21.12.2020 | 14:37

Гаврил УГАРОВ: “Гипобиология – наука саҥа салаатын айбытым”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ытыктыыр киһибит Гаврил Спиридонович Угаров бүгүн 80 сааһын туолла! Эҕэрдэлэргэ кыттыһан туран, биһиги хаһыаппытыгар 2019 сыллаахха биэрбит интервьютун куйаар ситимигэр таһаарабыт.

Биологическай наука доктора, профессор, РФ Үрдүк үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, норуокка Эһээ Дьыл диэн уобараһынан киэҥник биллибит Гаврил Спиридонович Угаров наар саҥа идеяларынан тыгыалыы сылдьар, көннөрү киһи сананан да көрбөт эйгэтигэр тиийэр толкуйдаах, олох бары хайысхатыгар киһиттэн эрэ ураты көрүүлэрдээх буолан сөхтөрөр.

Кини Үөһээ Бүлүү Сургуулугуттан төрүттээх. Дьокуускайга СГУ-га үөрэммит. 32 сааһыгар кандидатскайын, 57 сааһыгар докторскайын суруйан көмүскээбит.

— Ол саҕана учуонай истиэпэнин ылар олус уустук буолуохтаах… Билигин кандидатскайынан киһини сөхтөрүө да суохха сөп курдук буолан эрэр.

— Оннук. Мин Москваттан, Казаньтан үлэлэһэр салайааччылардаах буоларым, олохтоох хамыыһыйа диэн суоҕа. Билиҥҥи учуонайдар үлэлэрэ сахсархайдар. Ол туох барыта үөрэтиллэн, арыллан хаалбытыттан буолбатах диибин. В.И. Ленин эппиттээх: “Электрон неисчерпаем” диэн. Оннук үөрэтиллэр эйгэ билигин да элбэх, киэҥ, таба тайаныахха эрэ наада.

Наукаҕа мин бэйэм баҕабынан барбытым. Биология институтугар үлэлии сылдьыбытым, онтон наар СГУ-га преподавателлээбитим, кафедраны да салайбытым. Ол тухары тымныы тыынар тыыннаахха дьайыытын үөрэппитим.

Тымныы хас кыраадыстан саҕаланарын чинчийбитим. Киһи барыта “0” кыраадыс буолла да тымныы саҕаланар дии саныыр. Дьиҥэ +4 кыраадыстан киһиэхэ, тыынар тыыннаахха, үүнэйигэ алдьатыылаах, куһаҕан дьайыылаах температура саҕаланар. Онон мин айбыт шкалабар 0 кыраадыс +4-тэн саҕаланар. Угаров шакалата диэн арыйыыны 1990-с сыллардаахха оҥорбутум. 2008 сыллаахха биологическай термометр диэн аан дойдуга бастакынан патеннаппытым.

Угаров шкалата инникилээх

– °C – Цельсий кыраадыһынан бары туттабыт. °F – Фаренгейт киэнэ буккуура бэрт буолан сыыйа туттуллубат буолан эрэр. Билигин Цельсий термометрынан халлаан туругун биллэрэн баран, скобка иһигэр “Ощущается как …” дииллэр дии. Ол ону мин айбыт шкалам сөпкө көрдөрөр. Онон °U (Угаров шкалата) инникилээх, актуальнай дии саныыбын. Биир эмэ саха ылан сайыннарара, аан дойду ырыынагар таһаарара буоллар…

Термометрбын бастаан Украинаҕа 1000 кэриҥэ экземлярынан оҥотторбутум. Онтон Украинаны кытта сыһыаммыт хаахтыйбытыгар, Кытайга сакаастаабытым. Элбэх ахсааннаах эрэ сакааһы ылар буоланнар баһаамы оҥотторбутум, билигин да баар.

