12.07.2021 | 14:30

Хатас кэскилэ — өссө да иннигэр

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат уокуругар киирсэр Хатас – олус баай устуоруйалаах нэһилиэк.  Хатас сиригэр-уотугар өрөбөлүүссүйэ иннинэ Баҕарах, Өрсүт уонна Хоро диэн үс нэһилиэк баара. Арҕаа хаҥаластарга киирсэр бу нэһилиэктэри ааспыт үйэ 30-с сылларыгар бииргэ холбоон, Хатас нэһилиэгэ диэн ааттаммыта. 
Биһиги бүгүн 6300 кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Хатас дьаһалтатын салайааччытын Евгений Петрович Пермяковы кытары кэпсэттибит.

ЕВГЕНИЙ ПЕРМЯКОВ:

Тутуу тэтими эрэйэр

 

– Куораттан чугас сытар, үчүгэй суоллаах-иистээх, табыгастаах инфраструктуралаах нэһилиэккэ кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ  улуустарыттан көһөн кэлээччи элбэх, онон нэһилиэкпит улаата, дьонун ахсаана элбии турар.  
Олох биир сиргэ турбатынан,  социальнай эйгэҕэ  быһаарыыны эрэйэр боппуруостарбыт  эмиэ үөскүүллэр. Холобур, биир сытыытык турар боппуруоһунан саҥа оскуоланы  уонна успуорт комплексын тутуу  буолар.  Билигин П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар  900-чэ оҕо үөрэнэр (нуорматтан икки  төгүл элбэх).  Балаһыанньаттан кыратык да тахсар туһуттан, федеральнай үп көрүллэн, 2022 сылга   120 миэстэлээх эбии тутуу үлэҕэ киллэриллиэхтээх.    Бу эбии тутуу даҕаны биһиги кыһалҕабытын букатыннаахтык суох оҥорбот.  Баар  балаһыанньаны учуоттаан уонна кэскиллээҕи кэрэһилээн, 1500 миэстэлээх саҥа  оскуола 2024-25 сылларга Баҕарах түөлбэ сиригэр-уотугар тутуллан үлэҕэ киирэрэ былааннанар, бырайыага оҥоһулла сылдьар.
         Хатас нэһилиэгэ уруккуттан даҕаны успуортка көхтөөх дьонунан, үрдүк  ситиһиилэринэн  биллэр. Волейболга, успуорт национальнай көрүҥнэригэр  уо.д.а. үтүөкэн түмүктэрдээхпит, кэнники хайыһар күүскэ сайдан эрэр.  Биһиги оҕолорбут өрөспүүбүлүкэ уонна өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэргэ  күөн көрсөллөр.   Дьэ, итинник успуорка үрдүк чыпчааллары дабайарбытыгар тирэх буолар  уонна күүстээх үлэ, үөрэх  быыһыгар  дьарыктанар успуорбут саалата 2016 сыллаахха уокка былдьаммыта.  Онтон успуорт комплексын тутуу хайаан да наадатын нэһилиэнньэ эмиэ улаханнык туруорсар.  Былаан быһыытынан,  быйыл күһүҥҥүттэн  комплекс  акылаатын түһэрии үлэтэ саҕаланыахтаах. “Главвстрой” муниципальнай тэрилтэ нөҥүө аукцион биллэриллибитэ. 

Нэһилиэк инники сайдыыта кэлэр кэнчээрилэрбит хайдах  иитиилээх, киэҥ көрүүлээх, үөрэхтээх, үлэһит дьон буолалларыттан быһаччы тутулуктаах.   Кырачааннарбытыгар  икки уһуйааннаахпыт. Ылан көрдөххө, элбэх оҕолоохторго 947 уһаайба баар буоллаҕына, биир дьиэ кэргэн кырата 4-5 киһилээх буолар, нэһилиэнньэбит өссө элбиир туруктаах. Аҕыйах сыл иһигэр олус элбэх саҥа дьиэ тутуллуо, манна  гаас ситимэ салҕыы тардылыннаҕына, үлэ тэтимнээхтик барыахтаах. 

 

Элбэҕи быһаарар суол

 

– Биир улахан үөрүүбүтүнэн суолбутун оҥоруу буолар. Дьокуускай куорат “Куттала суох уонна  хаачыстыбалаах массыына суоллара” диэн РФ национальнай  бырагырааматыгар  киирсэн, куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэргэ суолу оҥоруу күүскэ ыытыллар. Биһиэхэ бу үлэ өссө былырыыҥҥыттан саҕаламмыта: Совхознай уонна Аржаков аатынан уулуссалар аспааллара саҥардыллыбыта. Билигин эмиэ  ити  бырайыагынан Покровскайдыыр суолтан саҕалаан,  Хатас  Каландарашвили уулуссата оҥоһуллан олохтоохтор уонна тырааныспардаахтар  махталлара улахан. Аны суол бэлиэлэрэ,  тохтобуллар  ситэри оҥоһуллаллар.

