17.12.2022 | 11:00

Хоноһо хоонньугар хоноһо...

Хоноһо хоонньугар хоноһо...
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

70-с сылларга, эдьиийдэрбит, убайдарбыт устудьуоннуур кэмнэригэр, куоракка аймах, уруу диэн суох буолан, сорох ардыгар вокзалга да хонор түбэлтэлэрэ баарын кэпсииллэрэ. Биир эмит ырааҕынан аймах баар да буоллаҕына, дьиэлэрэ кыараҕас, тиийиммэт-түгэммэт, ыалдьыкка-хоноһоҕо соччо үөрбэт буолаллара үһү. Дэлэҕэ эдьиийим биир аймахтарыгар быраатын, икки ыала оҕотун соһон тиийбитин сатаан хоннорбоппут диэбиттэригэр, ийэбит ыыппыт кэһии сүөгэйин биэрэн баран, холдьохпуттарыгар холодильниктан ылан барыа дуо?! 80-с да сылларга аймах аҕыйах этэ. Онтон дьэ 90-с сыллартан саҕалаан куоракка хото көһөн киирии кэмигэр аны саха ыаллара хоноһонон туолбуттара. Этэргэ дылы, сиринэн, муостанан сытыы, хоноһо хоонньугар хоноһо киириитэ, сорох ардыгар холдьоҕуллуу.
Билигин талбыт ыалгар түһэҕин, сороҕор эдьиийиҥ, урууҥ киирэн баран эйиэхэ тиксэн сылдьыбакка төнүннэҕинэ хомойор түбэлтэ эмиэ баар буолар. 
Аны бииргэ төрөөбүттэр иирсээннэрэ урут да, билигин да баар. Таҥара маһа уонна абааһы маһа диэн арааралларыныы, сорох төрөппүттэр оҕолору көйгө уонна атаах диэн арааран иитэллэр. Аны туран аймахтаргын, бииргэ төрөөбүккүн кытта атырдьах маһыныы арахсар, хаһан да билсибэт буолан хаалар бу манна кэпсэнэр түгэн эһиэхэ буолан ааспыта дуо? Хайдах эрэ киһи өйүгэр киллэриэ суох курдук, мин санаабар, аймаххыттан ордук чугас киһи орто дойдуга аҕыйах ини. Ону эһиги туох дии саныыгыт?
Манан сиэттэрэн бүгүн уруккуну-хойуккуну кэпсэтиэх. 
Атын киһи аатыттан тиэрдэбин.

1993 сыл. Төрөппүттэрбинээн икки хостоох кыбартыыраҕа олоробут.

Дэриэбинэҕэ аҕам убайа дьиэ кэргэнинээн олороллор, бииргэ төрөөбүт убайа буолбатах, ийэлээх аҕалара биирдэр. Ол да буоллар наһаа чугастыы билсибэт этибит. Арай уоллара үөрэххэ киирдэ, уопсай дьиэҕэ ылбатахтар, онон биһигини олордуҥ диэн көрдөстүлэр. Икки ыйга, онтон көстөн иһиэ диэн буолла. Уоллара туох да наһаа сэмэй, оттооҕор намыһах, уутааҕар чуумпу, чэ, быһатын эттэххэ, сытар ынаҕы да туруорбат сымнаҕас үһү. Сарсыарда барыа, киэһэ кэлиэ, мэһэй-таһай буолуо суоҕа диэтилэр. Ол курдук төрөппүттэрим сөбүлэстилэр.

Дьэ, били уолбут кэллэ. Миигин кытта биир хоско олохтоотулар. Мин оскуолаҕа үөрэнэбин. Бастакы ыйга кинилэр эппиттэрин курдук аа-дьуо күн-дьыл устан истэ. Сарсыарда барар, киэһэ кэлэр. Таҥаһын суунар эҥин, уопсайынан ыраас, ыһыллаҕаһа суох эбит. Киэһэтин саахыматтыыбыт, хайыыбыт. Уопсай аһылыкпытыгар бородуукта аҕала сатыыр, барытыгар кыттыһар, тугу эрэ туһалыан баҕарар. Ол курдук барыта этэҥҥэ, үчүгэй этэ.