Уулуссаҕа турар Угаров шкалатынан салгын температуратын көрдөрөр электроннай термометрдар бааллар. “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр, КФЕН фойетыгар тураллар. Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ бааллар. Ортотунан сыаната 100-120 тыһ. солк. буолар. Тэрилтэлэр эҥин баҕараллар эрээри, харчылара кырыымчыгыттан туруорбаттар. Дьиҥэ, Ленин болуоссатыгар биир үчүгэй дизайннаах биологическай термометр туруорар киһи… Куораппыт биир бэлиэ, ураты көстүүлээх сирэ буолуо этэ. Мээрийэлэргэ суруйа сылдьыбытым… Тырааныспар министиэристибэтигэр эмиэ суруйа сылдьыбытым. Куоракка киирии суолларга термометр туруоруохха диэн. Харчы суох диэн эппиэттээбиттэрэ. Наука саҥа хайысхата

– Гипобиология диэн наука саҥа хайысхатын арыйбытыҥ туһунан кэпсээ. Боростуой дьон өйдүүрүн курдук судургутук сатаан быһаарыллар дуо?

– Гипобиология – тыынар тыыннаах тымныыга уонна курааҥҥа утуйан хаалыытын үөрэтэр наука. Холобур, тыаҕа – дьуос, дьабарааскы; күөлгэ – собо, баҕа, чоху тоҥмут курдук утуйар турукка киирэн ылаллар. Халлаан сылыйдаҕына эрэ уһукталлар. Ол аата биологичеескай термостат үлэлиир, температура баттаатаҕын аайы утуйаллар.

Мин уопсай теориятын оҥордум. Холобур, урут тымныыны курааны кытта сибээстиир теория суоҕа.

Физиологическай куура хатыы диэн баар. 4 кыраадыстан аллараа – уу убаҕас муус буолар. Молекулаларын бэрээдэгэ уларыйан, хойдон, тыынар тыыннаах килиэккэлэригэр уу кыайан киирбэт, киирэрэ бытаарар. Онно кыыллар организмнара тыыннаах хаалаары утуйарга барар. Өлбөттөр, дөйө тоҥмоттор.

– Фантастика курдук…

– Урут оннук этэ. Гипобиология наукатын теориятын олоххо киллэрэр буоллар, холобур, субан сүөһүнү кыстыгар утутан ылыахха сөп этэ. Саас халлаан сылыйыыта сыыйа уһугуннарар гына. Үүт биэрбэт , этэргэ дылы, кыс устата улахан туһата суох сүөһүнү улаатыннараары иитэбит. Отторо тиийиминэ аат эрэ харата, нэһиилэ күөххэ тиийдэхтэринэ үөрүү буолар. Оттон мин санаабар, күһүөрү сүөһү кыстыкка утуйуон иннинэ дэлби аһатан, уотан баран утуйар уу туругар киллэрдэххэ, отугар да барыстанабыт.

Киһини да утутуохха сөп диибин. Билигин аан дойду үрдүнэн кыайан эмтэммэт ыарыы элбээтэ. Ыалдьар киһини убаҕас азотунан тоҥорууну омук сиригэр тутталлар. Ол эрэн ол туһата суох ньыма, таах харчы түөкэйдээһинэ эрэ. Киһи эмискэ барыта тоҥон хаалбат, ис уорганнара сыыйа тоҥоллор. Температура араастаһыытыгар муус үөскээн уорганнары алдьатар. Оттон мин теориябынан 0-2-4 кыраадыска киһи бөһүйэн эрэ баран тиллэн кэлиэн сөп.

Рева Захарович Алексеев үлүйбүт дьону үөрэтэр. Гипобиоз диир. Тоҥмут эти эмискэ сылыттахха өлөр, хараарар, оттон сыыйа ириэрдэххэ тыыннаах буолар диэн дакаастаабыт өҥөлөөх. Тоҥмут дьону ириэрэр технологиялаах. Оттон бу кэннэ хайдах киһи уһуктуо биллибэт, баҕар, инбэлиит буолуо дии. Судаарыстыбаҕа барыһа суох ньыма. Ол иһин өйөөбөттөр быһыылаах.

