04.04.2024 | 10:00

Герасим Васильев: «Төрүт силиспин ытыран баран сылдьыбытым ордук...»

Герасим Васильев:  «Төрүт силиспин ытыран баран сылдьыбытым ордук...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Герасим Васильев. 
Кини туһунан бу иннинэ сурулунна ини, суруллубата ини. Онон урут кэпсээбэтэххин үллэстээр диэн эрдэттэн үлэспитим.  
Сир түннүгэ киһини кытта тыйаатыр быыһын сэгэтэн, онтон арыый ыраатан, төрөөбүт тыл, искусство, Олох, Дьылҕа, балысхан сайдыылаах үйэ үтүө уонна мөкү өрүттэрин тула ирэ-хоро кэпсэттибит. Герасим Семеновичтыын үс чаастаах уһун-киэҥ сэһэргэһиибит быстар быһаҕаһа, хайа охсор аҥаара эрэ сурукка тиһилиннэ, бэчээккэ киирбэтэҕэ эмиэ биир оччо буолла. Онтон туох тахсыбытын ааҕыҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

Тыыннаах ситим, үрдүк эппиэтинэс

– Тыйаатыры дьарык гынан көрөр дьон баар. Эбэтэр тугу эрэ саҥаны көрүөхтэрин баҕаран кэлэллэр. Көннөрү сынньана эбэтэр күлэ. Эбэтэр билиҥҥи балысхан хамсааһыннаах олохтон кыратык эмэ уоскуйа, толкуйдуу түһээри. Оттон дьиҥнээх көрөөччү (нууччалыы эттэххэ, фанат) тыйаатыра суох сатаммат курдук буолар. Холобур, “Хаарыан хампа күөх кытылым...” испэктээги 30-тан тахсалыыта көрбүт дьон баарын истэбин. Биир бэйэм биир испэктээккэ оччо элбэхтик сылдьыбаппын (күлэр). Тыйаатыр көрөөччүгэ дьайыыта күүстээх, кинилэр ситимнэрэ биир суолунан, холобур, бу эн биһикки кэпсэтэ олорорбут курдук тыыннаах ситиминэн барар.

Мин тыйаатыры норуот иннигэр үрдүк эппиэтинэстээх тэрилтэнэн ааҕабын. Чуолаан драма тыйаатырын. Норуот бэйэтин көрүнэр сиэркилэтэ дииллэрин кытта сөбүлэһэбин. Чахчы, оннук. Түмүк таһаарынар сирэ да диэххэ сөп.

 

Сөбүлүөх тустааххын

– Оруол тахсыыта артыыстан эрэ тутулуга суох. Режиссер, драматург, ону тэҥэ тэхиньиичэскэй үлэтэ хара баһаам. Худуоһунньуктар диэн табаарыстар бааллар. Холобур, тыйаатырга көстүүм худуоһунньуга, кылаабынай худуоһунньук, декорация худуоһунньуга, бутафордар, ону туруорааччылар, уоту, дорҕоону оҥорооччулар. Ол үлэни сөпкө туттубат буоллаххына, сөптөөх артыыс буолбаккын. Төрдө буукубаҕа сытар. Пьесаны драматург диэн табаарыс суруйар. Сороҕор саһыгыраччы күллэрэн баран, бүтэһигэр ытатар айымньылар – эрэкэ-дьэрэкэ испэктээктэр баар буолаллар.

Артыыс аан маҥнай тиэкиһин үөрэтиэхтээх. Өл да төрөө, биллэххинэ сатанар. Ол тылгын-өскүн өйдүү иликкинэ эн дьоҥҥо тиэрдэр кыаҕыҥ суох. Аны оруолгун сатаан көмүскээбэт, кини туһугар ыалдьыбат буоллаххына, эмиэ хайдах да тиэрдибэккин. Хайа эрэ өттүнэн кинини сөбүлүөх тустааххын. Ким да буоллун –  өлөрүөхсүт, баҕар, аанньал, эбэтэр арыгыһыт дуу, быраас дуу. Сирэ дуу, кириитикэлии дуу сылдьан хайдах да оонньообоккун.

