19.06.2020 | 17:37

Хатас баһылыга Евгений ПЕРМЯКОВ: "Бэйэ-бэйэни харыстаһыахха"

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хатас – саха уутуйан олохсуйбут мааны туоната. Айылҕата кэрэтинэн, сирэ өлгөм үүнүүлээҕинэн уонна ураты сахалыы куттааҕынан биһирэнэр нэһилиэккэ сыллата көһөн киирээччи элбэх. Тутуу, олоҕу-дьаһаҕы тупсарыы, тыа хаһаайыстыбатын араас салааларын  үлэтэ оргуйан олорор.

Билигин Дьокуускай уокуругун балысханнык сайда турар нэһилиэгин эдэр баһылык Евгений Петрович Пермяков салайар. Нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, тугунан тыынан олороллорун кэпсээтэ.

– Евгений Петрович, бастаан бэйэҕин билиһиннэриэххэ...

– Мин бэйэм төрүт Хатас олохтооҕобун. Хатаска күн сирин көрбүтүм,  Хатас орто оскуолатын бүтэрбитим. Манна Дьокуускайга СГУ-га үөрэнэн история учууталын идэтин ылбытым. Иккис идэм – юрист.

2016 сыллаахха дьаһалтаҕа баһылык солбуйааччытынан анаммытым. 2018 сыл алтынньытыттан салайааччынан үлэлиибин.

– Хатас – Дьокуускай куорат сыллата эбиллэ турар нэһилиэнньэлээх биир бөдөҥ нэһилиэгэ. Нэһилиэнньэтин ахсаана билигин төһөҕө тиийдэ?

– Нэһилиэкпитигэр Хатас уонна Владимировка киирэллэр. Билигин уопсай ахсааммыт 6200 киһи буолла.

Аҕыйах сыллааҕыта элбэх оҕолоохторго 947 уһаайба түҥэтиллибитэ. Онно былырыын 18 км гаас ситимэ тардыллыбыта. Ол иһин быйылгыттан саҕалаан дьиэни-уоту туттан барыахтара дии саныыбын.

Ону таһынан Дьаарын диэн уруккута бааһына сирдэрэ чааһынай дьиэни туттарга ананан ИЖС буолбуттара. Онно быһа холоон 1000-тан тахса чааһынай уһаайба баар буолла. Онон нэһилиэкпит сыллата кэҥии, улаата турар. Аҕыйах сылынан ахсаамыт хас да бүк эбиллэрэ буолуо дии саныыбын.

Хатас 1930-ус сылларга дылы 3 нэһилиэгинэн олорбута: Баҕарах, Хоро, Өрсүт. Онтон бөдөҥсүтүү саҕана Хатас диэн биир нэһилиэк тэриллэр. Билигин нэһиликпитигэр 8 түөлбэлээхпит. Араас социальнай хайысхалаах үлэҕэ буоллун, олоҕу-дьаһаҕы тупсарыыга буоллун – барытыгар түөлбэлэр көмөлөһөллөр. Спартакиада буолан испитэ, бэйэ изоляциятын кэмэ кэлэн тохтоон турар. Үгүс быһаарыныылары түөлбэ салайааччыларын кытта сүбэлэһэн эрэ баран ылынабыт. Түөлбэлэрбит салайааччыларыгар эдэрдэр да, аҕа саастаах да дьон талыллаллар. Онон ханнык баҕарар балаһыанньаҕа ыларга сүбэ биэрэр дьонноохпут. Ону таһынан Владимировкабытыгар старосталаахпыт. Былырыын Владимировкаҕа оҕо балаһааккатын туруорубуппут, киоска маҕаһыын арыллыбыта, суоллар кутуллубуттара. Быйыл эмиэ суол тутуута салҕаныахтаах.

– Дьон сүрүн дьарыгынан уруккутун курдук тыа хаһаайыстыбата буолар диэххэ сөп дуо? Хатастар төһө ынаҕы, сылгыны тутан олороллоруй?

– Хатас тыа хаһаайыстыбатынан былыр-былыргыттан дьарыктанан кэлбит, олоҕун укулаатын саха төрүт дьарыгар тирэҕирэн сайыннарбыт нэһилиэк. Биһиэхэ  төбөтүн ахсаанынан 870 хороҕор муостааҕы тутар бөдөҥ “Баҕарах” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ баар. Ону тэҥэ Хатастааҕы свинокомплекс үчүгэй таһымнаахтык үлэлии турар.

