27.02.2021 | 06:56

Хаарбах туруктаах дьиэ олохтоохторо: “Көһөрөллөрүн эрэ күүтэбит...”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэргэ күн аайы бииртэн биир кыһалҕа күөрэйэн тахса турар. Олохтоохтор ууну-хаары, канализацияны кытта “сэриилэһэллэр”. Сайын аайы ардах эбии-сабыы буолан ыксатар. Аны субу-субу уоттуу сатыыллар. Өрүү кэтэнии-мананыы, сэрэнии, куттаныы. Нус бараан, уу чуумпу олох умнуллубута ыраатта.

БАРАР СИРБИТ СУОХ...

Сайсарыга турар хаарбах туруктаах дьиэҕэ миигин үөрэ көрүстүлэр. Таҥара илэ бэйэтинэн киирэн кэлбитин курдук. “Быыһыах-абырыах дьон – эһиги эрэ”, – диэхтээтэ бастакы дьоруойум.

Елена Дмитриевна Краснова, Лонгинов уул., 32, олохтооҕо:

– Манна 1976 сылтан олоробут. Дьиэ хас сыллаахха тутуллубутун этэр кыаҕым суох. Биһиги  үчүгэй туруктаах эрдэҕинэ көһөн кэлбиппит. Бу сыллар тухары эргэрдэ, аны хаста да умайбыт буолан, сыбаайата суох турар. Хаһан баҕарар сууллуох курдук. Хоспор сытан эрэ, үөһээ этээскэ олорор дьон хаамыталаатахтарына, эмискэ “ыалдьыттыы” түһэн хаалыахтара диэн куттанабын.

Тахсан киирбит убаҕастара, хойуулара подъезка киирээти кытта логлойон сытар. Билигин өссө уулла илик, онон көннөрү муус курдук көстөр. Елена Дмитриевна “Юнион” салайар хампаанньа кыһаллыбат диэн муҥатыйар. Куорат дьаһалтатыгар, баһылыкка тиийэ үҥсүбүтүн, онтон биирдэ хамсаммыттарын, ону даҕаны аат харата кэлэ сылдьыбыттарын кэпсээтэ. 

–Канализациябыт сыл аайы тоҕо барар. Маны барытын муус устар ыйга диэри быһаарбатахтарына, иэдээн. Хайдах буоларбытын билбэппин, сатаан санаабаппын.

Оҕонньордоох эмээхсин сарсыарда 7 чаастан түүн 12 чааска диэри икки-үс носуоһунан хачайдаан муҥнанабыт. Бастакы этээскэ олорор “буруйбутугар”, турба кыбартыырабыт аттынан ааһар буолан. Носуоспутун бэйэм баран атыыласпытым. Иккис этээстэр атыллаан ааһаллар, биһиги курдук кыһалҕаны көрсүбэттэр буоллаҕа. Көрөҕүт, бу “муус” ууллан, аллараа этээс ууга барар, киһи тулуйбат сыта-сымара буолар. Дьиэбит анна дьаабы, барыта сытыйа-ымыйа турар.  Бастакы подъезд үөһэ соҕус турар, биһиэнэ иҥнэри барбыт. Бу дьиэҕэ кырдьаҕастар элбэхпит. Ыарыы буолан иэдэйдибит.

Елена Дмитриевна таһырдьа турар канализация турбаларын көрдөрөр:

–Көрүҥ, бу эмиэ логлоччу тоҥо сытар. “Теплосеть” тэрилтэ үлэһитэ кэлэн көйбүтэ буолбута. Туһата суох. Таах көрүнньүккэ эрэ. Тугу эрэ гынныбыт диэн аатыраары. Мантан саас ириэриэ, бу барыта ууллан биһиги кыбартыырабытыгар киириэҕэ. Ыраастыахтарын наада. Былырыын сайын муостабытын көтөхтөрбүппүт. Ханна баарый? Эмиэ тобукпутугар диэри “ууга” устар кутталлаахпыт.

Сэһэргэһээччим Айсен Николаев илии баттааһыннаах 1024р №-дээх дьаһалы көрдөрдө. 2016 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр баттаммыт докумуоҥҥа бу дьиэ хаарбах туруктааҕынан, саахалланар кутталлааҕынан ааҕыллыбыт уонна 2021 сылга көһөрүүгэ барар диэн суруллубут.   

Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар докумуоннарбытын илдьэн туттарбыппыт. Хамыыһыйа наһаа уһуннук көрбөтөҕө, син түргэн этэ. Арай куорат баһылыгын дьаһалын өр күүппүппүт.

Кырдьаҕастар ааннарын хас да хос боолдьоҕунан үллүйэллэр эбит. Ол иһин тохсунньу тоһуттар тымныытын туораатахтара. Пластик түннүк туруортарбыттар. 

Олохтоохтор тахсан хаардарын ыраастыы сатыыллар эбит.  Хата, бөхпүтүн утары ыраастаан иһэллэр диэн үөрээхтииллэр.

«Спасение утопающих – дело рук самих утопающих» диэн этии баар. Бу дьон кыһалҕаларын бэйэлэрэ быһаарарга күһэллэллэр. Биир эрэ кыбартыыраны куортамныыллар, хаһаайына көспүт, атыттар хаалбыттар. Барар сирдэрэ баҕана үүтэ, кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ буолбуттар, хаһан көһөрүллүөхтэригэр диэри олороллоругар тиийэллэр...