Эдэр эрдэхпитинэ сыанаттан саҕалаан саҕалаан, тыйаатыр үлэтин барытын үлэлиирбит. Артыыс быһыытынан эрэ буолбакка, испэктээк айыллан тахсарыгар быһаччы кыттыыны ыларбыт. Оннук киһи байар эбит. Эргиччи бары өттүттэн өйдүү сатыыгын дуу, хайа үөдэн дуу. Илиигинэн тутан-хабан, дьүһүнүн хараххынан көрөн, этэргэ дылы, амтанын билэн. Дьиҥнээх баарынан ылынаҕын, сөптөөхтүк сыаналыыр буолаҕын.

 

«Соторутааҕыта Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан бириэмийэни биэрдилэр. Ити мин көрдөөн ылбатах дьыалам. “Ылбыккынан!” диэтэхтэринэ, “Ылбатаҕым, биэрбиттэрэ” диибин...»

 

Бэйэҕэр иҥнэн хаалаллар эбит...

– 50 сыл тухары син балачча элбэх оруол оонньонноҕо. Төһө да улахан оруоллар буолбуттарын иһин, сорохторо умнуллан да киирэн бардылар. Табыллыбыта-табыллыбатаҕа, көрөөччү сөбүлээбитэ-сөбүлээбэтэҕэ эрэ диэн буолбакка, бэйэҕэр иҥнэн хаалар оруоллар бааллар эбит. Олоҕу көрүүгэр сөп түбэһэллэрэ дуу, эйиэхэ маастаах буолан эбиттэрэ дуу (ол улаханы оонньообот быһыылаах). Оралхан Бокеев “Кулунчук” диэн айымньытынан испэктээк тура сылдьыбыта. Онно оонньообут оруолум оруобуна оччотооҕу мин толкуйдуурум курдук саҥарар киһи этэ. Тылын-өһүн үөрэтэ да барбатах курдугум. Итинник, обургу соҕус тиэкистээх эрээри, иккитэ аахтыҥ да, эмискэ киирэн хаалар бэйэҕэр чугас оруоллар бааллар. Дьикти! Үксэ тылбааһа табыллыбытыттан буолуохтаах диэн сэрэйэбин. Оттон “Хаарыан хампа күөх кытылым...” испэктээккэ Мылгун оруолун 25 сыл толорбутум уонна биирдэ даҕаны омук айымньытыгар оонньуу сылдьабын дии санаабатаҕым. Ол аата оннук үчүгэйдик тылбаастаннаҕа.

Өрдөөҕүтэ Николай Лугинов “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” трилогиятынан испэктээк турбута. Онно Чыҥыс Хаан боотурдарыгар түөрт киһини киллэрбиппит, Сүбэтэй суоҕа. Дьиҥэр, биир да кыргыһыыга кыайтарбатах, Суворов курдук киһи. Арай былырыын күһүн дэриэбинэҕэ тиийбит киэһэбэр Москваттан: “Сүбэтэй оруолугар пробаҕа кэлэҕин дуо?”– диэн эрийдилэр. Итини тоҕо кэпсээтим? Айылҕам эргитэн аҕалан, “бу киһини болҕомтоҕо ылбакка хаалларбытыҥ, тириитин кэтэҥҥин оонньоон көр” диэтэ быһыылаах.

 

Быстах санааҕа баһыйтарбакка

– Иккитэ хаста тыйаатыртан баран хаалбыт киһи диэн санаалар киирэ сылдьыбыттара (өрө тыынар). Дьиҥэр, ол быстах санааттан. Билигин олорон толкуйдаатахпына, хайа эрэ кэмҥэ мээнэ үлэлээбит эбиппин. Ол саҕана артыыс быһыытынан, уопсастыба чилиэнин да быһыытынан, саха да быһыытынан туох да кылааты киллэрбэтэхпин быһыылаах. 

Артыыс олоҕо барыта үүт тураан буолбат, үгүс долгуннаах, сүүрүктээх. Кыраны – кыра, улаханы улахан курдук, дириҥи – дириҥ, чычааһы чычаас курдук көрдөххүнэ, олорорго чэпчэки эбит.

