12.03.2020 | 09:31

Хааргын тиэйбэтиҥ - ыстараап

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үүммүт нэдиэлэттэн куорат бары уокуруктарыгар, нэһилиэктэригэр хаар ыраастааһынын үлэтэ күүһүрдэ. Синоптиктар этэллэринэн, бэйэбит даҕаны көрө-билэ сылдьарбытынан, быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх хаар түһэн, онуоха эбии сааспыт эрдэлээн, сотору куорат ууга барар кутталлаах. Өскөтүн... хаарбытын дьаһамматахпытына.

Маннык балаһыанньа биһиэхэ эрэ буолбакка, Арассыыйа үгүс регионугар бүрүүкээбитин бэнидиэнньиктээҕи былаанныыр мунньахха баһылык Сардаана Авксентьева ааспыт нэдиэлэҕэ Уһук Илин уонна Сибиир куораттарын мэрдэрин Сүбэ мунньахтарыгар бары бэлиэтээбиттэрин ыйда. Интэриниэт суруйарынан, олунньу ый бүтэһик күннэригэр Москваҕа күнүс +5 °С тиийэ сылыйбыт. Синоптиктар 140 сыл устата маннык көрдөрүү 4-5 төгүл эрэ буолан ааспытын бэлиэтииллэр.

Балаһыанньа хайдаҕый?

Бу бэнидиэнньиктээҕи чахчынан, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа (СЭГХ) салайааччыта Айаал Егинов иһитиннэрбитинэн, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр сарайдарыттан 3200 куб/м хаар ыраастаммыт, бу – былаанныммыт 17 000 куб/м баара-суоҕа 19 % тэҥнэһэр көрдөрүү. Элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр тиэргэннэриттэн 4900 куб/м хаар хомуллан тиэйиллибит, бу – былааннаммыт 93 000 куб/м иэн баара-суоҕа 5%. Ордук мөлтөх көрдөрүү Губинскай, Октябрьскай, Сайсары уокуруктарыгар, Маҕан, Марха уонна Табаҕа бөһүөлэктэригэр ыйыллар. Бүрүүкээбит балаһыанньаны СЭГХ салалтата хаары тиэйиигэ биллэриллибит куонкурус кыайыылаахтара ааспыт нэдиэлэҕэ эрэ быһаарыллыбытын кытта ситимниир. Аны туран, муус чэҥин ыраастааһын уонна тиэйии иэнэ 1800 куб/м буолбут, ол аата былааннаммыт 4000 куб/м аҥаара – 45%. Мөлтөх көрдөрүүнү Промышленнай уонна Сайсары уокуруктарыгар, итиэннэ Табаҕаттан ураты бары нэһилиэктэргэ бэлиэтииллэр. Биричиинэтэ – управалар хонтуруоллара мөлтөҕө, кэмигэр предписание суруйан испэттэрэ. Ол курдук, санитарнай ыраастаныы саҕаланыаҕыттан Строительнай уонна Октябрьскай уокуруктар туһааннааҕынан 546 уонна 54 предписаниены суруйбут буоллахтарына, атыттар элбээбитэ 6-ны эрэ суруйбуттар. Отчуот түмүгүнэн баһылык Сардаана Авксентьева 5% уонна 19% диэн быстар мөлтөх көрдөрүү буоларын, балаһыанньа «критическэйгэ» тэҥнэспитин бэлиэтээн туран, синоптиктар кэлэр нэдиэлэҕэ эмиэ үс күннээх сөҥүүнү сабаҕалыылларынан, үлэни биллэ күүһүрдэргэ модьуйда. Ити курдук, бу күннэргэ куорат бары хаһаайыстыбаларын, управаларын сүрүн түбүктэрэ – хаар. Хаары ыраастааһын, күрдьүү, тиэйии.

“Якутдорстрой» МУП салалтата бэлиэтээбитинэн, бу күһүн алтынньы 1 күнүттэн кулун тутар 1 күнүгэр диэри хаар сүөкүүр полигоҥҥа уопсайа 246 000 куб/м хаар тиэйиллибит, ол иһигэр кэлиҥҥи олунньу ыйга – 82 760 куб/м. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүнү 50 000 куб/м куоһарар. Онон баһылыгы солбуйааччы Роман Сорокин бу күнтэн ыла хонтуруолу уонна ирдэбили хас да бүк күүһүрдэргэ сорудахтанна.

Куорат элбэх кыбартыыралаах, уопсай дьиэлэрин, тэрилтэлэр, уулуссалар хаардарын ыраастааһын, тиэйии ити курдук ыытыллар буоллаҕына, чааһынайдар хаардара – букатын атын тиэмэ. Аҕыйах хонуктааҕыта бассаапка Покровскайдыыр суолга олорор киһи «тэлгэһэм хаарын уулуссаҕа таһан субуотунньуктаатыбыт, тоҕо куораттар бу муспут хаарбытын тутатына тиэйбэккэ, сыл аайы биһигини ууга ыыта сыһаллар?” диэн суруйбут. Бассаапка, биллэн турар, соһуйан хараҕын тиэрэ көрбүт смайлигы туруорбуттар. Бу киһи, хомойуох иһин, куоракка тупсаҕайдык олоруу быраабылата баарын, ол быраабыла быһыытынан хаарын бэйэлээх бэйэтин үбүгэр бэйэтэ тиэйтэриэхтээҕин билбэт эбит. Тиэйтэрбэккэ, уулуссаҕа хааллардаҕына, кинини административнай ыстараап күүтэрин күн бүгүҥҥэ диэри билбэккэ олорбут.

