сүрүн төрүөт буолар.
1964 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан буолуо, Суола үрэҕи быһыттаан, гидротехническэй тутуулары ыытан, нүөлсүтэр систиэмэ үлэҕэ киирэр. Иэнэ 1600 гаанан быһыллар, ходуһалары, алаастары хабар. Бүгүн, эйигинниин кэпсэтэр кэммэр, 1964 сыллаахха халытан ыһыллар систиэмэ аһыллыбыт сиригэр бу уубутун ыыта турабыт. Онтон ыла биир да сыл тохтообокко үлэлии турар. Уу кэллэ даҕаны, биһигиттэн үөһээ Моорук диэн нэһилиэккэ шлюз регуляторга тутаннар хаайаллар, кинилэр киэнэ 550 гаа буолуохтаах. Бу систиэмэ барыта 1600 гаа сири-уоту нүөлсүтэр. Холобура, онно олоҕуран бу хаһаайыстыба от сиэмэтин ыһан үчүгэй үүнүүнү ылар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан тэриллэрбитигэр 1983-1984 сылларга механизатордар, орто звено үлэһиттэрэ, агрономнар Ньурбаҕа “Сүлэ” диэн сопхуоска баран үлэни-хамнаһы билсэн, уопут атастаһан кэлбиттэрэ. Оччолорго илин эҥэргэ бастакы этибит.
Билигин ол 40 сыл анараа өттүгэр саҕаламмыт үлэни тохтоппоппут, сыл аайы 80-100 гааҕа диэри сири оҥорон, элбэх сыллаах оту ыһан, үүнүүтэ мөлтөөбүт ходуһалары нүөлсүтэн, сэргэхситэ турабыт. Окко былааммытын сыл аайы толоробут. Саас Суола үрэххэ уу эрэ кэлиэн наада. Биһиэнэ тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар сир буолан, дьон олорор сиригэр, нэһилиэккэ куттала суох, бөһүөлэктэргэ уу халыйбат, ходуһаҕа эрэ таһаарар.
Бырайыак историятыттан
Ситим бастакы бырайыагын 1964 сыллаахха Ленинград института оҥорбут, шлюз регулятор ааннарын, быһыттарын, мас оҥоһуктарын барытын маһынан оҥорбуттар.
Бастакы үлэлэр 40-с сыллар бүтэһиктэригэр, 1949 сыллаахха үрэҕи быһыттаан ууну таһаарыыттан саҕаламмыттар. Оччолорго бастакынан саҕалаабыт киһинэн Николай Николаевич Барашков буолар, кини өрөспүүбүлүкэҕэ сэрии сылларыгар балачча улахан үлэни ыыппыт. Манна үлэлээн, олорон, комсомоллар түмсэннэр, бастаан кинилэр күүстэринэн саҕаламмыт. Оттон историяны кэпсиир буоллахха, олох бастакы саҕалааһыны 1850-с сылларга Иван Иванович Сергеев, норуокка биллэр аата Уйбаанап кулуба оҥорбут. Сахалыы мындыр өйдөөх буолан, сорох тыымпылары хорон, алаастары уулаан-хаардаан, бастакы мелиорация үлэтэ онтон саҕаламмыт.
1983 сыллаахха дириэктэринэн Александр Михайлович Андреев үлэлээбитэ. Кини уонна сопхуос үлэһиттэрэ анал хайысхалаах хаһыы атахха турарыгар үлэлэрин-хамнастарын күүскэ анаатахтара. Үлэ күүскэ барар, халытар-нүөлсүтэр систиэмэ күүстээхтик үлэлиир. Мелиоратор Михаил Семенович Степанов, агроном Николай Николаевич Попов, механик Виктор Иннокентьевич Корякин үлэни-хамнаһы иилээн-саҕалаан ыыппыттара. Мин оччолорго 23-тээх эрэ буоллаҕым.
