28.04.2022 | 18:30

Ханна сынньанабыт?

Ханна сынньанабыт?
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Халлааммыт лаппа сылыйан, бырааһынньык өрөбүллэрэ чугаһаан, куорат дьонугар ханна чугастыы сынньана барыахха сөбүй диэн боппуруос турар. Онон бу балаһаҕа сынньанар сирдэри кылгастык билиһиннэриэхпит.

«Атласовтар уһаайбалара» этнокултуурунай комплекс

Саамай киэҥник биллэр сынньалаҥ комплекса диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо. Манна национальнай үгэстэри, сиэри-туому билсиһиэххэ, сахалыы уонна европейскай куукуна аһын-үөлүн амсайыахха сөп. Субуотаҕа уонна баскыһыанньаҕа экскурсионнай  бырагыраама үлэлиир.

Аадырыһа: Бүлүүлүүр тракт 6 км, 6

Төл.: +79142720709

 

«4 сезона» сынньалаҥ баазата

«4 сезона» сынньалаҥ баазата Владимировкаттан 9 км тэйиччи турар (Дьокуускайтан 25 км тэйиччи). Сынньанарга олус табыгастаах, бааза күөл аттыгар турара эмиэ кэрэхсэбиллээх. Ыалдьыттары үс дьиэнэн олордоллор: биэс миэстэлээх саха балаҕана, алта уонна аҕыс миэстэлээх сынньанар дьиэлэр. Баазаҕа баанньык, үс массыына турар миэстэлээх гараас бааллар. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, төрөөбүт күннээхтэргэ, бэлиэ даатаны бэлиэтээччилэргэ чэпчэтии көрүллэр.

Аадырыһа: Покровскайдыыр тракт, 17-с км., 1а

Төл.: +79681554444

«СкандиХаус» сынньалаҥ баазата

«СкандиХаус» – төгүрүк сыл үлэлиир толору хааччыллыылаах сынньалаҥ баазата. 30 киһини батарар улахан дьиэлээх, куукуналаах, аһыыр, оҕо оонньуур уонна икки утуйар хостордоох,  Wi-Fi баар.

Аадырыһа: Эргэ Табаҕа, Табаҕа тумуһа.

Төл.: +79679286268

«Forest House» ыалдьыттыыр комплекс

Куораттан 30 мүнүүтэлээх, ыраас салгыннаах, кэрэ айылҕалаах, чугас күөллээх сиргэ турар. 8–10 киһи олорор дьиэлээх, онно холодильник, микроволновай оһох, электрическэй чаанньык, электрическэй билиитэ, 8–10 киһиэхэ иһит, иһэр уу, тэлэбиисэр, остуол, олоппостор, утуйар таҥас, икки миэстэлээх дьыбаан уонна орон, иккис этээскэ икки «раскладушка» бааллар.

Аадырыһа: Бүлүүлүүр тракт, 16 км, 20/2

Төл.: +79245650600

 

«NordHouse» ыалдьыттыыр дьиэ

Бу дьиэ Табаҕа тумуһун кэрэ сиригэр турар, «A-frame» уонна «Terrassa» икки дьиэлээх. Онно наадалаах барыта баар: холодильник, чаанньык, микроволновка, билиитэ, иһит, уотунан ититии, Wi-Fi интэриниэт, тэлэбиисэр, остуол оонньуулара, барбекю зоната: мангаал, мас, аһыыр зона. Дьиэ кыылларын илдьэ кэлэр көҥүллэнэр.

Аадырыһа: Эргэ Табаҕа, Табаҕа тумуһа 5

Төл.: +79245949970, +79141010385

«Чэлгиэрийэ»

Куораттан баара-суоҕа 25 мүнүүтэлээх сиргэ бэс чагда ортотугар, күөл таһыгар турар сынньалаҥ баазата.

Манна саха балаҕана, нуучча дьиэтэ, дьиҥнээх көмүлүөк оһох, аһыыр остуоллар, ороннор, беседка,  мангал зоната, оҕо оонньуур балаһаакката бааллар. Территория таһыгар турар сылгылары хаартыскаҕа түһэриэххэ сөп.

