01.04.2022 | 12:00

Гаврил ЧИРИКОВ: «Дьааҥы улууһа — Арктика тэбэр сүрэҕэ»

Гаврил ЧИРИКОВ:  «Дьааҥы улууһа — Арктика тэбэр сүрэҕэ»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускайга кулун тутар 25-31 күннэригэр Дьааҥы улууһун күннэрэ ыытылыннылар. Мамонт музейыгар сэдэх палеонтологическай булумньулары туттарыы, хас да сүҥкэн суолталаах кинигэни сүрэхтээһин, араас таһымнаах кэпсэтиилэр, туһалаах көрсүһүүлэр, быыстапкалар, ас-үөл дьаарбаҥката өрөспүүбүлүкэ киин куоратын олохтоохторун бэркэ сэргэхситтилэр.

Биһиги хаһыаппытыгар бүгүн Дьааҥы улууһун баһылыга Гаврил Ильич Чириков ыалдьыттыыр.

– Мин төрүт Дьааҥы киһитэбин, 1959 сыллаахха Баатаҕай бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Оҕо сааһым ааспыт, киһи буолбут сирим – Адыаччы нэһилиэгин Бөтөҥкөс бөһүөлэгэ. Аҕам Дьааҥыга сахалартан биир бастакынан механизатор идэтин ылан, "Адыаччы" сопхуос кылаабынай инженер-мэхээнньигэр тиийэ улааппыт киһи. Ийэм биэнсийэҕэ тахсыар диэри бөһүөлэк учаскуобай балыыһатыгар хачыгаарынан, санитарканан үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүт уоммут – сэттэ уол, үс кыыс. Аҕабыт кэлин киин уһаайба гарааһын сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьан олус хомолтолоохтук биһиги кэккэбититтэн баран хаалаахтаабыта.

Төрөппүттэрбит тулаайах, сэрии оҕолоро буолан, начаалынай эрэ кылаас үөрэхтээхтэрэ. Ситэ үөрэммэтэхтэрин туох эрэ улахан итэҕэстээх курдук сананаллара. Ол иһин биһиги үөрэхтээх дьон буоларбытыгар баҕараллара. Сэттэ уол, аҕабыт туйаҕын хатаран, бастакы идэбит суоппар, механизатор. Кэлин араас идэлэри эбии баһылаабыппыт. Икки балтым педагог, биир балтым атыыһыт идэлээхтэр. Бары, олох сиэринэн, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, дьоммутун ааттата сылдьабыт. 

Бэйэм үс оҕолоохпун, сэттэ сиэннээхпин. Икки оҕом Дьокуускайга олороллор, биир кыыһым Санкт-Петербурга олохсуйда. Бары үрдүк үөрэхтэнэн, үлэлэнэн, бэйэлэрэ туспа суоллаах-иистээх дьон. Санкт-Петербурга олорор кыыһым “Эпл-даймонд” маҕаһыыннарын сэбиэдиссэйэ, манна олорор кыыһым “Полярные Авиалинии” менеджерэ. Уолум тутуу идэлээх, кэлин предпринимательствоҕа сыстан эрэр. 

Салайар үлэҕэ 35 сыл үлэлээтим. Бастаан “Адыаччы” сопхуос Бөтөҥкөстөөҕү отделениетын управляющайынан саҕалаабытым. 2017 сыллаахха, биир дойдулаахтарым көрдөһүүлэринэн, быыбарга кыттан, күн бүгүҥҥэ диэри баһылыгынан үлэлии сылдьабын. 

Төрүт дьарыкпытын ыһыктыбаппыт

– Дьааҥы улууһугар ынаҕы, сылгыны былыр-былыргыттан иитэн кэллилэр. Билигин балаһыанньа хайдаҕый? Ордук туохха кыһалҕалары көрсөҕүтүй? Өрөспүүбүлүкэттэн төһө көмө көрүллэрий? 

– Дьааҥылар сүрүн төрүт дьарыкпытын тутан олоробут. Ынахпыт, сылгыбыт, табабыт ахсаанын энчирэппэт туһугар үлэлиибит. 2358 ынах сүөһүнү кыстыкка киллэрбиппит. Былырыыҥҥытааҕар кыра түһүү баар эрээри, кэлэр сылларга ситиһэр сыалтан, эдэр уонна төрүүр сүөһүнү элбэтэр үлэни ыытабыт. Ол курдук, 1187 ыанар ынаҕы кыстаттыбыт. 

