Герой ийэ Дария Яковлева: “Элбэх оҕолонуу – муҥутуур улахан дьол”
От ыйын 8 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ бэлиэтэннэ. Дьиэ кэргэн уонна ыал буолуу суолтатын туһунан, элбэх оҕолонуу үчүгэй эрэ өрүттэрдээҕин 10 оҕону иитэн таһаарбыт Герой ийэ Дария Федоровна Яковлева кэпсиир.
– Мин бэйэм Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин. Ньурба улууһун Маарыгар улааппытым.
Бэрт дьикти дьылҕалаах, ураты олохтоох дьонтон төрөөбүт-үөскээбит киһибин. Аҕабар тохсус оҕобун, ийэбэр – иккис. Аҕам 1808 сыллааҕы төрүөх киһи, мин ийэм иннинэ үс инники кэргэнигэр табыллыбатах, өлүтэлээн испиттэр. Бастакы кэргэниттэн 4, иккиһиттэн 3, үсүһүттэн 1 оҕолоох хаалбыт огдообо киһи уоттаах сэрии ыар сылларын саҕана биир да оҕотун кимиэхэ да биэрбэккэ, барыларын соҕотох ииппит. Кыра оҕото биэһигэр эрэ сырыттаҕына, үһүс кэргэнэ анараа дойдулуур. Хара тыаны бүрүнэ сылдьан бултуур, сылгы көрөр. Ол сылдьан 23 саастаах кыыһы бэлиэтии көрөн, былыргылыы суорумньу көмөтүнэн, “Миэхэ киһи наадыйара барыта баар, дьахтарым эрэ суох” диэн кыыс дьонугар илдьиттээн, мин ийэбин, 23 эрэ саастаах эдэр кыыһы кэргэн кэпсэтиннэрэн, сүктэрэн ылар.
60-чалаах киһиэхэ кэлэн ийэм 7 оҕолонор. Тыыннаах хаалбытынан уопсайа 13 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улааппытым.
Аҕам барахсан оҕо, сиэн бөҕөтүн көрөн 95 сааһыгар, нэдиэлэ эрэ курдук ыалдьа түһэн баран бараахтаабыта. Оттон ийэм суох буолбута быйыл 3 сыла.
Мин билигин 70-чалаах киһибин. 67 сааспар диэри ийэбиттэн харыс да халбарыйбатах, ийэ тапталыгар бигэнэн олохпун олорбут дьоллоох киһибин диибин.
2 оҕо диэн олус аҕыйах. Ол икки оҕолоруҥ улаатан баран атырдьах маһыныы арахсан, иирсэн хааллахтарына бүтэҕин. Оттон үһүс оҕо баар буоллаҕына син биир уопсай тылы булларар, эйэлэһиннэрэр.
Ньурба улууһун Маарыгар олорбуппут. Онно улаатан, оскуолаҕа үөрэнэн, Бүлүү педучилищетын бүтэрбитим. Ол үөрэнэ сылдьан физкультурнай салааҕа үөрэнэр Дмитрий Николаевич Яковлев диэн уолга 1971 сыллаахха кэргэн тахсыбытым. Кини эмиэ элбэх оҕолоох ыал тохсус оҕото. Кырдьаҕас дьон ииппит оҕолоро буоламмыт, үйэбит тухары ийэбитин-аҕабытын кытта олорбуппут. Сэттис оҕобун төрөөбүтүм кэннэ эрэ аҕам барбыта. Ийэм 10 оҕобун барыларын оҕолообута.
50 сыл бииргэ – 10 оҕо, 40-ча сиэн
– 7 уол, 3 кыыс оҕолоохпут. Бары үрдүк үөрэхтээх, идэлээх, үлэһит дьон. Этэҥҥэ ыал буолан олороллор.