Идея быһыытынан маннык тоҥорон, утуйар ууга киллэрэн, баҕар, араак ыарыыны кыайыахпыт эбитэ буолуо. Гипобиозка киллэрэн баран таһаарыы инникитин өссө да үөрэтиллиэҕэ турдаҕа.

С. Королев саҕана Н.Н. Тимофеев диэн медицинэ доктора атын планетаҕа барар дьону утутан кэбиһиэххэ сөп диэн идеялааҕа. Холобур, Марска диэри киһи икки сыл көтөр буоллаҕа.

Инньэ гынан бу тиэмэ теорияҕа тирэҕириитэ баар. Киһи уһун ууга утуйан баран уһуктуон сөп.

Таба тайаныахха наада

Маннык идеялары биһиэхэ төһө өйүүллэрий?

– Гипобиологияны биһиги дойдубутугар олох утарбаттар. Ол эрэн туох да өйөбүл суох. Америка биология наукатыгар сыһыаннаах сурунаалыгар ыстатыйабын ыыппытым. Эппиэт бөҕө тигинээн кэлбитэ. Биһиэхэ суруй, редколлегия чилиэнэ буол диэн хас да научнай сурунаалтан этии киирбитэ. Олортон биирдэригэр киирбитим.

Билигин эттээх-сииннээх ыстатыйа бэлэмнээтим. Бэчээттэтэр, кинилэргэ таһаартарар харчым суох. Редколлегия чилиэнигэр 10-20 бырыһыан чэпчэтиилээхтэр да буоллар, аан дойдуга биллэр научнай сурунаал буолан, онно бэчээттэнэр олус сыаналаах. Ол да буоллар өлө-сүтэ саатар биир ыстатыйаны таһаартарыам этэ.

Гипобиологияҕа монография суруйбутум. Сигнальнайа кэллэ. Сүрүн тираж кэлэрин күүтэбин. Мин наукаҕа олус табыллыбыт, ситиһиилэммит киһибин дэнэбин.

– Ол да сүҥкэн үлэттэн кэлэр буоллаҕа…

– Тиэмэтин таба тайаныахха наада. Бэйэҥ эйгэҕин тобулуоххун наада. Төһөлөөх улуу өйдөөх дьон, учуонайдар даҕаны тиэмэлэрин таба тайаммакка, эрэйи көрбүттэрэ буолуой. Миэнэ барытыгар сөп түбэһэн испитэ – дьылҕам бэлэҕэ. Далыр оскуолатыгар, М.А. Алексеев үлэлээбит кыһатыгар, үөрэммитим. Оччотооҕу саҥа университеты бүтэрэн кэлбит уотунан умайа сылдьар харахтаах учууталлар сабыдыаллара. Кинилэргэ үөрэммит буоламмын университекка тугу да ыарырҕаппатаҕым.

Билигин наука суола наһаа кыараата. Гипобиология курдук науканы уопсай суолун оҥорор таһымнаах учуонай суох. Итиннэ мин бүтэһик могикан буолуохтаахпын. Били күлэн кэпсииллэрин курдук: “Японияҕа быһах сытыылыыр киһини үөрэтэллэр. Көтөн иһэр от салаатын салгыҥҥа бысталыыр сытыы быһахтары оҥорор. Онтон атыны тугу да билбэт”, — диэн. Ол курдук билиҥҥи учуонайдарыҥ бэйэлэрин эрэ тиэмэлэрин хаһаллар, атыны билэ да сатаабаттар.

Барытыгар ылсан иһэбин

– Бэйэм арааска барытыгар ыһыллымтыа баҕайыбын. Барытыттан харбыалаһа сатыыр курдукпун. Бэрээдэгим суох (күлэр). Бииртэн бииргэ ылсан иһэбин. Холобур, фантаст-суруйааччы да буолбутум баар дии (күлэр). Эрилик Эристиин да, Күннүк Уурастыырап да курдук улуу суруйааччы буолбаппын диэн билэбин.

