07.03.2024 | 12:00

Хас биирдии киһи кинигэ суруйуохтаах

Аныгы үйэ тэтимигэр олорсон, омос көрдөххө, үйэ тухары баар үгэс буолбут идэни билиҥҥи кэм ирдэбиллэригэр эппиэттэһэр гына айааһыыр дьоммут сахаҕа аҕыйаҕа суохтар. Олортон биирдэстэрэ Национальнай библиотека үлэһитэ, кинигэ продюсера, издатель – Наталья Игнатьева.
Хас биирдии киһи кинигэ суруйуохтаах
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Наталья Эдиссоновна Игнатьева – СӨ Баһылыгын Дьаһалтатын, Ил Түмэн, Ыччат уонна социальнай политика, Тыа хаһаайыстыбатын, Экология министиэристибэлэрин кинигэҕэ бырайыактарын салайан таһаарар. Саха ааҕааччытын биһирэбилин ылбыт аныгы ааптардар Сандаара Кулаковская, Виталий Егоров, Лена Диодорова, Дмитрий Михайлов, Ариадна Винокурова о.д.а. кинигэлэрин продюсера.

– Кинигэ таһаарыытыгар хайдах кэлбиккиний?

Киһи олоҕор дьылҕатыгар суруллубута хайаан да ситэр дииллэрэ кырдьык быһыылаах. 1,5 саастаахпар, төрөппүттэрим кэпсииллэринэн, уруучуканы уонна кумааҕыны тута сылдьар үһүбүн. Туох да дьэрэкээн оонньуурга онтуларбын атастаспат эбиппин. Биирбин туолуом иннинэ ыарыы түмүгэр, быраастар ийэбэр “4-5 сааһыгар диэри, баҕар, хаамыа суоҕа” диэбиттэрин үрдүнэн, балтараабар, аһара да үчүгэйдик буолбатар, син барбыппын. Ийэм “аны бу кыыс уруучукаҕа дэҥнэниэ” диэн ол баҕалаах устуукабын кистиир идэлэммит. Биирдэ саҥа хардыылыы сатыы сылдьар киһичээн уруучукатын булан ылан, сулбу тардаат, сүүрэн бөкүнүйбүт уонна боруоктан иҥнэн умса баран түспүт. Ийэлээх аҕам кыыстарын уҥа иэдэһиттэн чоройон турар уруучуканы көрөн “һуу-һаа” бөҕө буолбуттар. Ити бастакы түбэлтэ.

Иккиһинэн, оҕо эрдэхпиттэн кинигэ доҕордоохпун. Кинигэни саҕалыам иннинэ биир дьикти үгэстээх этим: бастатан туран  бүтэһик сирэйин ааҕарым, онно ким оҥорбутун туһунан суруллар, нууччалыы эттэххэ, “выходные данные”: эрэдээктэр, тылбаасчыт, тэхиньиичэскэй эрэдээктэр, таҥан таһаарааччы, дизайнер уо.д.а. Тоҕо ону ааҕарбын оччолорго билбэт этим, “дьэ өйдөөх дьоннор буолуо” дии саныырбын өйдүүбүн.

Онтон, дьэ, СГУ  Филологическай факультетын нуучча тылын салаатын бүтэрэн үлэ көрдөнө сырыттахпына, эдьиийим “Бичиккэ” эрэдээктэр көрдүүллэр, ол эрээри уопуттаах киһиэхэ наадыйаллар үһү, син биир бара сырыт” диэтэ. Сарсыныгар долгуйа-долгуйа тиийдим. “Мунньах буола турар, кэтэс”, диэтилэр. Өр да кэтэстим. Онтон эбиэккэ атын сиргэ собеседованиеҕа барыахтаахпын. “Мин кинигэ оҥорууттан олох ыраахпын, уопута суох киһини ылбат бөҕө буоллахтара, буолаары буолан “Бичиккэ”! Чэ, бээ, куотууһукпун...”, – дии санаат, Бэчээт дьиэтиттэн тахсан бара турдум. Ити 2008 сыл этэ.

