18.02.2022 | 10:30

Хаҥкыны хайдах талабыт?

Хаҥкыны хайдах талабыт?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саас буолан куораппытыгар катоктар үлэлэрэ саҕаланна. Хаҥкы уларсык ылыы сыаната 150 солкуобайтан саҕаланар. Биллэн турар, киһи бэйэтэ бас билэр хаҥкылааҕа ордук. Оттон хаҥкыны атыылаһарбытыгар туохха болҕомто ууруохтаахпытый?

Хаҥкы форматынан уонна бачыыҥката төһө кытаанаҕынан, биитин уһунунан, бачыыҥка кэтиллэр ньыматынан араастаһар. Ол иһин хаҥкыны атыылаһарга ким кэтэрэ, хас саастааҕа, ханна хатааһылыыра учуоттаныахтаах.

 

Икки биилээх

2-5 саастаах кырачааннарга аналлаах. Икки биилээх буолан, мууска турарга судургу, оҕо элбэхтик охтубат. Түргэнник сүүрэр сатаммат, бытааннык хаамарга эрэ барсар.

Биитэ тииһэ суох буолуохтаах, оччоҕо оҕо иҥнэн охтубат. Хаҥкыга хатааһылааһын бастакы хардыытын быһыытынан эрэ, оҕону мууска хаамарга үөрэтэргэ биир-икки сыл туһаныллыан сөп.

 

Улаатар хаҥкы

Алын кылаас үөрэнээччилэригэр ордук барсар. Орто саастаах оҕолор атахтара сыллата түргэнник улаатар, размердара уларыйа сылдьар буолан, улаатар хаҥкы атылаһар ордук барыстаах.

Улаатар хаҥкы биитэ үс араастаах буолар: көннөрү хатааһылыырга (прогулочные), фигурнай уонна хоккейдыырга аналлаах. Хоккей хаҥкытын биитэ кылгас, тииһэ суох. Фигурнай – тиистээх. Көннөрү кэтиллэр хаҥкыны “прогулочнай” диэн ааттыыбыт – биитэ эмиэ тииһэ суох буолар.

Улаатар хаҥкы бачыыҥката сымнаҕас уонна таһырдьа хатааһылыырга сөптөөх халыҥ буолар. Үксүн түөрт размер улаатыннарыахха сөп.

Маннык хаҥкыны таларга размерын улаатыннарар механизмын үчүгэйдик үөрэтиэхтээхпит. Бөҕө-таҕа буоларын курдук талабыт. Биир кнопканан улаатар хаҥкы ордук табыгастаах буолуоҕа.

 

Фигурнай хаҥкы

Үчүгэйдик хаҥкылыыр дьон маастарыстыбаларын чочуйалларыгар аналлаах. Үс араастаах буолар: “любительскай”, “полупрофессиональнай”, “профессиональнай”.

“Любительскай” саамай боростуой фигурнай элеменнэри оҥорорго барсар. Бачыыҥката сымнаҕас, ол иһин ыстанарга барсыбат.

“Полупрофессиональнай” – бачыыҥката              “любительскайдааҕар” кытаанах. Биирдиилээн ыстаныыга барсар.

“Профессиональнай” – биитэ уонна бачыыҥката туспа атыыланар. Фигурнай хатааһылааһын уонна мууска үҥкүү киэнэ диэн арахсар. Үксүн спортоскуолаҕа үөрэнэр оҕолор ылаллар. Оруобуна сөп түбэһэр, лип курдук олорор бачыыҥкалаах буолуохтаах.

 

Хоккей хаҥкыта

Эмиэ фигурнай курдук “любительскай”, “полупрофессиональнай”, “профессиональнай” диэҥҥэ арахсаллар.

Оҥоһуллар матырыйаалларынан, бачыыҥкаларын олоруутунан, биилэринэн ураты буолаллар.

Хоккейга ханнык таһымҥа оонньуургутунан көрөн талаҕыт. Таһырдьа оонньуур буоллаххытына, халыҥ наскылаан кэтэргэ сөптөөх размеры талаҕыт.

 

Хатааһылыырга ордук табыгастаах хаҥкы

“Прогулочнай” диэн ааттанар. Катокка хатааһылыырга, бириэмэни туһалаахтык атаарарга сөптөөх хаҥкы. Ичигэс, сымнаҕас бачыыҥкалаах буолуохтаах.

Биитэ тииһэ суох. Улахан дьоҥҥо да, кыра да оҕолорго барсар.

Көннөрү катокка хатааһылыырга, прокаттан ылбакка, ханнык баҕарар “ прогулочнай” хаҥкыны атыылаһыахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....