 

Аадырыһа: Намцырскай тракт 5 км, 2а

Төл.: 89681568799

Сайт: https://chelgeriye.taplink.ws/

«Берег легенд» глэмпинг паарка

Глэмпинг – айылҕаҕа бары өттүнэн табыгастаах сынньаныы диэн өйдөбүллээх. Манна айылҕаны кытта алтыһан сынньаныахха сөп. Паарка Өлүөнэ эбэ биэрэгэр олус кэрэ миэстэҕэ турар. Анал сафари-тиэнтэлэр уонна икки дьиэ бааллар.

Аадырыһа: Покровскайдыыр тракт, 106, төл.: +79245690000.

«Ил Эйгэ» айылҕа комплекса

«Ил Эйгэ» турар сирэ олус кэрэ – хатыҥ чараҥ, күөл кытыыта, декоративнай оҥоһуктардаах. Үс банкеттыыр саала, ыалдьыттар дьиэлэрэ, беседкалар, хаартыскаҕа түһэр сир, спорт балаһаакката, барбекю, казан, мангал бааллар. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ анал бырагыраамалаахтар.

Аадырыһа: Намныыр тракт, 17 км

Төл.: 727557, +79142220238

«Үрдэл» сынньалаҥ паарката

Оҕолору кытта сынньанарга бэртээхэй миэстэ. Манна икки таһымнаах сканди-дьиэлэри куортамнаһыахха сөп. Аҕыс киһиэхэ анаммыт утуйар миэстэлэр, иһэр уу, Wi-Fi, тэлэбиисэр, араас остуол оонньуулара, мангал бааллар. Утуйар таҥаһы, иһити, мангаал тэрилин илдьэ кэлэҕит.

Аадырыһа: «Үрдэл» паарка, 1

Төл.: +79248717111

«Өктөм паарката» этнокомплекс

Кыһыҥҥы өттүгэр манна муус скульптура бэстибээллэрэ ыытыллаллар. Пааркаҕа оһоҕунан оттуллар, алта миэстэлээх икки дьиэ, икки «А-frame» быһыылаах, бары өттүнэн хааччыллыылаах дьиэлэр, оһохтоох сахалыы балаҕан, сайыҥҥы ураһа, муусука, караоке бааллар.

Аадырыһа: Хаҥалас улууһа, Өктөм сэлиэнньэтэ, Покровскайдыыр шоссе, 49 км, 2.

Төл.: +79141007549, +79142755162


«Хрустальнай» сынньалаҥ баазата

Бааза Табаҕа тумуһун «Северная мозаика» рекреационнай кластерыгар баар. Куортамҥа икки дьиэ бэриллэр: икки этээстээх «А-frame» истииллээх дьиэ уонна сулустары, халлааны көрөргө аналлаах иглу. Иһит, утуйар таҥас, остуол оонньуулара, таһырдьа мангаал, Өлүөнэ эбэни өҥөйөн турар гриль-бэсиэдкэлэр бааллар.

Аадырыһа: Эргэ Табаҕа, Табаҕа тумуһа, 2

Төл.: +79142806800

«Улуу Тоҕой» этнокултуурунай комплекс

2019 сылтан Табаҕа тумуһугар баар туристическай эбийиэк – куорат олохтоохторун сөбүлээн сынньанар сирэ. Манна сатыы хааман күүлэйдиэххэ, балыктыахха, шашлыктыахха сөп.

Дьон олороругар икки этээстээх коттедж, банкеттыыр саалалаах улахан дьиэ, юрта, сынньанарга баанньык, мангааллар, бэсиэдкэлэр, смотровой балаһаакка, селфи-зоналар бааллар.

Аадырыһа: Эргэ Табаҕа,Табаҕа тумуһа, 1

Төл.: +79644169334

«Орто Дойду» экопаарка

Бу – төгүрүк сыл үлэлиир куорат таһынааҕы отель. Ыалдьыттары иккилии этээстээх толору хааччыллыылаах аҕыс дьиэ күүтэр. Хас биирдии дьиэҕэ Wi-Fi, гаас хочуол, дууш, итии-тымныы уу, бытовой тиэхиньикэлээх куукуна, иһит, цифровой телевизор, таһырдьа мангаал, олорор сирдээх остуол бааллар. Экопаарка киэн туттуута – «Орто Дойду» ресторан.

Аадырыһа: Хаҥалас улууһа, Покровскайдыыр тракт, 49 км

Төл.: +79142711227, +79246636777 (WhatsApp)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...