Бастакы ый кэннэ үөрэҕин көтүтэр эҥин буолла, үксүгэр дьиэҕэ олорор. Уопсай аһылыкка кыттыһара тохтоото, ол эрэн күн аайы фрукта уонна биирдии сникерс атыылаһан кэлэр. Онтун бэйэтэ эрэ сиир. Хаһан эрэ миэхэ күн аайы үс араас фрукта уонна биир сникерс сиэхтээхпин диэбитэ. Кирдээх таҥаһын уопсай таҥастарга быраҕар. Оччолорго аптамаат массыына суох, өрөбүллэргэ ийэм эбэтэр аҕам таҥас сууйтараллар.

Аны сессията кэллэ, көтүппүт күннэрин ситээри, түүнү быһа олорор, тыаһа суох сылдьыа баара дуо?! Чааскытын булкуйар, чэйин, кофетын иһэр, хос устун төттөрү-таары хаамар тыаһа утуйарбар мэһэйдиир. Төрөппүттэрим эмиэ сөбүлээбэттэр да буоллар, хайыахпытый, аймахпыт буоллаҕа, тулуйабыт. Ол курдук икки ый оннугар сыл аҥаара олордо. Били сытар ынахпыт турар, күөх оппут тосту үктэнэр буолла.

Киһибит аны кыыстанна, онтун өссө дьиэбитигэр аҕалар. Биирдэ оскуолабыттан икки уруокпут буолбакка арыый эрдэ кэллим. Күлүүспүнэн ааммын арыйан киирбитим убайым утары тахсан кэллэ, турууһугунан эрэ сылдьар, Аленам кэллэ, олох иллэҥмит суох, онон биир-балтараа чаас тахсан күүлэйдээн кэлбэккин дуо диэтэ. Уонна харса суох аан нөҥүө үҥүлүтэр. Хайыахпыный, таһырдьа тымныы этэ, ханна да күүлэйдиир санаам суох, онон кинилэр таптаһан бүтэллэрин кэтэһэ таарыйа подъездка олордоҕум дии.

Киэһэ бу туһунан дьоммор кэпсээтим. Өрөбүллэр чугастара этэ. Аҕам ыбылы кыыһырда, икки ый олоруохтаах киһи уһаатыҥ, оҕобутун таһырдьа үүрэҕин, өссө кыргыттары аҕалаҕын. Онон бу өрөбүлгэ мантан көс, ханна да бар диэтэ.

Субуотаҕа Петябыт олорор дьиэ олох булбатым, онон өссө икки нэдиэлэ олордуҥ диэн көрдөстө. Онуоха төрөппүттэрим куоракка сатаан олорор кыаҕыҥ суох буоллаҕына, төттөрү дэриэбинэҕэр бар диэтилэр.

Өрөбүл күн биһиги бары ырыынакка барбыппыт кэннэ киһибит дьэ малын-салын хомуйан, күлүүһү остуолга хаалларан барбыт этэ.

Ол кэннэ биһиги дьиэ кэргэн Петя төрөппүттэригэр олох күтүр майгылаах, сидьиҥ дьон буолбуппут. “Наһаа үчүгэй” уолу дьонум үүрбүттэригэр, мин убайбын үҥсэн биэрбитим иһин. Ол кэннэ бу 30 сыл устата билсэн көрө иликпит.

Мин аҕам дьиэ кэргэнигэр улаханнара, өссө киниттэн кыра уон сыл балыс бырааттаах. Кини дьонугар көйгө оҕолоро этэ, төһө да бастакылара буоллар, билиҥҥинэн этттэххэ, “былаана суох” кэлэн хаалбыт, онтукатын сааһын тухары билэр этэ. Ол курдук мин эбэлээх эһэм кини туһугар сүрэхтэрэ ыалдьыбата, кыһамматтара. Атаҕын таҥаһа алдьаннаҕына олох элэйиэр диэри кэтиэхтээх, саҥаны ыларга харчылара суох (дьиҥэр, баарын үрдүнэн), ханна эмит кырбанан кэллэҕинэ, бэйэтэ буруйдаах уо.д.а.

