Хатас киэн туттуута — кэрэхсэбиллээх быыстапкаҕа
Соторутааҕыта А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин “Симэх” норуот айымньытын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинигэр Хатас нэһилиэгэр култуура тэрилтэтэ аһыллыбыта 90 сылыгар анаммыт «Хатас талба талааннаахтара» быыстапка аһыллыыта буолла.
Манна саханы саха дэппит иис араас хайысхата, живопись, маһынан, тимиринэн, туойунан, тириинэн, оҕуруонан оҥоһуктар дьон сэҥээриитин ыллылар. “Тускул” култуура киинин иһинэн үлэлиир түмсүүлэр кэккэ ситиһиилэриттэн холобурдаатахха, иистэнньэҥнэрбититтэн Людмила Степановна Саввина уонна уустартан Андрей Лукич Малышев “СӨ уран оҥоһуктарын маастара” диэн үрдүк ааты ылбыттара. Кинилэр үлэлэрэ бу тэрээһини киэргэттилэр. Икки талааннаах дьоммут Владимир Захарович Ефремов, Татьяна Дмитриевна Попова РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ буоллулар. 2019 сылга норуот айымньытын араас хайысхатыгар сыаллаах – соруктаах үлэбит түмүгүнэн “Симэх” киин иһинэн “Дом народных ремесел” диэн статуһу ылан күүспүтүгэр күүс, сэниэбитигэр сэниэ эбиллибитэ. Далбар хотуттарбыт үлэлэрэ саха дьахтарыгар иис чахчы үйэттэн үйэҕэ бэриллибитинэн этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар баар диэн өйдөбүлү толору туоһулуур. Кинилэр хайалара даҕаны анал үөрэхтээх иистэнньэҥ буолбатах, ол эрэн сыаллара-соруктара биир – төрүт ииһи сөргүтүү, үйэтитии, эккэ-хааҥҥа баары уһугуннарыы, кэлэр кэнчээри ыччакка бэлэх гынан утары уунуу.
Быыстапкаҕа отучча киһи барыта 164 үлэнэн кытынна. Ордук элбэх үлэ төрүт иискэ баар. “Утум иис” иистэнньэҥнэрэ Анна Петровна Пестерева, Татьяна Иннокентьевна Олесова, Анна Ильинична Ефимова кыбытык ньыманан тигиллибит күн эгэлгэ харысхала, паннота, көбүөрэ уо.д.а. Анна Петровна эр киһи уонна дьахтар сонун, бэргэһэтин, үтүлүгүн, кылынан оҥоһуктарын таһынан, Дьокуускай куорат гербэтин кыбытык ньыматынан тигэн, сөҕүүнү- махтайыыны, махталы ылыан ылла.
“Саха дьоно оҕолуун-уруулуун талааннаахтар” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Екатерина, Михаил Егоровтар кыыстара Камилалыын дьиэ кэргэнинэн кыттыбыттара биир туспа кэпсээн. Екатерина Павловна ийэтэ Анита Васильевна эмиэ сонун, киһи интэриэһин тардар үлэлэрдээх. Анастасия Ивановна Алексеева сиэннэрэ Урсууна, Күннэй Алексеевалары – Хатастааҕы оҕо айымньытын дьиэтин иитиллээччилэрин кытта оҥорбут кыбытык техникатынан тигиллибит “Саха сирэ – олоҥхо дойдута”, “Хоту дойду көстүүтэ” диэн үлэлэрэ дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Анастасия Ивановна өр кэмнэргэ оҕуруот үлэтигэр үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, күн бүгүн Хатастааҕы “Оҕо айымньытын дьиэтигэр” сүрэҕэр, өйүгэр-санаатыгар илдьэ сылдьыбыт айар аартыгын арыйан дириҥник, хорутуулаахтык үлэлии сылдьарыттан бары да үөрэбит, астынабыт, киэн туттабыт.
