ХАЛАН: “ТЫЛ – ТОЛКУЙДУУР НЬЫМА”
Аныгы саха информацияны Сахалыы Бикипиэдьийэттэн көрдүүр буолла. Ийэ тыл күнүн көрсө Сахалыы Бикипиэдьийэ төрүттээччитин Николай Николаевич Павловы – Халаны кытта көрсөн кэпсэттибит.
– Николай Николаевич, эйигин быраас идэлээх диэн истибитим, хайдах, хаһан тыл үөрэхтээҕэ, Халан буолбуккунуй?
– Түҥ былыргы өбүгэлэрбиттэн биирдэстэрэ Халан Тулааһын диэн киһи. Яндекска электроннай почтаҕа ааттанарбар кылгас аат наада буолбутугар түргэнник толкуйдаан кэбиспит аатым. Кэлин хаһыаттар, Халан диэн почталааҕым иһин, оннук ааттаан кэбиспиттэрэ. Бу аатым харыстыыр, көмөлөһөр эбит дии санаабыт түгэннэрдээх этим. Ол аата өбүгэлэрим өйүүллэр эбит диэбитим.
– Сахалыы Бикипиэдьийэнэн дьарыктаныаҥ иннинэ сахалыы ситимнэргэ, форумнарга биллэр-көстөр киһи этиҥ. Оттон Бикипиэдьийэҕэ ылсар санаа хайдах үөскээбитэй?
– Бэйэм мэдиссиинэ наукатын кандидата буолан, оҕо төрөтөн, ситэн-хотон эрэ баран бикипиэдьийэни болҕомтобор уурдаҕым дии. Мэдиссиинэ эйгэтигэр быраас идэтин баһылаан баран, урбаанньыт буоларбар, анал билии ирдэнэр буолан, экономическайга үөрэммитим. Диссэртээссийэбин көмүскээбитим.
Салгыы ханна барабыный диэн толкуйдуу сылдьыбытым. Ол саҕана оҕолорум саҥа улаатан уһуйааҥҥа бараллар, онно тиийэн эмискэ нууччатыйан хаалаллар... Барыта “Киин куоракка хайдах гынан саха эйгэтин хаҥатыахха сөбүй?” диэн толкуйтан тахсыбыта. Интэриниэтинэн барар ордук хотуулаах буолууһу диэн санаа үөскээбитэ. Тоҕо диэтэххэ, оччоттон дьон үөрэхтэрэ, үлэлэрэ, оонньуулара, аралдьыйыылара барыта интэриниэтинэн сайдан эрэр кэмэ этэ. Ыччат сахалыы матырыйааллары, сахалыы билиини сомсор, булар кыахтаныаҕа диэн толкуйтан Википедияны сахатытарга санаммыппыт уонна төрөөбүт тылынан кэпсэтиэн баҕарар киһиэхэ сахалыы форумнары туруорсубуппут. Ол саҕана ykt.ru портаалга “Санаалар”, “Кэпсээ” диэн икки форум аһыллыбыта.
Бэйэм мэдиссиинэ өттүнэн информацияны ааҥыллыы уонна нууччалыы Бикипиэдьийэлэргэ үгүстүк көрдүүр этим. Ол көрө олорон арай өйдөөн көрбүтүм, ойоҕоһугар татаар, бүрээт диэн тыллар бааллар, оттон саха тыла суох. “Тоҕо сахалыы оҥорбоккутуй?” – диэн ыйыттаҕым дии. “Сайыннарар киһи баар буоллаҕына, бэйэтэ оҥорор, биһиги көмөлөһөбүт эрэ, – диэтилэр: Дьону буллаххына, сахалыы салаа баар буолуоҕа”.
Ол кэнниттэн форумнарга дьону көрдөөбүтүм. Бэйэм быраас буоламмын тылга соччо сыстаҕаһым суох, билиим да кыра, атын эйгэ киһитэбин дии саныыбын. Суруналыыстары, суруйааччылары, саха тылын учууталларын көрдөөбүтүм. “Оо, кырдьык наада эбит, оҥоруохха сөп эбит” дэһэллэр, ол эрээри ким да ылсыбат...
Онтон сахалыы бикипиэдьийэ наадатын туһунан суруйарым, бадаҕа, икки ый курдук буолбутун кэннэ этэ, Арсен Томскай аҕата, профессор Григорий Томскай Парижтан төлөпүөннээтэ. Мин суруйбуппун аахпыт уонна: “Дьэ, Ньукулай, эн бэйэҥ ылсыбатаххына, ким да ылсыа суоҕа”, – диэтэ. Хайа, Парижтан, ЮНЕСКО-ҕа тиийэ үлэлэһэр учуонай, биллиилээх саха киһитэ бэйэтинэн скайпынан эрийдэ! Ону таах хаалларбат буоллаҕыҥ, толкуйдуургар тиийэҕин. Онон, сайаапка биэриитин биэриэххэ, кэлин көстөн иһиэ диэтим.