 

Туппутуҥ эрэ улуу буолбат

– Биир ырыаны ыллаат, “сулус” аатырыыны дьиҥнээҕинэн аахпаппын. Ол гынан баран биирдиилээн ким да тиийбэт уһулуччу үлэлэрэ бааллар, суох буолбатахтар. Бу олоххо туппутуҥ эрэ барыта улуу, улахан буолбат, дьон-сэргэ сыанабылын ылбат. Кыһаллаҕын, үлэлиигин, бэйэҥ санааҕар үчүгэй оруолу оҥороҕун, ол эрээри ону дьон сэҥээрбэтэ эмиэ баар. Ол ханна эрэ сыыһа тахсыбытыттан оннук буолар.

 

Урут сахаҕа суох хардыылары оҥорбуппут

– Быйыл М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы Үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн кэлбиппит 50 сыла. Биһиги сатамматах кууруспут диибин. “Сатамматах” диэни туруору өйдөөмө. Тоҕо инньэ диибин? Урут сахаҕа суох хардыылары оҥорбут дьоммут.

1974 сыллаахха “Правда” уонна “Комсомольская правда” хаһыакка саха оҕолоро артыыс үөрэҕин бүтэрэн, дойдуларыгар үлэлии баран эрэллэр, бу Леонид Максимович Леоновы кытта көрсө олороллор диэн хаартыскабыт бэчээттэммитэ. Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа искусствотын үрдүк таһымҥа илдьэ сылдьыахтаах дьон буолан тахсыахтара диэн хайдах эрэ сэрэйбит, билбит курдук.

Биһиги кууруспутуттан Анатолий Павлович Николаев Саха тыйаатырыгар 22 сыл дириэктэрдээбитэ, оттон Андрей Саввич Борисов 24 сыл миниистирдээбитэ, элбэх саҥа тэрилтэни тэрийбитэ. Кинилэр үтүөлэрэ-өҥөлөрө сүҥкэн.

Өссө биир уратыбыт – биэс ыаллаахпыт. Бары этэҥҥэ олороллор. Биһиги көлүөнэ сэрии бүппүтүн, кыайыы кэнниттэн, олох арыый көнөн, дьон-сэргэ үөрэн-көтөн, олоххо тардыһыыта күүһүрбүт кэмигэр үөскээбиппит. Ол эмиэ улахан дьайыыны оҥорбут буолуон сөп.

Биһиги Москва кытыытыгар, Быковоҕа олорон үөрэммиппит. Сарсыарда биэс аҥаар чааска туран барарбыт уонна киэһэ уон биир аҥаарга кэлэрбит. Икки кыыспыт ону уйбакка, сүрэхтэрэ тулуйбатаҕа, эпэрээссийэлэммиттэрэ, кинилэр эрдэ суох буолбуттара. Хомойуох иһин, бииргэ үөрэммит оҕолорбутуттан сэттэ киһи билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Саамай кыраһыабайдары, саамай талааннаахтары анараа эрдэ ылаллар дииллэрэ кырдьык эбит. Кинилэр олохторун, кэргэттэрин, оҕолорун, доҕотторун ахтыыларын киллэрэн киэҥник сырдатар кинигэ таһаарбатахпытына, бырааһынньыкпыт итэҕэс курдук буолуо диэн санааттан матырыйаал хомуйа сылдьабыт. Урут дуу, хойут дуу бэчээттэнэр ини. Биһиги кинилэри санаабатахпытына, ахтыбатахпытына, ким таһаарыай.

 

«Олорбутум тухары бытыкпар сөрөөн мунньуммуппун, сөп дии санаабыппын тутуһа сатыыбын...»

 

Үтүктээйи эрэ буолумаҥ

– Төрөөбүт тылгын, төрүт үгэстэргин, сиэргин-майгыгын билбэккэ эрээри, сэттэ да омук тылынан саҥар, баҕар, ол омуктартан ордук да бил, көмпүүтэри төһө баҕарар баһылаа, эн ҮТҮКТЭЭЙИ эрэ буолаҕын. “Мин” диэниҥ суох. Ити баара-суоҕа үс эрэ буукубаттан турар кып-кылгас тыл олус элбэҕи илдьэ сылдьар ээ.