7263 сылгыны кыстыкка киллэрбиппит, ол иһигэр 4828 биэ кыстаан турар. Табабыт ахсаана 2746 буолла. Табаларбыт икки нэһилиэгинэн тураллар – Барыласка 2017 төбө, Табалаахха 700 тахса таба баар. 

Быйылгы кыстыкпыт туругун ортонон сыаналыыбын. Ол иннинээҕи кыһын олус улахан тымныылар тураннар, ордук сылгыга оҕустарыыны ылбыппыт. Быйыл арыый сымнаҕас буолан, сүөһүлэрбит этэҥҥэлэр. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон санаалара бөҕөх, сүөһү аһылыга тиийэр. 

Хоту сиргэ саамай улахан кыһалҕабыт – от. Урукку өттүгэр сүөһү эбии аһылыгын судаарыстыба хааччыйар буоллаҕына, билигин кэтэх хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ дьаһаналлар. 

Онон ходуһаны нүөлсүтүүгэ уонна биир сыллаах, элбэх сыллаах оту ыһыыга Бырабыыталыстыбаны кытта үлэлэһэн, Ил Дархантан өйөбүл ылан, үс сылга таһаарыылаахтык үлэлээтибит. Остуолба нэһилиэгэр Улахан сыһыы диэн ходуһаҕа ЯНИИСХ үлэлээбиттэрэ быйыл үһүс сыла. Биһигини хайдах нүөлсүтэн өлгөм үүнүүнү ситиһэргэ үөрэтиэхтээхтэр. 

Маны таһынан урут Дьааҥы сиригэр үүннэриллэ сылдьыбыт биир уонна элбэх сыллаах оттору, боруобалааһын быһыытынан, ыстыбыт. Икки сыл устата от үүнэрин дакаастаан, быйыл Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн субсидия көрүлүннэ. Ону ыллахпытына, отунан дьарыктанар механизированнай тэрилтэ тэриниэхтээхпит. Уопуппутун улуус иһигэр тарҕатар былааннаахпыт. 

 

"Бириэмэ сөптөөх хайысханан баран иһэрбитин көрдөрдө. Билигин биллэриллибит санкцияларга төһө эмэ бэлэмнээх эбиппит диэн санаабыт бигэ. Ону кытта түргэнник ас биэрэр көрүҥнэри иитиигэ ылсан эрэбит: куурусса, кус, хаас, сибиинньэ." 

 

Бырабыыталыстыбаттан өйөбүл ылан үлэлээбиппит иккис сыла буолла. Былырыын граҥҥа киирсэн тэрилтэ тэрийдибит – кууруссаны иитэн, сымыытын эрэ буолбакка, кууруссаны тыыннаахтыы атыылаан нэһилиэнньэҕэ көмө буолуохтаах. 

 

– Уматыгынан, чоҕунан хааччыллыы хайдаҕый? Кыстык хайдах ааста? Суол-иис тутуута хайдаҕый?

– Уматыгынан, оттугунан хааччыллыы схемата биһиэхэ олус уустук. Дьыабарыкы Хайаҕа хостоммут чох бастаан Өлүөнэ өрүһүнэн, салҕыы муоранан, онтон Дьааҥыны өксөтөн Баатаҕай бөһүөлэгэр тиийэр. Онтон Баатаҕайга сиидэлэнэн хочуолунайдаах нэһилиэктэргэ тиэйиллэр. Сыллааҕы туттар чохпут 70-75 тыһ. туонна, сыл аайы ОДьКХ ГУП тиэйэр. Нижнеянскай уонна Усть-Куйга пордуттан кэнники уон сылга наар массыынанан тиэннибит. Быйыл массыынанан тиэйиигэ араас мэһэйдэр таҕыстылар. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтата ураты хонтуруолга ылан, ыраах нэһилиэктэргэ оттугу сүүс бырыһыан тиэрдэргэ соруйда. Билиҥҥи туругунан 60 % тиэлиннэ, ыраах сытар нэһилиэктэрбитигэр 70-75 % буолла. Суол сабыллыар диэри ыраах нэһилиэктэрбитигэр чохторун тиэйэр былааннаахпыт, кыайан кэлбэтэҕи аны сайын уу суолунан Усть-Куйгаттан Баатаҕайга тиэрдэр сорук турар. 

