14.04.2022 | 20:22

Хас биирдии дьахтар иһигэр “Анфиса”

(Николай Габышев 100 сааһынан, “Анфиса” кэпсээҥҥэ тус санаа)
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Мин бүгүн Николай Габышев “Анфиса” кэпсээнин атын харахпынан көрөн, атын өйбүнэн, толкуйбунан ааҕан кэпсиэхпин, санаабын тиэрдиэхпин баҕарабын.

Тус бэйэм ырытааччы да, кириитик буолбатахпын, саха тыла идэлээхпин, бэчээт эйгэтигэр үлэлээбитим 20-тэн тахса сыл буолла.

Суруйар, үлэлиир тиэмэм үксэ официальнай тылбаас этэ, тыйаатырга, айымньыга кириитикэ, ырытыы диэни суруйан көрбөтөх киһибин. Онон бүгүн көннөрү тус санаабын суруйарга холоннум.

“Анфиса” кэпсээн суруллубут сыла – 1961. Бу сыл саамай улахан сабыытыйатынан деноминацияны, ядернай бэрэбиэркэни, күөх экраҥҥа аан бастаан көрдөөх-нардаах биэрии – КВН тахсыытын, Джон Кеннеди быыбарын аахсыбатахха Сэбиэскэй Сойууспутугар Юрий Гагарин киһи аймах ортотугар аан бастакынан космоска көтүүтэ буолбута.

Дьэ бу кэмҥэ ааҕааччыга хорсуннук суруллубут “Анфиса” кэпсээн тахсар. Тоҕо хорсуннук диир буоллахха, суруйааччы Николай Габышев манна аһаҕас, ол сахха бобуулаах да диэххэ дуу, тыҥааһыннаах соҕус түбэлтэлэри, түгэннэри ойуулуур. Мин 80-с сыллар саҥаларыгар “Сүрэх тэбэрин тухары” романы ааҕаары гыммыппын эдьиийдэрим, “өссө эрдэ, кыраҕын” диэн бобон, кистээн кэбиспиттэрин өйдүүбүн.

Ким эрэ буута кылбаҥныыра, эмиийин тумуга көстөрө оччотооҕу ааҕааччыга кырдьык да сирэйи кытардара, кулук-халык, уҥа-хаҥас көрөргө тиэрдэрэ.

Аркадий оннооҕор Анфиса мөтөгөр түөстээх ыга ылбыт маҥан свитердээҕин көрөрүттэн кыбыстар. Онтон эриттэн куотан киирэригэр били маҥан свитерэ хайа тардыллан сыа маҥан санна, кэтит кыһыл эминньэхтээх мап-маҥан толору эмиийэ көстүбүтүгэр Аркадий букатын да иэдэйэр.

Мин бу кэпсээҥҥэ баар Анфисаны сэтэрээбэппин, хата төттөрүтүн хайгыыбын. Билигин кини курдук “анфисалар” элбэхтэр, дьиэ аайы да бааллар. Дьиэ аайы диэн куорат элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин этэбин. Кэпсээҥҥэ сурулларынан Анфиса сүрдээх кыраһыабай, бааһынай хааннаах буолан өссө кыраһыабайа биллэр, бэйэтин атаҕастаппат, оҕолорун олус таптыыр, үлэһит, ыраас, чэнчис дьахтар. Кини хас биирдии дьахтар курдук дьоллоох буолуон баҕарар. Кинини атаҕастаабат, кинини таптыыр киһилэниэн баҕарар. Онон хас биирдии дьахтар иһигэр – Анфиса.

Кинини содур, сэлээччэх, өссө уоруйах, ылыгас диэн холуннараллар. Дьиҥэр кини олус чиэһинэй эбээт. Ыарахан олохтоох, эриттэн кырбанар, атаҕастанар дьахтар бэйэтин бэйэтэ көмүскэммэтэҕинэ, ким көмүскүөй?

Мин бу аат суолтатын интэриэһиргээн аахтым. Ол курдук Анфиса кэрэ дьүһүннээх, нарын-намчы киһи. Омос көрдөххө аанньал курдук буолбутун иһин, иһэ-истээх. Тас көрүҥүнэн эрэ буолбакка, эниэргийэтинэн, булугас өйүнэн киһини тардар. Муодунай, үрдүк хобулукка хаамар, эр дьон болҕомтотун күүскэ тардар эбит. Сүрэхтэрэ ууллубут эр дьон кини угаайытыгар хайдах баҕарар киирэн бэлэҕинэн, минньигэс тылынан көмөн кэбиһэллэр.