– Онно эмиэ сайаапка биэриилээх, сүүмэрдээһиннэээх эбит дуо?
– Сайаапка биэрэҕин, маннык бөлөх баар диэн дакаастыыгын. Тоҕо диэтэххэ, ол сахха элбэх баҕайы саҕаланан баран быраҕыллыбыт бырайыактар бааллар этэ. Холобур, бүрээт тылынан саҕаламмыт, онтон уостан хаалбыт эбит этэ. Ол иһин тута эттиҥ да оҥорботтор, бастаан бу тыл дьиҥнээхтии баар диэн дакаастыыгын. Иккиһинэн, бу тылынан суруйар уонна ааҕар дьон бааллар диэн. Үсүһүнэн, кэлин даҕаны суруйар дьон баар буолуохтара диэн. Балтараа сылы быһа, 1996 сылтан саҕалаан, дакаастаабыппыт.
Инньэ гынан 1998 сыл ыам ыйыгар Бикипиэдьийэ сахалыы саҥарбыта. Бастаан үксүн омук сиригэр олорор сахалар суруйбуттара. Биир өттүнэн, кинилэр тылларын ахта сылдьаллар буоллаҕа. Иккис өттүнэн, ойдо сылдьаннар, сайдыылаах дойдулары кытта тэҥнээн көрөр кыахтаахтар этэ. Саха сирин сайыннарар, көмөлөһүөхтэрин баҕара сылдьар кэмнэригэр Бикипиэдьийэ үөскээн, бастакы суруйааччылар кинилэр этэ.
КИБЕР САХАЛАР
– Оччолорго сахалыы шрифт кыһалҕа этэ. Ону хайдах быһаарбыккытый?
– Ол саҕана юникод баар этэ гынан баран, киэҥник тарҕана илигэ. Баттык буолбут бичиктэр бааллар этэ (Сахатаймс эҥин). Олорунан баттыктанан, бастакы тиэкистэрбит тахсыбыттара. Бэрт Дьикти диэн ааттаах радиоинженер уол баар, ол киһи юникод баар эбит диэн, маны толкуйдуохха диэн тобулан, сахалыы бичиги таһаарбыта. Ол кэннэ кинилиин уонна да атыттары кытта “Кибер Саха” диэн уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийбиппит. Саха тылын интэриниэккэ киллэрэргэ үлэлиир дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэр хамсааһыннарын олохтообуппут. Хос-хос үлэ оҥоһулла сылдьыбатын курдук, биир сүбэни булан үлэлииргэ.
Ол “Кибер Сахабыт” биир хайысхата - sakhatula.ru диэн бырайыак баар. Ону тэрийэр уолаттары кытта үлэлээбиппит. Москубаҕа олорор, эмиэ саха тылын туһугар кыһаллар дьон этэ. Билигин да тигинэччи үлэлиир, баар бырайыак. Үс уолтан биирдэстэрэ Нам улууһуттан төрүттээх Василий Иванов билигин да ол бырайыагар көхтөөхтүк үлэлии сылдьар, атыттар атын хайысханан үлэлииллэр. Онтон маннык гуманитарнай хайысханан үлэлиир буоллахха, саха тылын дириҥник биллэххэ табыллыыһы диэммин, бэйэм кэлин саха салаатыгар магистратураны бүтэрбитим.
БИКИПИЭДЬИЙЭҔЭ СУРУЙАРГА ТУОХ НААДАНЫЙ?
– Бикипиэдьийэҕэ ким баҕарар суруйуон сөп диигит. Ол эрэн интикэҥ мээнэ кыаллыбат, араас ирдэбиллэргэ эппиэттиэн наада эбит...
