10.10.2020 | 13:21

Хатас сылгыһыта Николай Соловьев: “Судаарыстыбаттан өйөбүл үксүөн наада”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин күнэ быйыл алтынньы 11 күнүгэр бэлиэтэнэр. Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэр, Үрдүк Айыылартан алгыстанан кэлэр үрүҥ илгэни үрүлүтэр үлэһиттэри бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибит! Түбүктээх үлэҕит үтүө түмүктэри аҕаллын!

Бүгүн биһиги хаһыаппыт “Ыалдьыт” рубрикатыгар үлэни өрө туппут сылгыһыт, бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар Хатас олохтооҕо Николай Соловьев ыалдьыттыыр.

– Николай, бастаан бэйэҥ тускунан кэпсээ...

Мин бэйэм төрүт Хатас олохтооҕобун. Манна төрөөбүтүм, Хатас орто оскуолатын бүтэрбитим, төрөөбүт дойдубар үлэнэн киһи-хара буолбутум.

Билигин мин сөбүлүүр эйгэбэр сылдьарбыттан, өбүгэлэрим төрүт дьарыктарын талбыппыттан уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата буоларбыттан үөрэбин.

Түөрт оҕолоохпут. Кыра уолум Айхан – туйах хатарааччым – сайын устата өҥүрүк куйааһы, кумаары-бырдаҕы тулуйан биһигинниин тэҥҥэ оттоһор. Кыһын сылгы аһатарга тэбис-тэҥҥэ олох кыра эрдэҕиттэн сылдьыһар. Оҕо улахан киһини көрөн улаатар, үөрэнэр. Ордук уол оҕоҕо аҕа иитиитэ улахан оруоллаах буолар быһыылаах. Оҕом үтүө үлэһит киһи буолуо диэн эрэнэбин, ол иһин тугунан дьарыктанарбар барытыгар илдьэ сылдьабын.

Миигин кытта аҕам Василий Иванович, уолум, бырааттарым тэҥҥэ үлэлииллэр. Түмсүүлээх эрэ буоламмыт элбэх үлэни кыайабыт. Дьиэ кэргэн күүһэ диэн тугу барытын кыайар сүүнэ күүс буоллаҕа. Уонна сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар диэн өс хоһоонугар курдук, барытын биир сүбэнэн дьаһаныахха, үлэни былааннаан, кэмигэр  толорон иһиэххэ наада.

Оҕобутун үөрдээри бастакы биэбитин ииппиппит

– Бааһынай хаһаайыстыбаны тэринэр, сылгынан дьарыктанар санаа бастаан хайдах үөскээбитэй?

Сылгынан үчүгэйик ылсан дьарыктаммытым быйыл 7 сыл буолбут эбит.

Улахан кыыһым Айыына, дьиктитэ диэн, кыыс оонньууларынан буолбакка, олох кыратыттан “кулунчук” диэн баран муннукка ытаабыт оҕо этэ. Киһи сымыйанан этэрин курдук, оонньуура барыта ат уонна кулунчук буолар этэ. Ол иһин, оҕобут баҕа санаатын толорон, 2013 сыллаахха бастакы биэбитин ылбыппыт. Барыта онтон саҕаламмыта.

Саха киһитэ сылгыга чугас. Сыспай сиэллээххэ тардыһыы, Дьөһөгөй оҕотугар ытыктабыллаах сыһыан хааммытыгар баар курдук. Биллэн турар, уустуктардаах дьарык, ол эрээри киһи астынар уонна үлэтиттэн дуоһуйууну ылар буоллаҕына барыта табыллар.

– Төһө сылгылааххыный, базалааххын дуо?

Билигин хаһаайыстыбабар 50-ча төбөлөөхпүн. База тутта иликпин, ол эрэн инникки былааммар баар.

Билиҥҥитэ 4 үөрдээхпин, 3 улахан атыыры кытта 1 эдэри илдьэ сылдьабын.

Атыыры  наһаа кырытыннарар, өр илдьэ сылдьар соччото суох. Кырдьар, ырарга барар, оччоҕо атын атыырдары кытта сатаан охсуспат буолар. Атыыр охсуспат буолла да, иэдэйэр буоллаҕа дии... Ортотунан 10-15 биэни илдьэ сырытыннарар үчүгэй эбит.