Дьокуускай куорат хаарбах туруктаах дьиэлэрин испииһэгин https://cloud.mail.ru/public/Uk1c/Fe6aLhGKE сыылканан киирэн көрүҥ.

ХАМЫЫҺЫЙАНЫ ДОЛГУЙА КҮҮТЭБИТ

Яков Потапов уулуссатын 17/1 нүөмэрдээх дьиэтэ – 1972 сыллаах тутуу. 16 кыбартыыралаах.

Екатерина Садовникова, дьиэ олохтооҕо:

–Хаарбах туруктаах диэн билинэллэрин курдук сайабылыанньа суруйбуппут. Кулун тутарга хамыыһыйа кэлиэхтээх.

Туалеппыт таһырдьа. Тымныы уулаахпыт. Хас биирдии кыбартыыраҕа гаас хочуола турар. Сорохтор хочуоллара, турбалара алдьанан, манна олорботтор. Ол иһин муостабыт тымныы, быйыл дьиэбит иһигэр этэрбэстээх кыстаатыбыт.

10-с кыбартыыраҕа олорботтор. Хаһаайына саастаах киһи. Кэлэ-бара сылдьар. Биирдэ гааһын билиитэтин араарбакка барбыт этэ. Ол иһин эстэ сыспыппыт. Хочуола оргуйа аҕай турара. Аны уутун турбата тоҕо барбыта, үстэ баһаар буолбута.

Кырдьык-хордьук баһаары биллэрэр сигнализациялаахпыт. Билигин көрдөхпүнэ, таах турар, сымыйа, көрүнньүк быһыылаах. Бастаан утаа, ааны астахха, дьиэттэн паар таҕыстаҕына кытта тыаһыыра. Биирдэ кэлэ сылдьыбыттара. Сымыйа түрүбүөгэ буоллаҕына, маннык араарыҥ диэн көрдөрөн барбыттара. 2014 сыллаахха 6-с кыбартыыраҕа баһаар буолбута. Онтон оҥостон олороллор. Дьиэбитин ис-тас өттүттэн швеллеринэн тартарбыттара.

2019 сыллаахха кимнэрэ-туохтара биллибэт дьон уоттуу сатаабыттара. Биир киһи утеплитель быыһыгар табаҕын укпут этэ. Хата, ыалбыт көрөн умулларбыта. Бэйэм эмиэ хаста да түбэспитим. Биирдэ канистралаах уолаттары көрбүттэр этэ. Куотан хаалбыттара. Ыксаан, сымыйа видеокамера туруорбуппут.

Тымныы уу – улахан кыһалҕа. Сливпит дьаабы. Помуойабыт турар. Дьаама оҥорбуттара, онтубут тымныыга тоҥон хаалбыта. Инньэ гынан дьон талбыт сирдэригэр тоҕоллор. Мантан саас ирэн дьаабы буолара чуолкай.

Оҕолору таһаарбаккын, бородууһунаны арыйбаккын. Амырыын сыт-сымар. Саас далаһа уурабыт, онтубут улахан ардахха устан хаалар. Дьиэбит таһа мэлдьи уулаах. Подъезка олус туоллаҕына, иһирдьэ киирэр кыахпыт суох буолар, ыксаан хачайдатааччыбыт.

Сарайбыт тэстэр, ардах уута кыбартыыраҕа таммалыыр. Кырыыһабыт эргэрэн иэдэйдэ. Сороҕор кэргэним тахсан бүөлүүр. Биһиги өрөмүөннэнэ, оҥосто сатыыбыт. Хайдах гыныахпытый? Кыаҕа суохтар оннук олороохтууллар.  

Үс сыллааҕыта 25-с оскуолаҕа мунньах буолбута. Оруобуна быыбар саҕана этэ. Көһөрүү туһунан кэпсэтии диэн тиийбиппит, олох даҕаны аҕытаассыйа курдуга. Кэмэ кэллэҕинэ, ыҥырыахпыт диэн эрэннэрбиттэрэ. Мэлийдилэр.

Дьиэбит “кэрэ” көстүүтүн мантан саас кэлэн көрөөрүҥ. Билигин барыта хаар анныгар саһан сыттаҕа. Таһыттан син сэнэх курдук.

2021 сыл = 42, 6 тыһыынча кв.м

Куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев Дьокуускай куорат элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэрин хаарбах туруктааҕынан, саахалланар кутталлааҕынан билинэргэ дьиэ-уот экспертизатын үлэтин күүскэ ыытарга этии киллэрбитэ. Маныаха куорат бүддьүөтүгэр үбүлээһин көрүллэр.

2021 сылга киин куоракка көһөрүллүөхтээх дьиэлэр уопсай иэннэрэ 42, 6 тыһыынча кв.миэтэрэҕэ тэҥнэһиэҕэ. 5 тыһыынчаттан тахса киһи. Көһөрүүгэ 3,6 млрд солкуобай үп көрүллүөҕэ.

Икки кэнники сылга киин куоракка 408 элбэх кыбартыыралаах дьиэ саахалланар туруктааҕынан ааҕыллыбыт. Өссө 350 дьиэ хаарбах эрээри, докумуонунан билиниллэ илик. Маннык дьиэ олохтоохторо Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар тиийиэхтэрин наада. Ханнык баҕарар управа ыйан-кэрдэн биэрэргэ, сүбэлииргэ бэлэм.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...