– Кырдьык, ким баҕарар суруйуон сөп. Ким баҕарар киирэн босхо ааҕыан, туһаныан, сүһэн ылыан сөп. Биллэн турар, Бикипиэдьийэттэн ыллыбыт диэн сигэниэхтээхтэр. Ким баҕарар суруйар кыахтаах буоллаҕына, чэпчэтинэр сир эркинигэр быдьар тылы суруйалларын курдук суруйан кэбиһиэхтэрин сөп эбит дии санааччылар. Сыыһа-алҕас киириэн сөп диэччилэр. Дьиҥэр, Бикипиэдьийэ тутула оннук – алҕастары, быдьар тыл суруллуутун көннөрөр кыахтаах, төһөнөн элбэх киһи киирэр да, ол алҕас түргэнник көстөр уонна көннөрүллэн иһэр. Тоҕо диэтэххэ, ким эрэ суруйбутун атын киһи кимтэн да ыйыппакка көннөрөр кыахтаах. Холобур, эн билигин Дьокуускай куорат туһунан тугу эрэ суруйдаххына, онно сыыһа тахсыбыт буоллаҕына, бу киэһэ ким эмэ киирэн, тугу эрэ тирэх оҥостон, көннөрөн кэбиһэр бырааптаах. Итэҕэтиилээх төрүккэ (источникка) тирэҕирбити ким да утарбат.
Онон оннук быыстала суох уларыйыы түмүгэр сыыйа-баайа ол ыстатыйаларбыт тупсан иһиэхтээхтэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ эппиэттиир саҥа киирэн иһиэхтээх. Холобур, ханнык эрэ артыыс бүгүн өлөн хааллаҕына, ол өлбүт күнэ-дьыла бүгүн тута көстөр. Онон Бикипиэдьийэҕэ куруук саҥардылла турар информация баар диэн киэн туттабыт.
– Бастайааннай ааптардар диэннэр бааллар дуу?
– Бааллар, саастаах да дьон, эдэр да дьон суруйаллар. Таһымнара да араас буолуон сөп. Бикипиэдьийэ уратыта диэн, киһи бэйэтин сүрэҕин баҕатынан суруйар буолан, сороҕор элбэҕи суруйар, сороҕор кэмчитик. Сорох киһи олоҕор туга эрэ уларыйан, ойохтонон-оҕолонон, тэйэн хаалар. Онтон хас да сыл буолан баран төттөрү киириэн сөп. Сорох киһи хам-түм киирэн, кыралаан куруук суруйар. Сорох киһи сыыһалары-алҕастары эрэ уларытар, бэйэтэ суруйбат.
– Төһө киһи киирэрин көрөҕүт дуу?
– Уопсай статистика баар, наар суоттуу сатаабаппыт. Биллэн турар, сыл баһыгар-атаҕар хайдах баран иһэбитий, төһө эбиллэр эбитий диэн ырытабыт. Сыл аайы элбии турар, билигин 12 000 тахса сахалыы ыстатыйа баар. Ол аата сыл аайы 1 000 ыстатыйа тахса турар.
– Аны дьон туһунан суруйуулар бааллар. Ити хайдах талылларый?
– Дьиҥинэн, киһи бэйэтин чугас дьонун эбэтэр бэйэтин туһунан суруйара биһирэммэт. Тоҕо диэтэххэ, онно суруллар информация объективнай буолуохтаах. Эн бэйэҥ таптыыр, сөбүлүүр дьоҥҥун хайдах да объективнайдык суруйбаккын.
– Үйэтитээри суруйар буоллахтара...
– Ону биһиги өйдүүбүт, ол иһин тутатына сотон испэппит. Аһара хайҕабыл эрэ буолуо суохтаах. Оннук ыстатыйаны бары өттүттэн киирэн көннөрө сатыыбыт. Оннук бэйэлэрин дьонун туһунан суруйар дьоҥҥо сүбэлиэм этэ: хаһыакка дуу, ахтыы кинигэтигэр дуу суруллубукка сигэнэн суруйуҥ, оччоҕо суруйбуккутун ким да сото сатыа суоҕа.
Ааспыт сайын Ил Дархан А.С.Николаев Бикипиэдьийэҕэ Саха сирин туһунан информация аҕыйах диэн бэлиэтии көрөн, Инновация министиэристибэтигэр сорудахтаабыт этэ. Биһигини ол боппуруоска дьаһалтаҕа ыҥыран кэпсэтэ сылдьыбыттара. Онно мин Саха сирин туһунан билии бастатан туран Нууччалыы Бикипиэдьийэҕэ хаҥыахтааҕын эппитим. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирин туһунан ордук элбэхтик нуучча тылынан көрдүүллэр.
НУУЧЧАЛЫЫ БИКИПИЭДЬИЙЭҔЭ
– Нуучча википедиятын быраабылата өссө уустук.
