Георгий Цыпандин: “Барыны үөрэтэн, олоххо айымньылаахтык туһаныы үчүгэйи эрэ оҥорор”
Атахха туруу – дабайыы
Георгий Цыпандин—биллиилээх травматолог. Иллэҥ кэмин айымньылаахтык атаарар. Устудьуоннуу сылдьан мас тардыһыыта саҥалыы сайдыытын тыыннаспыта, оччоттон экстрим туризмы көҕүлээбитэ.
Цыпандиннар
Ион Цыпандин өссө түөрт уонча сыллааҕыта төрүттэрин, олор удьуордарын тустарынан альбом оҥоро сылдьарын көрбүтүм. Оччолорго өҥнөөх хаартыска суох, хара-үрүҥ эрэ хаартыскалар этэ. Сүүһүнэн Цыпандиннар хаартыскаларын муспут этэ. Төрүттэри үөрэтии киһиэхэ силис-мутук оҥорор, кыах биэрэр. Мин удьуордарбар итинник улуу дьоннор бааллар эбит, оннооҕор ону кыайбыттар, маны кыайбыттар диэн эрэх-турах санааны биэрэр. Бу тыйыс айылҕалаах, сайынын өҥүрүк куйаас, кыһынын томороон тымныылаах дойдуга оннук санамматаххына, тугу оҥоруоххунуй?
Мин Цыпандиннартан үс киһини билсэн ааспытым. Бастакыта – Роман Цыпандин, саха буулаҕа бухатыыра. Оо, барахсан, 1985 сыл. ССРС чемпионата. Собус-соруйан, саха норуота маннык уоллааххытын көрдүн диэх курдук, Сойуус чемпионнарын киниэхэ хас эргиир аайы киллэрбитэ. Свисток тыаһыырын кытта, биһиги киһибит кинилэри көбүөргэ аҕыйахта үктэннэрэрэ, аҕыйах сөкүүндэнэн үөһэ халлаанынан өрө баһан быраҕаттыыра. Мин кини өссө чаҕылхай тустууларын Тбилисигэ эмиэ көрбүтүм.
Иккис Цыпандин. Москваҕа сырыттахпына, Коля Цыпандин Лондоҥҥа Европа чемпиона буолбутун истибитим. Ол иһин Шереметьево-2 аэропорка кинини көрсө киирбитим. Сахалартан Европаҕа биэс төгүл чемпионнаабыт кини эрэ баар. Өссө ити рекорду ким эрэ хатылыыра дуу, суоҕа дуу?
Аан дойдуга Павел Пинигин үстэ бастаан турар. Ити рекорду хатылаабыт киһи кини соҕотох. Коля Цыпандин самбоҕа аан дойду чемпиона буоларын эмиэ көрөн турабын. Кини кыайыытын чиэһигэр Сэбиэскэй Сойуус гимнин тыаһатыыны истибитим. Кини Минскэйгэ саха уолугар бэлэхтэммит дьиэтигэр олимпийскай чемпион Роман Дмитриевтиин хас да күн хоноһо буолан сылдьыбыппыт.
Онтон Николай Баишев диэн олоҥхоһуту билсибитим. Кини иитиллибитинэн Баишев эбит. Дьиҥинэн, Цыпандин. Кини нууччалыы эттэххэ, “по всем параметрам бухатыыр” этэ. Өйүнэн, күүһүнэн, хоһуйуутунан, ууһунан.
–Ол мин аҕам дии. Эһэм алааһа – Кубалаах. Төҥүлүттэн чугас баар. Сүөһүнү иитэн балайда баайдык-тоттук олорбуттар.