Убаҕас оттугу сүрүннээн “Сахаэнерго” филиала туттар. Кинилэр сыл аайы 13 тыһ. туонна убаҕас оттугу тиэрдэллэр. Маны таһынан, авиакыраһыын тиэллэр – барыта бириэмэтигэр кэлэн, сөмөлүөттэр хааччаҕа суох саппыраапкаланыахтара диэн бигэ эрэллээхпит.

Нэһилиэнньэҕэ 3 тыһ. туонна курдук дизельнэй уматыгы уонна бензин икки көрүҥүн аҕалабыт. 

Суол-иис туһунан эттэххэ, быйыл дьылбыт сылаас буолан, улахан моһоллору көрүстүбүт. Муус чараас, суолга сылдьыы сэрэхтээх. Туһааннаах тэрилтэлэр суолу-ииһи оҥорууга, мууһу халыҥатыыга күүскэ үлэлииллэр. 

Якутопторг хайысхатынан сыл аайы 700-750 туонна араас аһылыгы аҕалабыт. Манна социальнай суолталаах бородуукта киирэр. Баатаҕайга кииннээн баран, кыстыкка диэри тиийэр аһы нэһилиэктэргэ тиэрдиэхтээхпит.

Кэнники дойдубутугар буолбут быһыыга-майгыга олоҕуран, логистикабыт уларыйыан наада. Саамай сүрүнэ – нэһилиэнньэ тыын аһылыга кэмигэр хааччыллыахтаах.

Арктика улуустарыгар логистика кииннэрэ тутуллаллар

– Аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга бөдөҥ логистическай киин тутуллар диэн баара. Ол төһөлөстө? Олохтоохторго туох суолталаах буолуоҕай?

– Арктика министиэристибэтэ хоту улуустарга улахан логистическай кииннэри тутан саҕалаата. Биһиэхэ быйыл саҕаланар. Урут көлүөһэ үрдүттэн аһыы олорбут буоллахпытына, логистическэй кииҥҥэ сүрүн аспыт сөптөөх усулуобуйаҕа хараллар буолуоҕа. Манна оҕуруотаһын харайар дьиэ кытта көрүллэр. Килиэп, буулка, кондитерскай оҥорор сыах эмиэ баар буолар. Кистэл буолбатах, биһиэхэ кондитерскай оҥоһук айаннаан тиийиэр диэри сиэнэр болдьоҕо да ааһар. Маны таһынан остолобуойдаах буолуоҕа. Хоту сирдэргэ общепит Сэбиэскэй былааһы кытта тэҥҥэ эстибитэ эмиэ кистэлэҥ буолбатах. Коммерческай структуралар, барыһа суох буолан, улахан сиргэ дьон мустан аһыыр сирин кыайбаттар. Сорох хоту улуустарга кафелара да суох. Биһиэхэ аҕыйах предприниматель общепитынан дьарыктанар. Логистика киинигэр улахан остолобуой арылыннаҕына, нэһилиэнньэҕэ туһалаах буолуоҕа. 

Якутопторг хас нэһилиэк аайы бэрэстэбиитэллээх. Дьон сүрүннээн сүөһү иитиитинэн уонна бултаан-алтаан олорор. Кииҥҥэ аҕалан бэйэ бородууксуйатын, ордор бултарын батарар кыахтара суох. Бу киин нэһилиэнньэттэн эт, балык, отон, тэллэй о.д.а. үүнээйилэри тутан астыыр сыахтаах буолар, ол аата дьон эбии дохуоттанар кыахтанар.

Дьааҥы өрүс сүнньүнэн аһылыгы тиһигин быспакка тиэйэргэ анаан Якутопторг, Арктика министиэристибэтин өйөбүлүнэн, икки 200 туонналаах баржа ылла. Ол аата муоранан кэлбит аһы-үөлү, табаары, хаһаайыстыбаннай тэриллэри аҕалан, улуус иһигэр тарҕатар кыахтаныахпыт.

