03.08.2023 | 10:00

Хабырыыл Торотоойоп: «Ийэ тыл — КЫАХ, КҮҮС, ҮҮНҮҮ»

От ыйын 21 күнүгэр СӨ саха тылын тиэрминнэрин хамыыһыйатын II-ис мунньаҕар дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕаммыт сорох тиэрминнэри бигэргэттилэр.
Хабырыыл Торотоойоп:  «Ийэ тыл — КЫАХ, КҮҮС, ҮҮНҮҮ»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Боротокуолунан 27 тиэрмин бигэргэннэ:

Предпринимательство – урбаан;

Предприниматель – урбаанньыт;

Музей – түмэл;

Детский сад – уһуйаан;

Наука – билим;

Глобальнай сеть (интернет) – куйаар ситим;

Остановка – тохтобул;

Система – тиһик;

План – торум;

Проект – барыл;

Модель – оҥкул;

Принцип – тосхол;

Расписание – наардал;

Дневник – күннүк;

Гимн – өрөгөй ырыата;

Образ – дьүһүлгэн;

Пандемия – хамсык;

Мультфильм – ойуулук;

Псевдоним – айар аат;

Аптека – эмтиэкэ;

Реклама – угуйук;

Ссылка – сигэ;

Приложение – сыһыарыы;

Конфронтация – күөнтэһии;

Конкуренция – күрэстэһии;

Море – байҕал;

Океан – далай.

 

Ол туһунан М.К Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, доцент Хабырыыл  Торотоойоптуун сэһэргэстибит.

Тиэрмин кэм-кэрдии дьүүлүгэр

– Бастатан туран, бу соторутааҕыта хас да тиэрмин  бигэргэннэ,  терминология хамыыһыйата тэриллибитин биллибит. Хамыыһыйа туох сыаллаах-соруктаах үлэлиирий? Кимнээх киирдилэр? Кинилэри ким талла?

– Быйыл бэс ыйын 6-с күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн тиэрмин хамыыһыйатын тэрийэр туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ А.Тарасенко ыйааҕа тахсыбыта. Хамыыһыйаҕа суруналыыстар, суруйааччылар, учуонайдар, түмэтчилэр (уопсастыбанньыктар), салайааччылар киирдилэр. Хамыыһыйаны СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Васильевич Местников иилиир-саҕалыыр.

Хамыыһыйа иккис мунньаҕа сахалыы көрүҥнээх 27 тиэрмини бигэргэттэ. Хамыыһыйа чилиэттэрэ хас тиэрмин ахсын куоластаатылар. Онон баһыйар куолаһы эрэ ылбыт тиэрмин бигэргэтиини ааста. Бэлиэтээн эттэххэ, бигэргэтиллибит кэрискэҕэ соторутааҕыта эрэ айыллыбыт угуйук (реклама) диэн тиэрмин баар. Сорох тиэрмин мөккүөрдээҕин иһин хос көрүүгэ ыытылынна.

 

– Хамыыһыйа хайдах үлэлиэҕэй, араас эйгэнэн арахсан үлэлиигит дуо?

– Сахабыт тыла, Төрүт сокуоҥҥа сурулларынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыба тыла диэн анал туруктаах. Ол аата тылбыт өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар толору туттуллуохтаах. Дьэ, ону ситиһэр туһугар тылбытыгар тиэрмин тиһигэ, ол эбэтэр тиэрмин айыллыыта, бигэргэниитэ, тарҕаныыта барыта биир тиһиккэ киирбит, итиэннэ сайдыбыт буолуохтаах.

Хамыыһыйа, сүнньүнэн, тиэрмин туттуллуутун сааһылыыр соруктаах. Ол курдук, киирбит этиилэри көрөн, хайа тиэрмин ордук тупсаҕайын, этигэнин, табыгастааҕын талан бигэргэтиэхтээх. Ол аата тиэрмин ирдэбилигэр бары өттүнэн хоруйдуур, тиэрмин хонуутугар чопчу туттуллуон сөптөөх эрэ анал тыллары көрөбүт. Ону араас ханаалынан бэчээт, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ нөҥүө дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыллыахтаах. Сол күнтэн ыла ити тиэрминнэр тылбыт нуорматыгар киирэн, киэҥник туттуллан барыахтаахтар.

