27.12.2021 | 19:21

«Хомурах туруйата» романы хаттаан бэчээттиэххэ

(суруналыыс, суруйааччы Василий Николаевич Титов төрөөбүтэ 80 сылыгар)
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Илиибэр суруйааччы Василий Титов «Хомурах туруйата» диэн романын икки кинигэтин ылабын уонна күн-дьыл суурайан саһарбыт лиистэрин сэрэнэн арыйабын. Бастакыта 1989 сыллаахха Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар 15 тыһыынча ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Ааптар айымньытын: “Кэскилбэр, оҕобор – Лираҕа, кэргэммэр, доҕорбор – Ираҕа” диэн анаабыт. Оттон кинигэ кэннигэр: “Орто уонна улахан саастаах оҕолорго. Роман” диэн суруллубут. Төрөөбүт дойду айылҕатын харыстааһын сытыы проблематын көтөҕөр, сиртэн хостонор баайы-дуолу хоро таһар сэттээҕин, иэстэбиллээҕин өйдөтөр, олох оскуолатыгар иитэр-такайар эттээх-сииннээх улахан айымньы үүнэр көлүөнэҕэ туһуламмыта биһирэтэр. Манан ааптар олохпут кэлэр кэскилэ кэнчээри ыччаппытыгар буоларын тоһоҕолоон этэр. Итини сэргэ суруйааччы Василий Титов оҕолорго “Сааскы тэлиилэр”, “Таптал сэргэтэ”, “Этиллибэтэх кырдьык” диэн дьоһун айымньылары суруйан хаалларбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. 