Ол собеседованиелаабыт сирбэр олус үчүгэйдик аҕыс сыл үлэлээбитим, уопут бөҕө ылбытым. Ол гынан баран санаабар наар туох эрэ тиийбэт курдуга, олохпун таах, туһата суох атааран эрэбин дии саныырым. 2015 сыллаахха эдьиийим, архыып дириэктэрин солбуйааччы, элбэх кинигэ ааптара Наталья Степановна Степанова “Бичиккэ нуучча тылынан үлэлиир эрэдээктэри көрдүүллэр, бара сырыт” диэтэ. Сакааһынан тахсар эрэдээксийэ сэбиэдиссэйэ, миигин кинигэни оҥоруу эйгэтигэр сиэтэн киллэрбит, улаханнык ытыктыыр, таптыыр күндү киһим Линда Николаевна Иванова үөрэ-көтө көрүстэ, тута хап-халыҥ А4 кумааҕыга бэчээттэммит тиэкиһи туттаран кэбистэ уонна: “Манна олор, эбиэккэ диэри төһөнү уонна хайдах оҥороргун көрүөхпүт”, диэтэ. Мин тута тиэкиһим иһигэр киирэн хааллым. Син көннөрүүлэри оҥордум. Сэбиэдиссэйим: “Дьиэҕэр илдьэ бар, барытын оҥорон баран аҕалаар”, диэтэ. Ити тургутуу кэнниттэн “Бичикпэр” үлэҕэ киирэн хааллым. Манна диэн эттэххэ, биир үлэ миэстэтэ баарыгар икки этибит. Тургутууну ааһаммыт, хата, иккиэммитин ылбыттара. Онон, олоххор ханнык да суолу талбытыҥ иһин, син биир кэлиэхтээх сиргэр урут дуу, хойут дуу кэлэр эбиккин. Уонна ол сириҥ – бу олоххо миэстэҥ буолар эбит.

 

– Кинигэни продюссердыыр идэ туһунан үгүстэр билбэт буолуохтаахтар. Эн идэҥ туох уратылааҕый? 

Үлэбинэн көрдөхпүнэ, кинигэ продюсерыгар билиҥҥи кэмҥэ дьон олус наадыйар эбит. Тоҕо диэтэххэ продюсер ыраас илиистэн кинигэни оҥорон таһаарар. Ол аата, холобур, ааптар кинигэ суруйуон олус баҕарар, төбөтүгэр быһа холоон идеялаах, ол гынан баран онтун сатаан кумааҕыга түһэрбэт, бириэмэтэ тиийбэт, тылын-өһүн сааһылыыр кыаллыбат – биричиинэ араас буолар. Бу түгэҥҥэ киниэхэ продюсер көмө буолар. 

Продюсер кинигэни таһаарыыны барытын салайар: идеяттан саҕалаан, бэлэм буолан тахсыар диэри түһүмэхтэри барытын хонтуруоллуур. Кинигэ тутулун, ааптар толкуйа хайа диэки салалларын быһаарар, эрэдээксийэлээһин, типографияны булуу, кинигэ буолан тахсыбытын кэннэ тарҕатыыны кытта кини ыытар.

Ол курдук оҥоһуллан тахсар суолун устата ааптар уонна продюсер биир ситимҥэ үлэлииллэр. Кинигэ тахсыыта – халыҥ хамаанда үлэтэ.

Кинигэ продюсера диэн литература, эрэдээксийэлээһин, издательскай дьыала, маркетинг, пиар, продукт-менеджмент курдук хайысхалары кытта ситимнээх олус интэриэһинэй идэ. 

Оттон ааптарга продюсер сүрүн тирэх буолар аналлаах.

 

Кинигэ өлбөт үйэлэнии

Кистээбэккэ эттэххэ, үлэм сылаалаах. Ол эрээри олус интэриэһинэй. Элбэх дьону кытта алтыһабын, билсэбин. Уопсайынан, дьону наһаа таптыыбын, хас биирдии киһи кинигэ суруйуохтаах дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ киһи бу дойдуга саамай күүстээх, өйдөөх, историяны оҥорор сүдү толкуйдаах. Ол кинилэр толкуйдарын, бу дойдуга буолбут араас түгэннэри үйэ-саас тухары кинигэҕэ – үйэлээх харайааччыларга – түмэн кэнчээри ыччакка хаалларар, ол аата ааптардары үйэтитэр. Бу – мин миссиям. Ол иһин дьарыкпыттан дуоһуйууну ылабын. Мэлдьи этэрим курдук, “ааптардарбар өлбөт үйэлэниини бэлэхтиибин”.

