08.03.2022 | 13:30

Халыма ыччата Android-ка оонньуу айбыт

Халыма ыччата Android-ка оонньуу айбыт
Ааптар: Нарыяна ВИНОКУРОВА
Бөлөххө киир

Балысханнык сайдар биһиги үйэбитигэр кинигэҕэ эрэ буолбакка, көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ, куйаар ситимигэр оҕону сайыннарар, үөрэтэр араас сыһыарыылар бааллар. Дьэ, биир оннук оонньууну мин бииргэ үөрэнэр доҕорум, Өлөөкө Күөлэ орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Вадим Слепцов айан, толкуйдаан таһаарбытын өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» оҕо хаһыатын саайтыгар аахпыккыт буолуо. Ол эрээри мин Вадимы утары көрсөн олорон, кини үлэтин туһунан сиһилии ыйыталаһарга сананным.

 — Вадим, бу туох туһунан оонньууну оҥордуҥ?

— Бу «Угадай Колымскую фауну» диэн төрөөбүт дойдубут, Халымабыт кыылларын, көтөрдөрүн төһө билэргитин тургутан көрөргө аналлаах оонньуу. Манна 17 таһым баар. Көтөр-сүүрэр ааттарын барытын сөпкө эппиэттээбит киһи кыайыылаах буолар.

 

— Маны кимниин, хайдах оҥордугут?

— Бу үлэм салайааччыта нуучча тылын уонна литературатын учуутала Сайына Егоровна Винокурова буолар. Бастаан саҕалаан оҥорорго уустук соҕус этэ. Хас биирдии кыыл, көтөр хартыынатын булан, саайтка угуу кылгас кэм иһигэр кыаттарбат .

 

— Оонньууну туох сыаллаах оҥорбуккутуй?

— Халыма харамайдарын, көтөрдөрүн туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатар сүрүн сыаллаах-соруктаах үлэлээбиппит. Аны оҕолор болҕомтолорун хайдах тардыахха сөбүй диэн ыйытыы турбута. Онон, сүбэлэһэн, үөрэтэн-ырытан баран, Play Маркет сыһыарыы нөҥүө киирэн, оонньуу халыыбынан дойдуларын туһунан билиини иҥэриэххэ сөп эбит диэн быһаарбыппыт.

 

— Бу оонньуугун оҕолор төһө сэҥээрдилэр?

— Ээ, бэркэ ыйыталлар. Сүрүн ыйытыылара: «Бэйэҥ оҥорбутуҥ дуо?»— диэн. Сорохтор соһуйаллар, сорохтор итэҕэйбэттэр.

 

— Үлэҥ кэмигэр бэйэҕэр төһө элбэх саҥаны арыйдыҥ?

— Арыйыы элбэх буоллаҕа ди. Халымабыт харамайдарын научнай ааттарын-суолларын, конструктордар саайтарын, оонньууну хайдах оҥоруохха сөбүн биллим. Дьиҥэ, ылсан киирэн бардахха, наһаа ыарахана суох, хата, интэриэһинэй этэ.

 

— Бу үлэҕинэн ханна эрэ кытыбытыҥ дуо?

— Улуустааҕы «Инникигэ хардыы» чинчийэр үлэ кэмпириэнсийэтигэр үһүс миэстэ ылан, өрөспүүбүлүкэҕэ кыттыбытым. Онтон бүтүн Арассыыйатааҕы «Чугуновскай ааҕыыларга» иккис миэстэ буолбутум.

 

 — Ааҕыыларга сыаналааччылар төһө сэҥээрдилэр?

— Ыйытыылар араастар этэ. Холобур, бэйэҥ оҥортуҥ дуо, кыыллар ааттарын, бырагыраама куодун ыйыппыттара.

 

— Оҕолорго баҕа саннааҥ?

— Оҕолор, ытыалаһыылаах, өлөрсүүлээх оонньуулары оонньуоххут кэриэтэ, төрөөбүт дойдугутун билэ таарыйа, QR кодунан киирэн, буор босхо оонньооҥ, элбэҕи билиэххит, бэйэҕит эмиэ саҥаны айыаххыт, оҥоруоххут.

«Угадай колымскую фауну» оонньууну Play Маркеттан бу QR-кодунан эбэтэр бу ссылканан

https://play.google.com/store/apps/details?id=com.saiynavinokurova.ugadaikolymskuiufaunu хачайдаан ылыаххытын сөп.

 

Бииргэ үөрэнэр доҕорум Вадим айбыт оонньуутун хас да киһи буолан эмиэ оонньуохха сөп, төрөппүттэр, учууталлар да оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһаналларыгар олус табыгастаах. Онон, бу оонньууну төлөпүөҥҥүтүгэр хачайдыыргытыгар сүбэлиибин.

 

Билигин гаджет сайдыбыт үйэтигэр, хамсык ыарыыттан сылтаан, дьиэҕэ олорор кэммитигэр, Вадим курдук бириэмэни туһалаахтык атаарыахха, элбэҕи билиэххэ, саҥаны толкуйдуохха, оҥоруохха сөп эбит. Онон, эһиги эмиэ кытаатыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...