Кэргэним, аҕабыт 20-чэ сыл Ньурбаҕа СПТУ-га, онтон Маар орто оскуолатыгар учууталлаабыта. Мин 35 сыл алын кылаастары үөрэппитим, 10 выпустаахпын. Оскуолаҕа үлэбит таһынан наар 30-ча төбө сүөһүлээх буоларбыт.
Ыал буолан олорбуппут 50 сылын туолуохтаах. Билиҥҥитэ 40-ча сиэннээхпит. Өссө да эдэрдэрбит диибит, хос сиэн кэлиэ эрдэ.
2006 сыллаахха кыра кыыс оскуоланы бүтэрбитигэр, оҕолорбутун батыһан, куоракка көһөн кэлбиппит. Оҕолорбут кыттыһан, биир сүбэнэн Покровскай тракка дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Гааһа суох буолан, сааһырбыт дьоҥҥо оһоҕу оттон олоруу уустук соҕус этэ. Ыал буолбуппут 45 сылыгар оҕолор 2 хостоох кыбартыыра атыылаһан бэлэхтээбиттэрэ. Онон толору хааччыллыылаах дьиэҕэ кыстыыбыт, чааһынай дьиэбитин сайылыыр даача оҥостобут.
Бу коронавирус кэмигэр чааһынай дьиэлээх буолан абыранныбыт. Сиэннэр кэлбэт-барбат буола сылдьан баран, кыралаан көрсөр буолан эрэрбититтэн үөрэбит.
– Дьиэ кэргэҥҥитигэр үтүө үгэстээххит буолуо?
– Үйэм тухары оҕону кытта үлэлээбит, буукубанан оонньообут киһи буоламмын улахан оҕом оскуолаҕа барыаҕыттан ыла “Кэнчээри” диэн дьиэ кэргэн хаһыатын таһаарар буолбуппут. Ол бастаан, учуутал буолуом иннинэ, үөрэнэ сылдьан быраактыкаламмыт учууталым дьиэтигэр эркин хаһыатын көрбүтүм. Ыал буоллахпына хайаан да маннык хаһыат оҥорон ыйыыр буолуохпут диэн баҕа санаа оҥостубутум.
Ол курдук бастаан улахан оҕом оскуолаҕа киирбитин үөрүүтүгэр тахсыбыт хаһыат наар тахсар буолбута. Хас биирдии оҕо төрөөбүт күнүгэр, үөрүүлээх күннэргэ хаһыат уруһуйдуурбут. Оҕолор бэйэлэрэ айбыт хоһооннорун киллэрэрбит. Оннук хас биирдии оҕоҕо ыал буолуор диэри киниэхэ анаммыт нүөмэрдэр тахсаллара.
Элбэх оҕолонор үчүгэй. Бары бэйэ-бэлэрин өйөһөллөр, олоххо тирэхтээх, эрэллээх буолаллар эбит. Эттим дии, оҕолорбут дьиэ тутан биэрбиттэрэ, кыбартыыра атыылаһан биэрбиттэрэ диэн. 1-2 оҕо маны кыайыа этэ дуо?
Ону таһынан оскуоланы бүтэрдэхтэрин аайы “Выпускник” диэн хаһыат таһаарар этибит. Ыраах үөрэнэ сылдьар устудьуоннарбыт хайаан да ол хаһыаты баттаһа хоһоон суруйан почтанан ыыталлара.
Саамай улахан баай - оҕо
– Куоракка көһөн кэлэрбитигэр илдьэ кэлбит малбытын 2007 сыллаахха уокка былдьатан кэбиспиппит. Элбэх хаһыат онно суох буолбута. Ол эрэн төһө баарынан мунньан, бу мин дьиэ кэргэним туохха да суураллыбат историята диэммин кинигэ оҥорон таһаарыахпын баҕарабын. Онно суруйсубут суруктарбытын, хаһыаттарбытын, бэйэм хас биирдии оҕом төрөөбүтүттэн саҕалаан, хайдах улааппытын туһунан бэлиэтээһиннэрбин үйэтитиэхпин сөп этэ.
