Хабаровскайга сахалар бааргыт дуо?
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун уолаттарбытыгар эйэлээх олоххо кэллэхтэринэ кинилэр тустарыгар түбүгүрэр, дьиэлэрин-уоттарын умнан, күннэри-түүннэри сүүрэр, кыһаллар дьон аҕыйаҕа суох. Бу үксүн хотун хаан саха дьахталлара, эйэҕэс эбэлэр, истиҥ ийэлэр буолаллар. Кинилэр нарын санныларыгар госпитальга сытар, бааһыран кэлбит уолаттары бүөбэйдээһин, дойдуларын астарын астаан илдьии-аҕалыы, наадаларын быһаарсан сүүрүү-көтүү сүктэриллэр.
Биир оннук киһинэн амарах, аһыныгас дууһалаах, уолаттары хараанныы, көрө-истэ сылдьар, Хабаровскай байыаннай чаастарын, госпиталларын эт атаҕынан тилийэ сүүрэр Алена Лебедкина буолар.
Бу күннэргэ Алена, уончалыы уолга ас астаан, алаадьылаан, дойдуларын аһын буһаран күн солото суох да буоллар, интервью биэрэргэ сөбүлэстэ.
– Алена, эйигин Саха сиригэр элбэх киһи билэр буолла. Күннэтэ уолаттар тустарыгар сүүрэргин, кэлэргин-бараргын бары истэ, билэ олоробут. Сахаҥ дьонугар Хабаровскайга хаһан, туох санааттан көһөн барбыккын кэпсиэҥ дуо?
– Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Хабаровскай куоракка көһөн барыахпыт иннинэ Майаҕа олорбуппут, биэс оҕолоохпут, улахаттарбыт дойдуларыгар хаалбыттара, үс оҕобутун илдьэ кэлбиппит.
Хабаровскайга эрэ барыахпыт диэн былааннаабакка сылдьыбыппыт. Кимиэхэ да быктарбатах биир түүлбүн кэпсиэхпин баҕарабын. Майаҕа олорон түүл түһээтим. Арай маҥан бытыктаах, маҥан баттахтаах кырдьаҕас киһи, оҕонньор, түүл диэҕи түүл буолбатах, илэ сылдьар курдук, этэр: “Эн манна Саха сиригэр олоруо суохтааххын, эйиэхэ наадыйар киһи элбэх, мантан бар, атын дьоҥҥо көмө буолуохтааххын”. Мин наһаа куттанным, атын дойду диэнтэн. Ол оннук ааспыта. Ол кэмҥэ биһиги ханна эрэ олохсуйа барар, сирбитин уларытар санаалаах этибит. Хараҕынан инбэлиит кыыстаахпыт. Кинини эмтэтээри. Онтон эмискэ Хабаровскайга барыахха диэн толкуй өйбүтүгэр түспүтэ.
Биир үтүө күн, турбуппут да, Хабаровскайга кэлэн хаалбыппыт, кэргэним поеһынан таһаҕаһын илдьэ айаннаабыта, мин үс оҕобун кытта сөмөлүөтүнэн көппүтүм. Тиийээт, бэрт кэбэҕэстик дьиэ булбуппут, барыта табыллан испитэ. Майаҕа оҕобор олороммун дьоҕус бизнестээх этим, сетевой хампаанньаҕа үлэлиирим, кэргэним Майаҕа тутуунан дьарыктаммыта. Онон 2021 сыл күһүнүгэр, атырдьах ыйыгар, көһөн кэлбиппит. Мин офис арынан бизнеспин салгыы сайыннарбытым, кэргэним ас таһар сулууспаҕа киирбитэ.
– Онтон олоҕуҥ атыннык салаллыбытын туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Ол курдук үлэлии сырыттыбыт. Муус устар 28 күнүгэр кырабыт 2 сааһын туолла, ону бэлиэтии сырыттахпытына билэр кыыһым төлөпүөннээтэ: «Быраатым СВОҕа баран эрэр, көмөлөһүөҥ дуо?». Уол нүөмэрин көрдөөн ыллым, эрийбиппэр наһаа үөрдэ, бырааһынньыктааҕы остуолбуттан ас хомуйан, тута киниэхэ бардым, 14-с биригээдэҕэ, казармаҕа сытар этэ. Наһаа аччыктаабыттар, аһаабакка сылдьабыт диэтилэр, элбэхтэр, наадыйдаххытына эрийээриҥ диэн төлөпүөнүм нүөмэрин биэрдим. Оччолорго маннык үлэлиэм, уолаттары көрүөм, аһатыам диэн өйбөр да суоҕа. Дьэ, уолаттар эрийэн бардылар, Кинээс-Болокуоҥҥа (Князе-Волконское), биһигиттэн 45 килэмиэтир ыраах байыаннай чааска, айанныыбын, түүн буоллаҕына – түүн, күнүс буоллаҕына – күнүс. Ол тухары алаадьыбын тута сылдьабын, наар астаах барар этим.