Биллэрин курдук, суолларбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай суолларга арахсаллар.  Өрөспүүбүлүкэтээҕи суол  Покровскайдыыр суолтан Хатас иһигэр  өрүһү туоруур сиргэ диэри 5 килэмиэтир уһуннаах сиргэ тайаан сытар. Онтон өрүһү туоруур сиртэн Хатас иһигэр  балтараа килэмиэтирдээх суол учаастага салгыы оҥоһуллар. Үөһээ эппит бырайыактарбытынан өссө   Сидор Алексеев  уонна Ойуунускай аатынан уулуссаларбытыгар  от ыйыттан таас (гравий) кутар үлэлэр саҕаланыахтара. 
Хатас 76 уулуссалаах. Уопсайа 55 килэмиэтиртэн тахса усталаах бу уулуссаларбыт бары өрөмүөҥҥэ наадыйаллар. Бэйэбит бүддьүөппүтүнэн кыра кыралаан суолларбытын саҥарда сылдьабыт. Бүгүҥҥү туругунан 3 уулусса аспаал суоллаах, атыттар кумах буор үктэллээхтэр (грунт). 

Ити курдук,  “Куттала суох уонна  хаачыстыбалаах массыына суоллара” бырайыак биһиэхэ олус туһалаах, салҕыы үлэлии турдаҕына, суолу оҥоруу уонна тупсарыы үлэтэ өссө да киэҥ далааһыннаныа. Бу бырайыакка киирсэргэ куорат дьаһалтатын,  “Главвстрой” муниципальнай тэрилтэни итиэннэ  Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменын кытары өйдөһөн үлэлэһэбит уонна нэһилиэнньэ туруорсан, үлэ көхтөөхтүк ыытыллар. 

Үлэттэн үөрүүнү булан

Тулабыт сырдыыр

Суолбут оҥоһуллан,  аны ити суолларбыт сырдык  уоттаах-күөстээх буолалларын  нэһилиэнньэ баҕатын учуоттуурга кыһаллабыт.  Өрөспүүбүлүкэтээҕи суол управлениетын  кытта дьоһуннаах кэпсэтиилэри ыытабыт. Бырайыак оҥоһуллан,  быйыл эбэтэр эһиил олоххо киирэр кыахтаннаҕына, саҥа  оҥоһуллубут суолларбыт сырдык уоттанан, сатыы  киһиэхэ, айанньыттарга куттал суох буолуо этэ. 
Манна сыһыаран эттэххэ, Хатаспыт уулуссаларын 244 лаампа сырдаппыт  буоллаҕына,  былырыын  аҥаардас биир сыл иһигэр 193 эбии лаампа оҥоһуллан, дьиримнии умайда. Бу үлэ куорат урукку мээрэ Сардаана Владимировна Авксентьева быһаарыытынан,  “Сырдык куорат” муниципальнай бырагырааманан,  “Куттала суох уонна  хаачыстыбалаах массыына суоллара” бырайыагынан итиэннэ бэйэбит бүддьүөппүтүнэн ситиһиллибитэ. Быйыл бэйэбит бүддьүөппүтүнэн эмиэ аҕыйах лаампаны туруоруохпут.  76 уулуссабытыттан  8 уулусса эрэ  толору сырдатыллан турар. Атын ууулуссалар аҥаардара эбэтэр кыра-кыралаан  эрэ лаампалаахтар.

 

“Дьонноох киһи тутайбат”

– Нэһилиэкпитигэр оскуолаҕа, уһуйааҥҥа, баһаарынай чааска, Култуура киинигэр, дьаһалтаҕа, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр уо.д.а.   барыта 750 киһи үлэлиир. Ону таһынан маҕаһыыннар  төһө үлэ миэстэтигэр наадыйалларынан хааччыллыылаах олороллор. 

Хатас нэһилиэгин биир уратытынан чуолаан сахалар түөлбэлээн олороллоро буолар. Нэһилиэкпитигэр  8 түөлбэлээх этибит.  Дьаарыҥ диэн  бааһына сиригэр балтараа тыһыынча кэриҥэ уһаайба ИЖС-ка көһөн, бүтүн түөлбэҕэ кубулуйда.  Түөлбэ дьоно бэйэлэрин баҕаларынан олорор сирдэрин аатынан  “Дьаарыҥ” түөлбэ диэн ааттаннылар.

Ону сэргэ, куорат уокуруга Хатаспыт сиригэр-уотугар элбэх оҕолоохторго 947 уһаайбаны анаабыта. Былырыын манна 18 килэмиэтирдээх гаас ситимэ тардыллан, этэргэ дылы, көмүөл мууһа хамсаан эрэр. Маныаха куорат хаһаайыстыбатын көрүү-истии сулууспатын кытары үлэлэһэ сылдьабыт.  Ону таһынан уоту тардыыга нэһилиэнньэ “Якутскэнергоҕа” сайаапка биэрэн, тиэхиньиичэскэй усулуобуйаны оҥорторон холбонор. 