– Ким баҕарар кинигэ таһаарыан сөп диигин. Сатаан суруйбат дьон хайдах гыныахтаахтарый, туохтан саҕалыахтаахтарый?

Кылгастык быһаардахха, маннык:

1) Тиэмэтин быһаараҕыт. Тугу интэриэһиргииргитинэн буолар;

2) “Миэхэ бу кинигэ туохха нааданый?” диэн ыйытыыга хоруйдуохтааххыт – бу эһиги сыалгыт;

3) Ханнык жанрга сыһыаннаах кинигэ буоларый?  Холобур, бизнес-литература, научнай-популярнай, уус-уран, бизнес-арамаан, популярнай (кулинария, хобби), фантастика, политическай о.д.а.);

4) Кинигэҕит уратытын, күүстээх уонна мөлтөх өттүн өйдөөҥ (туох уратылааҕый, тугун күүһүрдүөххэ сөбүй?);

5) Кинигэ тутуһар позицията (холобура, оҕолорун ситиһиилээх гына иитиэн баҕарар төрөппүттэргэ, бэйэлэригэр үрдүк итэҕэллээх дьоҥҥо, бизнесменнэргэ о.д.а.);

5) Кинигэ суруллар болдьоҕун чопчулуугут;

6) Тахсар көрүҥэ (бэчээтинэн, электроннай көрүҥүнэн);

 7) Кимнээхтэн отзыв уонна рецензия ылыахха сөбүй?

 8) Кинигэ анаммыт аудиторията кимнээҕий?

9) Ханнык түмүктэн дуоһуйабын?

 

– Билигин аймаҕынан, нэһилиэгинэн кинигэ таһаарар үгэс киирдэ. Төрүччүнү, төрдүлэрин-уустарын хасыһан үөрэтэр да дьон үгүс. Орто кээмэйдээх стандартнай ахтыы кинигэтэ төһө өр оҥоһулларый, төһө ахсаанынан тахсыан сөбүй?

– Орто кээмэйдээх кинигэ, үлэбинэн көрдөхпүнэ, 112 сирэйдээх буолар. Оҥоһуллар бириэмэтэ, рукопиһа бэлэм буоллаҕына, 2-3 ыйга тиийэр. Оттон тиэкиһэ бэлэмэ суох буоллаҕына, сыл аҥаарын курдук оҥоробут. Дьон дьиэ кэргэнин туһунан кинигэни 30-50-100 ахсаанынан таһаартарар. Төлөбүрэ сакаасчыт тугу баҕарарыттан тутулуктаах: туох киэргэтиилээҕий, халыҥ тастаах дуу, чараас дуу, өҥнөөх дуу, суох дуу, халыҥа хайдаҕый, төһө хаартыскалааҕый, тиэкис хаачыстыбата – барыта оруолу оонньуур.

 

Ситиһиилээх кинигэлэр

– Мин үлэлэспит ааптардарбын олус ытыктыыбын, кинилэринэн киэн туттабын, талааннарыгар сүгүрүйэбин. 
Саамай өр үлэлэспит ааптарым Виталий Егоров. Виталий Михайлович детективнэй сэһэннэр ааптардара. Кини айымньылара дьиҥ буолбукка олоҕураллар. Сулууспатын усталаах-туоратыгар боростуой оперативниктан Саха сирин ИДьМ криминальнай милииссийэтин начаалынньыгын солбуйааччыга тиийэ үлэлээбит. Холуобунай дьыалалары арыйыы иһин элбэх наҕараадалаах. Тус бэйэтэ элбэх ыар буруйу, сүнньүнэн, киһини өлөрүү дьыалаларын арыйбыт. Ол быһыытынан киһи туох санааттан  ыар аньыыны-хараны оҥорорун, ол туох содуллааҕын кини бэркэ билэр. “Бичиккэ” үлэлиир кэммэр 8 кинигэтин таһаарбыппыт. Онтон уурайан барарбар: “Эйигинниин барсабын”, – диэн, аны миэхэ бэйэбэр сүбэлэттэрэр буолбута. Кини кинигэлэригэр уус-уран салайааччы (арт-руководитель) курдук үлэлээн саҕалаабытым. Виталий Михайловичтыын, кини продюсера, эдьиийэ Капиталина Михайловналыын, олус тапсабыт. Бэйэ-бэйэбитин өйдөһөбүт, кинилэр миэхэ эрэнэллэрин иһин олус махтанабын. Виталий Егоров кинигэлэригэр Арассыыйа саамай улахан ЭКСМО диэн кинигэ кыһата хантараак түһэрсибитэ. Сорох биһиги оҥорбут обложкаларбытын ЭКСМО туһанар. Билигин Виталий Михайловичтыын 16-ыс кинигэбитин бэчээккэ ыыттыбыт. 