Үлэтэ суох олорбутум 20-чэ сыл буолла. “Иһирэх ийэ, эйэҕэс эбээ” диэн оҕолорбуттан эбэҕит туһунан өйдөөн хаалбыт үс түгэҥҥитин суруйуҥ диэн сорудахтаан, ахтыы кинигэтин таһаарбытым. Дойдум, олорбут сирим 14 герой ийэтин туһунан “Ийэлэрбит – аанньалларбыт” кинигэ таһаарбытым. Салгыы 5-9 оҕолоох ийэлэрбит туһунан кинигэни бэлэмнээтим.
Билигин 3 эрэ оҕолоноот, элбэх оҕолоох аатыраллар. Оҕонон дьадайыы үйэтэ кэллэ. Былыр 5-6 оҕолоох ыалы аҕыйахтар диир буоларбыт.
Билиҥҥи ыччат сокуонунан ыал буолбакка эрэ бастаан олорон көрөр идэлэннэ. Ол аата хара маҥнайгыттан арахсар былааннаах олоҕун саҕалыыр. Туох эрэ буолла да, арахсан, өссө ордугу булар санаалаах олорор дьон олохторуттан туох аанньа тахсыай. Кэргэн таҕыстыҥ да, үйэҥ тухары бииргэ олоруохтааххын.
Былыр биир хамнаһа суох оҕолонор этибит. Бэйэбит удьуорбутун уһатар, кэскилбит тэнитэр санааттан.
Аймах, уруу билсэ турарыгар олук уурааччылар биһиги буолабыт. Киһи 40-ча сааһыгар тиийдэҕинэ эрэ аймахтарын билсэ сатыыр. Ол иннинэ солото да суох буолан, чугасыһар санаа киирбэт эбит. Оҕолорум аҕаларын өттүнэн аймахтарын биллиннэр диэн “Тумустар” диэн кинигэни суруйан бэчээккэ биэрэн сытыарабын.
Ыал буолуу- үрдүк эппиэтинэс
– Оҕону иитии саамай сүрүнэ туох диигиний?
– Уопсайынан, бу олоххо саамай сүрүнэ – икки өттүттэн ыал буолуу. Саамай эппиэтинэстээх хардыы – ол. Оҕо толору дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээх. Билигин буоллаҕына биир киһи хас да ойохтонуон, дьахтар эр киһитин сатаан өйдөөбөккө арахса охсуон сөп. Киһи тугу барытын өйдүүр уонна кыайар эппиэтинэстээх буолуохтаах. Саамай улахан эппиэтинэс – ыал буолуу.
Эр киһи уонна дьахтар үлэтэ диэн арааран кыраныыссалыыр буолан хаалбыттар. Бу кэргэнниилэр тэйсиилэригэр тиэрдэр дии саныыбын. Мин кэргэммин кытта кыһын ортото ойуурга мас мастыы барсар этим. Биһигиттэн ордук дьоллоох дьон суох буолара. Үйэбит тухары үлэбитигэр барытыгар бииргэ сылдьан элбэҕи кыайабыт.
Билигин оҕолорун эбэлэригэр быраҕан кэбиһэр ыаллар бааллар. Ол аата эппиэтинэһи сүгэллэрин куттаналлар. Ыал буолан баран оҕоҕун бэйэҥ иитэр тулхадыйбат эбээһинэстэнэҕин эбээт.
Мин аҕам кырдьаҕас киһи оҕолорун бэйэтэ ииппитэ, онтон өссө ыал буолан элбэх оҕону холбуу тутан ииппитэ – барыта олоххо эппиэтинэстээх буолуу көстүүтэ эбит.
– Билигин киһи барыта элбэх оҕолонуон харчы кырыымчык диибит ээ...