– Онтон?
– Онтон Серешево, 1 аадырыска баар байыаннай госпитальга сылдьар буолбутум. Былырыын балаҕан ыйыттан бааһырбыттары аҕалтаан барбыттара. Онон күн бүгүҥҥэ диэри үлэ оҥостоммун сылдьабын, саамай аҕыйаабыта 3-4 уол баар буолар, 15-кэ эҥин тиийэллэр. Билигин даҕаны байыаннай чаастарынан, ол быыһыгар срочниктарга эмиэ сылдьабын, ас астааммын илдьэбин.
– Сылайарыҥ буолуо?
– Уолаттарга сылдьан сылайбыппын билбэппин, онтон киэһэтин дьиэбэр кэлэн охтон хаалабын. Үтүө санаалаах дьон көмөтө элбэх, оччоҕо киһи өссө өрө барар курдук, күүскэр күүс эбиллэр. Бастаан биир дойдулаахтарым, харалар көмөлөһөн саҕалаабыттара. Нэһилиэкпит баһылыга Дария Ивановна Назарова олохтоохтортон хомуйан 100-тэн тахса киилэ ас-үөл ыыппыта. Улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов салалтатынан улууһум дьоно 570 кг эт, балык, хаан, харта, собо, бэрэски ыһаарылаан ыыппыттара. Уолаттар дойдуларын аһылыгын сиэхтэрин баҕараллар, үтүөрэн барабыт дииллэр, наһаа махтаналлар. Кэлин Өймөкөөн улууһа көмөлөспүтэ, саас кус, куобах, эт ыыппыттара.
– Каартаҕыттан харчыгын уорбуттарын истибитим.
– Ол күн оруобуна үс ыйдаах хамнаһым кэлбитэ. Хабаровскайтан 4 чаас айаннаан тиийэр Бикин байыаннай чааска бараары такси сакаастыы олорбутум. Оччолорго Амматтан миэхэ көмөлөһө диэн биир үтүө санаалаах Күннээйи кэлбитэ. Иккиэҥҥититтэн 500 солкуобайы ылабыт, бронь оҥорон кэбиһиҥ, каартаҕыттан сайт нөҥүө төлөө диэтилэр, үс сыыппараны суруйааппын кытта харчым барыта баран хаалла. Полицияҕа сүүрэн тиийдибит, сайабылыанньа суруйдубут. Хантан, күн бүгүҥҥэ диэри суох, силиэстийэ бара турар дииллэр. Онон массыанньыктар харчыбын барытын уоран ылбыттара. Санаам наһаа түспүтэ, хайыахпын да билбэтэҕим. Онуоха Күннээйи барыта үчүгэйгэ, туох эрэ куһаҕан буолуохтааҕын ол харчынан ылбыта буолуо диэн санаабын дэлби көтөхпүтэ, онтон оҕом харчыта эҥин түһэн арыый кэҥээбитим.
– Ол кэмҥэ харчынан көмө буолуоҕуҥ диэн бассаап бөлөхтөргө ыҥырыы кэлбитэ. Аата атын, ыытар киһибит аата атын тахсар, массыанньык буолуо диэн сорохтор итэҕэйбэтэхтэрэ. Мин даҕаны ол түүн санаарҕаан утуйбатаҕым. Оччолорго эйигин үчүгэйдик билбэт буоллаҕым дии. Сарсыныгар кэпсэтэн баран дьэ «һуу» гыммытым. Бээ, өссө биир убайым «кырдьык массыанньык эбит, наһаа элбэх бөлөххө ыыталаатым, хайыыбыный?» диэн куттаныы бөҕө.