2023 с. сайыныгар Румынияҕа олорор Полина Миклиуктуун уонна Санкт-Петербурга олорор Мария Цюхцинскаялыын “Сказки  о сбывшихся мечтах” диэн кинигэни таһаарбыппыт. Бу кинигэни мин ис дууһабыттан таптыыбын, тоҕо диэтэххэ бу остуоруйаларга киһи дьоллоох буолар кистэлэҥэ баар – бэйэҕэр эрэн, бу сиргэ эн кыайбатыҥ диэн суох диэн санаа. Остуоруйалар нөҥүө оҕолорбутугар кыраларыттан итинник сөптөөх санаалары иҥэрдэхпитинэ, төһөлөөх дьоллоох, толору дьону иитэн таһаарыахпыт этэй?!
 

Ааҕааччылар фантастиканы кэтэһэллэр

– Саха сирэ саамай ааҕар регион быһыытынан биллэр. Эн санааҕар, ааҕааччылар ордук ханнык жанрдаах кинигэни ордороллоруй?

– Библиотекаҕа үлэлиир буолан маннык диэхпин сөп, биһиги ааҕааччыларбыт кинигэҕэ аһара талымастаабаттар. Уус-уран да, научнай хабааннаах да, публицистика да – хас биирдии кинигэ ааҕааччытын булар. Кыра саастаах оҕолор үксүн, биллэн турар, өҥнөөх комикстары, остуоруйалары ордороллор, обургу оҕолор –фантастиканы. Манна диэн эттэххэ, ким эмэ фантастика суруйуон баҕарар буоллаҕына, этиэм этэ – ааҕааччылар олус кэтэһэллэр.

Саҥа сүүрээн Young Adult хайысханан бу соторутааҕыта эдэр суруйааччы Астра Яковлева “Бабочки внутри” диэн ураты сюжеттардаах кинигэтин таһаарбыппыт.  Янг эдалт хайысха кинигэлэрэ – “эдэр улахан дьон литературата”, обургу саастаах оҕолорго туһаайыллар. Оҕо литературатыттан улахан киһи киэнигэр көһүүнү сымнатар.

Эдэр дьон билигин нон-фикшн хайысханы сэҥээрэллэр. Олоххо  ситиһиилээх дьон туһунан, психологияны, ону ааһан философияны ордороллор. Уус-уран литература, классика да, аныгы да суруйааччылар кинигэлэрэ эмиэ сэҥээриини ылаллар.

 

– Бэйэҥ ханнык ааптардары сөбүлүүгүнүй? Төһө ааҕаҕын?

Мин барытын ааҕабын, ону үлэм эрэйэр. Мин санаабар, ханнык баҕарар кинигэттэн киһи тугу эрэ билиэн-көрүөн сөп. Ол туһугар арыт “строка быыһынан” ааҕыахха наада. Кинигэ ааҕыыта – бу мин үлэм, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри кинигэ ааҕабын, ол эрэн тахса илик кинигэлэри. Онон ис хоһоонуттан ураты сыыһатын-халтытын көрөбүн. Бу “идэтийбит” өрүт арыт “дууһабынан” ааҕарбар мэһэйдиир. Дьэ чэй куттан, суорҕаҥҥа сууланан баран, оҥостон олорон кинигэ ааҕаары гыммытым, илиим уруучука ылан, тугу эрэ бэлиэтээбитин бэйэм да өйдөөбөккө хаалабын. Онон, аудиокнига истэр буола сылдьабын. Бастатан туран, сөбүлүү көрөр, кинилэр олоххо көрүүлэрин, интэриэһинэй дьон сүбэлээбит кинигэлэрин сэҥээрэбин, онтон бестселлердары (туох уратылаах буолан бестселлэр буоллулар диэн – үлэбэр туһалаах буоллаҕа). Олох сынньаныахпын баҕардахпына, классиканы ааҕабын. Омуктартан Теодор Драйзеры, нууччалартан Федор Достоевскайы, сахалартан Даланы ордоробун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...