Якутопторг былырыын кыра сөмөлүөттэри туһанан, нэһилиэктэргэ оҕуруот аһын, түргэнник буорту буолар аһы, холобур, сымыыты, халбаһыны, тиэйбитэ. Ону дьон сүрдээҕин сөбүлээбитэ.

 

Промышленнас тэрилтэлэрин көмөлөһүннэрэбит

– Эһиэхэ сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаарар “Полиметалл” тэрилтэ үлэлиирэ биллэр. Мантан улууска туох үчүгэй өрүттэр баалларын бэлиэтиэҥ этэй? 

– Дьааҥы улууһугар Сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан сир баайын хостооһун күүскэ барбыта. Сойуус эстибитин кэннэ тохтообут биричиинэтэ сүрүннээн энергоресурса сыаната ыарааһына буолбута. Кэнники сылларга дьэ күүскэ үлэлээн эрэллэр. Уонтан тахса сир баайын хостуур тэрилтэ үлэлиир, ол иһигэр үс бөдөҥ. “Полиметалл” хампаанньа Москваттан кэлэн үлэлээбитэ бэһис, дьиҥнээхтик атаҕар туран үлэлээбитэ үһүс сыла буолла. Кэлиэхтэриттэн нэһилиэнньэни кытта сүбэнэн, дьаһалтаны кытта социальнай-экономическай сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлииллэр. Оҕо музыкальнай оскуолатын, Оҕону сайыннарар киини, уһуйааннары, кулууп өрөмүөнүгэр харчы укпуттара, социальнай бырайыактарга куонкурус ыыталлар, дьон ону олус сэҥээрдэ.

“Прогноз-серебро” диэн тэрилтэ 2023 сылтан сир баайын хостуохтаах. “Полиметалл” уонна СӨ салалтата дуогабар түһэрсэн, уонунан сылларга ыра санаа оҥостубут суолбут тутуллара быһаарыллан эрэр. "Теплый Ключ-Тополиное-Прогноз-Барылас" массыынанан сылдьыы уһун болдьохтоох суолун бырайыактаан, тутуу үлэтигэр киирэн эрэллэр. Кыһыҥҥы суолу таһынан үрэхтэрбитигэр хапытаалынай муосталар, сайыҥҥы суоллар наадалар, ол хайысхаҕа эмиэ үлэлиэхтэрэ. Сибээс хотугу улуустарга мөлтөҕүн бары билэллэр. Хаандыга-Баатаҕай оптоволоконнай ситим 2024 сылга үлэҕэ киириэхтээх.

Бу хампаанньаларга олохтоохтор киирэн эрэллэр. Сороҕор аҥаардас оробуочайынан эрэ ылаллар диэн сыыһа өйдөбүл баар. “Полиметалл” уонна “Прогноз-серебро” толоруулаах дирекцияларыгар биһиги улууспут эдэр инженердэрэ үлэлииллэр, салайааччылар да бааллар. Оробуочай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, министиэристибэлэри, кэмитиэттэри кытта үлэлэһэн, “Прогноз-серебро” тэрилтэҕэ олохтоохтору үлэҕэ киллэриэхтээхпит. “Полиметалл” Хаандыгатааҕы Нижнеянскай ГОК-ка фабрика арыйбыта, онно улуустан баҕалаах оҕолору үлэҕэ ылбыттара. 

 “Геопройманинг” диэн хайа баайын хостуур улахан тэрилтэ баар. “Звезда” ХЭТ диэн балыстыы хампаанньата Сентачаҥҥа үлэлиир. Дуогабар түһэрсэн элбэҕи оҥордулар. Урукку быраҕыллыбыт остолобуой дьиэтин ылан, Оҕо сайдыытын киинэ оҥостон олорбуппут, ону икки сыл иһигэр аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир гына өрөмүөннээн биэрдилэр. Былырыын кинилэр өйөбүллэринэн тупсарыыга элбэх үбү көрбүппүт. 