Хамыыһыйаҕа анал идэлээхтэр бөлөхтөрө тиэрмин тылдьыттарын барылын оҥорон киллэриэхтэрин сөп буолуо. Ити, биллэн турар, үгүс ырытыыны эрэйэр уустук үлэ. Ол да буоллар бу хайысханан үлэ эмиэ барыахтаах дии саныыбын.

Бары тутуһуохтаахтар

– Киирии тыллары, тиэрминнэри ылыныы хайдах барыахтааҕый? Холобур, хаһыаттарга сүбэлээһин (рекомендация) курдук буолар дуу, булгуччу тутуһаҕыт диэн дуу? Тылдьыт тахсыа дуо?

– Хамыыһыйа түмүк быһаарыытын Саха сиригэр үлэлиир судаарыстыбаннай былаас уонна бэйэни салайыныы уорганнара итиэннэ тэрилтэлэр бары тутуһуохтаахтар. Хамыыһыйа сыл түмүгүнэн үлэтин сүнньүн бар дьоҥҥо иһитиннэрэн-биллэрэн иһиэхтээх. Онно бигэргэтиллибит тиэрминнэр кэрискэлэрэ хайаан да киириэхтээх. Билиҥҥитэ кэрискэҕэ араас эйгэҕэ туттуллар тиэрминнэр бииргэ киирэ сылдьаллар. Кэлин тиэрминнэр тус-туспа эйгэнэн эмиэ бигэргэниэхтэрин сөп буолуо, холобур, “Успуорт тиэрминнэрэ”, “Урамньы тиэрминнэрэ”, “Куйаар ситим тиэрминнэрэ” о.д.а. Кэлин ити сааһыланнаҕына, байдаҕына, тыллык эбэтэр туспа тылдьыт да быһыытынан тахсыан сөп.

 

– Эн санааҕар, быһа холуйан төһө ахсааннаах тиэрмин бигэргэниэй? Көннөрү дьон маны хайдах ылыныаҕай?

– Хамыыһыйа ахсааны сырсыбат диэн быһаччы этиэм этэ. Биһиги сүрүн болҕомтобутун тиэрмин хаачыстыбатыгар хатыыбыт, ол аата бу тыл төһө тиэрмин буолар кыахтааҕар. Дьон хаһан баҕарар саҥаҕа сыыйа-баайа үөрэнэр. Онон саҥа тиэрмин сурукка-бичиккэ, саҥаҕа-иҥэҕэ үгүстүк имилиннэҕинэ-талкылыннаҕына эрэ, тылбыт туттуллар эргимтэтигэр киириэн сөп. Маҥнай утаа саҥа тиэрмиҥҥэ тулуурдаах сыһыан ирдэнэр. Оччоҕо саҥа тыл туга-ханныга, уйана-хатана көстөн иһиэ этэ. Дьон отой ылыммат буоллаҕына, хойутун хойут ону атын тылынан солбуйуохха сөп буолуо. Оннук буолбатын туһугар норуот ылыныа эрэ диэбит тиэрминнэрин талан бигэргэтэ сатыыбыт. Ону дьон-сэргэ уонна кэм-кэрдии дьүүлүгэр таһаарабыт.

 

– Тиэрминнэри тылбаастааһын туохха олоҕурарый? Холобур, предпринимательствоны урбаан дииргэ хаһыаттар, тэлэбиидэнньэ үөрэппит эбит буоллаҕына, муора дии үөрэммиппитин туохха олоҕуран байҕал диэтибит?

– Тиэрмини оҥоруу – билим (наука) туспа салаата. Элбэх ирдэбиллээх уустук үөрэх, анал бэлэмэ суох киһи мунаарар эйгэтэ. Үгүс киһи тиэрмини уонна тылбааһы бутуйар үгэстээх. Тиэрмин – билим тыла, ол аата билим хайа эрэ чопчу эйгэтигэр туттуллар аналлаах, хонуулаах (терминологическое поле).