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, биһиэхэ көһөн олохсуйа кэлбит дьон  нэһилиэк олоҕуттан-дьаһаҕыттан туора  турбаттар. Актыыбынай көрүүлээх дьон уопсастыбаннай үлэлэргэ кытталлар, нэһилиэкпит сайдарын, үтүө эрэ сурахтаах нэһилиэк буоларын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. 
 

“Тускул” Култуура киинэ  куруук сонун көрүүлэрдээх, айымньылаах үлэлэринэн  дьоннорун-сэргэлэрин үөрдэллэр. Нэһилиэнньэ араас түмсүүлэргэ холбоһон, кистэнэ сыппыт талаанын арыйар, саха омук үтүө үгэстэрин сөргүтэр.

Хатас сайдыытыгар нэһилиэк тэрилтэлэрэ, олохтоохтор бары кылааттарын киллэрэллэр. Урбаанньыттарбыт, маҕаһыыннарбыт  хамсык кэмигэр   төһө да ыарахан балаһыанньаламмыттарын  иһин, күүс-көмө буолаллар.  Тутуу улахан тэрилтэтэ «Прогресс» ХЭО (дириэктэр А.С.Пинигин),  ууну ыраастыыр  ИП (Е.П.Макаров) уо.д.а. тэрилтэлэр  туох эмэ этиилээх таҕыстахпытына, куруук өйүүллэр, араас аахсыйаларга   кытталлар. Холобур,  Ыһыахха тыыл бэтэрээннэрин  эҕэрдэлээбиппит. Онно кинилэргэ кыракый да буоллар, бородуукта нобуорун  биэрбиппит. 
 

Хатас  биһиги олорор дьиэбит, хас биирдии киһи чэнчистик, ыраастык туттан-хаптан олордоҕуна эрэ дэриэбинэбит ыраас,  тупсаҕай көстүүлээх, чэбдик  салгыннаах буоларын олохтоохтор бары өйдүүбүт. Ону ыраастаныы үлэтигэр, субуотунньуктарга олохтоохтор бары күргүөмүнэн тахсан кыттыһаллара да туоһулуур дии саныыбын. 

Чэбдик олох бэйэбититтэн саҕаланар

Үлэни өрө туппут дьоммутун үйэтитэн

– Хас биирдии нэһилиэк үйэлэргэ  илдьэ кэлбит  устуоруйатын, киэн туттар үлэһит дьонун  кэпсиир, сырдатар түмэллээх  буолар. Биһиги  нэһилиэкпит  уратылаах устуоруйатын үүнэр көлүөнэбитигэр  уонна Хатаспытыгар олохсуйа кэлбит дьоҥҥо сырдатарга, билиһиннэрэргэ  анаан баай матырыйааллаах түмэллэниэхпитин баҕарабыт. Кинилэр туох  сэргэх сэһэннээх, үһүйээннээх,  олохтоох-дьаһахтаах нэһилиэккэ кэлбиттэрин уонна  Хатаһы Хатас дэппит дьону-сэргэни билиэхтэрин баҕаралларыгар саарбахтаабаппын. Ааттара-суоллара киэн тутта ахтыллар дьон ортотугар билэр киһилэрэ, аймахтара да баар буолуохтарын сөп. Онон, нэһилиэк түмэлэ  тэриллиитин туруорсабыт.  Дьаһалтаттан чугас турар эргэ дьиэҕэ гаас уонна уот ситимин тарда сылдьаллар. Түмэли тэрийэр судургу дьыала буолбатах, докумуоннара, ирдэбилэ элбэх, ыллыбыт да “түмэл” диэн ааттыыр кыахпыт эмиэ суох.  Онон, бастаан утаа быыстапкалыыр саала курдук саҕалыыр баҕалаахпыт. 

Былырыын “Хатас” сопхуос тэриллибитэ 60 сылыгар олус элбэх интэриэһинэй түһүмэхтэрдээх кинигэ күн сирин көрөн, дьоммутугар-сэргэбитигэр умнуллубат күндү бэлэх оҥоһуллубута. Ону сэргэ, уйгуну-быйаҥы олохтоспут, дьоһуннаах үлэ  холобурун  көрдөрбүт  “Хатас”  сопхуоска үлэлээбит дьиэ кэргэттэри, династиялары сырдатар кинигэ бэчээттэммитэ. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Хатас нэһилиэгэр сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан ыла  биһиги нэһилиэкпитин салайан кэлбит дьон туһунан     Ольга Константиновна Васильева  көҕүлээн истиэндэҕэ матырыйаал хомуйбута. Оттон билигин «Тускул»   Култуура киинин  уопсастыбаннаһы кытары үлэлиир исписэлииһэ Наталья Ивановна Руфова көҕүлээһининэн ол матырыйааллары кэҥэтэн, эбии хомуйан,      Саха АССР 100 сылын көрсө кинигэ бэлэмнэниэхтээх.  

 

х х х

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын усталаах-туоратыгар   үрүҥ илгэни үлүннэрэн, үүнэр-өрөгөйдүүр, тупсар-туругурар туһугар биллэр кылааттарын киллэрсибит дьонноох-сэргэлээх Хатас кэскилэ – өссө да иннигэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...