19.10.2024 | 18:00

Хаҥалаһым быйаҥнаах сирэ Ампаардаах

Хаҥалаһым быйаҥнаах сирэ Ампаардаах
Ааптар: Валентина Сартаева-Васильева, Дьокуускай
Бөлөххө киир

Ытык эбэ тумуллаан киирэр Ампаардаах түбэтэ уруккута «Үс пятилетка» колхуос уһаайбата буолан, ыаллар, пиэрмэлэр олохторо ордон сыталлар.

Ампаардаах өҥ буора от-мас, оҕуруот аһа үүнэригэр олус табыгастаах. Манна өссө сэрии быдан инниттэн хортуоппуй уонна хаппыыста үүннэрэллэрэ. Улахан эбэ сылаас тыына кини салгынын харыстыыр буолан, сааскы хойукку тоҥоруу уонна күһүҥҥү хаһыҥ ыла охсубат этэ. Онон бэрт өрдөөҕүттэн манна хортуоппуй үрдүк үүнүүтэ кэлэринэн суон сураҕырара.  Ити үрдүк үүнүүттэн кынаттанан, дойдубут дьоно элбэх киһи үтүө ааты чахчы үлэлээн ылбыттарынан киэн туттабыт.

Мин бүгүн Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин хортуоппуй үрдүк үүнүүтүнэн өр сылларга аатырдыбыт 1938 сыллаахха тэриллибит «Кыһыл сухаһыт» холкуос чилиэнэ, стахановец Данил Гаврильевич Большоев туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Айан суолунан баран истэххэ, Маар уонна Хаҥалас нэһилиэктэрин икки ардыгар суол кытыытыгар Большоевтар өтөхтөрө турар. Сут-кураан саҕана элбэх киһи абыраммыт ыала, кэлин даҕаны, суол ортото буолан, суол-иис куһаҕан кэмигэр, төһөлөөх сатыы киһи өҥүрүк куйааска утахтанан, ыраах айанньыт сынньанан, хонон-өрөөн ааспытын ааҕан сиппэккин.

Большоевтар бэйэлэрэ даҕаны олус аламаҕай, ыалдьытымсах ыал этилэр. Саха ыалдьытымсах ыалын кэрэкэн кэрэһитэ кинилэр буоллахтара.

* * *

... Сааскы сылаас сарсыарда халлааҥҥа бэргэһэ да саҕа былыт баара көстүбэт. От-мас саҥардыы көҕүрүмтүйэн эрэр, күөрэгэйдэр көй салгыҥҥа көҥүл-босхо көччүйэллэр, көрдөөх ырыаларын дьиэрэтэллэр. Хам-түм массыыналар, матасыыкыллар бирилэтэн, биикинэтэн ааһар тыастара иһиллэр, онтон эмиэ уу чуумпу буола түһэр. «Ити аата оробуочайдар бары үлэлэригэр бардахтара, онтон оҕо аймах оскуоланы буллаҕа» диэн бэйэтэ бэйэтин кытта  кэпсэтэрдии ботугуруур, саҥа тураат, тиэргэнигэр тахсан, көй салгыны ыймахтыы олорор туус маҥан баттахтаах оҕонньор. «Улаханныын-кыралыын күннээҕи түбүккэ түспүттэрэ ырааттаҕа, сорохтор үлэлии сырыттахтара, сорохтор үөрэнэ олордохторо. Хата, сотору эбиэттэрэ буолуо, оттон мин баччааҥҥа диэри утуйан өрө тэбэ сыттаҕым. Итини этэн эрдэхтэрэ былыргы сахалар, кырдьар кырыыс, сорсуйар сор диэн. Оттон билигин атын үйэ, атын олох, атын ас-үөл, атын таҥас-сап, хайа уонна ким эйигин баттыа, атаҕастыа баарай...» Оҕонньор чочумча соҕус саҥата суох олорбохтоото, онтон эмиэ ботугураан барда: «Хайдах эрэ аны биирдэ төрөөбүт киһи баар ини дии саныыгын, һы, һы… киһи да күлэр. Айылҕа оннук айбатах быһыылаах, ол эрээри кырдьаҕастар биһиги да маннык олох кэлэрин туһугар сырабытын, сылбабытын биэрдэхпит дии. Судаарыстыба ол иһин биһигини маннык үчүгэйдик көрөр-истэр, нус-хас сынньатар буоллаҕа дии. Билигин кырдьар кырыыс буолбатах, чиэс-бочуот, эчи, бэйэбин кытта бэйэм мээрилэнэ олордохпунуй, бэйи, киирэн аһыахха».