– Дьэ, оннук баара. Манна бааһырбыт уолаттар кэргэттэрэ кэлэннэр хоно сылдьыбыттара, биир хоспун туран биэрбитим. Барарбын-кэлэрбин, ас бөҕөтө астыырбын көрөллөр. Хайдах эрэ көмөлөспүт киһи диэн сыалтан биллэрии суруйбуттара. Мин эдьиийим “Алмаасэргиэнбаан” каартатын туттар этим, онон кини нүөмэрин суруйан ыыттахтара дии, Александра Федоровна Н. диэн, бэйэм Елена Васильевнабын. Аны туран оҕо эрдэхпиттэн дьонум Алена дииллэр, докумуоммар барытыгар Еленабын. Миигин билэр дьон бары Алена дииллэр. Этэргэ дылы, Елена буоларбын улаатан эрэ баран билбитим, докумуоммун көрөн.
Харчы кыра-кыралаан киирэн барбыта. Ол киирбит харчыттан биэс уолга 5-тии тыһыынчалаах ортопедическай сыттык атыыласпытым.
Көмө-сүбэ буолар дьонноохпуттан ис сүрэхпиттэн махтанабын, үөрэбин. Майя Галактионовна Аргунова, юрист, күн бүгүҥҥэ диэри көмөлөһө, кэпсэтэ сылдьар. Николай Дмитриевич Бугаев куоракка тиийдэхпинэ эмиэ наһаа үчүгэйдик көрсөр, өйүүр, сүбэлиир. Соторутааҕыта Дьааҥыттан 20000 солк. харчы ыыппыттара, “Тимуровские на Севере” диэн бөлөхтөөхтөр эбит. Онон үтүө санаалаах сахам дьонугар наһаа улаханнык махтанабын. Кинилэр үтүөлэрэ бэйэлэригэр сүүс төгүл эргийэн тиийдин. Дойдубуттан эппин-аспын булан биэрэр администрация үлэһитэ Октябрина Кулешованы, Москваҕа ЕКЦ үлэһиттэрэ Лена Афанасьевнаны, Марина Викторовнаны хайаан да ааттыахпын баҕарабын. Уонна, биллэн турар, миигин өйүүр, өйдүүр, күүс-көмө буолар биир дойдулаахтарбар барҕа махтал.
– Уолаттар настарыанньалара хайдаҕый?
– Бэтэрээнэн соҕус. Биллэн турар, ньиэрбэлэрэ, уйулҕалара мөлтүүр, төттөрү анараа бара сатыыр уолаттар бааллар. Эр киһи ытыырын саҥа көрдүм, наһаа уйан буолан хаалаллар эбит. Буотарах миинэ иһэ олорон харахтарын уута кэлэр, дойдуларын, дьоннорун саныыллар. Миигин балтыбыт, эдьиийбит, эдэрдэр ийэбит курдуккун дииллэр. Наһаа махтаналлар, саха аһын аһатаҥҥын дойдубутугар сытар курдук сананабыт дииллэр, көмөлөһөр, туһалаах, сэниэ биэрэр диэннэр. Уопсайынан сахам уолаттара бойобуойдар, санаалара наһаа күүстээх. Киһи киэн туттар дьоно.
Билигин барар уолаттар элбээтилэр, баҕа өттүнэн, хантараагынан, сулууспалааччылар бааллар. Олорго эмиэ тиийэбин, алаадьы, бэрэски, эт астааммын, өйүөлээн эҥин ыытабын. Госпитальтан тахсыбыт уолаттары Дьокуускайга атаарабын, сорохтору Украинаҕа атаарабын.
Сорохтор госпитальтан тахсаат, төттөрү бараллар, дьиҥэр, уоппуска бэриллэр дии, ону икки эрэ нэдиэлэ бараммыт тугу гынабыт, дьоммутун, оҕолорбутун эрэ аймыыбыт диэччилэр бааллар.
Сорох уолаттары сөмөлүөтүнэн арыаллаан дойдуларыгар илдьэн биэрэбин, кыра оҕо курдук буолан кэлэллэр. Барыс дииллэр, көрдөһөллөр, ону, халыйан хаалбатыннар диэн, сылгылыыбын, арыгы иһэн булкуллан хаалыах курдуктар, ону Дьокуускайга илдьэн дьонноругар тиийэ тиэрдэбин, аэропортка тоһуйаллар.
– Атын уолаттарга төһө сылдьалларый?