Төрүт өй (генная память) тугу да умнубат дииллэр, ол хас эмэ тыһыынчанан сыл тухары мунньуллан кэлбит хааммытыгар баар.  Мин үөрэтэр оҕолорбор куруук этэбин: аан маҥнай бэйэбит киэнин баһылаан баран анарааҥҥылар киэннэрин үөрэтэн көрүөхтээхпит, оччоҕуна икки үнүстүрүмүөннэнэҕит, өссө барыларыттан ордон тахсыаххыт диибин. Эн төрүттэргиттэн кэлбит, хааҥҥар илдьэ сылдьар үөрэҕи атын омуктар билбэттэр.

Мин санаабар, төрүт силиспин ытыран баран сылдьыбытым ордук. Син биир мас кэриэтэ, төһөнөн ону тутуһан тураҕын да, оччонон үүнэн, чэчирээн, силигилээн бараҕын. Өссө биири этиэхпин баҕарабын: үөрэ-үөрэ үлэлиир киһи дьоллоох буолар, оннук киһи үүнэр-үрдүүр, салгыы сайдар суола аһыллар. Биир сиргэ иҥнэн баран, муннугу кэйэ турар киһи ханна ыраатыай.

 

Саха Белинскэйэ баар буолуо диэн эрэнэбин

– Былаас уларыйыаҕыттан литературнай кириитикэ диэн умуллан хаалла, билигин суох. Харчылаах буоллахпына, мин да кинигэ суруйуохпун сөп курдук. Драматург, суруйааччы хас да өрүттээх быһыылаах. Билигин анал үөрэхтээх икки эрэ театроведтаахпыт. Үксүн көрөөччү сыанабылынан уонна эһиги курдук театровед буолбатах суруналыыстар үлэҕитинэн эрэ муҥурданабыт быһыылаах. Белинскэй курдук киһилээхпит буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Оннук хаһан эрэ саха Белинскэйэ баар буолуо диэн эрэнэбин.

Билигин туох эрэ саҥаны оҥорбут эрэ сыаналанар курдук. Урут оҥоһуллубуту улахаҥҥа уурааччы суоҕун кэриэтэ. Сыанабыл хайа да өттүнэн (үчүгэй уонна куһаҕан) баар буолуохтаах. Киһи диэн харамай тас өттүн, хаҕын эрэ көрөн баран быһаарарынан маастар. Наар хайҕаан биитэр наар холуннаран суруйууну ааҕан иһэн быраҕан кэбиһэбин. Бэйэм эйгэбин сыыһырдыахпын баҕарбаппын.

 

Уларыта сатыырбытынан иэдэйэбит

– Киһи диэн айылҕа оҥорбут харамайа. Кини атын харамайдартан туспата диэн өлөр уонна төрүүр суолун бэйэтэ оҥостор. Кымырдаҕастар мөлүйүөнүнэн сыллар тухары аан дойдуга айыллан баран ити курдук олороллор. Биһиги (киһи аймах) ону уларыта сатыырбытынан иэдэйэбит быһыылаах. Биир систиэмэттэн атын тутулга киирэрбитигэр ону туох баарын барытын ыһан кэбиһэбит. Холобур, биир тыраахтар баран иһэн биир уруучука курдук тимирэ түһэн хааллаҕына, үлэтэ тохтоон хаалар. Биһиги биир тимири оннун булларан, уган кэбиһиэх оннугар, ол тыраахтары түөрэтин бүтүннүү ыһабыт. Ол хомууругар ньоҕойбут, куһаҕаммыт барыта тахсан кэлэр. Аны уопсастыбаҕа киксэрэн биэрээччилэр баар буолаллар. Итинник дьон өрө тутулуннулар даҕаны, мин санаабар, сытыйыы саҕаланар быһыылаах.

 

Охсуулаах уонна алдьатыылаах

– Сокуон аҥаара төттөрү, эн утары курдук, киһиэхэ анаан буолбатах. Ити эйигин ытыраары гынар ыттары (интервьюга баран иһэн ыттарга түбэспитим, ону этэр – Аапт.) тоҕо иитэ олоруохтаахпытый? Тоҕо онно нолуок төлүөхтээхпитий? Ити ыттарбытын көрүүгэ-истиигэ тулаайах оҕолор дьиэлэринээҕэр элбэх харчы ороскуоттанар. Булчуттар ылан сиргэ-уокка илдьэ сырыттыннар эбэтэр харабыл оҥостуон баҕалаахтар ииттиннэр ээ.