“Золотой актив” диэн хампаанньа “Дальзолото” балыстыы тэрилтэтэ эмиэ көхтөөхтүк үлэлэһэр. Хайа промышленнаһын сайдыытын бастакы түһүмэҕэр тутуллан хаалбыт Баатаҕайга баар култуура дьиэтин өрөмүөннүүрүгэр дуогабар түһэристибит.

“Геопройманинг” көмөтүнэн Ийэ скверин тутан эрэбит. Сквер бастакы култуурунай объегын бу хампаанньа үбүлээн Дьокуускайга оҥорторобут. 

Ханнык баҕарар бириэмэҕэ, олох хайдах баҕарар салаллар түгэнигэр, биһиги улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын кытта промышленнаһы дьүөрэлээтэхпитинэ эрэ сайдар кыахтаахпыт.

– Дьааҥы улууһа ытык сирдэринэн аатырар. Туризм эйгэтигэр туох оҥоһулларый?

– Кырдьык, Дьааҥы сирэ олус баай – дьонунан, историятынан, култууратынан уонна сиринэн-уотунан. Ытык сирдэрбит аан дойду дьонун интэриэһин тардаллар. Предпринимателлэрбит Киһилээх хайаларыгар арыйбыт маршруттара туристары угуйаллар. Саха сирин туризмын сайдыытыгар Киһилээххэ тэриллибит маршруттар улахан тирэх буолбуттара диэтэхпинэ омуннаабаппын.

Ону таһынан Дьааҥы өрүс үрдүгэр турар кырдьаҕас Верхоянскай куораты туристар олус сэҥээрэллэр. Манна “Тымныы чыпчаала” музейга култуурабыт, наукабыт, историябыт эскпонаттара хараллан сыталлар. Биһиги бу экспонаттары харайан, учуонайдары кытта үлэлэһэн, Саха сирин наукатыгар бэйэбит кылааппытын киллэрэбит диэн бэлиэтиэх тустаахпын. 

Ыыннаах хайата, Дулҕалаах, Туостаах үрэҕэ, Сартаҥ о.д.а.курдук кэрэ сирдэринэн туризмы сайыннаран эбии дохуот киллэриниэххэ диэн, Арктика уонна Предпринимательство министиэристибэлэрин өйөбүллэринэн, 2020-2021 сылларга “Сердце Арктики” диэн туристическай кластер бырайыагын оҥордубут. Манна Ыыннаах хайата, аатырбыт Сир сиҥниитэ (Батагайский Провал), Киһилээхпит хайата, Баатаҕай бөһүөлэгэ, Дьааҥыбыт кырдьаҕас куората, Элгэс нэһилиэгин Туостааҕа федеральнай реестргэ киирдилэр. 2022-2023 сс. өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниэхпит диэн бигэ эрэллээхпит. 2021 сылга харчы тыыран, икки операторбытыгар Элгэс Киһилээҕин маршрутун тэрийээччитигэр уонна Табалаахха Туостаах диэн уунан, атынан, сатыы сылдьар маршрукка кыра үп көрдүбүт. Быйыл туризмы өйүүр улуус бырагырааматынан 2 мөлүйүөнү көрөн турабыт, куонкурус быһыытынан үбүлүөхпүт. Кэнники маннык өйөбүл ньымата өрөспүүбүлүкэтээҕи, федеральнай таһымҥа бииргэ үлэлээһин буоларыгар кыһаллыахпыт. Олоҥхобут, оһуохайбыт, тойукпут уратытын бренд оҥостуохпут. Уонна хайаан да дьоҥҥо үлэ миэстэтэ тахсыахтаах.

 

Санкциялартан куттаммат гына дьаһаныахпыт

– Саха сүөһүтүн элбэтиигэ үлэ туһунан кэпсээ. Туох оҥоһулунна, туох былааҥҥа киирдэ?

– Ил Дархан саха сүөһүтүн элбэтэр сыаллаах дьаһал таһааран турар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин куонкуруһугар кыттан, Сартаҥ нэһилиэгэр уонна быйыл Суордаахха саха сүөһүтүн аҕалан иитэр былааннаахпыт. Мачах учаастагар 50 саха ынаҕа киирэр хотонун тутарга, “Саха сүөһүтэ” ГБУ-ны кытта сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Сирин арааран биэрдибит, улуус бүддьүөтүн суотугар 50 төбө киирэр типовой хотон бырайыагын оҥоттордубут. Итиинэн, уотунан хааччыллыытын ыытан эрэбит. 2023 сылга 50 саха сүөһүтүн ылан базовай хаһаайыстыба оҥоруохпут. Уонна бу базовай хаһаайыстыбаттан чааһынай, бааһынай тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга ынаҕы чэпчэки сыанаҕа атыылыыр былааннаахпыт.