– Хабаровскай үрдүнэн тэҥнээхпин көрсө иликпин. Нууччалар наһаа ымсыыраллар, холобур, биир палаатаҕа биир саха уола, кинини кытта 4-5 нуучча, атын да омуктар баар буолаллар. Онно мин бэйэм уолбар алаадьы, бэрэски илдьэбин уонна барыларыгар түҥэтэбин, биһи эрэ уолбут аһыы сытара хайдах эрэ сатамньыта суох курдук, онон наһаа кэтэһэллэр, “Наша пришла” дииллэр. Кыһаллар дьонноох уолаттарга санитаркалар, медицинскэй үлэһиттэр даҕаны быдан утары бараллар, кыһамньылаахтык көрөллөр, эмтииллэр. Тиксииттэн срочник уолаттар төрөппүттэрэ махталларын биир куул тоҥ балык ыыппыттара, онтон бэрсибитим эҥин. Оннук албыннастахха эрэ уолаттарбын түргэнник атахтарыгар туруораллар буоллаҕа.
– Мин иһиттэхпинэ, куруук соҕотоҕун сылдьаҕын, бараҕын-кэлэҕин, ким да көмөлөспөт дуо?
– Кэлэн ас астаһаллара буоллар, наһаа да үчүгэй буолуо этэ, сүүһүнэн бэрэски, алаадьы буһарабын. Алаадьыны ааһан иһэн астыыр буоллум, этэргэ дылы, харахпын быһа симэн да туран. Бэйэм бэйэбиттэн соһуйабын, сөҕөбүн ээ. Соторутааҕыта нуучча дьахталлара блины астаан көмөлөһүөхпүт этэ диэн үөрдүбүттэрэ.
Биллэн турар, ыарахан. Госпитальга сытар уолаттары көрдөххө, киһи дууһата хараастар, үтүөрэн бардахтарына – бэйэҥ үтүөрбүт курдук сананаҕын. Бастаан, тулуйбакка, таһырдьа тахсаат да хараҕым иһиэр диэри дьиэбэр ытыы-ытыы тиийэр этим, билигин үөрэнним. Хайдах да гынан аккаастыыр кыаҕым суох, уолаттарбын ханна, кимиэхэ быраҕан кэбиһиэхпиний.
– Туох баҕа санаалааххыный?
– Саамай баҕа санаам диэн бу байыаннай дьайыы бүтэрэ буоллар. Оннооҕор оҕолорум кэтэһэллэр, ийэбит хаһан биһигини көрөр-истэр, биһигинниин бииргэ сылдьар буолар диэн.
Эдэр уолаттары олохторун харыстаан ыыппаттара буоллар, уоппусканы икки нэдиэлэ буолбакка, ый устата биэрэллэрэ буоллар уонна элбэх өйүүр киһи, көмөлөһүөн баҕалаах дьон элбээтэхтэринэ кыайыа этибит.
Мин тус бэйэм ааппыттан Аленаҕа киһи тылынан эппэт сүдү улахан махталбын тиэрдэбин. Төһөнү баҕарар суруйуох киһи хаһыаппыт балаһата көҥүллээбэт. Онон Сахам сирин дьонугар, биир дойдулаахтарбар көмөттөн туора турумуоҕуҥ диэн ыҥырабын, Алена курдук дьон тыылга баар буоланнар, уолаттарбыт, хорсун буойуннарбыт атахтарыгар тураллар, олоххо төннөллөр.
Быыбар буолаары, билигин дьокутаакка кандидаттар саамай быгыалыыр, эрэннэрэр, көмөлөһөр, харчыны хамсатар кэмнэрэ. Алена дьиэтин куортамыгар көмөлөһөллөрө, туохха наадыйарын ыйыталаһа тураллара буоллар, уонна ыаллыы, чугас сытар Хабаровскайбытыгар биир эмит саха тыллаах, сирэйдээх көстөн көмөлөһөллөрө буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Улуустан иккилии-үстүү баһылык, быыбарга кыттыахтаах кандидаттар Украинаҕа баран гуманитарнай көмө биэрдибит дии-дии социальнай ситимнэри толороллор, аҕытаассыйаҕа кутар харчыгытын бааһырбыт саллааттарга ыытаргыт, кинилэргэ көмөлөһөр волонтер кыргыттары эмиэ умнубаккыт ордук этэ!