«Хомурах туруйата» роман иккис кинигэтэ 1993 сыллаахха Дьокуускайга “Бичик” национальнай кинигэ кыһатыгар 15 тыһыынча ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Онно аҕыс уонус сыллардааҕы тосту уларытыы кэмэ, оччотооҕу тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа, дьон быһыыта-майгыта уларыйбыта уус-ураннык ойууланар. Сүрүн дьоруой Хардыы Силигийээнэп баартыйаттан уһуллубутун ыарыылаахтык ылынар, ол эрэн, төһө даҕаны олох очуругар оҕустардар, кытаанах санаатын булгуруппат. “Киһи ахсын ыарахан күннэр баар буолаллар. Ол сорохторго арыый аҕыйах, оттон атыттарга син эмиэ тумуу-үгээр кэриэтэ элбэх да соҕус буолуон сөп. Ону кэм аһаран, мүлүрүтэн иһэр баҕайы! Сууланан баран сыттаххына бүттэҕиҥ ол дии! Олох – улуу, модун өрүс. Ону эн куруутун өрө устар эрэ буоллаххына сатанар. Сөкүүндэҕэ, мүнүүтэҕэ тохтоон-ахсаан биэр эрэ! Сүүрүк эйигин сонно төттөрү охсуоҕа”, – диэн Хардыыга кырдьаҕас учуутала Кустуурап оҕонньор сүбэлиирэ мээнэҕэ буолбатах. Киһи аймах олох олорор иһин туруулаһар, күннэтэ сырдык-хараҥа икки ардыгар киирэн тахсар.
Василий Титов «Хомурах туруйата» романыгар олох мөккүөрүн, кырдьык-сымыйа утарсыытын, киһи киһиэхэ уустук сыһыанын, хоту дойдуга айылҕа эмсэҕэлээһинин арыйан көрдөрөр. Айымньыга киһи кутун-сүрүн долгутар көстүү дьиҥ олоххо аттыгар баар, буола турар курдук сиһилии суруллар. Ааҕа олорон, ситиннэ тиийэн айымньы дьоруойдарын кытта бииргэ буолуоххун, кинилэри кытта бииргэ дохсун долгуну мэҥэстэн, сүүрүк устун устуоххун баҕаран кэлэҕин. Ааттаммат Эбэни Хардыы  Силигийээнэп төһөлөөх күүскэ таптыырый, харыстыырый?! Ону кини кыһыл тылынан эрэ буолбакка, дьиҥ дьыаланан, тус холобурунан, үлэтинэн-хамнаһынан дакаастыырын көрөбүт. Оттон Сээдьэхтэн, көмүс соноругар киһилии сэбэрэтин сүтэрбит, кыыллыйбыт персонажтан абара-сатара, дьиксинэ саныыгын. Кини кубалаҥ туруйаны бааһырдан баран, “тугу да оҥорботох киһи курдук” баран хаалар, өссө сэтэрии саныыр. Доҕорун сүтэрбит соҕотох туруйа кыламмытыгар, аймаммытыгар кыһаллан да көрбөт, сиргэ силлиир. Ромаҥҥа Хардыы  Силигийээнэп уонна Тагир Печек (Сээдьэх) – уун-утары уобарастар. Көтөрдөрү Хардыы аһынар-харыһыйар, өлбүт тыһы туруйаны көмөр-кистиир. Кимиэхэ да кэпсээмэҥ диэн дьонуттан көрдөһөр, кэргэнин Сиибиктэни долгуйуо диэн харыстыыр. Кубалаҥ туруйа суорума суолламмытыгар аар айылҕа кытта хараастан, ынчыктаан ылар: “Ааттаммат Эбэ дириҥ, киэҥ үөһүгэр соҕотох туруйа эрэйдээх ытыыр-онолуйар саҥата тохтоон ылбакка, иһиллэ сырытта. Күөл турда-турбутунан хараара будулуйан барда. Хоту эҥэр диэки күүстээх тыал куугуна ыраахтан ньирилээн иһилиннэ...” Ааптар күн сиригэр үтүө уонна мөкү охсуһуута салҕанан бара турарын арыйан көрдөрөр уонна киһилии сиэр-майгы, сырдык санаа баһыйарыгар эрэлин этэр. Киһи, көтөр-сүүрэр, айылҕа ыкса ситимнээҕин туһунан санатар уус-уран айымньы ааҕааччы сүрэҕин ортотунан киирэр, толкуйга түһэрэр.
Ылан көрүөҕүҥ, уран тыл маастара Василий Титов айылҕаны ойуулааһынын: “Кыһынын бу дойду отун-маһын быыһа, үмүөрүспүт үрэхтэрин быттыктара кырыаны бүрүммүт кырымахтаах кыылынан, күлүмүрдүү суһумнаабыт күндү түүлээҕинэн көөчүктүү үллэҥниирэ. Тииттэрин ахсын тииҥнэр ойуолууллара, киис кыыллар кирийэллэрэ. Саһыла салбанара, кырынааһа кылбайара, улара охсоро. Иэҕэҥнээн хаамар икки атахтааҕы харахтаан көрбөтөх хагдаҥ эһэлээх, куҥкуначчы айаатаабыт кулааһай кыыллаах, тамайа сиэлбит тайах баайдаах талба баай дойду баар этэ. Тыал эрэ тыаһыыра, субай бараан халлааныгар сулус эрэ сууллара. Үрүйэ тыаһыныын үтүктүһэн өтөн үөтэрэ, кэрии тыатыгар кэрээн көрбөккө кэҕэ этэрэ. Итинник самаан сайын барахсан сиртэн халлааҥҥа диэри ситэн-сириэдийэн ааһара. Бу бэйэлээх дойду төһө үйэлэргэ маннык туругуран турбутун ким кэмин-кэрдиитин этиэ буоллаҕай?!” Харахпар Улуу Эбэ киччим кистэлэҥнээх киэҥ дуола көстөн кэлэр,  умсугута угуйар. Санаабар, билигин Сахабыт сиригэр маннык чөл дойду хаалбыта буолуо дуо диэн ыйытыкка хоруй көрдүүбүн, иҥиэттэ иһийэбин. Икки атахтаах тиийбэтэх-түгэммэтэх, атаҕа үктэммэтэх сирэ-уота төһө-хачча хаалта буолуой? Арааһа, лаппа аччаатаҕа... Сиртэн хостонор баайы көрдөөннөр төһөлөөх сүргэйдилэр, дьөлө хастылар, сирин-уотун алдьаттылар? Ону ким ааҕан ситиэҕэй?! Эколог-суруйааччы Василий Титов киһи айылҕаҕа дьалаҕай сыһыана, кэлин бэйэтигэр эргиллэн кэлэн, олоҕор-дьаһаҕар, бар дьон дьылҕатыгар дьайарын  өтө көрөн суруйбут. 
Мин санаабар, маннык айымньыны аахпыт киһи хараҕа арыллан, тулалыыр айылҕатын, дьонун-сэргэтин болҕойон, ырыҥалаан көрөр-истэр буолар. Кырдьыга, ааҕааччы дууһатын кылын таарыйар айымньы кинигэ долбууругар быыллыйан турбат, ыскаапка саһан сыппат. Киһиэхэ күн аайы сиэнэр саҥа буспут сылаас килиэп курдук, эйигин тоторор-ханнарар, күүс-уох угар, өй-санаа эбэр айымньы олус наада. Ол курдук, суруйааччы Василий Титов кинигэтэ, төһө даҕаны элбэх сыл-хонук устан аастар, ахтан-санаан ааһар аргыһым, истиҥ доҕорум буолан сүрэхпэр өрүү чугас. «Хомурах туруйата» роман – сыа-сым курдук тутан, харыстаан ууруна сылдьан ааҕар кинигэлэрбиттэн биирдэстэрэ. Чопчулаан эттэххэ, ис хоһоонунан, көтөҕөр проблематынан, ойуулуур-дьүһүннүүр уус-уран ньымаларынан, сырдатар уобарастарынан ааҕааччыны сюжет иһигэр киллэрэн тардан ылар, абылыыр күүстээх айымньы сэдэх буолар.
Түмүкпэр, суруналыыс, суруйааччы Василий Титов төрөөбүтэ 80  сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, «Хомурах туруйата» диэн романын икки кинигэтин холбуу тутан, улахан хомуурунньук оҥорон, хаттаан бэчээттээн таһаараллара буоллар диэн этии киллэрэбин. Оччоҕуна аныгы ааҕааччыга боччумнаах бэлэх буолуо этэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...