– Арассыыйаҕа тастан киирэр бородууксуйа аҕыйаан, импорты солбуйууга үлэлиэхпит дииллэр. Улуускутугар бэйэ оҥорон таһаарыыта төһө сайынна? 

– Кэнники үс сылга мини сыахтары арыйан үлэлэттибит. Урут барыта кэлии үүт ас эбит буоллаҕына, олохтоох оҥорон таһаарааччылар астара элбээбитин дьоммут да сэҥээрдэ. “Полюс холода” СХПК быйыл сүрүн дьиэтин өрөмүөннэнэр, оччоҕо саҥа оборудование турар кыахтанар, бородууксуйата хаачыстыбалаах буолар. Бастаан саҕалыырбытыгар дьоҥҥо сэрэхэдийии баар этэ. Улууска астаммыт, упаковкаламмыт аһы барытын олохтоохтор ылыахтара дуо диэн санаарҕыыр этибит. Билигин бэйэтэ тааралаах, натуральнай амтаннаах, иҥэмтиэлээх үрүҥ аһы хото ылар буоллулар. 

 

"Олохтоох бизнес санитарнай, техническэй, баһаарынай өттүнэн сөбө суох дьиэлэргэ үлэлии олорор. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан Бытовой өҥөлөр кииннэрин арыйарга үбүнэн көмөнү туруорсабыт."

 

Предпринимателлэрбит сүрүн кыһалҕалара – хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэрэ. Мин санаабар, судаарыстыбаннай дьаһал ылыллан, Арктика улуустарыгар оҥорон таһаарыынан дьарыктанар олохтоох предпринимателлэргэ хомунаалынай  өҥөлөргө улахан чэпчэтиилэр киириэхтэрин наада буолла. Эбэтэр кинилэргэ анаан туспа кииннээн оттук тиэллиэн наада.

 

Экология боппуруоһун нэһилиэнньэ кыраҕы хараҕынан кэтиир

– Дьааҥыга экология боппуруоһа төһө сытыытык турарый? Сэлии муоһун хостооһуна барара кистэл буолбатах, үксэ сокуону утары буолара баар суол. Ону хайдах дьаһанаҕыт? Эн тус бэйэҥ бу боппуруоска туох-ханнык көрүүлээххиний?

– Олохтоох нэһилиэнньэ экология боппуруоһугар ирдэбиллээхтик сыһыаннаһар, кэтиир, көрөр-истэр. Холобур, “Полиметалл” хампаанньа бастаан-утаа  экологияҕа дьалаҕайдык сыһыаннаһаллар диэн нэһилиэнньэ этэн, улуус дьокутааттара, уопсастыбаннас туруорсан, хампаанньа бэйэтэ бөртөлүөт биэрэн, үлэлиир балаһааккатыгар илдьэ сылдьан, айылҕаҕа хоромньу тахсыбатын көрбүппүт.

Саахаллар тахсаллар. Ол курдук, былырыын саас “Звезда” ХЭТ производственнай учаастагар даамбалара алдьана сылдьыбыта. Экология министиэристибэтин биригээдэтэ кэлэн, улахан хоромньу суоҕун, производственнай тобох буолбатах, технологическай уу барбыт диэн быһаарбыттара. 

Сылы быһа Экология министиэристибэтин кэмитиэтэ мониторинг ыытар. Сартаҥ, Дулҕалаах, Адыаччы, Дьааҥы үрэхтэриттэн кыбаарталга биирдэ ууну анаалыстатар. Ол түмүгүнэн улахан халбаҥнааһын суох. Дулҕалаах ырааһырбытын туоһулуур анаалыстар бааллар. Сартаҥҥа, Адыаччыга улахан уларыйыылар суохтар. Маны биһиги балыкпыт да туоһулуур, балыкпыт баара эмиэ индикатор курдук үлэлиир.  