Аны кырдьаҕастар дьиэлэрэ улам аҕыйаан, сабыллан иһэллэр дии. Мас дьиэ умайар, баһаарынай өттүнэн сэрэхтээх диэн буолар. Бу иннинэ умайбакка, син туһалаан турдахтара эбээт. Эн дьиэҥ мас эбит, мантыҥ умайан хаалыа, эйигин харыстаан, былдьаан ылабыт диэх курдук буолан тахсар.  Итинник сороҕо туох да логиката суох.

Иитэр сүөһүбүт 1-2 бырыһыанын эһэ сиир. Биир пиэрмэҕэ эһэ ынаҕы тардыбытыгар түрүлүөн буола сылдьыбыта. Хаартыскаҕа түһэрэн, бэтэринээрдэнэн, чахчы эһэ тардыбыт диэн олохтоох дьаһалтаҕа, онтон улууска дакаастаан, ханан эрэ өссө эргийэн, лицензия бэриллибит сурахтааҕа. Били эһэ сэттис ынаҕын тардыбытын кэннэ биирдэ. Баҕар, ол атын куораттарга булт көр-нар, сынньалаҥ курдук буолуо, оттон биһиэхэ, Саха сиригэр – өлүү уонна олох тыын боппуруоһа. Итинник өйдөммөт сокуоннаахпыт.

Саха олоҕор улуустаһыы олус охсуулаах. Бу Орто дойдуну иҥнэри үктээн барбыт икки атахтаах суох.

Аны, доҕор, өссө биир баар. “Мин эрэ быһаарабын” диэн санаа хаһан баҕарар алдьатыылаах. Төрүккүн, инники кэлэр көлүөнэҕин да санаабат оҥорор.  

Биир да маһы быспакка олорон туох да сыыһаны оҥорбоккун ээ (остуолга сытар мас сыыһын көрдөрөр, эргим-ургум тутар – Аапт.). Ол маһыҥ сытар, эн “үчүгэй” киһигин. Дьэ, мантан тугу эрэ оҥорон таһаарарга син биир быһыаххын наада ээ. Оччоҕо ханна эрэ сыыһа тахсан кэлиэҕэ. Онуоха били киксэрэн биэрээччилэриҥ мүччү туппакка, тутуһа түһүөхтэрэ.

 

Өйдүү иликпит

– Билигин төлөпүөнү баттаатаххына, барыта тахсан кэлэр курдук. Көмпүүтэр диэн тэрил эпэрээссийэтин икки сыыппара иһинэн оҥорор, чахчы, ыйынньык быһыытынан солбуллубат сэп быһыылаах. Ол гынан баран түргэнник уонна элбэҕи эрэ оҥорорунан өйдөөх курдук буолуо...

Биирдэ Токиотааҕы университекка брифинг буолбута. Онно нууччалыы сүрдээх үчүгэйдик саҥарар оҕонньору кытта биир остуолга түбэспиппит. Кини: «Биһиэхэ иэдээн буолан эрэр», – диэн эппитэ. Мин: «Тоҕо?» – дии түспүтүм. Онуоха бу курдук кэпсээбитэ. 15 саастаах 35 тыһыынча оҕону мунньан, икки эрэ боппуруостаах ыйытык ыыппыттар. Бастакыта – «Эн иккиһин төрүүрүҥ буоллар, хайа дойду гражданина буолан төрүөҥ этэй?». Иккиһэ – «Тоҕо?» Онно кыттыбыт оҕоттон 75%-на биир хоруйу биэрбиттэр: «Көҥүл буолар курдук АХШ-га төрүөхпүт этэ».

Көр эрэ, аан дойду үрдүнэн төрүт дьарыктарын, хантан төрүттээхтэрин, кимнэрин-туохтарын умуннарар, дьону биир маасса оҥорон таһаарыы бара турар. Ону өссө да өйдүү иликпит. Бириэмэ барытын эмтиир, көрдөрөр даҕаны.