Саха литературатыгар фантастика жанра суох эбит диэн толкуйдаабытым. Саха суруйааччылара маҥнайгы айымньыларбын үөрэ көрсүбүттэрэ. Бэйэм учуонай буоламмын научнай фантастикаҕа сыһыаннаахпын даҕаны, ааҕарым да, билэрим да буолунай буоллаҕа.

Соҕуруу дойдуларга тылбаастанан тарҕаммыт айымньылардаахпын. Суруйааччы быһыытынан икки айымньым саха литературатын хрестоматиятыгар киирдэ. “Баһырҕас” уонна “Долбор сулуһа” кэпсээннэрим 7-8 кылаас учебниктарыгар киирдилэр. “Баһырҕас” – биир табыллыбыт айымньым, литва, казах, белорус уо.д.а. тылларыгар тылбаастаммыта. Интэриниэккэ киирэн көрүөххэ сөп. Кэнникилэрим эрэ тылбаастара суох, киэҥник таһаарбат да буолан хааллым.

– Аны туран тымныы полюһун көрдөөбүттээххин…

– СГУ-га эдэр учуонайдар Сэбиэттэригэр айылҕа харыстабылын салаатыгар талыллыбытым. 1977 сылаахха Өймөкөөҥҥө эдэр учуонайдар уонна специалистар экспедицияларын салайан илдьэ сылдьыбытым. Тымныы полюһа манна эмиэ баар буолуон сөп диэн, тиийэн араас чинчийиилэри ыыппыппыт. Бу иннинэ Дьааҥыга муҥутуур тымныы бэлиэтэнэн турар – -67, 8 °C. Өймөкөөҥҥө официальнай сурукка киирбитэ – -67,7 °C диэн. Ол саҕана Өймөкөөҥҥө көмүс хостооһуна саҕаланар, промышленнаска олохтоох ыччаты пропагандалаары, үлэҕэ ылаары араас үлэ ыытыллара.

Тымныы полюһун өссө биир туочуката Дьокуускай буолар. Манна -64,4 °C бэлиэтэнэн турар. “Аан дойду саамай тымныы куората”, “Тымныы полюһун өссө биир туочуката”, “ирбэт тоҥҥо тутуллубут соҕотох куорат” диэн өйдөбүллэри бренд оҥостон аан дойду ырыынагар таһаарыахха сөп.

2013 сыллаахха Беринг силбэһиитигэр континеннар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы харбааһын буолбута. 17 дойдуттан 67 спортсмен кыттыбыта. Африкаттан тиийэ бааллара. Спортсменнар тымныы ууга 10-нуу мүнүүтэ солбуйса сылдьан харбаабыттара. Мин научнай чинчийиилэри салайбытым. Тымныыга киһи этэ-сиинэ хайдах буоларын үөрэппиппит. Термометрбыт дьыалаҕа туттан көрбүтүм. 3-4 кыраадыстаах икки ардынан ууну ккиһиэхэ буортулаах эбитин дакаастаабыппыт.

Ымыылаах Эһээ Дьыл

– Эһээ Дьыл хайдах үөскээбитэй?

– Улуу поэт Евгений Евтушенкоҕа баар: “Я люблю чистоту и печальность чуть расплющенных лиц якутят, будто к окнам к носами прижались и на елку чужую глядят”, — диэн. Бу ис хоһооно дириҥ айымньыны ааҕан баран, саха оҕолоро, кырдьык, бэйэлэрэ бырааһынньыктара суох эбит дии санаабытым. Бу хоһооҥҥо баар түннүк өстүөкүлэтэ – кыраныысса. Атыттарга баар: “В лесу родилась елочка”, Дед Мороз уонна Снегурочка, Баба Яга, Кащей – бары сахалар киэннэрэ буолбатахтар эбээт. Литератураны хаһыстым. Аан маҥнай Санта Клаус үөскээбит эбит. Кини Ороһооспо персонаһа. Ону Европаҕа аҕалаллар. Онтон Петербурга кэлэр. Ону бэйэлэригэр ханыылыы сатаан, атын геройдары толкуйдууллар. “Морозко” диэн норуот остуоруйатыттан оҕонньору, Толстой остуоруйатыттан Хаарчаананы ылаллар.