 

"Хайа баайын хостуур дьоҕус тэрилтэлэр кыайан хонтуруолга ылыллыбаттар. Туох баҕарар саахалы таһааран баран кистээн кэбиһиэхтэрин сөп. Ол иһин тустаах уорганнары кытта үлэлэһэбит. Улуус иһинэн экология хайысхатыгар үлэлиир бырагыраамалаахпыт."

 

Сэлии муоһун саппааһа аччаата быһыылаах, ааспыт 4-5 сыллааҕыта курдук ажиотаж суох. Сэлии муоһун аһаҕас ньыманан, ол аата ууну хачайдаан, кыамталаах насостарынан сири-уоту сууйтаран хостууллар. Айылҕаҕа хоромньулаах. Олохтоох быраабы кэтиир, хонтуруоллуур уорганнары кытта эриэйдэ оҥордохпутуна, бу дьоммут үгүстэрэ көҥүллээх, докумуоннаах буолан хаалааччылар. 

Мин тус бэйэм көрүүбэр, сэлии муоһун көрдөөһүнүн лицензиялаан, сокуоҥҥа олоҕуран ыыттахха, үлэ миэстэтин таһаарыахха сөп. Олохтоох сиэри-туому, сокуоннары тутуһан үлэлээтэххэ, бары өттүттэн туһалаах буолуо этэ. Дьоммут дьоҕус тэрилтэлэргэ үлэлээн ыстаас аахсан, биэнсийэҕэ да тахсалларыгар тирэхтээх буолуо этилэр.

– Арай улууһуҥ ханнык эрэ кыһалҕатын быһаарарга хааччахтаммат үбүлээһин, кыах биэрэллэрэ буоллар, бастакы уочарат тугу быһаарыаҥ этэй?

– Бэйэҥ көрөн дьаһай дииллэрэ буоллар, дьон олоҕун чэпчэтиигэ ыытыам этэ. Биһиэхэ тыын кыһалҕабыт – толору хааччыллыылаах дьиэ. Оччотугар дьоммут бириэмэтэ, күүһэ-уоҕа, кыаҕа айыыга-тутууга барыа этэ. Тыа сиригэр элбэх сүөһү ииттиэхтэр, ол аата дохуоттаныахтар этэ.

Сэбиэскэй сойуус эстиэҕиттэн ыла социальнай объектарбыт тутулла иликтэрэ эмиэ баар суол. Оҕо уһуйааннарын дьиэтэ, уопсай дьиэлэрбит олус эргэрдилэр. Кырдьаҕастарбытыгар анаан дьиэ-уот тутан, атын сиргэ ыыппакка көрөр-истэр дьиэни тэрийиэ этибит. 

 

"Дьааҥы улууһа Арктика эргимтэтигэр саамай улахан улуус. 17 муниципальнай тэриллиилээх, 24 нэһилиэнньэлээх пууннаах. 11200 киһи олорор. Арктика ынах сүөһүтүн 45 бырыһыана биһиги улууспутугар иитиллэн турар. Арктика сылгытын 50 бырыһыанын биһиги көрөбүт. Арктикаҕа оҥоһуллан тахсар үүт аһылык 40 бырыһыанын оҥорон таһаарабыт." 

 

Ханнык баҕарар үйэҕэ, ханнык баҕарар былааска сайдыы Дьааҥынан кэлбитэ. Ыраахтааҕы суола, бастакы үөрэхтээх үлэһиттэр, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ, бастакы сир баайын хостооччулар барыта Дьааҥы сирин дьоно. Промышленнас сайдыытыгар хоту улуустарга биһиги улууспут киин буолбута, ол омоонноро билигин да бааллар. Хотугу эргимтэ холбоһуктаах уунан уонна салгынынан сырыыта тэриллибитэ. Уонна да атын салааларга биһиги улууспут бастыҥ буолар этэ. Ол иһин Саха АССР үбүлүөйдээх сылыгар инникитин биһиги улууспут урукку ситиһиилэрин хатылыыр, албан аатын төннөрөр санаалаахпыт. Арктика киинэ Дьааҥы буоларын өссө да дакаастыахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....