– Оннук. Холобур, бэйэҥ аймаҕыҥ, тэрилтэҥ туһунан суруйдаххына, реклама диэн баран сотон кэбиһэллэр. Төрүттэргэ (источниктарга) ирдэбил сүрдээх үрдүк, мин тус бэйэм сыанабылбынан, аһара барыы да баар. Холобур, кинилэр региоҥҥа тахсар хаһыаттары билиммэттэр, федеральнай таһымнаах эрэ таһаарыыга тахсыбыт буоллаҕына, бу киһи суолталаах эбит, онон кини туһунан суруйуохха сөп диэн санаа баар. Холобур, башкирдар, татаардар улахан суолталаах киһилэрин туһунан Нууччалыы Бикипиэдьийэҕэ суруйдахтарына, регион таһымыгар эрэ суолталаах киһини тоҕо уктугут диэн буолар. Ол иһин харсыһыы бөҕө тахсар.
“Викимедиа РУ” диэн тэрилтэлээхпит. Викимедистэри (сахалыы “биикиһиттэр” диибит) бүтүн Арассыыйа үрдүнэн өйүүр уопсастыбаннай тэрилтэ. Ол тэрилтэ иһинэн татаар, башкир доҕотторбутун кытта быраабыланы арыычча сымнатыахха диэн үлэни ыыта сылдьабыт. Ханнык эрэ омукка суолталаах киһи, ол омук төһө да аҕыйах ахсааннаҕын иһин, аан дойду таһымыгар суолталаах буолар диэн. Оттон Нууччалыы Бикипиэдьийэҕэ суруйуохтарын баҕарар дьоҥҥо сүбэм маннык: бастаан Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ суруйан холонон көрүҥ. Суруйуҥ, энциклопедия тылыгар-өһүгэр уһуйуллуҥ, ыстатыйаны хайдах киэргэтэргэ үөрэниҥ, биһиги көмөлөһүөхпүт. Онтон ыстатыйаҕытын тупсаран, туох баар төрүттэрин ыйан, ыстатыйа хайдах тутуллаах буолуохтааҕын билэн баран, дьэ нууччалыыга көһүҥ. Бастаан сахалыыттан тылбаастаан, кэлин нууччалыы суруйан барыахха сөп. Оччоҕо икки соругу ситиһэбит: бастатан туран, Нууччалыы Бикипиэдьийэҕэ Саха сирин туһунан ыстатыйа элбиирин ситиһэбит; иккиһинэн, Сахалыы Бикипиэдьийэ таарыйа эмиэ хаҥыыр.
Билигин улуустарынан бэлэмнэнии үлэтэ барар турар. Бырабыыталыстыбаҕа биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа тэрилиннэ. Ол хамыыһайа үлэлээтэҕинэ хайдах буоларын көрүөхпүт. Суруналыыстар ити үлэни сырдаталларыгар улахан эрэллээхпит.
– Бикипиэдьийэҕэ суруйартан киһи саллар ээ, миигиннээҕэр үчүгэйдик суруйар дьон бааллара буолуо дии саныыр.
– Биллэн турар, саха киһитэ сэмэй. Сыыһа суруйан күлүүгэ барыам дии саныыр, үксүн учууталларга итинник санаа баар. Үөрэнээччилэрим алҕас суруйбуппун көрөн күлүү гыныахтара диэн салла саныыллар. Дьиҥэр, Бикипиэдьийэ ыстатыйата куруук тупса турар. Эн бүгүн киирэн тугу эрэ суруйбуккун сарсыныгар тупсаран, көннөрөн биэрэҕин.
Аны Бикипиэдьийэҕэ киһи бэйэтин аатын эппэккэ эрэ бэлиэ-аатынан (ник) суруйуон сөп. Ханнык баҕарар ааты ылыныахха сөп. Оннук суруйдаххына эйигин ким да билбэт. Оннооҕор күрэстэри ыытарбытыгар дьон дьиҥнээх ааттарын биллэхпитинэ да (холобур, сыаналаах бирииһи туттарарга), бэйэлэрэ аһыллыахтарын баҕарбатахтарына, дьоҥҥо кэпсээбэппит.
Онон аатын эппэккэ суруйар киһи туохтан да куттаммат. Аны суруйан киирэн бардаххына, толлор мэһэйиҥ сүтэн хаалар. Бастакытынан, билэр эрэ тиэмэҕэр суруйар буоллаҕыҥ дии, ол тиэмэҕэ эспиэр буоллаҕыҥ. Иккиһинэн, суруйар ыстатыйаҕар сыһыаннаах атын төрүттэри көрөҕүн, онон урут билбиккин кэҥэтэҕин, ол аата таһымыҥ эбии үрдүүр.
Саха дьонугар, чуолаан саха дьахталларыгар, Бикипиэдьийэҕэ суруйартан олох толлумаҥ диэн сүбэлиэм этэ. Бикипиэдьийэ аан дойдутааҕы сүрүн быраабылата – харса суох суруйуҥ диэн.
БИИКИ ДОМОХ
– Эдэрдэр төһө кыталларый?