Киһи бөҕөтө: “Сахалар хаһан Моруос оҕонньордоммуттарай?”- дии-дии сиилээбитэ. Мин онно кыһаммакка идеябын анньан испитим. Саха саҥа сылын уотун оттуу Эһээ дьыл тымныыны илдьэ сылдьыбат. Тымныыны кини оҕуһа – Дьыл Оҕуһа таһаарар. Кэнники Августина Филиппова айбыт уобарастара, Атласовтар толкуйдаабыт персонажтара баар буоллулар. Миигин самнара сатаан, “Чысхаан – саха Тымныы оҕонньоро” дии сылдьыбыттара. Кыайбаттарын өйдөөн, “Тымныы тойоно” диир буолбуттара. Ыччаты дьэ булкуйан эрэбит. Саха номоҕунан, Чысхаан тымныыны таһаарар кыаҕа суох. Кини тымныы оҕуһун сиэтээччи буолуон сөп.

Эһээ Дьыл диэн тыыннаах персонаж. Саҥа дьылга эрэ буолбатах, сылы эргиччи баар гына толкуйдаммыта.

– Ыам ыйын 22 күнүгэр Саха саҥа сыла саҕаланар диэн өйдөбүлү тарҕаппытыҥ ыраатта. Ил Дархан бу күнү Сайылык күнүнэн биллэрдэ.

– Былыр саха сүрүн дьарыга – сүөһү көрүүтэ этэ. Бокуруоптан Ньукуолуҥҥа диэри кыстыгы туорааһын. Дьылы туораан күөххэ үктэннибит да сайын кэлэр. Саҥа сыл саҕаланар.

“Санныбар өссө биир дьыл хаарын уулардым” диэн баар. Саха саҥа сааһы аахтар кэмэ эмиэ бу ыам ыйын 22 күнүттэн саҕаланара. Саха сааһын эбинэр кэмэ эбит буоллаҕына, ол аата бу күн саха норуот быһыытынан төрөөбүт күнэ эбит диибин.

Саха саҥа сыла тэрээһиммитин ыам ыйын 22 күнэ үлэ күнүгэр түбэһэрин иһин, ыам ыйын бүтэһик субуотатыгар ыытабыт. Саҥа сыл саҕаланыытын билиҥҥи үөрэх түмүктэниитин, оттук дьыла бүтүүтүн да кытта ситимниэххэ сөп. Барыта саҥаттан саҕаланар диэҥҥэ болҕомто хатаан. Сайылык күнэ биллэриллибититтэн олус үөрдүм.

Сайылык – саха биһигэ. Ил Дархан бу күн олохтонорун туһунан дьаһалы ылынарыгар, саха саҥа сыла саҕаланарын эмиэ учуоттаата дии саныыбын. Кылаабынайа, аны бар дьоммутугар бу күн философиятын быһааран биэриэхпитин наада. Мээнэ кулуупка тэрээһин ыытыынан муҥурдана олорбот курдук дьаһаныахтаахпыт. Саха Саҥа сылын, Сайылык күнүн, саха сааһыгар саас эбиллиитин бэлиэтээн сыл бастакы ыһыаҕын ыһааччыбыт. Покровскай суолун 23 км. ыытыллар. Кэнники бу тэрээһиммит наар биэнсийэлээхтэр быырааһынньыктарын курдук буолла. Тоҕо диэтэххэ, бу күн оскуолалар үөрэх дьылын түмүктээн айылҕаҕа тахсаллар. Бэйэм да оҕолорум, сиэннэрим кэлэктииптэриттэн хаалбакка онно бараллар.