Дьэ, ити! Хайдахтаах курдук Анфисаный, биһиги Анфисабыт! Ылан көрүөҕүҥ “Вечный зов” Анфисатын. Эдэригэр төһө да курбууланан кыыс оҕото буоллар кэлин тиһэҕэр аһыныгас, сыыһатын барытын өйдөөн, алҕаһын туора сотон Кирьянын харса суох көрдөөн булан ылар дии.

Онон биһиги кэммит Анфисалара да ити кэпсээн, киинэ дьоруойдарын курдук аттыбытыгар бааллар, хас биирдии киһи олоҕо туһунан кыһалҕалардаах, дьылҕата уустуктардаах, онон бу кэпсээни урут ааҕан баран Анфисаны сүөргүлээбит, сэлээччэх дьахтар курдук омсолоох дьоруой оҥорбут эбит буоллахпына, билигин атын харахпынан, саҥа харахпынан ааҕан олох атыннык ылынным.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Бобёр: «Үрдүк Айыылартан эрэ көрдөһөҕүн, ханнык да хамандыыр кэлэн быыһаабат»
Дьон | 09.05.2025 | 14:00
Бобёр: «Үрдүк Айыылартан эрэ көрдөһөҕүн, ханнык да хамандыыр кэлэн быыһаабат»
Анараа хас биир күн күндү: бүгүн бааргын — сарсын суоххун... Уолаттарбыт барахсаттар араас моһолтон, чуһуурар буулдьаттан, үөһээттэн көтөн кэлэр «дьэгэ-баабалартан» кыл түгэнэ, мүччү-хаччы түһэн төннөн кэллэхтэринэ, айыыларбытыгар эрэ махтанабыт буоллаҕа. «Бобёр» позывнойдах хорсун буойун иккистээн хантараак баттаан сэриилэһэ сылдьан бааһыран, билигин Москваҕа госпитальга  кэлэн эмтэнэ сытар.   Бобёр 2023 сыл саҥатыгар,...
Эр киһи наада дуо?
Сынньалаңңа | 18.05.2025 | 21:35
Эр киһи наада дуо?
Бу киһи эмиэ мэлийдэ. Күүтэн-күүтэн көхсүм сылайда, кэтэһэн-кэтэһэн кэтэҕим элэйдэ. Баҕайы, эмиэ ханна эрэ халаара сылдьара буолуо, эбэтэр гаражка тиийэн хаартылыы олороро дуу? Уопсайынан, эр киһи туохха наадалааҕый? Күннээҕи олоххо дуу, түүҥҥү таҕылы ханнарыыга дуу? Саатар дьиэтигэр кэлэн дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн тэлэбиисэр да көрөрө баҕалаах. Сорох дьахталлар эрбит суох буоллаҕына...
Историяны сэгэттэххэ...
Сонуннар | 10.05.2025 | 12:06
Историяны сэгэттэххэ...
Улуу Кыайыы 80 сылын чэрчитинэн быйылгы сыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларын биллэриллибитэ.  Оттон култуура  тэрилтэлэригэр быйыл – История өйдөбүнньүгүн сыла.   Дьокуускайга сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Поповка аналлаах пааматынньык турда.  Дьоруой биир дойдулаахтара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ дьоруой аймахтара  Федор...
Айталина Спиридонова: «Бэйэ-бэйэҕин сатаан истиһэр, биир көрүүттэн өйдөһөр буолаҕын...»
Дьон | 17.05.2025 | 18:00
Айталина Спиридонова: «Бэйэ-бэйэҕин сатаан истиһэр, биир көрүүттэн өйдөһөр буолаҕын...»
Бүгүҥҥү сэргэх сэһэргэһээччибит күөрэгэй чыычаахтыы дьырылатар куолаһа көрөөччү кутун-сүрүн тутар. Кини сөбүлээн толорор ырыатыгар ыллыырыныы, «сүрэҕинэн талар сиргэ тугу таптыырын». Билсиҥ, «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын солиһа Айталина Спиридонова.   • Тылбын ыйыстан кэбистим, испиттэн туох да тахсыбат... • «Чэ, дьээбэҕэ...» диэн тиийбиппит... • Киһи ылла да үөрэммэт, сылы-сыллаан үгүс дьарык түмүгэр...