– Эдэрдэр технологияны билэр буолан кытталлар. Ол эрээри кинилэр билиилэрин тарҕатар саастарыгар тиийэ иликтэр. Билиилэрэ татым соҕус да буолар, уонна оттон билбиттэрин тарҕатарга ситэ иликтэр.
– Оччоҕо билии тарҕатар саас диэн хастан саҕаланар диигин?
– 35-40 сааһыттан киһи сөптөөҕү биллим, оҕолорбун иитэбин, үөрэтэбин диир сааһа. Ол кэмигэр, кини айылҕатынан, билиитин үллэстиэн баҕарар. Сааһырдаҕына, биэнсийэҕэ тахсар сааһыгар чугаһаатаҕына, ол баҕата өссө күүһүрэр. Саастаах дьоҥҥо этиэхпин баҕарабын: үйэҕит-сааскыт тухары муспут билиигитин бэйэҕитин кытта илдьэ барымаҥ, тарҕатыҥ. Ол тарҕатар ньыма – интэриниэт. Нельсон Мандела хаһан эрэ эппиттээх: “Киһиэхэ өйдүүр тылынан эттэххинэ, мэйиитигэр тиийэҕин, оттон төрөөбүт тылынан эттэххинэ – сүрэҕэр”, – диэн. Саастаах дьон төрөөбүт тылы билэргит быһыытынан уонна билиигит-көрүүгүт элбэҕин быһыытынан, онтукаҕытын тарҕатыҥ диибин.
– Бикипиэдьийэҕэ хайдах суруйары билбэт буоллахтара. Кэпсиигит, үөрэтэҕит дуу?
–Үөрэтиэхпит. Хас биирдии киирбит ыстатыйа көннөрүллэр. Ыччаты угуйар учууталлар идэлээх уонна саха салаатыгар тылбаас кафедратыгар үөрэтэр уһуйааччы дьонноохпут. Ол кафедраҕа үлэлиир дьон устудьуоннары Бикипиэдьийэҕэ суруйтараллар. Бастакы кууруска сорох институттарга уонна факультеттарга саха тылын үөрэтии баар. Холобур, быраас ыарыһаҕы кытта, юрист эмсэҕэлээччини кытта сахалыы кэпсэтэр кыахтаах буолуохтаах. Ол устудьуон оҕолор билиилэрин хаҥатарга уонна сыаналыырга Бикипиэдьийэни туһанар сүрдээх табыгастаах.
Онно сорудаҕынан киирбит оҕолор, биллэн турар, салгыы суруйан барбаттар. Ол эрээри суруйарга үөрэнэллэр. Хаһан эрэ, саастара ситиитэ, манна суруйуохха сөп диэн билиилэрэ тахсан кэлиэҕэ.
Оскуола оҕолоро эмиэ суруйаллар. Холобур, Үөһээ Бүлүүгэ Хороҕо Софрон Хобусаров диэн учуутал оҕолорго суруйтарар. Кэлин үксүн Биики Домоххо оҕунна, кыра оҕо ылынарыгар ол ордук судургу. Арба, Биики Домох диэн атылыы бырайыактаахпыт.
– Бикипиэдьийэ уонна Биики Домох уратылара тугуй?
– Бикипиэдьийэ диэн энциклопедия, оттон Биики Домох – цитата хомуурунньуга. Ол аата, холобур, “Киин куорат” хаһыаттан быһа тардыылар онно киириэхтэрин сөп. Интервью ылбыт ыалдьыттаргыт үчүгэй баҕайытык этэн кэбиспиттэрин киллэрэн кэбиһэҕит, хаһыат күнүн-дьылын, нүөмэрин ыйаҕыт. Кэлин, 100 да сылынан, баччаҕа тахсыбыт эбит диэн подшивкаттан, эбэтэр атын сиртэн бу хаһыаты чуо булан ылыахтарын сөп.
Дьиҥэр, бу элбэх бириэмэни ылбат, бэлэми сүһэн ылыы буоллаҕа дии. Бэлиэтэнэр (регистрацияланар) булгуччута суох.
– Үбүлээһиҥҥит хайдаҕый?
– Быһаччы үбүлээһин, хамнас эҥин суох, арай сервербит эҥин барыта биһиэхэ сахаларга босхо бэриллэр. Ол аата онно суруйарбытыгар харчы төлөөбөппүт. Аан дойду таһымнаах уопсастыбаннай пуонда буолан, сиэртибэлээһин быһыытынан дьонтон харчы хомуйан үбүлэнэр. Сиэртибэ харчыны тэрилтэлэр да, биирдиилээн да дьон ыыталлар.