Мэччирэҥ сирбит сыллата аҕыйыыр

– Мэччирэҥ сир тиийбэт кыһалҕата баар дуо? Хайдах дьаһанаҕыт?

Былыр-былыргыттан баар кыһалҕа, кэнники сылларга өссө сытыырхайда. Тоҕо диэтэххэ, уруккута “Хатас” сопхуос тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт, ол аата ынах, сылгы мэччирэҥэ буолан сыппыт сирдэрин чааһынайдарга түҥэтэн кэбистилэр. Өссө да үллэрэ тураллар.

Ол иһин биһиги сүөһүлэрбит, сылгыларыт арыыттан арыыга сылдьан мэччийэллэр.

– Хатас – куоракка ыкса сытар нэһилиэк. Куорат усулуобуйатыгар сылгы иитиитинэн дьарыктанар хайдаҕый? Туох уустуктардааҕый?

Тыа сиригэр, улууска киэҥ-нэлэмэн сыһыылардаах, харах муҥунан хонуулардаах сирдээх дойдуларга олорор дьоҥҥо тэҥнээн көрдөххө, биһиги, куорат кытыы нэһилиэктэригэр, сылгынан да буоллун, ынах сүөһүнэн да буоллун, дьарыктанар дьоҥҥо уустук элбэх. Мэччирэҥ сирэ аҕыйах буолан, кэнники сылларга сылгылар куораты булар буоллулар. Бу биһигиттэн тутулуга суох тахсар. Хайа да сылгыһыт үөрдэрин куорат диэки анаан-минээн үүрэн киллэрбэт эбээт.

Мэччирэҥмит чахчы тиийбэт. Сайын сылгыларбыт арыыттан арыыга сылдьан мэччийэллэр. Бэйэбит оттуурбутугар эмиэ оннук. Сайын устата арыыттан арыыга көһүү бөҕө буолабыт. Бу бииринэн ороскуоттаах уонна эт-хаан да өттүнэн олус сылаалаах.

Сылгы, ынах, дьиҥэ, эбиллиэхтээҕэр көҕүрүүр буоллаҕа дии. Мэччирэҥҥэ быһыллыбыт сир кыччаатар кыччаан иһэр. Онно тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин чааһынайдарга дьиэ туттууга түҥэппиттэрэ улаханнык оҕуста  дии саныыбын.

– Судаарыстыбаттан туох көмөнү туһаммыккыный? Өссө ханнык көмө туһалаах буолуо этэ дии саныыгын?

Техника ылыммытым кэнниттэн, куорат бүддьүөтүттэн субсидия көрөннөр улахан көмө буолбута.  

Уһук Илин регионугар гектар биэрэр бырагырааманан туһанан, 4 га сири куортамҥа ылбытым, ону билигин бэйэбитигэр суруйтарыахпытын баҕарабыт да, кыалла илик. Сылгы базатын тутуннахпына бас билиигэ ылыахха сөп буолуо этэ.

Уонна эбии аһылыкка субсидия көрүллээччи.

Саас уһуура куһаҕан

– Сылгыга хайдах кыһын кэлиэх курдугуй?

Быйыл күһүн олус уһаата, онон саас эмиэ уһуон сөп. Саас уһуура куһаҕан. Далга хаайан туран аһатыахха наада буолар. Биэлэр хааллан туран төрүүллэрэ хойутуур.

Билигин кыстыкка бэлэмнэнии, дал ис-тас үлэтэ баһаам.

От үүнүүтэ быйыл үчүгэй, улаханнык ардаабатах буолан, от хаачыстыбата эмиэ үчүгэй. Онон кыстыгы этэҥҥэ туоруохпут диэн сабаҕалыыбын.

Кыһын аҥаардас отунан эрэ эбии аһылыктаабаппыт, эбиэс атыылаһан эбиискэлэнэбит. Онно Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан субсидия көрүллэр.

Быйыл  төрдүс сылбын “Баҕарах” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэҕэ дуогабарынан оттуубун. Былырыын 915 туонна оту оттоон туттарбытым. Быйыл 465 туоннаны оттоотум.

