25.11.2022 | 10:20

Халбаакыттан — Олоҥхо тыйаатырыгар

Халбаакыттан — Олоҥхо тыйаатырыгар
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускайга саха тылын учууталларын сийиэстэрин сэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо декадата ыытылла турар. Оттон чулуу айымньыбыт баай философиятын кэлэр ыччакка тиэрдэр биир бэртээхэй ньыманан тыйаатыр буолар. Бу дьыл сэтинньитигэр Олоҥхо тыйаатыра «Дьорҕостой Бэргэн» куукуланан испэктээк туруоран сүрэхтээбитэ. Режиссер Гаврил Мэҥкээрэп Николай Калинович Шамаев-Чопчухаан (Үөһээ Бүлүү) олоҥхотунан туруоруутун Дьокуускай куорат хас да уһуйааныгар көрдөрдө. Оҕолор да, төрөппүттэр да олус сэҥээрдилэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу олоҥхону Гаврил Мэҥкээрэп бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн толорон, олоҥхо эйгэтигэр сиэтиллэн киирбит айымньыта эбит. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» бэстибээлгэ элбэх ыччат-оҕо толорор айымньытын быһыытынан киэҥник биллэр.

Артыыстар үлэлэрин, куукуланан олоҥхо дьоруойдарын хайдах курдук сөхтөрүүлээхтик уонна итэҕэтиилэхтик тиэрдэллэрин киһи этэ да барбат. Режиссер көмөлөһөөччүтэ Венера Колесова кэпсээбитинэн, киин куорат уһуйааннара, оскуолалара тыйаатыр дьаһалтатыгар тахсан, бу испэктээги оҕолоругар ыҥыран көрдөрүөхтэрин сөп. Онон кытаатыҥ, түгэни мүччү тутумаҥ, оҕолоргутугар бэртээхэй туруорууну көрдөрөн хаалыҥ.
Инсценировкаларын Майя Власьева уонна  Гаврил Мэҥкээрэп туруорбуттар. Оруолларга: Олоҥхоһут — Андрей Соловьев; Дьорҕостой Бэргэн — Дмитрий Захаров; Күөрэгэйчээн Куо — Күннэй Николаева; Түөнэ Моҕол Оҕонньор, Дьаллаҥса Хара Бухатыыр — Петр Иванов; Төлкөлөөн Хотун Ийэ, Арбаҥса Чачарай — Алена Пинигина; Алыпчаан Удаҕан, Симэхсин эмээхсин — Ольга Дорофеева.

 

Талааннар норуоттан тахсаллар

Оттон бу испэктээк сүрүн дьоруойдарын – куукулалары Бүлүү улууһун Халбаакытыгар олорор Надежда Дмитриевна Яковлева эт илиитинэн тутан, ураннык оҥорон, айан таһаарбыт эбит. “Норуот маастара эҥин диэн ытык аатым суох, көннөрү бэйэм сатабылбынан дьарыктанабын”, – диир айылҕа биэрбит талаанын олоххо сатабыллаахтык туһанан, кэскиллээҕи айар-тутар саха далбар хотуна.

– Мин Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, дойдубуттан харыс да халбарыйбатаҕым. Билигин бочуоттаах сынньалаҥмар тахсан олоробун. «Тускул» норуот айымньытын дьиэтигэр 30 сыл үлэлээбитим. Бастаан техничканан үлэлээн саҕалаабытым, онтон оформитель быһыытынан сылдьыбытым.

2017 сыллаахха куруһуок салайааччытынан анаммытым уонна ол сыл «Утум ситимэ» диэн түмсүү тэрийбитим. Онно Халбаакы нэһилиэгин  сынньалаҥҥа олорор далбар хотуттара сылдьаллар. Кинилэри иистэнэргэ үөрэтэбин, араас ньымалары туһанан, маастар-кылаастары ыытабын. Сүрүннээн саха төрүт ииһин ньыматынан – кыбытыынан дьарыктанабыт.

 

Куукулаларым туһалыахтарын баҕарбытым

– Олоҥхо куукулаларын оҥорор санаа хайдах үөскээбитэй?