– Эс, доҕоор, билигин дьахтар төрөөтө да, ботуччу харчы биэрэллэр, иккис оҕоҕо – дьиэ туттар сир, үһүс оҕоҕо – дьиэ кирэдьиитэ көҕүрүүр, араас элбэх чэпчэтиилэр бааллар, элбэх оҕолоох ийэ аатын сүгэллэр.
Мин 10 оҕолонорбор оннук суох этэ. Төрөөн баран 56 хонук сынньанаҕын, ыараханнык оҕоломмут, хааныҥ барбыт буоллаҕына 70 хонук бэриллэр. Онтон үлэҕэр тахсыахтааххын. Билиҥҥи ийэлэр курдук хастыы эмэ сыл оҕоҕо олорбоккун. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улааталлар этэ.
Чэ, мин элбэх оҕолоохпунан туһаммытым диэн, оҕолорум үөрэххэ киирдэхтэринэ уопсайга миэстэ биэрэллэр этэ. Уонна артыыс буолбут кыыһым Елена Маркова, Герой ийэ оҕото буолан, Департамент нөҥүө миэстэҕэ туттарсан, Щепкин аатынан театральнай училищеҕа үөрэммитэ.
Сахалыы сиэри-туому тутуһабыт. Холобур, хат буолбут дьахтар эрдэттэн бэлэмнэнэрэ сыыһа дии саныыбын. Билигин УЗИ-га түһээт, ким төрүөхтээҕин билэн, бэлэмнэнэн барар буоллулар. Былыр хат дьахтары харыстаан дьоҥҥо мээнэ кэпсээбэт, кистиир буолаллара.
Биирдэ бэрэсидьиэммит Михаил Николаев герой ийэлэри Элиэнэ очуостарыгар теплоходунан күүлэйдэтэр үһү диэбиттэрин, миэхэ ол кэриэтэ ыраах үөрэнэр оҕом бырайыаһын уйуналлара буоллар диэн аккаастанан кэбиспитим. Мин оннубар биир кырдьаҕас баран, Элиэнэ очуостарыгар сынньанан кэлбитигэр, хата, үөрбүтүм.
Онон “хамнаска” оҕолонор ийэлэр сыаналаабат буолаллара, ылар илии билбэт буолуон сатаммат. Элбэх оҕолонуу ийэ муҥутуур дьоло буоларын үгүстэр билиэхтэрин баҕарабын.
2000 сыллаахха “Дьоллоох оҕо саас” диэн Татьяна Гоголева тэрийэр куонкуруһугар кыттыбыппыт. Төгүрүк остуолга оҕолор дьоллоох буолалларын туһугар бэйэбит уопуппутун, билигин билбиппитин дьоҥҥо кэпсиэххэ диэн ыҥырыы таһаарбытым. Дойдубар тиийэн куонкуруска кыттыбыт 7 планшеппытын, дьиэ кэргэн иһигэр таһаарбыт хаһыаттарбытын, хас биирдии оҕобор анаан оҥорбут альбомнарбын илдьэ сылдьан, 5 сыл устата “Этнопедагогика семьи Якволевых” диэн элбэх оҕолонууну, ыал буолууну көҕүлүүр үлэни ыыппытым. Чугас улуустары кэрийбитим.
Элбэх оҕолоох Герой ийэ аатын сүгэн, СӨ Ийэҕэ махтал бэлиэтин туппутум. СӨ үтүөлээх учуутала буолбутум. Кэргэним – үөрэхтээһин туйгуна. Ытык ыаллар кинигэлэригэр киирбиппит.
– Элбэх оҕолоох ыал оҕолоро “кэһэйэн” бэйэлэрэ элбэх оҕоломмоттор диэн баар...
– Оннук суох дии саныыбын. Оҕо бэйэтэ кэһэйбэт. Мин 7 уоллаахпын, 3 эрэ кыыстаахпын. Эр киһи төрөөбөт, дьахтар эрэ төрүүр кыахтаах. Ол аата мин удьуорум кийииттэр төһө төрүүллэриттэн тутулуктаах. Саамай элбэх оҕолоох оҕом 7 оҕолоох. Иккилии эрэ оҕолоох уолаттар бааллар.
