19.11.2022 | 10:00

Хас биирдии киһи — бэйэтэ хатыламмат история

Хас биирдии киһи — бэйэтэ хатыламмат история
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Киинэ көрө олорон киһи артыыс дьүһүнүн, саҥатын-иҥэтин, туттарын-хаптарын өйдөөн хаалар. Бүгүн кэпсиир дьоруойум – П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа Ирина Михайлова. Кини аҕыйах хонугунан куорат бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсаары турар “Биһиги кыһыммыт” киинэҕэ сүрүн оруолу толордо.

— Ирина, дорообо! Үгүс көрөөччү эйигин сыанаҕа көрбөтөҕө ыраатта, билигин ханна олороҕун, тоҕо көстүбэт буоллуҥ?

— Бу сайын иккис оҕобун оҕоломмутум, билигин Аммаҕа кэргэним дьонугар оҕолорбун көрөн олоробун.

— Ээ, ыал буолбуккунан эҕэрдэлиибин! Бачча кыраһыабай кыыс кими дьоллуура буолла диэн куруук саныыр этим...

— 2018 сыллаахха Степан Бурнашевтуун ыал буолан, бастакы оҕобутун күн сиригэр көрдөрбүтүм. Үлэбэр тахсаары сырыттахпына, аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавирус пандемията саҕаламмыта. Инньэ гынан, төһө эрэ кэмҥэ хааччахха олорон, уһун тохтобул буолбута. Балтараа сыл тыйаатырбар тахсан үлэлээбитим, онтон декреккэ иккиһин барбытым. Төһө даҕаны дьиэҕэ олордорбун, тыйаатырбын наһаа ахтабын.

— Эһиги дьиэ кэргэн туох үгэстээххит?

— Киинэ көрөрбүтүн сөбүлүүбүт. Дьоммутун кытта чэйдиирбитин, сэлэһэрбитин уонна сайын аайы Амма эбэҕэ күөлэһийэ сынньанарбытын, сир астыырбытын ордоробут.

— Уһата-кэҥэтэ барбакка, буруолуу сылдьар саҥа киинэ туһунан кэпсэтиэххэ.

— «Биһиги кыһыммыт” диэн саҥа киинэбит отуттарын ааспыт эдэр ыал кириисискэ киирбит кэмин ойуулаан көрдөрөр. Биир кыһын кинилэр олохторун уларытара кэпсэнэр. Эр киһи, дьахтар тоҥуй сыһыаннара, бэйэ-бэйэттэн хал буолуу, сылайыы, эмоцияҕа куустарыы – барыта көстөр.

— Эйигин элбэх киһи киинэ артыыһынан билинэр. Айар үлэ саамай таһаарыылаах кэмигэр, күөгэйэр күммэр сылдьабын дии саныыгын дуо?

— Пандемия кэмигэр «Ыт» диэн киинэҕэ биир эпизодка, онтон Володя Мункуев «Нуучча» уонна бу тахсаары турар «Биһиги кыһыммыт» киинэлэргэ үлэлээтим. Кэлин уһулла иликпин. Элбэх киинэҕэ уһуллабын дии санаабаппын, хайдах сатанарынан уонна табылларынан. Кэргэним киинэ режиссера буолан, оннук санаа үөскүүрэ буолуо. Бэйэм киинэ эйгэтин сөбүлүүбүн, ытыктыыбын.

— Уопсайа хас киинэҕэ оонньоотуҥ?

— Уһуллубут киинэлэрим: “Юбилей”, “Эрчим уонна Ким”, “Белый ягель”, “Республика Z”, “Ыт”, “Нуучча” уонна бу тахсаары турар “Биһиги кыһыммыт” .

— Мин биири билиэхпин баҕарабын... Киинэҕэ да, тыйаатырга да  артыыстар истэригэр оруол былдьаһыыта диэн баар дуо?

— Саха тыйаатыра бэйэтэ туспа мехнизмнаах, салайар талааннаах. Биһиги ону тутуһан үлэлиир дьоммут. Ол иһин оруол туһуттан улахан этиһии-кыыһырсыы тахсыбат, суох да диэххэ.

— Турукка хайдах киирэҕин? Испэктээккэ да, киинэҕэ да сырыы аайы атын-атыннык оонньуугун дии...

— Оруолга киирэргэ холкутуйуохха, уоскуйуохха наада. Өйү-санааны бииргэ түмүүттэн улахан тутулуктаах. Тиэкис хатылааһына, реквизит, көстүүм бэлэмнэнээһинэ, гримнэнии — барыта лоп бааччы бэлэм буоллаҕына, киһи үлэлииригэр үчүгэй, оруолун  көрөөччүгэ итэҕэтиилэхтик, кыһамньылаахтык тиэрдэр.

Испэктээк сырыы аайы атыннык табыллар. Бу сибилигин, буола турар кэмҥэ. Ол иһин бииргэ оонньуур киһигиттэн, бэйэҥ хамсаныыгыттан, хайдах собуоттаммыккыттан тутулуктаах. Эбэтэр кыратык, бэйэҥ сөптөөхтүк уларыта тутан эмиэ оонньуоххун сөп.

Киинэҕэ оннук табыллыбат буоллаҕа. Ол оннугар дубль диэн баар. Өссө артыыс бэйэтэ саарбахтаатаҕына, астымматаҕына режиссертан «актерскай дубль» көрдүөн сөп.

 

— Арай, артыыс идэтин талбатаҕыҥ буоллар, ханнык эйгэҕэ үлэлии сылдьыаҥ этэй?

— Бука, син биир култуура эйгэтигэр буолуо. Кулууп үлэһитэ, ырыаһыт, үҥкүүһүт буолуом биитэр саха култууратыгар сыһыаннаах үлэҕэ. Тоҕо диэтэххэ точнай наукаҕа сыһыаным суох буолан, оҕо эрдэхпиттэн тыл уонна култуура өттүгэр охтобун.