Бикипиэдьийэҕэ суруйар дьон кимиэхэ да тугу да отчуоттаабаппыт, тутулуга суох үлэлиибит. Биирдиилээн дьон ол пуондаҕа харчы ыыппыттарын туһунан сурах кэлээччи. Ханна эрэ тас дойдуга ыытардааҕар, Арассыыйатааҕы Викимедиа РУ тэрилтэбитигэр ыытыахтарын сөп. Бу тэрилтэ сыл аайы грант суруйар, билигин библиотекалары кытта үлэлииргэ бырайыактаахпыт. Яндекс тэрилтэ хаста да көмөлөһөн турар. Ол граннар уонна көмө харчыны Арассыыйа тылларынан тахсар бикипиэдьийэлэр сайдыыларыгар ыытабыт.
Аныгыскы нэдиэлэҕэ, холобур, Вики-Премия диэн сыл аайы ыытыллар тэрээһин Москубаҕа буолаары турар. Онно Бикипиэдьийэни өйүүр салайааччы диэн быйыл татаардар бэрэсидьиэннэрин биир номинацияҕа киллэрбиттэр этэ. Биһигиттэн даҕаны ол бириэмийэни ылбыт тойон-хотун хаһан эрэ баар буолуоҕа.
БИИКИ САХАЛАР
– Саха сиригэр Биики Саха диэн хамсааһыннаахпыт. Күрэстэри ыытабыт. Бирииһинэн спонсордар, холобур, “Бичик” уонна “Көмүөл”, куруук көмөлөһөллөр. Саха сиринээҕи наука Академията уонна Гуманитарнай чинчийэр институт өйөөн, былырыын бэйэлэрин кинигэлэрин бириис гынарга бэлэхтээбиттэрэ. Биирдиилээн да урбаанньыттар көмөлөһүөхтэрин сөп. Холобур, хаһан эрэ “Харчы” диэн тиэмэлээх күрэс ыыта сылдьыппыт, онно Дьокуускай нумизмата Никифор Иванов ноутбук туруорбуттаах.
– Таһымнарынан, тэтимнэринэн билигин кимнээх үчүгэйдэрий?
– Атын омуктары кытта тэҥнээтэххэ, сахалар бэркэ барсан иһэбит. Татаардар, башкирдар элбэхтэр уонна сүрдээх көхтөөхтөр. Башкортостааҥҥа “Вики-бабушки” диэн ааттаах хамсааһын баар буолла. Башинформ бу күннэргэ биллэрбитинэн, биир биэнсийэлээх эмээхсин былырыын биир сыл иһигэр 1200-тэн тахса ыстатыйаны суруйбут. Оннук дьонноро кинилэргэ уонунан ааҕыллар элбэх. Онон Башкир Бикипиэдьийэтэ түргэнник эмискэ улаата түстэ. Аны, дьиктитэ диэн, саамай түгэх оройуоннарыгар олорор дьон суруйаллар. Кинилэр кэмигэр өйдөөбүттэр – биһиги бэйэбит башкирдыы суруйбатахпытына, ким даҕаны суруйуо суоҕа диэни...
Кинилэр кэннилэриттэн биһиги, араа-бараа осетиннар барсан иһэллэр. Чеченнэр кэлин сүрдээҕин эбилиннилэр. Ол эрээри сүүстэн тахса Арассыыйа төрүт омугуттан 10 иһинэн эрэ омук бикипиэдьийэтин күүскэ сайыннарар.
Биһиги бикипиэдьийэбит сайдарыгар тоҕо түһэн суруйар дьону элбэтиэхпитин баҕарабыт.
САХАЛЫЫ БУОЛЛА ДА, ЭРЭЙДЭЭХ БУОЛААЧЧЫ
– Эн оҕолоруҥ сахалыы саҥараллар дуу?
– Саҥараллар. Саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр кылааска үөрэммиттэрэ. Биллэн турар, нуучча оскуолата буолан, ордук нууччалыы баһылаабыттара биллэр.
Сахалыы дьыссаат, кылаас буолла да, куоракка кыһалҕалаах. Уруккуттан баччаҕа диэри баар кыһалҕа. Уолбутун сахалыы кылааска биэрээри 11 сыллааҕыта элбэх эрэйи көрсүбүппүт.
“Ийэ тыл кэскилэ” диэн көхтөөхтүк үлэлиир тэрилтэлээхпит. Киин куорат иһинэн Сахалыы уһуйаан, оскуола элбиэхтээх диэн туруорсабыт. Билигин төрөппүттэн элбэх тутулуктаах диэн өйдөтүү үлэтин ыытабыт. Сандаара Кулаковская, Туйаара Алаас курдук блогердар төһүү буолаллара наһаа үчүгэй.