Цыпандиннары кыһыллар ытан өлөртөөбүттэр. Кинилэр таҥараларын дьиэтин балыыһа оҥороллор. Онно сөтөл, сэллик буолбут дьоннору эмтээбиттэр. Аҕам балта сэлликтэн өлөөхтөөбүт. Ону биһиги кэлин тиийэммит күрүөлээбиппит. Ити алаас тулатыгар биһиги мүөт хомуйар дьон буолбуппут. Кыайыы үбүлүөйүгэр ыһыах оҥорбуппут. Бэтэрээннэргэ анаан мемориальнай бэлиэ туруорбуппут. Сыл аайы Кубалаахха биһиги аймах мустан муҥхалыыбыт. Бэйэтэ күндү бырааһынньык. Ити мин аҕам тэрийбит үтүө үгэһин салгыыбыт. Аҕам – бэтэринээр. 1975 сыллаахха “Госплемхолбоһугу” тэрийбитэ уонна онно дириэктэринэн үлэлээбитэ.
–Ити оҥорбутун эһиги, оҕолоро, хайдах салҕаабыккытый?
–200-чэкэ страницалаах кинигэ оҥорон таһаарбыппыт. Ону мин сүрүннүүбүн. Сүүрбэччэ аҕа ууһун ситимниир үлэ. Сыл аайы ситэриллэн иһэр. Ол ситэрилиннэҕин аайы эбэн биэрэбит.
–Аҕаҥ: “Ыра санаам – Цыпандиннар ыһыахтарын тэрийии”, –диирэ. Ол баҕатын толордугут дуо?
–Ама, оҥорбоккобут, оччо үчүгэй санааны. Сайын аайы ыһыахтыыбыт. Ити Ньукулайдыын биир эһэлээхпит – Тоҥ Суорун. Улуу олоҥхоһут. Ньукулай аҕата Цыпандин. Баишевтар уол оҕолоро суох буолан ииппиттэр. Ыһыахпытыгар кини алгыыр буоллаҕа дии.
–Ээ, Ньукулай улахан киһи этэ. Олоҥхо диэн улуу. Кини олоҥхолообутугар массыына биэрбиттэригэр наһаа да үөрдүм этэ. Хаҥыл хаҥаластар барахсаттар киниэхэ массыына бэлэхтээбиттэрэ. Дьэ, кырдьык даҕаны Цыпандиннар бухатыырдар курдук чиҥ атахтаах дьон эбиттэр. Эн атах оҥорор быраас буолбуккун. Оо, Арамаан Цыпандин төҥүргэс курдук чиҥ атах этэ. Оттон Коля Цыпандин самбоҕа аан дойдуну аймаабыта. Киһи атаҕар туруута ити улахан өйдөбүл. Мин үс сааспар диэри кыайан хаампатах, ийэм аттыгар олорбут оҕо ити хайдаҕын үчүгэйдик билэбин. Атахха туруу диэн тыл өйдөбүлэ наһаа улахан. Бу Цыпандин Георгий төһөлөөх киһини атаҕар туруорбута буолуой?! Мин Гууруй Турантаевы билэбин, кини эмиэ төһөлөөх киһини атаҕар тирэннэрбитэй. Мин атахпынан охтубут кэммэр ити уол баара, Гууруй суох да буоллар, кинини санаппыта. Улахан махтал, киниэхэ!
–Георгий, ити сүһүөх күүһүн сатаан оҥоруу диэн баар. Эн элбэх киһини эмтээбитиҥ таһынан өссө сүһүөх улуу күүһүн көрдөрбүккүн билэбин. Мас тардыһыытын...
–Ээ, ити баара.
–Дьэ ону кэпсээ эрэ.
–Петр Кривошапкин, Коркин тапталлаах уола миигин кытта биир хоско олорбута. Кинилиин биирдэ Төҥүлүгэ тахса сылдьыбыппыт. Тутуу күнэ буолта. Мас тардыстыбыт. Ити 1976 сыллаахха, бастакы кууруска үөрэнэ сылдьаммыт. Оо, хоттордубут. Бүөккэ улаханнык санааҕа түспүтэ. Хайдах кыайабыт диэн.