Кыра сылдьан туох баар идэни барытын баһылыахпын сөп дии саныыр этим. Улааттаххына ким буолаҕын диэн үгүстүк ыйыталлар этэ. Ол иһин киһи бу олоххо туох баҕарар буолар кыахтаах дии саныырым, балерина да буолуохпун сөп диэн толкуйдааччыбын.

Бастакы кылааска учууталым туох идэни баһылыаххытын баҕараҕыт диэн ыйытыытыгар учуутал диэн суруйбутум. Оҕолор ол саҕана бары быраас, учуутал, бырадабыас буолуохтарын баҕарар этилэр.

— Ирина, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Түмүктээх үлэни, элбэх умнуллубат түгэни, саппаҕырбат санааны, айар үлэҕэр үрдүк дабайыылары уонна ааһан эрэр сыл таһаарыылаахтык түмүктэнэригэр баҕарабын.

— Махтал!

«Биһиги кыһыммыт»

Оптуорунньук күн биһиги хаһыаппыт устар бөлөх ыҥырыытынан биллиилээх режиссер Степан Бурнашев саҥа тахсыбыт 12-с киинэтин пресс-көрдөрүүтүгэр сырытта. Саала иһэ тобус-толору киһи. Степан Бурнашев чахчы сахаҕа биир бастыҥ режиссер, талааннаах киһи буоларын өссө төгүл бигэргэттэ. Киинэ уһуллуутугар Саха сирин бастыҥ кинематографистара, ааттаах-суоллаах артыыстар үлэлэспиттэр. Ол иһигэр Арассыыйа сулуһа Ксения Анатольевна Собчак кытта баар. Сюжеты кэпсээбэппит, ол эрээри, чахчы, дьиҥ олоҕу уот харахха ойуулаабыттар диэххэ сөп.

 

 

Көрөөччү санаата

Эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын аан дойду режиссердара уһуллулар ини, уһулбатылар ини. Ол эрээри «Биһиги кыһыммыт» саҥа киинэ таарыйар тиэмэтэ үгүс буолан биэрдэ. Ыал арахсыытын, ипотека хабалатын, көссүүлэһиини, арыгылааһыны, бэл диэтэр, коррупцияны кытта хаарыйан ааһар. Ол эрээри сүрүн болҕомто киһи киһиэхэ сыһыаныгар ууруллар.

Кырдьыга даҕаны, билиҥҥи “сайдыылаах” диэн ааттыыр үйэбитигэр атах тэпсэн олорон истиҥник сэһэргэспэт, ирэ-хоро кэпсэппэт, кыраттан күлбэт-үөрбэт буоллубут эбээт! Баары баардылаабакка, сыаналаабакка, харыстаабакка, ханна эрэ баар дуу, суох дуу дьолу эккирэтэбит, ол сырсыытыгар сылдьан, күммүтүн-дьылбытын барыыбыт. Дьиҥэр, аттыбытыгар баары даҕаны таба көрбөккө, тумна көтөн, дьолбутун мүччү тутарбыт баар суол. Ити курдук, киинэни көрө олорон үгүһү толкуйдуугун, ырааҕы-киэҥи анаараҕын. Дьоруойдары кытта тэҥҥэ долгуйаҕын, ардыгар күлэҕин-үөрэҕин.     

“Биһиги кыһыммыт” күннээҕи олохпутун эбиитэ-сабыыта, киэргэтиитэ суох, хайдах баарынан итэҕэтиилээхтик арыйар, ол кырдьыктан көрөөччү эмиэ да сонньуйан, эмиэ да хараастан ылар. Аҕыйах ый иһигэр олохпут хайдах курдук уларыйарын, тиэрэ эргийэрин режиссер сатабыллаахтык көрдөрөр. Төһөлөөх элбэх Дима уонна Лида аттыбытыгар бааллара буолуой? Киҥир-хаҥыр саҥарсыыттан, кыра кыыһырсыыттан хас ыал олоҕо огдолуйбутай, арахсыынан түмүктэммитэй?

Киинэҕэ Саха сирин тымныы кыһынын көрдөрөр ыыс-быдаан туманнаах күннэрбит, кэтэ сылдьар ичигэс таҥаспыт-саппыт көстөр, бэл диэтэр, абыраллаах “Наташаларбыт” умнуллубатахтар. Сарсыарда аайы дьиэттэн тахсан иһэн бөх быраҕыы “сиэрэ-туома”, киэһэ аайы “тугу сиибит, тугу астыыбыт?” диэн төбө ыарыыта буолбут ыйытыылар хайа да көрөөччүгэ чугастар. Афишаҕа суруллубутунуу, кырдьык, бу историяттан хас биирдии киһи бэйэтин булар. 

Сеанс бүппүтүн кэннэ көрөөччүлэр санааларын эттилэр, ырытыһыыга кыттыстылар. Режиссер Степан Бурнашев маастарыстыбата үрдээн иһэрин, кыра да бытархайдарга болҕомто уурарын, олоххо баары көрдөрбүтүн, артыыстар уобарастарын бэркэ арыйбыттарын, киинэ музыката табыллыбытын элбэх ыалдьыт бэлиэтээтэ. Сорохтор саҕаланыыта чуҥкук, онтон көрөн истэххэ, улам интэриэһинэй буолла диэтилэр. Диманы аһыммыттар, Лиданы сэмэлээччилэр эмиэ бааллар.    

Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук. “Биһиги кыһыммыт” киинэ сэтинньи 24 күнүттэн киинэ тыйаатырдарыгар тахсар. Көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ!

 

Айыына КСЕНОФОНТОВА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....