Чааһынай илиигэ билигин 447 хороҕор муостаах, 405 сыспай сиэллээх баар. Ону таһынан бааһынай хаһаайыстыбаларга 95 ынах, 272 сылгы ааҕыллар. Эбии СХПК 95 төбө сылгыны тутар.

Уопсайа Хатас нэһилиэгин тэрилтэлэригэр 700-тэн тахса олохтоох дьон үлэлиир, уоннааҕылар бары куоракка үлэлииллэр, ону тэҥэ устудьуоннарбыт бааллар. Быһа холоон 2000 кэриҥэ киһи күннэтэ куоракка киирэн үлэлиир уонна үөрэнэр диэххэ сөп.

Хатаспытыгар 15 араас тэрилтэ үлэлиир: орто оскуола, оҕо уһуйаана, Оҕо искусствотун оскуолата, 7-ис нүөмэрдээх оҕо спортивнай оскуолата, “Ситим” оҕо айымньытын дьиэтэ, балыыһа, баһаарынай чаас, газовай учаастак, “Тускул” култуура киинэ, почта, “Прогресс” диэн тутуу тэрилтэтэ, “Чистая вода” ыраас ууну оҥорор ИП, 18 маҕаһыыннаахпыт, элбэх урбаанныттардаахпыт о.д.а.

Түгэнинэн туһанан, Хатаспыт тэрилтэлэригэр, үлэлиир урбаанньыттарга, дьоҕус тэрилтэлэргэ махтал тылларын аныахпын баҕарабын. Нэһилиэк иһинээҕи тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөхтүк кытталларыгар, дьаһалтаҕа сүбэ-ама, өйөбүл буолалларыгар махтанабыт. Ситиһии көтөллөөх сылдьалларыгар баҕарабыт.

– “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырагыраама чэрчитинэн быйыл ханнык суоллар оҥоһуллан эрэллэрий?

– Бу бырагыраама чэрчитинэн, Аржаков уонна Совхозная уулуссаларга 2 км суол өрөмүөннэнэр. Аржаков уулуссатыгар оптуобус тохтобула оҥоһуллар уонна саҥа суол бэлиэлэрэ туруохтаахтар. Элбэх оҕолоохторго түҥэтиллибит сирдэргэ киирии суоллар оҥоһуллуохтаахтар, быйылгыттан 3 км суол оҥоһуута саҕаланар. “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырагыраама үлэтэ саҕаланыан иннинэ уопсастыбаннай дьүүллэһиилэр буолан ааспыттара. Онно олохтоохтортон Совхозная уулуссаны сырдатыыга этиилэр киирбиттэрэ. Биһиги сүрүн тэрилтэлэрбит бу уулуссаҕа тураллар – оскуолаларыбыт, кулууппут, почтабыт, балыыһабыт, ол иһин сырдатыы боппуруоһун боротокуолга киллэттэрэн, Суол управлениетыгар уонна Главстройга баһылык солбуйааччыта Евгений Григорьев сорук быһыытынан  туруорбута.

Хатаска баар 63 уулуссаттан 3 эрэ уулусса асфаллаах – Каландарашвили, Аржаков уул. уонна Совхозная. Онтон атын уулуссаларбыт кутуулар, билиҥҥи балаһыанньабытынан, суолбут аҥаарыттан ордуга өрөмүөҥҥэ уонна кутууга наадыйар. Быйыл экономиябытын эмиэ суол тутуутугар ыытыахтаахпыт. Ол суумабыт кыра соҕус да буоллар, тыын боппуруоспутун быһаарарга кыһаллыахпыт.

– Национальнай бырагыраама таһынан бэйэ күүһүнэн суоллары оҥоруу төһө ыытылларый?

– Бэйэ күүһүнэн, нэһилиэк бүддьүөтүн туһанан суолларбытын эмиэ оҥоробут. Былырыын 2 км суолу куттарбыппыт. Быйылгы былааммыт онтон кырата суох. От ыйыттан саҕалаан өрөмүөммүтүн оҥорон барыахпыт.

– Хатас олохтоохторо кэнники сылларга “хараҥанан харбыалаһан сылдьабыт” диэн сытыы кыһалҕалана сылдьыбыттара. Ол боппуруос хайдах быһаарыллан эрэрий?

– Уулусса сырдаатыытын үлэтэ Дьокуускай куорат уокуругар ылыныллыбыт “Светлая столица” диэн бырагырааманан барар. Былырыын 4 уулуссаҕа сырдатыы ситимэ тардыллыбыта. Ол курдук, Северная, Кыайыы 50 сыла, Ленин уулуссалара сырдаатылыр. Совхозная уулуссаҕа оптуобус сылдьар сиринэн 24 банаардар ыйаннылар.