Сылгылар кыһалҕаттан куоракка киирэллэр

– Куоракка бэйдиэ сылдьар сылгылар элбээтилэр. Ону туох дии саныыгын? Куорат дьаһалтата сылгы ыстараап стоянкатын тэрийэр, хаһаайыттары ыстарааптыыр үлэни күүскэ ыытар былааннаах. Ону эн төһө сөп дии саныыгын?

Сир биэрбэттэрэ бэрт этэ. Мэччирэҥ сирэ барыта даача буолан хаалла. Сылгы арыыттан арыыга сылдьа сатаан баран куоракка киирэр буолла.

Биһиэнэ “табунное коневодство” диэн ааттанар, ол аата үөрүнэн иитэбит. Сылгы – айылҕа оҕото, кинини хайдах да хааччахтаабаккын, бэйэтэ талбытынан сылдьар. Үөрү атыыр салайар, кини ыырын бэйэтэ оҥостор. Үөр ханна барарын сатаан хонтуруоллаабаппыт. Билигин арыыга үүрэн таһаарбытыҥ, аҕыйах хонугунан куоракка киириэхтэрин сөп.

Бу олус сытыы кыһалҕа буолла. Биһиги улахан өйөбүлэ суох саха төрүт дьарыгын тута сылдьар дьон, ороскуоппут онто да суох олус элбэх. Уматык, тиэхиньикэ сыаната сыллата ыарыы турар. Кыра субсидия көрүллэрэ ону саппат. Аны онно эбии ыстарааптаннахпытына  олох да баһаам ороскуокка тэбиллииһибит.

– Олохтоох сылгы бородууксуйата тоҕо наһаа ыарахан сыаналааҕый? Сыана туохха олоҕуран быһылларый?

Мин тус санаабын эттэхпинэ, холобур, убаһа этэ киилэтэ 5 мөһөөх буоллаҕына, аҥаарын 250 солкуобайы Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ субсидиялыа этэ буоллаҕа. Оччоҕо тыа хаһаайыстыбатын салаатын оҥорон таһаараччылара эттэрин 250 солкуобайга да атыылыа этилэр, атын 250 солкуобайа субсидиянан кэлиэ этэ. Оччоҕуна дьон онтон-мантан тиэллэн кэлэр эти сыаната чэпчэкитин иһин эрэ эккирэтэ сылдьан ылыа суох этэ. Билигин Алтай, Бурятия ынаҕын этин ылан сииллэр. Бу амтана үчүгэйиттэн, хаачыстыбата ордугуттан буолбатах эбээт, сыаната чэпчэкититтэн эрэ. Олохтоох үлэһит дьону өйүүллэрэ буоллар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата бэйэ дьонугар удамыр сыанаҕа тарҕаныа этэ.

Биһиэхэ сүөһүбүтүн хантан эрэ соҕурууттан атыылаһан аҕалаллар дии. Харчы бэйэбитигэр хаалбат, таска бара турар. Ол иһин сайдыбаппыт. Билигин куоракка киирбит сылгыларбыт иһин ыстарааптыахтара, эмиэ харчыга ыйыахтара – биһигини эһэр суол курдук көрөбүн, олох астыммаппын.

Биэ тутуу төһө ороскуоттааҕый?

– Куораттар тыа сиригэр сылгыһыттарга биэ тутан, күһүн аайы идэһэлэнэллэр. Харчытыгар таһаардахха, оннук гынар төһө буоларый?

Биир биэни көрүү-истии сыллааҕы усунуоһа ортотунан 15000 солкуобай. Сылгыһыт ол харчыга биэни сыл устата көрөр-истэр, кыһын эбии аһатар. Төрөөтөҕүнэ хаһаайын күһүн идэһэҕэ кэлэн убаһатын ылан барар. 

Биэ бэйэтин сыаната билигин ортотунан 80 000 солкуобай буолан турар. Аны туран, биэ сыл аайы этэҥҥэ төрүүр диэн буолбатах. Сорох дьыл дьыллыыр, ол аата куһаҕан сылга саҥа дьылтан саҕалаан кулуннуур. Үөр сыалайдыы бары кулуннаан кэбиһэллэрэ кытта баар буолааччы. Барыта хайдах дьыл үүнэриттэн тутулуктаах. Үчүгэй биэ сыл аайы көтүппэккэ төрүүр.

– Сылгы иитиитин судаарыстыбаннай өйөбүлэ ынах киэнинээҕэр кыра эбит...