Барыта дьахтартан тутулуктаах диэтим дии... Билигин кыргыттар доруобуйалара кэбирээтэ, мөлтөөтө дииллэр. Мин бастакы оҕобунуун төрүүр дьиэттэн 1,5 ый буолан баран тахсыбытым, бүөрүм моһуоктаабыта. Аны оҕолонума диэбиттэрин үрдүнэн өссө 9 оҕоломмутум.
– Оҕолоруҥ доруобай, чэгиэн буолалларыгар тугу гынар этигиний?
– Оҕо доруобуйатыгар ийэ кыһаллыахтаах. Мин иккис оҕом алта ыйыттан сэттэ сааһыгар диэри наһаа ыалдьыбыта. Маартан Маалыкайга диэри 6 ыйдаах оҕолоох трамвайынан айанныы сылдьан бэйэм сыыстарбыт эбиппин. Онтон ыла бронхиальнай астма диэнинэн эрэйдээбитэ. Сэттэ сааһыгар диэри бэйэм дьиэбэр укуоллуур буолуохпар диэри ыарытыйара. Табаах сытыгар, бэл, дьэдьэн сытын ыллаҕына тыына хаайтаран барара. Подмосковьенан, Дьокуускайынан барытынан эмтэнэ сатаабыппыт. Онтон “Физкультура и спорт” сурунаалга Стрельникова тыыныы гимнастикатын таһаарбыттарын булан аахпытым. Оруобуна мин оҕом курдук ыарыылаахтарга барсар эбит этэ. Сыл устата оннук дьарыктаабытым кэннэ үтүөрэн барбыта. Ол оҕом билигин тутаах киһибит. Уонна кыра кыыһым кыратык рахиттыы сылдьыбыта. Айылҕам миэхэ доруобай оҕолору биэрбититтэн Айыыларга махтаныах эрэ тустаах эбиппин.
Биһиги остуолбутугар хаһан даҕаны арыгы турбатаҕа, чөл олоҕу тутуһан кэллибит.
Эбээ, эһээ сокуоннара
– Сиэннэриҥ сахалыы саҥараллар дуо?
– Ээ, миэннэрэ бары сахалар. Билиҥҥи оҕо тулалыыр эйгэтэ барыта нууччалыы кутуллан киирэ турар буолла. Аны бу ыарыынан сибээстээн “онлайн” диир үөрэхтэригэр эмиэ барыта нуучча тыла баһыйар эбит. Онон нууччалыы иэҕиэхтэрин баҕараллар. Ордук кыралар. Ону “эбээ, эһээ олох сахалыы эрэ өйдүүллэр” диэн сокуоннаахпын. Ол иһин төрөөбүт тылларыттан тэйбэттэригэр биһиги кылааппыт эмиэ баар дии саныыбын.
Куоракка көһөн кэлэн баран бастаан бэлиэтии көрбүтүм: мин курдук эбэлэр сиэннэрин кытта нууччалыы кэпсэтэн муҥнаналлара этэ. Аҕа көлүөнэ дьиэ кэргэн иһиттэн саҕалаан ыччаты төрөөбүт тылга сыһыарбатаҕына тыла суох хаалар кутталлаахпыт.
Ол эрэн Дьокуускайга оҕолорун сахалыы үөрэтиэн баҕарар төрөппүттэр олус элбэх кыһалҕалары көрсөллөр. Быйыл 2 сиэним оскуолаҕа барыахтаах, сахалыы кылааска хапсыбакка, нууччалыыга барарга күһэлиннилэр...
Биһиги оҕолорбутугар манныгы өйдөтүөхпүтүн наада: атын тылы билбэт буолар кыбыстыыта суох, бэйэбит тылбытын билбэппититтэн кыбыстыах тустаахпыт.