Быйылгы былааммыт бу бырагырааманан өрүһү туоруур сиртэн саҕалаан Каландарашвили уулуссанан, онтон Петров, Шараборин ааттарын сүгэр уулуссаларынан сырдатыы ситимэ тардыллыахтаах. Маалгын түөлбэҕэ диэри эмиэ банаардаах остуолбалар туруохтара. Ону тэҥэ Покровскай тракка ГАИ поһуттан Хатас эргииригэр диэри эмиэ сырдатар банаардар ыйаныахтара.

Биллэн турар, салҕыы бэйэбит күүспүтүнэн бырагыраамаҕа киирбэтэх, кылгас уулуссаларбытыгар от ыйыттан остуолбалары туруоран, банаардары ыйаан барар былааннаахпыт.

– Оттооһун былаана быйыл хайдаҕый? От төһө үүннэ?

– Сүөһүлээх, сылгылаах дьоммут үксүлэрэ улахан хойдуһабытыгар Улуу Арыы диэн сиргэ баран оттууллар. Чааһынай дьоммут былааннара быйыл 2000 тахса туонна от буолар.

От үүнүүтэ быйыл үчүгэй буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, сааскы халаан уута элбэх киирбитэ.  Уонна бу ый ортото бэркэ ардаата, онон үүнүүлээх дьыл буолуо диэн эрэх-турах сананыахпытын сөп буолла.

– Сааскы халаан уутуттан быыһыыр дамба туһунан. Быстан эрэр сыыр үрдүгэр олороҕут...

– Боротуока кытыытыгар олорор буоламмыт  халаан уутун куттала өрүү баар буолааччы. Сааскы халаан уутугар бэлэмнэнии үлэтин сыллата ыытабыт. Суһал штаб тэриллэн, тиэхиньикэ бэлэмнэнэн саас өрүс мууһа барарын саҕана үлэ бөҕө барар.

Биэрэкпит сиҥнэр. Бу биир сытыы кыһалҕабыт. Былырыын куорат резервэлээх пуондатыттан үп-харчы тыырыллан, 200-тэн тахса миэтэрэлээх сиргэ таас кутуллан, биэрэги бөҕөргөтүү миэрэлэрэ кэмигэр ылыллыбыттара. Ити үлэ булгуччу салҕаннаҕына эрэ табыллар, ол туһугар куорат тустаах тэрилтэлэрин кытта үлэбитин тохтоппоппут. Биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ кэмиттэн кэмигэр ыытыллыан наада.

– Хатаска олохсуйуон баҕалаах элбэх. Ордук улуустан көһөн киирээччилэр саха уутуйан олохсуйбут сирэ буолан талаһаллар. Сир сыаната барыллаан төһөнүй? Төһө ыарыы турарый?

– Хатаспыт сыл аайы улаата, кэҥии турар. Сир сыанатын дьон атыылыыр биллэриилэриттэн билэбит. Биллэриилэри үөрэтэн көрдөххө, сыана наһаа араастаһар. Манна тыа хаһаайыстыбатыгар, чааһынай дьиэ туттарга анаммыт сирдэр бааллар. Сыана 700-800 тыһ. солк. тиийэ баран эрэр.

– Хатас сирин атыылаһарга Тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сир буолан хаалыан сөп эбэтэр атыыланара көҥүллэммэт сир түбэһиэн сөп диэн баар. Маныаха эн тугу этиэҥ этэй?

– Маныаха биир саамай сүрүн суолу ыйыам этэ – ханнык баҕарар дэриэбинэ дуу, куорат дуу бигэргэммит, хас эмэ туһааннаах салааларынан оҥоһуллубут, үчүгэйдик толкуйдаммыт генеральнай былаанынан сирдэтинэн сайдар. Ол эбэтэр гаас ситимэ, суол-иис оҥоһуллуута, тупсарыы үлэтэ, инфраструктура тэриллиитэ тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэргэ оҥоһуллубат, былааҥҥа киирбэт. Генеральнай былааҥҥа нэһилиэнньэлээх пуун кыраныыссатыгар киирбит сирдэргэ эрэ олоҕу хааччыйар ситимнэр холбоноллор.

Ону таһынан ураты харыстанар, ураты аналлаах сирдэр диэннэр бааллар. Ол курдук, Хатаска үрдүк баттааһыннаах гаас ситимэ барар, улахан кыамталаах уот линиялара ааһар, Оборона министиэристибэтин анал сирдэрэ бааллар диэн аһаҕастык этэр тоҕоостоох.