Сахалар сороҕор наһаа туспа тутта сатыыр курдукпут. Мин санаабар, Өксөкүлээх Өлөксөй эппитинии, “олус уҥа диэки охтубакка, хабаана суох хаҥас диэки халыйбакка, ортотунан соҕус оломноон” олоруохтаахпыт. Биһиги аһара тэптэрэн кэбиһэр идэлээхпит. Сүүскэр үс да күннээх саха буолбутуҥ иһин, Арассыыйата суох ханна да барбаккын.

 

Ыытыа суохтааххын

– Биир улахан артыыс миигин: “Доо, ити биир сахалыы соҕус оҕо кэлбит гынан баран, санаатын барытын саҥара сылдьар  эбит. Уһуур дуу, суох дуу?” – диэбит сурахтаах.

Олорбутум тухары бытыкпар сөрөөн мунньуммуппун, сөп дии санаабыппын тутуһа сатыыбын. Өссө биири улаханнык сыаналыыбын – оҥоруом диэбиккин оҥоруохтааххын, суох буоллаҕына суох. Эдэр артыыстарга эмиэ куруук этэбин: артыыс диэн идэни тиискэр ытырдыҥ да, бүттэ – ону ыытыа суохтааххын.

Биһиги бу олоххо буолары сороҕор былааннаан оҥоробут дии саныыбыт. Айбыттарбыт “бу оҕо дьылҕата маннык буоллун” диэн суруйан кэбиспиттэрэ кэллэҕинэ, “һок” дии түһэбит. Дьиҥэр, эридьиэстээн көрдөххө, туох барыта түбэлтэттэн тахсар ээ.

 

Кинилэри сиппэтим чуолкай...

– “Не создавай себе кумира” диэн этэллэр дии. Өйдөөн көрбүтүҥ дуу, суоҕа дуу, киирэр ааным үрдүгэр Өксөкүлээх мэтириэтэ ыйанан турар. Коркин киэнэ эмиэ баар. Гримернайбар Ойуунускай, Ходулов, Өксөкүлээх мэтириэттэрэ тураллар. Мин кинилэри сиппэтим чуолкай, ол эрээри ол диэки барыахтаахпын, оччоҕуна хайысхабын сүтэрбэппин.

Олох киһи барахсаны араастаан мускуйар, кутуругунан, муоһунан силэйэн, онно-манна быраҕаттыан сөп. Итинник холобур оҥостор, тардыһар дьонноох буоллаххына, баран иһэр хайысхаҕын сүтэрбэккин быһыылаах. Биир бэйэм оннук толкуйдуубун.

 

Убайбар махталым бэлиэтэ – музей

– Ийэм өлүөҕүттэн ахсыс кылааска диэри ииппит, такайбыт, аһаппыт киһим – улахан убайым Бүөтүр. Киниттэн ылбытым элбэх. Киһи оҥорбут убайбар махтанан, аатын үйэтитэн, дойдубутугар музей оҥордум. Дэриэбинэттэн 3 көстөөх сиргэ турар, тыраахтарынан 7,5 чаас айаннаан тиийэҕин.  

Киһи диэн харамай Орто дойдуга олороругар олук уурбут киһитигэр кэриэстэбил оҥордоҕуна, кини этэҥҥэ сылдьар, айылҕата ону сөбүлүүр дии саныыбын. Үтүө дьыала син биир үчүгэйинэн эргийэн кэлэр. Кимиэхэ –  түргэнник, сороххо – хойут. Дьылҕаҥ, Айылҕаҥ ол курдук махтанар.

 

Дойдум туһунан иһирэхтик

– Мин Бүлүү улууһун 1-кы Күүлэтигэр күн сирин көрбүтүм. Үчүгэй уулаах дойду. Былыр-былыргыттан Энэлгэннэр диэн төрүттэрбитигэр олоҥхоһуттар, тойуксуттар, удаҕаттар, ойууннар, күүстээх-уохтаах дьон үөскээн-төрөөн ааспыттара биллэр. Андрей Саввич Борисов аҕата, Алексей Павлов онно төрөөбүттэрэ. Дьарааһын диэн киһилиин тыыннааҕынан үс норуодунай артыыстаах нэһилиэк.  Үлэһит дьонноох, ыччат сөбүлээн олохсуйар сирэ. Билигин 900-тэн тахса киһи олорор дииллэр, инникитин өссө үүнэр-сайдар чинчилээх.