 Тиэрмин үгэс курдук аат тылынан бэриллэр бүтүн өйдөбүл буолар: психология – уйулҕа үөрэҕэ, филология – тыл үөрэҕэ, исполнительная власть – ситэриилээх былаас. Маннык чопчу өйдөбүллэр халбаҥнаабат быһаарыылаах буолаллар. Сорохтор «уже» – номнуо, «даже» – бэл диэтэр/оннооҕор, «поддержкалаа» – өйөө курдуктары тиэрмин диэбит буолааччылар. Бу – тылы-өһү сыыһа туттууну көннөрүү диэҥҥэ киирэр, атыннык эттэххэ, тыл-өс култуурата.

Тиэрмини киэҥ эйгэҕэ, сүнньүнэн, суруйааччылар уонна суруналыыстар тиэрдэллэр. Онон айар интэллигиэнсийэҕэ эрэлбит улахан. Холобур, “Кыым” хаһыат урбаан, билим, түмэл курдук тиэрминнэри дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатта.

Өбүгэбит Байҕал күөл кытылыгар олоро сылдьыбыта диэни биһиги номохтон билэбит. Байҕал саха өйдөбүлүгэр уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ далай. Хотугу Муустаах акыйааны саха Муус Кудулу Байҕал диирэ. Билигин билим сайдыбыт үйэтигэр байҕал уонна далай диэн тиэрминнэрбитин чопчулуох тустаахпыт. Дьэ, онон муораны –  байҕал, акыйааны – далай диэн бигэргэттибит. Мантан инньэ бу икки өйдөбүлү араарыах кэриҥнээхпит.

– «Расписание» - наардал буолбут. "Маннык буоллаҕына, Ойуур Байбал курдук, нэдиэлэ күннэрин аан күн, чэбэр күн эҥин диэхтээхпит дуо?" диэн ааҕааччыларбыт ыйыппыттар этэ... Эн туох дии саныыгын?

– Бүлүүтээҕи учуутал кыһатыгар үөрэнэ сырыттахпына, уһуйааччыларбыт «расписание» диэни наардал, «дневник» диэни күннүк диэн суруттараллара. Оскуолаҕа быраактыкаҕа сылдьан, оннук сурук эркиҥҥэ ыйанан турарын илэ харахпынан көрөр этим. Итинэн сылыктаатахха, бу тиэрмин 1990-с сылларга айыллыбыт. Онон наардал диэн тыл эрдэттэн баара, ону хос сөргүттүбүт диэн өйдөбүллээхпин.

 “Сахалыы тиэрминнэр” диэн бассаап бөлөҕөр баарбын. Кэрдиис (нэдиэлэ) күннэрин онно ырыппыппыт. Аан күн (понедельник), Чэбэр күн (четверг) диэн ити тус бэйэм этиим сылдьар. Биһиги бөлөхпүт сүрүн көрүүтүн Ойуур Байбал, бар дьон илдьитэ буоларын быһыытынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ улгумнук тиэрдэр. Бэнидиэнньик, оптуорунньук диирдээҕэр төһө эмэ ордук дии саныыбын. Ыччаппытыгар көдьүүстээх буоллун диэн ити тылларга сахалыы ураты өйдөбүлү укпуппут. “Сахат” оскуола үөрэнээччилэригэр кэрдиис күннэрин сахалыы ааттарын холоон көрө сылдьар. Оҕолор төрөппүттэрин кытта ону олус кэбэҕэстик ылыналлар үһү. Ол да буоллар кэрдиис күннэрин тиэрмин хамыыһыйатыгар киллэрэр эрдэ. Тоҕо диэтэххэ, манна мөккүөр бара турар. Сорохтор чолбоннор ааттарынан (Мэндэҥэ, Сэндэҥэ...) ааттыахха, сорохтор Үлэ бастакы, иккис, үһүс...күнэ, ким эрэ бииринньик, иккинньик...быыһык күн эҥин диэххэ дииллэр.