Оҕонньор тайаҕар тардыстан аргыый аҕай турда уонна аа-дьуо дьиэтин диэки барда. Ити Ынахсыт бөһүөлэгин ытык кырдьаҕаһа Данил Гаврильевич Большоев. Этэргэ дылы, оҕо сааһын, эдэр-чэгиэн кэмин урукку ыар батталлаах үйэҕэ атаарбыт киһи. Кыра эрдэҕиттэн нэһилиэк сис баайдарыгар хамначчытынан үлэлээн эстэн-быстан испитин Улуу Өктөөп быыһаабыт, күн сырдыгын көрдөрбүт, киһи-хара гыммыт, көҥүл дьоллоох олоххо аҕалбыт.

Данил Гаврильевич син атын эмиэ кыаммат дьон курдук Сэбиэскэй былаас туругурарын туһугар эрдээхтик охсуспута, бэриниилээхтик үлэлээбитэ.

Сири түҥэтии, кулаактары кылаас быһыытынан эһии инники кирбиитигэр сылдьыбыта. 1931 сыллаахха «Кыһыл сухаһыт» диэн ааттаммыт колхуоһу тэрийсибитэ уонна ити хаһаайыстыба бастакы чулуу үлэһиттэриттэн, стахановецтарыттан биирдэстэрэ буола үүммүтэ.

Оҕуруот биригээдэтин биригэдьииринэн үлэлии сылдьан өссө 1939 сыллаахха уһулуччу элбэх үүнүүнү ылбыта. Ити сыл оҕуруотчуттар гектартан ортотунан 150, нөҥүө сылыгар 130 сэнтиниэр хортуоппуйу, 110 cэнтиниэр хаппыыстаны ылары ситиспиттэрэ. Бу харах холооһунунан саба кулаан быраҕан буолбатах, дьиҥ-чахчы кыайыылаах үлэ түмүгэ этэ. Онон колхуостаахтар биир көлөһүн күнүгэр киилэ аҥаардыы хортуоппуйу, ону эрэ кыайбат хаппыыстаны үллэстибиттэрэ. Оройуоннааҕы «Кыһыл сулус» хаһыат 1940 сыл 6 №-гэр «Кыһыл сухаһыт» колхуос оччотооҕу бэрэссэдээтэлэ Илья Семенович Кутанов маннык суруйбут: «Большоев быйыл ылбыт хортуоппуйун уонна хаппыыстатын үүнүүтүн кыранан ааҕар, ол иһин аны сааскыга оҕуруот аһын олордор уоҕурдууну билиҥҥиттэн саҕалаата. Күһүн сир хадьымалын оҕуруот сирин кыраабылынан дэхсилээбитэ уонна сыыс отун ыраастаабыта. Колхуос тэрилтэ, хаһаайыстыба өттүнэн мөлтөҕүн, үлэһит илиитэ, көлүнэр көлөтө тиийбэтин, техниката суоҕун учуоттаатахха, бу төһөлөөх элбэх эрэйинэн, үлэнэн ситиһиллэрин өйдүүргэ кэбэҕэс».

Данил Гаврильевич уола Михаил, манна ааттыылларынан Мэхээлиһэ, аҕатын туйаҕын хатарбыта. Оҕо эрдэҕиттэн илии үлэтигэр эриллибитэ, тыа хаһаайыстыбатын араас үлэтигэр барытыгар бастыҥ производственник быһыытынан биллэрэ. Коммунистическай үлэ ударнига, партия чилиэнэ Михаил Данилович икки мэтээлинэн, хас да бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта. Кини быраата Сэмэн бэһис кылааһы бүтэрээт колхуоска үлэлээбитэ, онтон оҕуруокка үлэлээн, аҕалаах убайдарын ситиһиилэрин өссө куоһарбыта. Бу звено тохсус пятилетка устатыгар сылын аайы былаанын уонна эбэһээтэлистибэтин ырааҕынан аһара толорбута. Оҕуруотчуттар таһаарыылаах үлэлэрин партия уонна бырабыыталыстыба үрдүктүк сыаналаабыттара.

«Звеновод Дмитрий Гаврильевич Иванов уонна тракторист Николай Данилович Иванов – «Үлэ Кыһыл Знамята», оттон Семен Данилович  Гаврильев «Үлэ Албан аата» иккис истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыттара, массыына уонна матасыыкыл пуондаларынан бириэмийэлэммиттэрэ. Сэмэн өссө ити иннинэ Владимир Ильич Ленин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, «Социалистическай куоталаһыы кыайыылаҕа» диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыта, Коммунистическай үлэ ударнигын бочуоттаах аатын ылбыта»,– диэн «Коммунизм суола» хаһыат 389 №-гэр Хаҥалас 8 кылаастаах оскуолатын саха тылын учуутала, кыраайы үөрэтээччи, тапталлаах учууталбыт, сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ Василий Егорович Максимов суруйбута 2005 сыллаахха Улуу Кыайыы 60 сылынан тахсыбыт «Кинилэр ааттарыгар сүгүрүйэбит» диэн кинигэҕэ киирбит.