– Мээрийэ төһө өйүүр дии саныыгын?
– 2,5 сыл анараа өттүгэр мээргэ хандьыдааттар дебаттара буолбута. Онно билиҥҥи баһылыкпыт С.В.Авксентьева баара. Онно тиийэн тыл эппитим. Биһиги, сахалар, Дьокуускайтан ураты улахан куораппыт суох, “лингвистическэй ландшафт” диэн өйдөбүл баар, ол ландшафтка сахабыт тыла хайаан да көстүөхтээх диэбитим. Ол аата харахха быраҕыллар суруктар, өрөспүүбүлүкэбит сокуонун ирдэбилинэн, икки тылынан тэҥник баар буолуохтаахтар. Холобур, оскуолаларга “Добро пожаловать!” диэн сурук баар буоллаҕына, сахалыы “Нөрүөн-нөргүй!” диэн эмиэ хайаан да баар буолуохтаах. Эбэтэр ханнык баҕарар тэрилтэҕэ киирдиҥ да – хосторун аата сахалыы уонна нууччалыы суруллуохтаах. Итини олоххо киллэриэххэ диэн эппитим. Ону Авксентьева сүрдээҕин сөбүлээбитэ, туран тыл эппитэ, мээр буолар түгэммэр үлэлиэхпит диэн.
Үөрэх Управлениетын тойонун тала сылдьар кэмигэр эмиэ көрсүбүппүт. “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүүттэн бара сылдьан. Онно кини бэйэтэ бу ландшафт туһунан этиибин өйдөөн кэлбитэ, аргыый-наллаан үчүгэйдик кэпсэтиэхпит диэбитэ. Сыл аҥаара буолан баран солбуйааччытын кытта кэпсэппиппит. “Кибер Саха“ аатыттан сурук киллэрбитим. Бүддьүөтү ноҕоруускалаабакка, тугу оҥоруохха сөбүн ыйбыппыт. Онтукабыт билигин да үлэҕэ сылдьар быһыылаах...
Саҥа дьыл иннинэ Тылы сайыннарар сүбэ мунньаҕар эмиэ мээр солбуйааччытын кытта ити боппуруоска кэпсэппитим. Быйылгыттан ылсыах буолбута.
Хаһан эрэ мээрийэ урукку хамаандатыгар үлэлээбит салайааччы миэхэ: “Дьон саныырыгар, биһиги сахалыыны барытын утарар курдукпут. Дьиҥэр, биһиги утарбаппыт, биһиги кыахпыт тиийбэт ээ”, – диэн эппиттээх. Ону син ылыныахха сөп дии саныыбын. Мээрийэ чунуобунньуга син биир тутулуктаах киһи.
Ол эрээри төрөөбүт тылларын сайдыытын ис сүрэхтэриттэн ылынар, өйдүүр, өйүүр дьон салалтаҕа аҕыйахтар. Үксүн күннээҕинэн олорор курдуктар.
ТЫЛ – ТОЛКУЙДУУР НЬЫМА
– Сахалыы буолла да, наар туруорсуу наада курдук. Оттон үгүс саха сэмэй, сэрэх, куттас даҕаны. Аны туран, дьиэ кэргэҥҥэ үөрэхтээһин, оҕону иитии үлэтин дьахтар дьаһайар. Дьахтар буоллар айылҕатынан буойун буолбатах. Кини киирсиигэ тиийэ сатаабат. Ол иһин эр дьоҥҥо, аҕаларга, сахалыы тылбытынан оҕолору иитии эһигиттэн эмиэ тулуктаах диэхпин баҕарабын.
– Билиҥҥи эдэр ийэлэр “биһигэ бэйэбит сатаан нууччалыы саҥарбат буоламмыт эрэйи көрбүппүт аҕай” диэн оҕолорун нууччалыы кылааска биэрэ сатыыллар...