Ийэ тыл дьиэ кэргэҥҥэ уйаланар

– Саха тылын сүтэр туруктаах тыллар кэккэлэригэр киллэрэллэр. Эн итиннэ туох-ханнык санаалааххын?

– ЮНЕСКО саха тылын “Аан дойду сүтэр кутталлаах тылларын аатылаһыгар” киллэрбитэ. Бу аатылаһы атыннык “Тыллар Кыһыл кинигэлэрэ” диэххэ сөп. Итиннэ тыллары хайдах-туох туруктаахтарынан көрөн, 6 араҥаҕа араараллар. Маныаха сүрүн ирдэбил – ийэ тыл сүһүөхтэн сүһүөххэ, көлүөнэттэн күлүөнэҕэ (межпоколенческая передача) төһө чөллөй тиэрдиллэрэ буолар. Биһиги тылбыт “кэбирэх туруктаах тыл” диэҥҥэ сөп түбэһэр. Ол аата тылбыт күүстээх көмүскэли, өрө тардыыны эрэйэр. Сахабыт тылын кэлэр кэскилэ билигин бу баар дьонтон, хас биирдии саха киһититтэн тутулуктаах. Омук быһыытынан сир үрдүттэн симэлийиэхпитин баҕарбат буоллахпытына, тылбытын туруулаһыахтаахпыт, ыччаппытыгар ылыннарыахтаахпыт.

Ийэ тылбыт кэскилэ дьиэ кэргэнтэн быһаччы тутулуктаах дииллэрин туох дии саныыгын? Холобур (бэйэм холобурбунан быһан кэпсиим), оҕобун үс сааһыгар диэри сахалыы эрэ саҥарар гына иитэн таһаарабын, онтон уһуйааҥҥа сахалыы бөлөххө миэстэ булан, онно биэрэбин – оҕом, атын оҕолор уонна эйгэ сабыдыалынан нуучча буоларга барар... Онтон прописканан оскуолаҕа барабыт, сахалыы кылааһы талабыт... Онтубут аата эрэ сахалыы, "саха тыла" уонна "лит. ааҕыыта" диэн биридимиэттээх эрэ буолаллар эбит (албын сахалыы кылаастар диибин). Оҕом олох нуучча буолан иһэр... Күүспүнэн дьиэм иһигэр төрөөбүт тылбынан кэпсэтэрим, оҕолорбун сахалыы саҥарда сатыырым, ырыаҕа, чабырҕахха дьарыкка сырытыннарарым туох туһалааҕый? Ардыгар бэйэбэр эрэ наадалаах дуу дии санаары гынабын дии... Төрөппүт ийэ тылы туруулаһыыга улахан өйөбүлэ суох курдук. Маннык санаа үгүс ийэҕэ үөскүүр эбээт...

– Мин мэлдьи “ИЙЭ ТЫЛ ДЬИЭ КЭРГЭҤҤЭ УЙАЛАНАР” диибин. Ол аата тылбыт кэскилэ билиҥҥи эдэр төрөппүттэн тутуллар. Оҕону саха гынан сандаардыахха, киһи гынан килбэтиэххэ эбэтэр күүһэ-уоҕа тостубут, уота-күөһэ умуллубут, кимэ-туга биллибэт көҥдөй күлүккэ кубулутуохха сөп. Бу, биллэн турар, дьүһүлгэҥҥэ (уобарас) олоҕуран этэбин. Ийэ тыл – КЫАХ, КҮҮС, ҮҮНҮҮ. Маны иҥэриммэтэх оҕо ийэтэ-аҕата билэрин-өйдүүрүн чиэппэрин даҕаны ыйдаҥарпат, ундаардаабат, удумаҕалаппат. Бу аата сайдыы дуо? Суох! Кэхтии!!! Ийэ тылын чиҥник иҥэриммит киһи айылгытынан КӨҤҮЛ!!! Ийэ тылын тилэри баһылаабыт киһи БИГЭ СҮРҮННЭЭХ, ТИРЭХТЭЭХ, ӨЙӨБҮЛЛЭЭХ, КӨМҮСКЭЛЛЭЭХ, ХАРЫСХАЛЛААХ!!! Илэ өйүнэн сылдьар ийэ-аҕа баар-суох тапталлаах оҕолорун хайдах маннык сүҥкэн-сүдү күүстэн көрдөрбүтүнэн матарыахтарай?!!! Онон эдэр төрөппүккэ туһуламмыт өйдөтөр-сырдатар үлэ тэриллиэхтээх. Оҕо норуотун саамай КҮНДҮ БААЙЫТТАН матара, ытыс сотторо – ЫАР БУРУЙ. Ол кэлин иэстэбиллээх буолар. Ону ыччат дьон өйдүөхтээх.

