18.10.2021 | 15:00

Хас биирдии оҕо уратытын учуоттуубут

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

«Харысхал» аһымал пуондата доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго үгүс үлэни ыытар. Бырайыага элбэх, барытын ааҕан сиппэккин. Бүгүн пуонда ураты оҕолору кытта үлэтин кылгастык билиһиннэрэбит.

Нюргуяна Попова, «Харысхал» аһымал пуондата инклюзивнай бырайыактарын салайааччыта:

– Быйыл «Харысхал» аһымал пуондата төрүттэммитэ 10 сыла буолла. Билигин биһиги пуондабыт иһинэн «Чудеса кино» медиа-анимационнай устуудьуйа уонна  «Маленький принц» театр-устуудьуйа үлэлииллэр. Бу куруһуоктар хара маҥнайгыттан тэриллибиттэрэ уонна суолларын-иистэрин номнуо буллулар.  «Чудеса кино» устуудьуйа икки хайысханан үлэлиир. Ол курдук, куруһуок курдук мэлдьи дьарыктанар оҕолордоохпут. Ону таһынан баҕалаах оҕолорго (бөлөхтөргө арааран) маастар-кылаастары ыытабыт.

– Ити икки устуудьуйа туһунан кылгастык кэпсии түһүөҥ дуо? Оҕолор хас саастарыттан дьарыктаналларый? Туох ситиһиилээххитий?

– «Маленький принц» – оҕолор айар дьоҕурдарын арыйар аналлаах куруһуок. Сыл аайы саҥа испиктээкиллэри туруорабыт. Оҕолорбут өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар.

«Чудеса кино» устуудьуйаҕа 6-тан 18-гар диэри саастаах оҕолор дьарыктаналлар. Салайааччы саастарынан бэйэтэ көрөн наардыыр, сорудахтары биэрэр. Биллэн турар, хас биирдии оҕо уратытын учуоттуур.

Театрбытыгар 6-тан 14-гэр диэри саастаах оҕолор дьарыктаналлар. Хара бастакыттан сылдьыбыт оҕолор номнуо улааппыттара, бэйэлэрин артыыс курдук сананар буолбуттара. Онон «Алгыс» диэн инклюзивнай театр туспа НКО быһыытынан тэриллибитэ.

Маны таһынан «Дзен» диэн устуудьуйаны кытары иккис сылын үлэлиибит. Салайааччы аҕыйах оҕону бэйэтэ сүүмэрдээн дьарыктыыр. Сороҕор маастар-кылаастары ыытар. Онон биһигини кытта үлэлиэн баҕалаах дьону кытта араас бырайыактары толкуйдаан олоххо киллэрэбит. Уопсайынан, хас биирдии исписэлииспит оҕо уратытын таба көрөн, учуоттаан үлэлиир.

– Быйыл үбүлүөйдээх сылгытын хайдах бэлиэтээтигит, ханнык тэрээһиннэри ыыттыгыт?

– Сыл устата тэрээһиннэрбит үбүлүөйбүт чэрчитинэн ыытылыннылар. Пандемиянан сибээстээн хайдах даҕаны киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир кыахпыт суох.   

Инбэлиит, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору кытта үлэлэһэр педагогтарга семинардары ыытабыт, бэйэбит уопуппутун атастаһабыт, билиибитин үллэстэбит. 

Колл-кииммит нүөмэрэ: 705-887

Пресс-сэкирэтээр Екатерина Винокурова кэпсээбитинэн, бу күннэргэ “Олоҕу таптыыбын” уонна “Харысхал” аһымал пуондалара кыттыһан, киин куорат оскуолаларыгар, үрдүк үөрэх кыһаларыгар, волонтердар кииннэригэр уонна көннөрөр холуонньаларга “Доҕордоһуу уонна Үтүө санаа нэдиэлэтэ” диэн тэрээһини ыыталлар. Онон “Харысхал” үлэтэ үгүс, былаана киэҥ, бырайыага баһаам. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....