 

Мааны күтүөппүн

– Кэргэммин кытта биир кылааска үөрэммиппит. Тохсуска үөрэнэ тиийбиппэр көрсүбүппүт. Онтон ыла “оҕонньор”, “эмээхсин” дэммит дьоммут. Кылааска итинник ааттаабыттара (иккиэн күлэбит). Сэттэ сылынан дьиҥнээхтии холбоспуппут. Уол уонна кыыс оҕолордоохпут, сиэннэр диэн күндү дьонноохпут.

Кэргэним төрөппүттэрэ биир даҕаны оҕону улаханнык саҥарбатах, күргүйдээбэтэх дьон. Аҕыс оҕолоох ыалга тохсус оҕонон киирбитим, саамай атаахтара буолбутум. Мааны, соҕотох уонна куһаҕана суох күтүөппүн быһыылаах (күлэбит). Оҕонньордоох эмээхсин барбыттара ыраатта эрээри, сибилигин даҕаны кэргэним дойдутугар тиийдэхпинэ сарсыардааҥҥы күөрчэх ытыга мин иннибэр ууруллар.

 

Идэлээх дьону ытыгылыыбын

– Дьылҕам оҕо эрдэхпиттэн уус, ойуун, олоҥхоһут дьону кытта көрүһүннэрэр эбит. Олоҕум устатын тухары кинилэр ситимнэрин таайа сатыыбын. Төрүөм икки хонук иннинэ биһиги олорбут учаастакпытыгар ааттаах ойуун хонон ааспыт. Ийэм биэстээхпэр өлөрдүү балыыһаҕа киирэригэр миигин эмиэ ойуун киһи илдьэ барбыт. Бука, ииттэ ылбыт буолуохтаах. Онтон убайым сыарҕа суола турбутун кэннэ суорҕаҥҥа суулаан аҕалбыт. Үһүс-төрдүс кылааска үөрэнэр кэммэр 1-кы Күүлэккэ Ньыыкан оҕонньор тиийэн олорор. Убайбын кытта доҕордоһоллор этэ. Онтон онус кылааска Балаҕаччыга үөрэнэ сылдьан Кондаков Владимир Алексеевиһы көрсөбүн. Кинини кытта хара өлүөр диэри табаарыстаспыппыт. Эдьиий Доралыын алтыспытым элбэх. Леонид Саввин-Түмэр Ойуун мин кыһабар туох баар кыаһаана оҥоһуллубута, тимирэ тардыллыбыта. Итинник хас да киһини ааттыахпын сөп.

Идэлээх дьону ытыгылыыбын, кинилэри кытта алтыһан, саха сиэрин-туомун туһунан элбэҕи билэбин, эйгэбин кэҥэтинэбин. Ити дьон сылдьар ыырдара киэҥ: Үөһээ, Орто, Аллараа дойдуларынан. Биһиги буоллаҕына сорох ардыгар дьиэбит, тиэргэммит, үлэбит иһинэн да толкуйдуур кыахпыт кыра курдук.

 

Салҕанан, күөрэйэн, тиллэн көрүөҕүҥ...

Сахаҕа үс идэ баар: ойуун, кыһалаах уус уонна олоҥхоһут. Кинилэр баалларын тухары сахалар баар буолуохпут. Бу үс үүдэһин өһүлүннэ, ыһылынна да, бүтэр уһукка барыахпыт. Ити идэлэри өйдөөн, тииспитинэн, тыҥырахпытынан, этэргэ дылы, туох баарбытынан тутуһан олоруохтаахпыт, ыһыктыа суохтаахпыт. Оччоҕуна эрэ саха тыына уһуоҕа, сайдар суолун тобулуоҕа.

Кэпсэтиибитин Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” поэматыгар суруйбут тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын (харанан бэлиэтэммиккэ ордук болҕой):

Хотугу муустаах муора хотун

Холугурас муус хоонньугар

Хорҕойо сытаммыт

Аны биирдэ дьүһүн кубулунан,

Быста-быста салҕанан,

Тимирэ-тимирэ күөрэйэн,

Өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ...

 

Хаартыскалар: Саха тыйаатырын архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...