Аармыйаттан кэлбитим кэннэ дириэктэрим Александр Михайлович райком бюротугар бигэргэттэрэн, Дьокуускайга салайар каадырдары бэлэмниир техникумҥа үөрэнэ киирбитим.
Билиҥҥи “Хорообут” ХЭТ 2012 сылтан тэриллэн үлэлиир. Хаһаайыстыба үлэтэ-хамнаһа ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр сатарыйбакка салгыы барарыгар Иван Гаврильевич Тимофеев улахан өҥөлөөх. Биһиги дойду киһитэ, 16 сыл оройуону салайбыта, ол кэннэ биэнсийэҕэ тахсан баран 1987-1988 сылларга хаһаайыстыбаҕа кэлбитэ. Кырдьаҕас салайааччы райком 1 сэкирэтээринэн олорон 1980-1990 сылларга маһынан оҥоһуллубут шлюз-регуляторбытын тимир-бетон вариаҥҥа көһөрүллэрин ситиспитэ. Онон бөҕө-таҕа, алта тимир-бетон шлюз-регулятор тутуу баар.
Иван Гаврильевич төрүт дойдутугар бэриниилээх буолан, сааһыран да баран биир бөдөҥ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайан, эдэр көлүөнэ үлэһиттэргэ уонна салайааччыларга үтүөкэн холобур буолбута.
Арассыыйа реестригэр киирэбит
Хаһаайыстыбабытыгар ааспыт кыстыкка 440 ынах сүөһүнү кыстаттыбыт, онтон 160 ыанар ынах, 380-ча сылгылаахпыт, мантан 260-на биэ. Бу күҥҥэ диэри племенной хаһаайыстыба быһыытынан Арассыыйа реестригэр киирэбит, ол аата сылгыга уонна ынахха репродуктор диэн буолабыт. Хаһаайыстыба тустаах боруодаҕа саха сылгытыгар уонна симменталь боруодаҕа оннук хааннаах эдэр сүөһүлэри төрүөҕү таһааран өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатар эбээһинэстээх.
Биирдии ынахтан кэнники сылларга 2900-3000 үүтү ыыбыт. Иллэрээ сыл тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин граныгар кыттан астыыр-үөллүүр тэрилтэни саҥаттан дьиэтин-уотун тутан саҕалаабыппыт. От ыйын 1 күнүгэр үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Манна арыы, сүөгэй, чөчөгөй хас да көрүҥүн бырыһыаннарынан арааран оҥоруохпут, ынахпыт арыытын хаачыстыбатынан өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥнара буолар. Үүппүтүн билигин Павловскайга илдьэбит. Ааспыт сылга Ас-үөл дьаарбаҥкатыгар арыыбыт бастакы миэстэни ылбыта. Астыыр-үөллүүр тэрилтэбит туһунан баран турар, “Алаас-ас” диэн. Светоний Геннадьевич Шестаков диэн эдэр салайааччы үлэлиир.
2017 сыллаахха билиҥҥи усулуобуйаҕа эппиэттиир 120 ыанар ынахха хотон тутуллан киирбитэ.
“Кыһыл сулус” сопхуос анал хайысхалаах үлэлии олорон ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр, үп-харчы мөлтөөһүнүгэр уларытыллан хат тэриллэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ буоллаҕа. Ол тэрилтэ быһыытынан салгыы сайдан үлэлииригэр Прокопий Романович Плотников үлэлээбитэ. Бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар улаханнык биллэр, салайааччы быһыытынан бэйэтин сатабыллаахтык көрдөрбүт ытыктанар киһи.