– Куоракка аан бастаан кэлэн баран тылы үчүгэйдик билбэтиттэн эмсэҕэлээбит дьон баар буолар. Ол сахаҕа эрэ буолбатах, ханнык баҕарар омукка баар. Дьиҥэр, кини бэйэтэ куорат олоҕун-дьаһаҕын билбэтиттэн, дьону кытта сатаан алтыспатыттан эрэйи көрсөр. Ону “Мин тылы билбэппиттэн атаҕастанным” дии саныыр, ол иһин оҕотугар оннугу баҕарбат. Онтон сиэттэрэн оҕотун баһыйар тылынан үөрэттэрэр. Сэбиэскэй кэмҥэ биһиги оннугу көрбүппүт – Дьокуускайга сахалыы отой билбэт оҕолор үөскээбиттэрэ. Онтон ол киһиҥ улаатан баран, төрөөбүт тылбын билбэтим куһаҕан эбит диэн дьэ өйдөөн, бэйэтин оҕотун төрөөбүт тылын саатар өйдүүр буоларыгар кыһаллар. Онон иккис көлүөнэ тылын отой билбэт буоллаҕына, үһүс – син удумаҕалатар. Итинтэн улаханнык ороһуйар сатаммат, олох сокуонун курдук бара турар көстүү. Тыл үөрэҕэ суох, көннөрү дьоҥҥо өйдөтөр үлэни күүскэ ыытар куолу.
Тыл диэн киһи санаатын, баҕатын этэр тэрилэ, инструмена эрэ буолбатах, тыл диэн – толкуйдуур ньыма. Мин куруук этэбин: Аан дойду киһитэ барыта биир тылынан толкуйдуура буоллар, кыһалҕаларын быһаарарыгар элбэх харгыһы көрсүө этэ. Киһи араас тылынан саҥарар буолан, толкуйдуур ньымата араас буолан, кыһалҕаларын араастык быһаарар кыахтанар. Судургутук эттэххэ, кытайдыы толкуйдуур киһи кыайан быһаарбатаҕын, нуучча быһааран кэбиһиэн сөп.
Саха дуу, чукча дуу киһитэ бүтүн аан дойдуну өлөр өлүүттэн быыһыан сөп диибин. Атыттарга маарыҥнаабаттык толкуйдуур буолан.
Нейрофизиология өттүнэн көрдөххө, маннык сабаҕалааһын баар: мэйии оҥоһуута көлүөнэлэр тухары чочуллан, төрөөбүт тылга ордук табыгастаах буола сайдар. Онон төрөөбүт тылын билэр, онон сайдыбыт оҕо айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун ордук арыйар диэн. Кырдьаҕас учууталлар итини куруук бэлиэтии көрөллөр. Холобур, саха оҕото төрөөбүт тылынан толкуйдуур буоллаҕына, математиканы да, физиканы да үчүгэйдик ылынар. Итини төрөппүттэргэ өйдөтөргө куоһур курдук туттуохха сөп.
“Тыл тылы мэһэйдиир” диэн миф баар. Олох төрдүттэн сыыһа көрүү. Дьиҥэр, тыл тылга олох мэһэйдээбэт. Икки тылы тэҥҥэ билэн улааппыт оҕо мэйиитэ, төттөрүтүн, араарарга үөрэнэр. Мэйиитигэр нейроннарын икки ардынааҕы сибээһэ элбээн биэрэр. Онон кини атын да эйгэҕэ ордук хотуулаах буолар, тоҕо диэтэххэ, араас ньыманан толкуйдуур имигэс өйдөөх. Ол иһин ийэ тылын билэр оҕо бу дьалхааннаах үйэҕэ күрэстэһэр кыаҕа үрдүүр диэн төрөппүттэргэ өйдөтүөхтээхпит.
Билиҥҥи туругунан дьон алҕаһын, сыыһа саҥарарын бэлиэтии көрөр, ону уодьуганныы сатыыр дьонноохпут. Оннук дьон баара үчүгэй. Ол эрээри, ону тэҥэ саха тылын билиини туох эрэ күлүмүрдэс чыпчаал курдук өйдүүр дьон баар буоларын ситиһиэхтээхпит. Саха тыла дьоҥҥо силинэн бырдаҥалыыр хаалыылаах хара дьай курдук көстүө суохтаах. Саха тыла дьоҥҥо сылааһынан сыдьаайар аламай күн буолуохтаах. Оччоҕо ыччат оннук дьоҥҥо тардыһыаҕа, киһи барыта саха тылын билэргэ дьулуһуоҕа. Ханнык баҕарар омугу ылан көрдөххө, сөпкө саҥарар, түгэниттэн көрөн тылын-өһүн истиилин уларытан кэпсиир-ипсиир, суруйар-бичийэр дьон куруук үрдүкү араҥа дьоно буолаллар. Тоҕо диэтэххэ, оннук арааран өйдүүр, сөпкө саҥарарга-суруйарга сыратын-сылбатын уурбут эрэ киһи үөрэҕи ылынар дьоҕурдаах, үлэни үрдүк таһымҥа оҥорор кыахтаах. Онон ханнык баҕарар саха киһитигэр сахалыы сөпкө саҥарыы – кини өркөн өйүн, үөрэҕи ылынар кыаҕын туоһута буолуохтаах.