– 2018 сыллаахха Иннокентий Николаев диэн култуура колледжын устудьуона практикатын ааһа сылдьан, кабинеппар турар урут тикпит плюшевай оонньуурбун көрөн баран: «Манныгынан куукула тыйаатырын оҥоруохха сөп", – диэн өй укпута. Онтон миэхэ идея саҕыллан киирбитэ.

Остуоруйа сюжетынан араас персонажтары оҥорорго санаммытым. Тутатына эскиз оҥорбутум, киэптэрин бэлэмнээбитим уонна матырыйаал атыылаһан, түмсүү далбар хотуттарыгар толкуйдаабыт куукулаларбын оҥоруохха диэн тыл көтөхпүтүм. Ону сөбүлэһэн, бары бииргэ түмсэн, оҥорон барбыппыт.

Инникитин быыстапкаларга уонна Олоҥхо ыһыаҕар кыттардыы былааннаан үлэлээбиппит. Ол түмүгүнэн "Бал снежной долины» быыстапкаҕа 2020, 2021 сылларга дипломнарынан бэлиэтэммиппит. "Якутия Мастеровая» диэн быыстапка-дьаарбаҥкаҕа «Ааптарыскай куукула» диэн номинацияҕа грамотанан наҕараадаламмыппыт (2020 с.). Олоҥхо ыһыаҕар «Саха сыахайын күрэҕэр" 2-с таһымы ылбыппыт (2019 с.).

Олоҥхо тыйаатырыгар кыыһым Сахаайа үлэлиир, “Эрэл” ансаамбылга үҥкүүлүүр, ол иһин долбуурга быыллыйа турбуттарынааҕар тыйаатырга ордук наадалаах буолуохтара диэн биэрбитим. Санаабар, куукулаларым үлэҕэ тахсыахтарын баҕарбытым.

Оҕолорго сахалыы тыыны иҥэрээри

– Хайдах оҥорбуккунуй?

– Куукулалар сирэйдэрэ папье-маше, араас таҥас матырыйаалтан уонна сиэлтэн оҥоһуллубуттара. Харахпар уобарастара көтөн түспүттэрэ, таҥастарын уһуллар оҥорбуппут, уларыттахха атын испэктээктэргэ оонньуулларын курдук. 

Интэриниэккэ араас куукула тыйаатырдарын көрбүтүм. Биһиги куукулаларбыт сахалыы тыыннаах, кыра оҕолор куттамматтарын курдук буолуохтаахтар диэн санаанан салайтарбытым. Бухатыыр эр киһи уобараһын тиэрдиэхтээх, кыыс, саха сиэринэн, нарын-намчы буолуохтаах. Эмээхсин үтүө санаалаах  буолуохтаах. Таҥастарын өҥө наһаа киһи хараҕар быраҕыллыбат, “хаһыытаабат” өҥнөрү талбытым.

 

– Олоҥхо тыйаатыра сүрэхтээбит “Дьорҕостой Бэргэн” испэктээгин көрдүҥ дуо?

– Бэйэм көрө иликпин, биһиги диэки гостуруоллуу кэлэллэрин сэмээр кэтэһэ сылдьабыт.

Оҕолорго сахалыы тыыны иҥэрээри, сахалыы остуоруйаны билиһиннэрээри, оҕоҕо интэриэһинэй буоллун диэн толкуйдаабытым. Онтукам туһаҕа тахсыбыта, испэктээк буолан сыанаҕа көстүбүтэ, өссө оҕо тэрилтэлэрин кэрийэ сылдьара санаабытын көтөҕөр, олус дьоллуур.

– Өссө туох-ханнык дьарыктааххын?

– Билигин арааһынан дьарыктанабын. Кэлин сүрүннээн кыбытыы тигиинэн үлүһүйэбин. Быйылгы «Далбар Хотун» диэн коллекциябынан Олоҥхо ыһыаҕар 2-с үрдэл буолбутум. Ону тэҥэ аан дойдутааҕы «Якутия – миру» бэстибээлгэ лауреат буолбутум. Билигин даҕаны ол үлэм быыстапкаларынан сылдьар.

Инникитин атын үлэлэри толкуйдуубун, былааным элбэх.

 

Хаартыскаларга:

“Дьорҕостой Бэргэн” испэктээк куукулаларын оҥоруу түгэннэриттэн, “Утум ситимэ” түмсүү кыттыылаахтара

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...