Хаарынан — сыл бэлиэлэрин барыларын
Татьяна Афанасьевна хаар оҥоһуктары чочуйар идэлэммитэ уонча сыл буолбут. Сиэн оҕолор саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрин салют кэнниттэн сыл бэлиэтэ харамайтан ыллыннар диэн, бэйэтин тэлгэһэтигэр оҥорор эбит. “Биһиги оҕолорбут саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрин Тымныы Оҕонньортон дуу, харыйа анныттан дуу буолбакка, үүнэр сыл хаһаайыныттан ылар буолбуттара ыраатта. Улахан сиэн хойукка диэри итэҕэйэр этэ...” – диир Татьяна Афанасьевна.
Татьяна хаар оҥоһуктарын туох да инструмены, өтүүгү, ууну эҥин туттубакка, ас астыыр быһаҕынан эрэ кыһарын кэпсээн сөхтөрдө. Онуоха сүрүн көмөлөһөөччүтэ кэргэнэ Валерий Николаевич эбит. Хаар чиҥ, фигуралар бөҕө-таҕа буоллуннар диэн, хаардарын эрдэттэн бэлэмнииллэр, өр туруораллар. Онтон чочуйуутугар ый курдук бириэмэ барар эбит. Оҥоһуктары гуашь кыраасканы ууга суурайан, онон ыстаран ойуулууллар.
“Сааһым 60-тан таҕыстым, художественнай эҥин үөрэҕим суох. Бастаан кэргэммин дьээбэлээн кэриэтэ Хаарчааната оҥоруохха диэбитим, онтон ыла умсугуйан оҥорор буолбутум. Тэрилтэлэргэ эҥин оҥор диэн көрдөһөллөр даҕаны, ычча, тымныыта бэрт, сөбүлэспэппин.
Кэлэр Саҥа дьылтан туох эрэ аптааҕы, алыптааҕы, үчүгэйи эрэ күүтэбин. Бар дьоммор иллээх, эйэлээх олоҕу, доруобуйаны баҕарабын!”