Оннук. Уруккуттан оннук этэ. Быйыл ынахтаахтарга өссө 35000 солк. биэриэхтээхтэр дии... Оннук өйөбүл сылгыһыттарга суох.

– Киин улуустарга айаннаан иһэн көрдөххө тараҕай сылгылар сүүрсэ сылдьар буолаллар. Сиэлин туһанаары сорохтор олох да олоччу кырыйан кэбиһэллэр дии. Бу сылгыга соччо туһата суоҕа буолуо?

Мин маннык дии саныыбын: эбии үп наада буолан, кыһалҕаҕа кыһарыйтаран сылгыһыттар норуот маастардарыгар сиэли,  кылы атыылыыр буолуохтарын сөп. Эбэтэр баларыҥ миинниллэр ат буолуохтарын эмиэ сөп.

Сиэл дьүһүнүнэн, көрүҥүнэн арахсар. Биир сылгы сиэлэ ортотунан 3500 солкуобайтан саҕалаан, 5000 солкуобайга тиийэ сыаналанар.

Мин сылыгыларбын сиэллэрин эриллибитин көннөрөбүн, кыратык сэлэлээн быһабын эрэ. Олоччу кырыйан кэбиспэппин. Атыыр сиэлин олох тыыппаппын – кини саамай киэн туттара, бэлиэ буолар кэрэ көстүүтэ, атын атыырдартан ордук буолан көстөрө, ол аата баһылыыра-көһүлүүрэ сиэлигэр түмүллэ сылдьар дии саныыбын.

– Билигин куоракка 8-10 үөр сылгы киирэн сылдьар диэн барыллаан ааҕаллар. Хаһаайыҥҥа ыстараап – 3000 солк. Маны таһынан ыстараап стоянканы тэрийэр былаан баар.

Ыстараапка сыһыаммын эттим. Онто да суох улахан өйөбүлэ суох үлэбитин аҥаар уһугуттан ыстарааптаан истэхтэринэ, биһиэхэ хобдох балаһыанньа буолсу диэн дьаарханабыт.

Эппитим курдук, мэччирэҥ ото бараннаҕына сылгы ас көрдүү барар. Ол иһин куоракка киирэллэр. 

Ыспыраапка:

Хатас – саха уутуйан олохсуйбут мааны туоната. Айылҕата кэрэтинэн, сирэ өлгөм үүнүүлээҕинэн уонна ураты сахалыы куттааҕынан биһирэнэр нэһилиэккэ сыллата көһөн киирээччи элбэх. Тутуу, олоҕу-дьаһаҕы тупсарыы, тыа хаһаайыстыбатын араас салааларын  үлэтэ оргуйан олорор.

Билигин Дьокуускай уокуругун балысханнык сайда турар нэһилиэгин баһылык Евгений Петрович Пермяков салайар.

Нэһилиэккэ Хатас уонна Владимировка киирэллэр. Билигин олохтоох нэһилиэнньэ уопсай ахсаана 6200 киһи буолла.

Аҕыйах сыллааҕыта Хатаска элбэх оҕолоохторго 947 уһаайба түҥэтиллибитэ. Онно былырыын 18 км гаас ситимэ тардыллыбыта. Ол иһин быйылгыттан саҕалаан дьиэни-уоту туттуу күүскэ барда.

Ону таһынан Дьаарын диэн уруккута бааһына сирдэрэ чааһынай дьиэни туттарга ананан ИЖС буолбуттара. Онно быһа холоон, 1000-тан тахса чааһынай уһаайба түҥэтилиннэ.

Хатас – тыа хаһаайыстыбатынан былыр-былыргыттан дьарыктанан кэлбит, олоҕун укулаатын саха төрүт дьарыгар тирэҕирэн сайыннарбыт нэһилиэк. Төбөтүн ахсаанынан 870 хороҕор муостааҕы тутар бөдөҥ “Баҕарах” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ баар. Ону тэҥэ, Хатастааҕы сибиинньэ комплекса үрдүк таһымнаахтык үлэлии турар.

Чааһынай илиигэ билигин 447 хороҕор муостаах, 405 сыспай сиэллээх баар. Ону таһынан бааһынай хаһаайыстыбаларга 95 ынах, 272 сылгы ааҕыллар. СХПК 95 төбө сылгыны тутар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...