Большоевтар ииппит кыыстара Анна Үөһээ Бүлүүгэ олорор, төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, кылгастык кини ахтыытыттан билиһиннэрэбин: «Мин эһэм Большоев Данил Гаврильевич туһунан ахтан ааһыахпын, биир ураты дьарыгын билиһиннэриэхпин баҕарабын. Ол курдук, Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр хортуоппуйу, хаппыыстаны бастаан кини олордон саҕалаабыта дииллэрэ. 1931 сылтан олордон саҕалаан, сылтан сыл аайы сирин кэҥэтэн, өлгөм үүнүүнү ылан, бастыҥ оҕуруотчут аатын ылбыта. Ол саҕана барыта илиинэн үлэлээн, хара буору хаһан, көрөн-истэн, сэбиэскэй былаас саҕана, сэрии кэмигэр инники кирбиигэ сылдьыбыт, куруук колхуоһу тэрийсэн үлэлээбит кыахтаах, сахаҕа улахан оҕонньор эбит. Ол иһин нууччалыы «большой» диэнтэн Большоев диэн араспаанньаламмыт. Дьиҥэр, Иванов Данил диэн эбитэ үһү. Киһи быһыытынан элэккэй, сымнаҕас майгылаах этэ, наар күлэ-үөрэ сылдьааччы. Кэлин уола Гаврильев Сэмэн Данилович, аҕатын туйаҕын хатаран, биллэр оҕуруотчут буолбута, үрдүк үүнүү маастара буолан, “Үлэ Албан аатын” уордьанынан наҕараадаламмыта уонна “Иж-Юпитер” матасыыкылы биэрбиттэрэ. Кэлин звено үлэһиттэрэ хортуоппуй өлгөм үүнүүтүн хомуйан, инники миэстэттэн түспэт буолбуттара. Күһүн хортуоппуй хостооһунугар Ньурбаттан тиийэ кэлэн тэрилтэ үлэһиттэрэ, оскуола оҕолоро субуотунньукка кытталлара. Биһиги Ампаардаахпыт хортуоппуйунан өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырбыта.

Эбэм, эһэм иккиэн да сүрдээх сымнаҕас майгылаах, элэккэй дьон этилэр. Нэһилиэктэн 5 км ыраах Ампаардаах диэн сиргэ олорбуттара. Суол кытыыта буолан, былыр аттаах, сатыы киһи элбэхтик тохтоон, сороҕор хонон, аттарын сынньатан ааһаллара эбитэ үһү. Билигин да балаҕан иннигэр ат баайар сэргэ турар. Балаҕан эмиэ самнайан турар, кэлин оптуобус тохтоон ааһар сирэ буолбут этэ, билиҥҥи чайной курдук. Ол дьону барытын эбээм тымныы быыппаҕынан, суоратынан, минньигэс, бэйэтэ оҥорбут лэппиэскэтинэн, салабаардаах чэйинэн күндүлүүрэ. Маннык үтүө дьоҥҥо иитиллибиппин киэн тутта кэпсиибин. Алта ыйдаах кыыһы ылан, көрөн-харайан, оскуоланы бүтэттэрэн баран, эбээм ол сыл, 1976 сыллаахха, 84 сааһыгар, эһээм эһиилигэр 94 сааһыгар бараахтаабыттара. Иккиэн уһун үйэлэнэн, элбэх оҕолонон, сиэннэнэн, дьоллоох олоҕу олорбуттар эбит. Ол кэмҥэ таайым Сэмэн эдэркээн 40 сааһыгар ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Мин күндү дьонум куруук сүрэхпэр, санаабар тыыннаахтар»,– диэн кэпсээнин түмүктээбитэ.

Хаҥалас аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэрбитигэр Ампаардаахха оскуола үөрэнээччилэрэ күһүн бары хортуоппуй хостооһунугар сылдьарбыт. Манна үлэһиттэр солуурунан эмис сыалаах эти хоточчу буһаран, сибиэһэй сүөгэйдээх килиэби эбиэппитигэр дэлэччи аһаталлара. Үгүс элбэх оҕо-дьон мустан хортуоппуй, хаппыыста хомуйан, ыллаан-туойан, тыраахтыр, массыына сырыыланан ааспыт сирэ. Ити кэрэ айылҕалаах сиргэ, эбэ кытыытыгар дьоммунуун сайын аайы оттоһорум, ийэбиниин ынах көрдөөн киэҥ сирдэри кэрийэрбит, сир аһын арааһын хомуйарбыт.

Чахчы даҕаны өҥ буорунан, киэҥ сирдэринэн, балыктаах күөллэринэн, байанайдаах ойуурдарынан биһиги Хаҥаласпыт аатырыан аатырар, сураҕырыан сураҕырар.

 

(1999 сыллаахха тахсыбыт “Эчик Хаҥалаһа” уонна 2005 сыллаахха Кыайыы 60 сылыгар ананан тахсыбыт “Кинилэр ааттарыгар сүгүрүйэбит” диэн кинигэлэринэн)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...