Билигин Дьокуускайга дьиҥ-чахчы сахалыы үөрэтэр уһуйаан уонна оскуола аҕыйах. Сорох оскуола саха тылын биридимиэт эрэ быһыытынан үөрэтэр. Тыл дьылҕатын уонна кэскилин оскуола дириэктэрдэригэр куос биэрэн кэбистилэр. Кинилэр быһаарар буоллулар оскуола ханнык барыйаанынан үөрэнэрин. Манна үөрэх уонна билим министиэристибэтэ быһаччы дьайар кыахтааҕа буоллар, туох эмэ уларыйыы тахсыах этэ.

Тылга харыстабыллаах сыһыан

Сорохтор “тылы олус сахатытан, дьону тэйитэллэр” эбэтэр “мин эрэ эппитим сөп” диэччилэр бааллар.  Булкуйан саҥарар дьону сиилиир да дьон бааллар... Оҕолорбут үгүстэрэ ыраастык сатаан саҥарбаттар... Орто суолу хайдах тутуһабыт?

– Омук тылын бэйэ киэнэ оҥоруу – хайа баҕарар тылга тэнийбит көстүү. Өскөтүн омук тыла ылынар тыл нуорматын алдьаппакка киирэр буоллаҕына – ол тылы байытар. Нуучча тылыгар оннук сүүһүнэн тыһыынча тыл, ол иһигэр биһиги «ысыах», «осуохай», «булгуннях», «олонхо», «ураса» курдук тылларбыт бааллар. Бу түбэлтэҕэ биһиги тылбыт “нууччатыйда”. Таҥнарытын, омук тыла нуучча тылын нөҥүө биһиэхэ киирэн “сахатыйар”: холобур, үнүбэрситиэт, үнүстүүт, устудьуон. Бу – тылга доҕордуу, харыстабыллаах сыһыан көстүүтэ. Оттон балары уларыппакка «университет», «институт», «студент» диэтэххэ, саха тылын халбаҥнаабат тутулун хамнатар, ыһар-тоҕор. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр, төһө да сөбүлээбиппит иһин, тылбыт сокуонун кэһэллэр: дорҕоон дьүөрэлэһиитин, бүтэй дорҕооннор сэргэстэһиилэрин, тыл сүһүөҕүн тутулун о.д.а.

Саха тылыгар биэс истиил баар, ол эбэтэр биэс сүрүн эйгэ. Ол ахсын истиил ирдэбилэ тус-туспа. Кэтээн көрдөххө, уус-уран, публицистика, билим уонна дьыала истиилин үгүс киһи туттубат, ол оннугар туһанар эрэ буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, итилэр уустук сурук истиилигэр киирэллэр, ол эбэтэр анал бэлэми эрэйэллэр. Көннөрү киһи кэпсэтии истиилинэн муҥурданар. Манна тылбыт-өспүт таһыма уон араас. Ыччат эрэ буолбатах, саастаах дьон кытта сыыс тылы хойуутук туттар.