Онон сир атыылаһааччыларга анаан этиэхпин баҕарабын: ити үөһээ этэн аһарыт өрүттэрбин барытын учуоттаан, сири үөрэтэн көрөн эрэ баран атыылаһарга кыһаллыҥ. Кэнники дьиэ туттарга, олохсуйарга сатаан туоратыллыбыта даҕаны ыарахаттары көрсүөххүтүн сөп.

– Коронавирус дьаҥын тарҕаныыта үлэҕитигэр төһө дьайыылаах буолла? Хатаска ыалдьыбыт дьон ахсаана кэнники элбээтэ диэн пандемияны утары үлэлиир куорат штаба иһитиннэрбитэ...

– Саҥа коронавирус диэн ыарыы биһиэхэ эрэ буолбакка, Арассыыйа, аан дойду үрдүнэн күүскэ тарҕанна. Биһиги нэһилиэкпитигэр бүгүҥҥү күҥҥэ 95 киһи ыалдьыбыта биллэр.

 Мин биир дойдулаахтарбыттан бэйэ изоляция эрэһиимин тутуһарга, бэйэ-бэйэни харыстаһарга көрдөһөбүн. Эдэр ыччат ити ыарыыны чэпчэкитик аһарынар буоллахтарына, аҕам саастаахтарбыт улаханнык эмсэҕэлииллэр эбит. Элбэх дьон баар сиригэр тоҕуоруспакка, оптуобуска дуу, маҕаһыыҥҥа дуу мааскалаах, бэрчээккэлээх эрэ сылдьыахпытын наада.

Кытаанах ирдэбиллэри тутустахпытына эрэ бу ыарыыны кыайыахпытын сөп.

– Онлайн үөрэҕи, онлайн үлэни төһө кыайдыбыт дии саныыгын?

– Билиҥҥи балаһыанньа ирдэбилинэн, үгүс тутаах тэрилтэлэрбит ыраахтан олорон үлэҕэ, үөрэххэ көспүттэрэ. Биһиги, салалта, эмиэ сорох боппуруостарбытын онлайн мунньахтарга быһаарсабыт.

Ол эрэн суол өрөмүөнэ, сырдатыы ситимин, сайыҥҥы уу ситимин тардыы, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр өрөмүөннэрэ о.д.а. үлэлэр хайдах да онлайн оҥоһуллар кыахтара суох. Бэдэрээттээх тэрилтэлэрбитин кытта син биир ыкса үлэлиибит. Үлэни хонтуруоллуубут, илэ сылдьан көрөбүт-истэбит, үөскээбит боппуруостары миэстэтигэр быһаарсабыт. Төһө даҕаны ыарыы турбутун иһин былааннаммыт үлэ барыта кэмигэр толоруллуо.

– Арай хааччаҕа суох үп көрүллэрэ буоллар, бастатан туран эн Хатас ханнык кыһалҕатын быһаарыаҥ этэй?

– Биһиги нэһилиэкпитигэр сүрүн кыһалҕаларбыт – суолбут оҥоһуута, уулусса сырдатыыта, спортивнай саала тутуута, биэрэкпитин бөҕөргөтүү буолар. Икки сыллааҕыта нэһилиэнньэбитигэр анкеталааһыны ыыппыппыт. Онно бу кыһалҕалар бары элбэхтик ыйыллыбыттар этэ.

Хааччаҕа суох үп көрүллэрэ буоллар ити кыһалҕалары быһаарарга туттуохпут этэ дии саныыбын.

Хаһыакка тахсар түгэмминэн туһанан, баһылык Сардаана Владимировна Аксентьеваҕа уонна дьаһалта бары салааларыгар биһиги нэһилиэкпитин тупсарыы өттүгэр, социальнай хайысхаҕа үп-харчы кэмигэр көрүллэн иһэрин иһин, бар дьонум аатыттан махталбын биллэриэхпин баҕарабын.

Быйылгы Ыһыахпыт төһө да онлайн буоллар, бэйэҕит дьиэҕит, тиэргэҥҥит иһигэр самаан сайыны айхаллааҥ, арычаланыҥ, ыраастаныҥ, күүстэ-уохта ылыныҥ.

Хатас олохтоохторо, туох эмэ этиилээх, ыйытыылаах буоллаххытына электроннай аадырыспытыгар admkhatass@mail.ru суруйуоххутун эбэтэр сибээскэ тахсыаххытын сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....