Сокуон тугу этэрий?

Санатар буоллахха, Дьокуускай куорат 16.06.2011 с. Дьокуускай куорат Дуумата ылыммыт Куоракка тупсаҕайдык туттан, дьаһанан олоруу Быраабылатынан сирдэтинэр. Ол эбэтэр бу Быраабыла үлэлээбитэ номнуо 9 сыл буолла. Быраабыла Дьокуускай куорат территориятыгар хаары хомуйууну, ыраастааһыны, тиэйиини эмиэ сүрүннүүр.

Ол курдук, 3.2.26 п. этэринэн, хаары хомуйууга эппиэтинэһи сирдээх юридическай уонна физическэй сирэй бэйэтэ сүгэр. Ол эбэтэр, тэрилтэ буоллаҕына – салайааччы, кэтэх ыал буоллаҕына – дьиэлээх хаһаайын.

3.2.43 п. этэринэн, куораты кыһыҥҥы өттүгэр хомуйууга, ыраастааһыҥҥа дьиэлэр тиэргэннэрин, сарайдарын хаартан ыраастааһын, мууһун көйөн ылыы уонна ону барытын полигоҥҥа тиэйэн илдьии барыта киирсэр.

Быраабыла 3.2.56 п. бу үлэҕэ эппиэтинэстээх сирэйинэн туһааннаах объегы бас билээччи буолар диэн быһаарар.

Сарайтан түһэриллибит хаары хомуйуу уонна тиэйии эмиэ туһунан быраабылалаах. Ол курдук, түһэрбит дьон эбэтэр объегы көрөр-истэр эбээһинэстээх сирэйдэр үлэ чааһа бүтүөр диэри түһэрбит хаардарын хомуйар эбээһинэстээхтэр.

Дьэ, аны, туох көҥүллэммэтий?

Быраабыла 3.2.58 п. этэринэн:

– кыбаартал иһиттэн, дьиэ тиэргэниттэн, чааһынай дьиэ тиэргэниттэн күрдьүллүбүт, хомуллубут хаары уулуссаҕа таһааран мунньар кытаанахтык бобуллар;

– Куорат уокуругунан анамматах сирдэргэ хаар тиэйэр миэстэни тэрийэр, оҥорор бобуллар;

– Чааһынай дьиэ тиэргэниттэн күрдьүлдүбүт, мунньуллубут хаары дьиэ кэннигэр, уулуссаҕа, суолга, тротуарга таһааран мунньар бобуллар.

Оттон ханнык баҕар быраабыланы кэһии иһин накаастабыл баара биллэр. Ол курдук, бу Быраабылары кэһии иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Административнай буруйу оҥоруу Кодексатын 6.25 ыстатыйатынан 1 000 солк. 500 000 солк. тиийэ кээмэйдээх ыстараап күүтэр.

Күндү киин куорат олохтооҕо! Өскөтүн эн куоракка тупсаҕайдык туттан, дьаһанан олоруу Быраабылатын кэһии түгэнин бэлиэтии көрдөххүнэ, Timestamp Camera Free сыһыарыынан видеоҕа устан эбэтэр хаартыскаҕа түһэрэн (күнэ-дьыла, миэстэтэ сонно-тута тахсар), Куорат Административнай хамыыһыйатын электроннай почтатыгар ыытыаххын наада: admkomykt@mail.ru.

Куораппыт – олорор дьиэбит!

Бизнес хоруйа

Бу Быраабылалар үлэлиэхтэриттэн киин куоракка хаар түһэрэр, ыраастыыр, тиэйэр клининговай хампаанньа элбээтэ.

Кыһын устата мунньулубут хаар тиэргэни бадараан оҥорорун, уулуссаны ууга ыытарын таһынан, дьиэ сарайын, эркинин алдьатара баар суол. Сарайга олус элбэх хаар мунньуллуута ааһан эрэр дьоҥҥо эмиэ сэрэхтээх. Онон аныгы дьон саас халлаан сылыйдар эрэ хаардарын ыраастыы, тиэйтэрэ охсорго тиэтэйэллэр. Интэриниэт көмөтүнэн киин куоракка үлэлиир хас даҕаны маннык хампааннаьаҕа эрийэн, өҥөлөрүн туоһуластыбыт. Ол курдук, экскаватор массыына 1 чааска ортотунан 1600 солк. үлэлиир эбит, бульдозер – 1800 солк.. маннык улахан массыыналар өссө 8 куб/м иэннээх хаары бэйэлэрэ 3500 солк. күрдьэн, тиэйэн биэрэр өҥөлөөхтөр.

Эрийбит хампаанньаларбыт ханнык баҕар үрдүктээх, иҥиэһиннээх сарайга үлэлиир кыахтаах үрдүк квалификациялаах промышленнай альпинистардаахпыт диэн буоллулар. Олох сайдар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...