Аҕам институкка киирэн уопсай дьиэҕэ олорон үөрэнэрин тухары дьонуттан туох да көмө кэлбэтэх, биэс сыл устатын тухары. Атын дэриэбинэттэн сылдьар оҕолор төрөппүттэрэ харчынан диэн, аһынан диэн ыыта тураллар эбит, мин аҕабар суох – төһө эмит кэтэх хаһаайыстыбалаах эрээрилэр. Онон истипиэндьийэтигэр уонна быстах ону-маны үлэлээн син үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрбит. Таптаабат оҕоҥ оҕотун син биир таптаабаккын диэбиттэрин курдук, эбэлээх эһэм миэхэ сыһыаннара эмиэ тоҥуй этэ. Биирдэ-иккитэ эбэм аахха тахса сылдьыбытым да тымныытык сыһыаннаспыттара. Ханна сылдьабын, кимниин күүлэйдиибин, олох да кымаардаан көрбөттөр. Аһыаххын баҕарар буоллаххына, бэйэҥ сылыттан аһыыгын, ким да эйиэхэ иннигэр ас ууран биэрбэт. Эбээ бэрэскитэ, алаадьыта диэни биирдэ эмэ амсайбытым. Доҕотторгун дьиэҕэ соһума, аспытын барытын аһыахтара диэн өссө эрдэттэн сэрэтиллэн турабын.

Аҕам быраата Миша киниттэн 10 сыл балыс. Кини дьэ олох күннэрэ-ыйдара этэ. Эһэм онно-манна командировкаҕа сылдьар үлэһит этэ, онтон куруук ол уолугар араас муодунай таҥастары эҥин аҕалара. Мишаны ким эмит атаҕастаатаҕына бэйэтэ эбэтэр мин аҕабын аахсыһыннара, көмүскэтэ ыытара.

Миша улааппытын кэннэ бэлэсипиэтэ, хаҥкыта барыта ылыллара. Устудьуон буолбутугар бэлэх быһыытынан оччолорго олус муодунай музыкальнай аппаратура ылан биэрбиттэр. Онно Миша ырыа уһултаран доҕотторугар атыылаан эргинэр эбит.

Бу курдук олохторун тухары. Өссө убайбар оччолорго биир хостоох кыбартыыра ылан биэрбиттэр. 90-с сылларга Миша собуокка үлэлии сырыттаҕына хамнаһын төлөөбөт буолбуттарыгар эбэлээх эһэм туох баар уурдарыы харчыларын уолларыгар биэрбиттэр, эргиннин диэн. Икки оҕотун куруук ылан көрөллөр эбит.

Оттон мин аҕабын туох эрэ кыһалҕа күөдьүйэн таҕыстаҕына эрэ ону быһааттараары кыттыһыннараллара. Миисик кыаллыбат, бириэмэтэ суох эҥин диэбит курдук. Ол курдук ийэлээх аҕалара өлүөхтэригэр диэри уолларыгар көмөлөһө сылдьыбыттара. Кинилэр утуу-субу бу олохтон барбыттара. Аҕам убайбынаан кыттыһан көмпүттэрэ.

Онтон нэһилиэстибэ боппуруоһа күөдьүйбүтүгэр, биллэн турар, уолларыгар Мишаҕа анаабыттар этэ, туохтарын барытын. Мин аҕам инбэлиит буолан анааһына да суох эбэһээтилинэй өлүү ылыахтаах эбит. Аҕам быраатыгар мин өлүүбүн атыылаһан ыл уонна барытын толору бас бил, оттон атыылыыр түгэҥҥэр аҥаарын биэрэҕин, сыанатын эмиэ бэйэҥ туруор диэбитэ.

Дьэ онуоха ким иҥсэлээх, оботтоох, кэччэгэй буолан тахсыбыта буолуой? Биллэн турар, мин аҕам. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүттэр эппиттэрэ – сибэтиэй дьыала. Мин аҕам харчы өлөрөр кэмигэр Миша ийэлээх аҕатын көрбүт үһү. Дьиҥэр, кини сылга биирдэ эмит баран кэлэр этэ, эбэлээх эһэм бэйэлэрэ кэһиилээх-туһахтаах кэлэн сиэннэрин көрсөн бараллара.

Ол курдук нэһилиэстибэ атыыланан харчы үллэстиитэ буолбутун кэнниттэн аҕам быраатын кытта кэпсэппэтэхтэрэ сэттэ сыл буолла. Аҕам этэринии, маннык балаһыанньа барыбытыгар туһаттан атыны аҕалбат. Оттон мин хайдах эрэ испэр иккиэ бэйэлэрэ хаһан эмит биир тылы булар, эйэлэһэр инилэр диэн киччим санаалаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...