Киһи киһиттэн үөрэнэр. Ыччат ордук ситиһиилээх дьону тумус туттар. Онон биллэр-көстөр артыыстарбыт, ырыаһыттарбыт, суруналыыстарбыт, учуонайдарбыт, салайааччыларбыт о.д.а. идэлээх дьон сахалыы киһи ымсыырыан курдук ыраастык, ылбаҕайдык, хомоҕойдук саҥараллара буоллар, элбэх киһини батыһыннарыа этилэр. Тылы толору баһылаабыт дьон үлэлэригэр-хамнастарыгар да ситиһиилэниэ, олохторугар-дьаһахтарыгар да абыраныа этилэр.

Куйаар ситим, киһи түргэнник кэпсэтэр социальнай ситимнэрэ тарҕанан, тылы сыыһа суруйуу, туттуу элбии турар курдук. "Ҥ" дорҕоон олох сүтүөх курдук, "оттон" уонна “онтон” да диэни араарбат дьон элбэх. Эн санааҕар, бу кыһалҕа хайдах быһаарыллыан сөбүй?

– Ыччаты үөрэтэр дьон: иитээччилэр, учууталлар, уһуйааччылар маны болҕойуох тустаахтар. Ол аата кинилэр тыллара ыччакка холобур буолуохтаах. Тыл-өс култууратын үрдэтэргэ дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэтинэн дьайар ордук көдьүүстээх дии саныыбын. Аныгы киһи алҕаһы көннөрөргүн сөбүлээбэт. Онон бу кыһалҕаны тэлэбиидэнньэ угуйугар (реклама) эҥин кыбытыахха сөп. Киһини умсугуттахха, сэргэхситтэххэ, кэрэхсэттэххэ эрэ – ол эн сирдиир сиргэр дуу, суолгар дуу талаһар.

Саха салаатыгар күрэстэһии үрдүк

– Үнүстүүккүтүгэр туттарсыы, ийэ тылынан идэни ылар дьон ахсаана хайдаҕый? Куонкурус төһө үрдүгүй? Туох идэлээх дьону бэлэмнээн таһаараҕыт?

– Билигин туттарсыы үгэнэ. Аҥаардас бакалаабыр уонна исписэлитиэт таһымыгар ийэ тылынан идэни баһылыан баҕалаах 311 киһи сайабылыанньата киирэ сытар. Ортотунан биир бүддьүөт миэстэтигэр 4 сайабылыанньа күрэстэһэр. Култуура хайысхатыгар 243 сайабылыанньа, 1 миэстэҕэ 5 сайабылыанньа күрэстэһэр. Маны таһынан маҕыыстыр уонна аспыраан буолуон баҕалаахтары эмиэ ылабыт.

Биһиги кыһабыт 9 хайысхалаах: “Тыл үөрэҕэ”, “Норуот уус-уран култуурата”, “Култуура үөрэҕэ”, “Учуутал үөрэҕэ”, “Айар үлэ”, “Ыччаты кытта үлэни тэрийии”, “Туур айан” (Туризм), “Сиэрбис”, “Ыалдьыты хонноруу” (Гостиничное дело). Ити хайысхалар, ааттарыттан да көстөрүн курдук, төрөөбүт тыл учууталларын, култуура үлэһиттэрин, суруналыыстары, суруйааччылары, ыччат лиидэрдэрин, ыалдьыты көрсүү эйгэтигэр үлэлиир анал идэлээхтэри бэлэмнииллэр.

 

– Саха тылын салаатын бүтэрбит оҕолор төһө үлэ булалларый?

– Үнүбэрситиэккэ үөрэхтэрин бүтэрбиттэр үлэ төһө булалларын кэтээн көрөр салаалаахпыт. Инньэ гынан ити өттүгэр үлэ сылы эргиччи барар. Устудьуоннарбытын үлэнэн хааччыйааччылары, улуустар дьаһалталарын кытта көрүһүннэрэбит, үлэ дьаарбаҥкаларыгар сырытыннарабыт. Ол түмүгэр оҕолорбут 100 % дьарыктаахтар. Үлэ булалларыгар судургу буоллун диэн учуутал идэтин хайысхатынан икки идэни тэҥинэн биэрэбит: “Саха уонна ааҥыл тылын учуутала”, “Саха тылын учуутала уонна эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта” о.д.а.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...