–Оо, дьэ, доҕоор, Коркин өй биэрбит уола хайаан даҕаны улахан толкуйу оҥорбут буолуохтаах.
–Дьэ, ол олорон толкуй бөҕөҕө түстүбүт. Мас тардыһыыта дьикти көрүҥ эбит, үөрэтиэххэ диэн буолла. 1976 сыл күһүн үөрэтэн киирэн бардыбыт. Маһы хайдах тутары, балаһыанньа толкуйдаан, мас токурутан, албастары бэлэмнээн бардыбыт. Онно биһиэхэ тирэх буолбуттара Шарин Дмитрий, Каратаев Бүөтүр. Эдэр саас көҕүлэ өрө көтөҕөн таһаарбыта. Сороҕун кини эттэ, сороҕун мин буллум. Мин дьоммор олоробун, Колям кыра дьиэлээх. Маспытын сүгэн, Короленко уулуссаҕа “Дом физкультурников” бардыбыт. Онно штанганан, гиирэ анньыытынан дьарыктаналлар этэ. Касьянов: “Тут серьезные люди, ерунда”, – диэн кэбистэ.
Дьиэбэр тренажер оҥордубут, гиирэ бөҕө атыыластыбыт. Тутуу этэрээтигэр, нэһилиэктэргэ албастары үөрэттибит. Уопсайдары кэрийэ сылдьабыт. 14-с корпуска Татаринов Ганя, гиревик 80 кг САССР-га 1 миэстэлээх, ону кытта тардыһарга сананныбыт. Штангист Сэбиэскэй Сойуус эдэрдэргэ чемпиона, рекордсмена буолан Саха сирин аатырдыбыт Баландин Сергейи утары тардыстыбыт.
1980 сыллаахха Москва олимпиадата буолбута. Онно бука бары үчүгэйи оҥоруохпутун баҕарбыппыт. Мин эмиэ Новгородов Баһылайдыын (Сунтаар, билигин гинеколог быраас) доҕорбунуун Дьокуускайтан Өймөкөөҥҥө айаннаабыппыт. Барыам иннинэ тиийиэхтээх сирдэрбэр бука барыларыгар почтанан посылка ыыталаабытым. Хайа сиргэ тиийдэхпитинэ, эт, балык кэнсиэрбэтин онтон ыламмын айанныыбыт.
Суол суох. Массыыналар ситэн ааһыталаатылар. Бастакы күн Төҥүлүгэ хоннубут, онтон Нуораҕанаҕа 2 хонук, Мугудайга бадараан, адаҕа курдук. Амманан, Мэҥэ-Алданынан Алданы туораатыбыт. Хаандыгаттан салгыы бардыбыт. Эһэ суолун көрөбүт. Хабдьы, кус, булт бөҕө. Күһүн балаҕан ыйыгар Томторго кэллибит. Массыыналар олордо сатыыллар да, олорбоппут. Метеостанцияларга чэйдээн ааһабыт.
–Хайа иччилэрин көрбүтүҥ дуо?
–Муома хайалара таһаарбатахтара. Муннаран кэбиһэр курдук этэ. Былыттар тахсан мэһэйдии туран кэбиһэллэрэ. Ол гынан үһүс сырыыбар сырдык суол арыллан биэрбитэ.
Ити Георгий Цыпандин кэпсээннэриттэн мин маннык санааларга кэлэбин – кини бар дьонугар ортопед-быраас быһыытынан төһөлөөх элбэх киһини атаҕар туруорбута буолуой? Үгүс киһиттэн истибиппинэн ити идэҕэ саамай бастыҥ дииллэр. Дьон-сэргэ мээнэ итинник эппэт. Мин, өр хаампакка сылдьыбыт оҕо, атахха тирэнии диэни, онтон турууну, онтон хардыыны, онтон дабайыы диэни кэрэтик өйдүүбүн. Ити Кавказ хайаларын уолаттара элбэх доҕоттордоохпун.. Бу уол туһунан өссө кэпсиирим элбэх.