Ситиһии, кыайыы үлэһиттэртэн тутулуктаах
Хаһаайыстыба үлэтэ-хамнаһа тэтимнээхтик барарыгар иннибитигэр уктар, киэн туттар дьоммутун хайаан да бу үбүлүөйдээх сылынан анаан-минээн ааттыахпын баҕарабын. Ыанньыксыттар Михаил Михайлович Егоров, соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев гранын ылбыт Мария Семеновна Васильева, биир бастыҥ ыанньыксыппыт Мария Реворьевна Чугунова, эдэрдэртэн Павел Семенович уонна Оксана Николаевна Птицыннар дьиэ кэргэн, механизатордар, оскуоланы бүтэриэҕиттэн тыраахтар уруулугар олорбут Иван Иванович Чугунов, уу таһар массыына суоппара Владимир Васильевич Скрябин, биэнсийэҕэ баран соторутааҕыта тохтообут тырахтарыыс Иван Васильевич Скрябин, сылгыһыттар Петр Петрович Гоголев, Владислав Петрович Чугунов, Дмитрий Иванович Романов, ыччат сүөһүнү көрүүгэ уһуннук үлэлээбит Ульяна Николаевна Скрябина, эмиэ саастаах үлэһиттэр оробуочай, хачыгаар Василий Васильевич Винокуров, үүт таһар массыына суоппара Павел Павлович Семенов, исписэлиистэр, зоотехническай бөлөх Степан Романович Плотников, кылаабынай зоотехник Иванна Ивановна Прибылых, племенной үлэҕэ зоотехник Наталья Александровна Васильева, буҕаалтырдар Наталья Анатольевна Плотникова, Екатерина Николаевна Маркова, Светлана Спиридоновна Скрябина, экономист Александра Николаевна Аргунова. Кинилэргэ махталбыт улахан, тоҕо диэтэххэ ханнык баҕарар тэрилтэ ситиһиитэ, кыайыыта кэлэктииптэн улахан тутулуктаах.
Маны таһынан сопхуос хара тэриллиэҕиттэн Киин аппараакка үлэлээбит тутаах дьоммутун ааттыырым тоҕоостоох: кылаабынай буҕаалтыр Пахом Агафьевич Тихонов, кылаабынай экономист Михаил Константинович Попов, каадыр отделын инспектора Прокопий Семенович Андреев, управляющай Агафий Герасимович Иванов, зоотехниктар Тамара Иннокентьевна Дмитриева, Галина Ивановна Порядина, комском Фёдор Егорович Андросов, ыскылаат сэбиэдиссэйэ Дмитрий Петрович Петров, суоппар Гавриил Иванович Максимов. Кинилэр бэриниилээх үлэлэринэн, оччолорго түүннэри-күнүстэри дойдубут туһугар диэн хара көлөһүннэрин тоҕон, биир санаанан салайтаран кэлэммит тыа сирэ сайдан, күн бүгүн да ынах, сылгы иитэн, “һай-һат” дии олордохпут.
Сайыҥҥы былааҥҥыт барыта туоллун
Билигин бэйэм хаһаайыстыбабар 70 бырыһыана олохтоох дьон үлэлиир. Үлэһит илиитэ тиийбэт буолуутун төһө кыалларынан сүбэлэһэн, түргэн соҕустук быһаара сатыыбыт. Хамнаһынан, дьиэнэн-уотунан сөпкө хааччыйабыт. Оскуолабыт Дмитрий Таас аатын сүгэр, толору кылаастаах.
Таас оскуоланы бэйэм баһылыктыы сылдьан туттарбытым. Салайааччы быһыытынан 1984 сылтан үлэлиибин. 2007-2017 сылларга Хорообут нэһилиэгэр баһылыгынан икки болдьох олорбутум. Онтон 2017 сылтан күн бүгүнүгэр диэри хаһаайыстыбабар баарбын.
Кыстыгы этэҥҥэ туораатыбыт, хаһаайыстыбабыт тэриллибитэ үбүлүөйдээх 40 сыла, улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын сыла, эһиил мелиорациябыт 60 сыла.
Сахам сирин олохтоохторугар кылаабынайа доруобуйаны, үчүгэй үлэни-хамнаһы баҕарабын, самаан сайыммыт быйаҥыттан сомсон, туһанан, оттоон-мастаан, былааҥҥытын толорон этэҥҥэ кыһыммытын көрсүөҕүҥ.