Биирдэ Москваҕа “Бэс Чагда” санаторий бырааһа миигин көрөөт да, сахалыы кэпсэппититтэн наһаа үөрбүтүм. Оттон манна биир да быраас мин саха сирэйбин көрөн туран, сахалыы кэпсэппэт этэ...
Тылбыт тыыннаах хаалара хас биирдии төрөппүттэн уонна эбэттэн, эһэттэн кытта тутулуктаах.
Бэйэм учуутал быһыытынан аныгы саха тылын учебниктарын уустугурдубуттарыттан сөрү диэн сөҕөбүн. Аһара уустугурдар үчүгэйгэ тиэрдибэт буолуохтаах.
Киһи бэйэтэ үлэлээн олоҕун оҥостуохтаах
– Оҕолорбун эрдэ тэйитэлээн испиппит. Атын сиргэ оскуолаҕа үөрэммиттэр бааллар, бары ыраах сылдьан устудьуоннаабыттара. Онуоха үлэнэн иитии улаханнык көмөлөспүт буолуохтаах.
Сайын аайы от үлэтигэр барытыгар бииргэ сылдьарбыт. Аҕабыт 7 уолун барыларын кус оҕолорун курдук батыһыннара сылдьааччы, тиэхиньикэҕэ сыстаҕас оҥортообута.
Мин ырыынак кытаанах үйэтэ бүрүүкээбитигэр, кыһалҕаттан иистэнньэҥ буола сылдьыбыттаахпын. Оҕолорум атах таҥастарыттан саҕалаан, саҕынньахтарын барытын бэйэм тигэр этим. Түүлээххэ элбэх оҕолонон баран биирдэ үөрэммитим. Дэриэбинэбэр баар иистэнньэҥнэргэ дьиэлэригэр тиийэн, оскуолабар үлэлээн баран өрөбүл күннэрбэр иискэ үөрэнэр этим. Түүлээҕи таҥастааһыҥҥа, сууйууга, имитиигэ барытыгар дьонтон үөрэммитим. 3 кыыспын илдьэ олорон бары иистэнэр этибит. Кэлин биэнсийэҕэ таҕыстахпына иистэниэм диэбитим. Баһаарга уруккуттан муспут ииһим малын-салын былдьатан баран тохтоон хаалбытым.
Билигин иистэн тэйэн, сурук суруйууга киирэн хааллым.
Манан киһи олох ханнык да балаһыанньатыгар сөп түбэһэн, уларыйан иһэр кыахтаах диэн этэ сатыыбын.
Билигин кэргэмминиин иккиэн эрэ олоробут. Оҕолорбут бары туспа ыаллар. Аҕабыт ыарытыйар буолан, кинини көрөбүн-истэбин.
2006 сыллааха көһөн кэлбит Дьокуускайбыт уонна билиҥҥи Дьокуускай олох атын-атыттар. Сайдыы балысханнык барда. Куораппытыгар саҥа дьиэлэр ардах кэнниттэн тэллэй бытыгырыырын курдук үүнэн тахсан иһэллэр. “Олохпут мөлтөх, итини биэрбэттэр, маны оҥорботтор” диир дьону соччо сөбүлээбэппин. Киһи бэйэтэ үлэлээн олоҕун оҥостуохтаах. Туох да босхо кэлиэ суохтаах.
Билиҥҥи кырдьаҕастар биэнсийэлээхпит эҥин дии. Мин дьоммор былыр суоҕа. Аҕам аҕыйах сыл биэнсийэ диэни ылбыта.
“Этэҥҥэ” диэн тыл суолтата күүстээх. “Оҕолорум этэҥҥэ сырыттыннар”, “бары этэҥҥэ эрэ буолуохха” диэтэххэ, чахчы, барыта этэҥҥэ салаллан иһэр.