СӨ уран оҥоһуктарын маастара Людмила Степановна Саввина тэрээһиҥҥэ төрөппүт кыыһа Вилена Константинованы уонна күтүөтэ Алексейдыын кытыннылар. Биир дьиэттэн сундуугунан таҥаһы-сабы хомуйан биэрдилэр. Кэргэннии СӨ култууратын үтүөлээх деятелэ, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Нуучча живопиһын ассоциациятын чилиэнэ Федот Гаврильевич уонна Хатастааҕы оҕо искусствотын уруһуйга кылааһын уһуйааччыта Светлана Михайловна Макаровтар “Тускул” КК үлэтин таһыма үрдүүрүгэр кылааттарын үрдүктүк сыаналыыбыт. Федот Гаврильевич икки үлэтэ быыстапкабыт киэргэлэ, үрдэлэ, киэн туттуута буолла. Өссө манна кини “Олоҥхо дойдута” диэн триптих хартыынатын “Утум иис” иистэнньэҥнэрэ кыбытыгынан панно оҥорон тикпиттэрэ баар. Манна даҕатан эттэххэ, РСФСР үтүөлээх худуоһунньуга, САССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ Владимир Семенович Карамзин “Ыһыах” диэн триптих хартыынатын Оксана Павловна Гаврильева панно тикпитэ быыстапкабыт кэрэ киэргэлэ буолан турар. Оксана Павловна – Хатас нэһилиэгэр култуура сайдыытыгар сүдү кылааттаах киһибит. “Ааптардары кытта үлэ” бырайыагынан кини “Эҕэрдэ кыргыттар” диэн айымньытынан “Тап - тал” диэн тэттик киинэ уһуллубута, “Утум ситимэ быстыбатын” диэн кэпсээнин уус-уран ааҕыынан “Тэтим” араадьыйаҕа Саргылана Николаевна Сивцева ааҕан, үгүс элбэх истээччи сэҥээриитин ылбыта. Куонкурустарбытыгар, көрүүлэрбитигэр дьүүллүүр сүбэ сыаналааччыта уо.д.а. Бу быыстапкаҕа кини өссө биир талаана – иис өттүнэн чаҕылхайдык уонна итэҕэтиилээхтик көһүннэ. Өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһиитэ, тигиллэр таҥас-сап уратыларын учуоттаан, биир да бүк тутуу, имиллии-хомуллуу суох.
Туой оҥоһуктарга Инга Андреевна Капитонова үлэлэрин элбэх киһи ыйыталаста. Уран тарбахтаах Сардаана Михайловна Кычкина – оҕолору үөрэтэн-такайан, элбэх киэҥ сиргэ сырытыннарбыт, таһаарбыт үтүөкэн киһибит. Кини иитиллээччилэрин кытта оҥорбут Дьааҥы улууһугар буолбут Олоҥхо ыһыаҕын Аал Луук маһын оруобуна үтүктэн оҥорбута хайдах да болҕомтото суох хаалара табыллыбат, оннук да буолла. Уопсайынан, быыстапка саалатыгар киириэххиттэн эргийэн тахсыаххар диэри хас биирдии оҥоһук киһиэхэ кэпсиирдээх-сэһэргиирдээх, кэрэхсэтэрдээх. Алексей Апросимов оҥоһуктара – быһахтара бу дьыаланы дьиҥ ис иһин өйдөөн, эттиин-хаанныын ылынан, сатабыл үрдүк үктэлигэр үктэммит, дьиҥнээх саха эр киһитэ диэн ааттанар таһымҥа сылдьарын бэлиэтииллэр.
Быыстапкаҕа ойуулуур – дьүһүннүүр искусство – живопись киэҥник көһүннэ. Бу эмиэ “Тускул” култуура киинин сыаллаах-соруктаах үлэтин түмүгэ диэн сыаналыыбыт.
Тэрээһин түмүгүнэн Саха АССР 100 сылыгар анаммыт Арассыыйа киэҥ киэлитигэр, улахан куораттарга барар быыстапкаларга хас да үлэни таллылар, биир иистэнньэҥи “Ладья” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы талба талааннаахтар түмсэр, мустар тэрээһиннэригэр ыытарга быһаардылар.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр оҕо аймах оҕуруо оһуора, эдэр ыччат элэккэй мичээрэ, кэлэр көлүөнэ ыччаты ытыстарын иһигэр тута сылдьан сайыннарар-үүннэрэр уһуйааччылар, учууталлар, сырдык санааларыттан күн саһарҕатыныы сырдыгынан сыдьаайар, сылааһынан илгийэр аҕам саастаах дьон дьоһун мөссүөннэрэ үйэтитиллибит, айылҕа араас кэмэ, көстүүтэ, төрүт иис талбыт көрүҥнэрэ турар “Хатас талба талааннаахтара” быыстапкаҕа сылдьаргытыгар ыҥырабыт.