Кэнники маны барытын биир ситимнээн, ыччаты кытта тэҥҥэ бырааһынньыктыахха баара. Холобур, Саҥа сыл саҕаланарын уруйдуохпут, үөрэх дьыла түмүктэммитинэн оҕоҕо Эһээ Дьыл бэлэх аҕаллын… Оҕо бырааһынньыгы бэлэх ылаары кэтэһэр идэлээх. Оччоҕуна “Бүтэһик чуораан” суолтата байар, кэҥиир. Өбүгэ үгэһигэр оҕолорбутун сыһыарабыт. Куорат оҕото сиэри-туому көрүө этэ. Саха саҥа сылыгар саҥа дьылга харыйаны лаглаччы симиирбитин курдук, хатыҥы симиэххэ. Саҥа сыл уотун оттуохха, сайыҥҥы түптэни буруолатыахха. Бэйэбит остуоруйабыт дьоруойдара (Таал-Таал эмээхсин, Өҥөй Бөтүүк, Туйаарыма Куо, Ньургун Боотур уо.д.а.) кэлэн оҕолорбутун оонньоттунар. Улахан да дьон олохпутугар саҥа сыл кэлбитинэн, барыта саҥаттан саҕаламмытынан эҕэрдэлэһэ, бэлэх бэрсэ үөрэнэллэрэ буоллар.

Арыгыны култуурунайдык иһиэххэ сөп

– Сахаҕа чөл олох боппуруоһун биир бастакынан туруорсубут киһигин. Маныаха эн арыгы иһиитин култууратын киллэриэххэ диир этиҥ. Сахалар култуурунайдык иһэ үөрэниэхпит дуо ол?

– Аан дойду үрдүнэн наһаа элбэх арыгы оҥоһуллар. Виноград үүннэрэр, хомуйар, вино оҥорор, ону тиэйэр, аан дойдуну биир гына тарҕатар дьон бааллар – бу улахан индустрия. Сыалай вино оҥоруунан эрэ дьарыктанар дойдулар бааллар. Хаһан даҕаны буойуу, хаайыы үтүөҕэ тиэрдибэтэҕэ. Хааччахтыыры кытта тэҥҥэ арыгыны ас курдук көрүү, иһии култууратын тарҕатыахпытын наада диибин.

Мин дьиэбэр арыгы арааһа баар. Бырааһынньыктарга эҥин оҕолорбутун кытта остуолга олорон, кинилэргэ утах кутан, охсуһуннарар этибит. Оҕо оннугу көрөн олорон арыгыһыт буолар диэн буолбатах.

Хас биирдии ыал арыгы көрүҥүттэн көрөн анал иһэр иһиттээх буолуохтаах. Һампааҥҥа – бакаал, ханньаакка – үрүүмкэ диэбит курдук. Биһиэхэ рестораннарга даҕаны арыгыны сатаан биэрбэттэр, сыыһа куталлар. Холобур, ханньаагы холодильникка тутан тыбыс-тымныы гынан баран куталлар диэн баара. Дьиҥэ бу арыгы үрүүмкэтэ чүмэчи уотун сылааһыгар сылытыллыахтаах эҥин ээ.

Ол эрэн култуура олох суох диэбэппит. Кэлин бырааһынньыктарга, сыбаайбаларга итирэн ньаҕайданар киһи суоҕун кэриэтэ буолбат дуо? Сыаналаах, үчүгэй вино иһиллэр, буокка туран хаалар… Ол аата син үөрэнэн эрдэхпит.

– Эйигин дьиэ кэргэниҥ төһө өйдүүрүй? Наар идея бөҕөлөөххүн быһыылаах, салҕыбаттар дуо?

– Дьэ, ол араас буолар. “Оо, эмиэ киирбит” диэн буолар, тугу эрэ толкуйдаан, идеябын кэпсээтэхпинэ (күлэр). Кэргэним үйэтин тухары ыччаты уһуйбута, педагог. Университекка үлэлээбитэ. Кыыһым педагогическай наука кандидата, уолум – тырааныспар министиэристибэтигэр юристыыр. Иккиэн ыаллар, билиҥҥитэ 4 сиэннээхпин, өссө да эбиллэр инибит…

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....