Гаас киллэртэрэн эрэҕин дуо?
Саас чугаһаата. Дьиэ-уот туттар, даачаны оҥостор туһунан толкуйдуур кэм кэллэ. Онно биир суолталаах боппуруос – гааска холбонуу. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын 2021 с. балаҕан ыйын 13 күнүнээҕи 1547-с №-дээх уурааҕынан алтынньы 18 күнүттэн гаас ситимигэр босхо холбонор кыах баар.
Босхо гааһы ким киллэртэриэн сөбүй?
– Гаас ситимэ киирбит нэһилиэнньэлээх пууҥҥа бас билэр дьиэлээх дьон;
– Гаас ситимэ киирбит нэһилиэнньэлээх пуун чэрчитигэр даачалаах дьон (СНТ/СОТ кыраныыссатыгар диэри);
– 21.04.2021 сыл кэнниттэн гаас ситимин тартарарга дуогабар түһэрсибит уонна холботор туһунан аакталара илии баттамматах гражданнар.
Сайаапка хайдах бэриллэрий?
«Сахатранснефтегаз» АУо SG.AOSTNG.RU сайтыгар;
УГРС Биир кэлим түннүгүн сулууспатыгар: Дьокуускай к., Петр Алексеев уул., 64;
Гаастааһын Биир кэлим операторын connectgas.ru сайтыгар;
– «Госуслуги» порталга;
– «Мои Документы» офистарыгар:
Дьокуускай к.
Жатай бөһ.
Үөһээ Бүлүү бөһ.
Бүлүү к.
Бэрдьигэстээх бөһ.
Сангаар бөһ.
Кэбээйи бөһ.
Ленскэй к.
Витим бөһ.
Аллараа Бэстээх бөһ.
Мииринэй к.
Нам бөһ.
Покровскай к.
Мохсоҕоллоох бөһ.
Чурапчы бөһ.
Ирдэнэр докумуоннар
– РФ гражданинын пааспара эбэтэр дьиэлээх хаһаайыны туоһулуур атын докумуон, ол иһигэр: ИНН уонна СНИЛС;
– Сокуоннай сааһын ситэ илик гражданинтан төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ;
– Дэбиэриннэс (сайаапканы бэрэстэбиитэл биэрэр түгэнигэр);
– Сир учаастагын/дьиэни бас билэри туоһулуур докумуоннар;
– Дьиэ уонна сир учаастагын былааннара (гаас ситимигэр холбонуохтаах эбийиэк чуолкай турар сирин быһаарарга көмөлөһөр каарта, холобура, топографическай каарта, 2ГИС-тан эбэтэр кадастровай эбэтэр публичнай каартаттан ылыллыбыт фрагмент);
– Туттуллуохтаах гаас чааһынан муҥутаан ороскуотун суумата (өскөтүн чааска 7 куб/м ордугу ороскуоттуур былаан баар буоллаҕына). Бу кыамта 300 кв/м иэннээх дьиэни ититэргэ, итии уунан хааччыйарга, астанарга тиийэр диэн санааттан. Маныаха дьиэ иэнэ оруолу оонньообот);
– Хас даҕаны бас билээччи баар түгэнигэр, кинилэр сөбүлэҥнэрэ.
Гаас ситимнээх нэһилиэнньэлээх пуун чэрчитигэр турар даачалары гаастыырга СОТ бигэргэтиллибит кыраныыссалаах буолара булгуччулаах. Ирдэнэр докумуоннар:
– Даачалаахтар уопсай ааттарыттан сайаапка;
– СОТ уопсай мунньаҕын боротокуола;
– Гаас киллэртэрэр туһунан дуогабары 21.04.2021 сыл кэнниттэн түһэрсибит, гааска холбонуу туһунан аакталара баттамматах дьонтон, эрдэ түһэрсиллибит дуогабар уонна баан счетун реквизиттара ирдэнэр. Маныаха бу дьоҥҥо гаас дуогабардарыгар ыйыллыбыт болдьохторугар босхо киириэхтээх.
21.04.2021 сыл иннинэ, бырагыраама официальнайдык бигэргэниэн иннинэ дуогабар түһэрсибит дьон гаас ситимигэр холбоммут ороскуоттарын төнүннэриэхтэрин сөп.
Гаас ситимэ учаастак кыраныыссатыгар диэри эрэ тардыллар
Дьиэлэрин гааһы холбуурга бэлэмнээбэтэх дьон тэлгэһэҕэ диэри босхо кэлбит гаас ороскуотун уйуналлар.
Манна даҕатан
* Саха сиригэр «социальнай гаастааһын» бырагырааматын «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ олоххо киллэрэр;
* Былааннаах 2030 сылга диэри хампаанньа уопсайа 11008 чааһынай дьиэ учаастагар диэри гаас ситимин тардыаҕа. Ол иһигэр:
2022 сылга – 2481 дьиэҕэ;
2023 сылга – 1605 дьиэҕэ;
* Дьокуускай куораты гааһынан хааччыйыы магистрала ааспыт үйэ 60-с сылларыттан саҥардыллыбакка турарынан, гаас ситимин кыамтата мөлтөх. Онон, «социальнай гаастааһын» бырагырааматын биир үтүө өрүтүнэн куорат гааһын ситимин күүһүрдүү буолуохтаах. Чуолаан, 2022 сылга маннык үлэ Марха уонна Покровскайдыыр суол хайысхаларынан ыытыллара былааннанар. Бу күннэргэ «Сахатранснефтегаз» Покровскайдыыр суол «Птицевод» СОТ-тан «Изыскатель» СОТ-ка диэри учаастакка үлэтин саҕалаата. Манна 3 км уонна 100 м усталаах сирдэргэ 219 мм, 750 м усталаах учаастакка 159 мм диаметрдаах ом 159 мм иэннээх гаас турбаларын тардан, гаас кыамтатын биллэ күүһүрдүөхтэрэ.
Дуогабары түһэрсии бэрээдэгэ
Гражданин гаас киллэртэрэр туһунан сайаапкатын (докумуоннар бакыаттарын) ханнык сатанар, кыаллар ньыманан ыытар.
- «Сахатранснефтегаз» АУо киирбит докумуоннары 3 үлэ күнүн иһигэр көрөр. Гражданин тиийбэт докумуоннары 20 үлэ күнүн иһинэн тиксэрэр.
- «Сахатранснефтегаз» АУо ситэтэ суох докумуоннардаах сайаапканы аннулируйдуур. Сайаапкалаахха ол туһунан 3 үлэ күнүн иһигэр биллэрэр.
2 «Сахатранснефтегаз» АУо 30 үлэ күнүн иһигэр сайаапкалаахха дуогабар бырайыагын 2 экземплярынан ыытар.
- Сайаапкалаах дуогабар бырайыагын кытта сөпсөспөт түгэнигэр, 10 үлэ күнүн иһигэр «Сахатранснефтегаз» АУо аатыгар хайдах сатанар ньыманан дуогабары кытта сөпсөспөтүн туһунан биллэрэр (Арассыыйа почтата, телеграмма, факсограмма, телефонограмма, Интэриниэт о.д.а.).
- «Сахатранснефтегаз» АУо кэлбит аккааһы 10 үлэ күнүн иһигэр көрөн, үөрэтэн, сөпсөһүүгэ аҕалыахтаах дьаһаллары ылынан, сайаапкалаахха дуогабар саҥа барылын ыытар.
- «Сахатранснефтегаз» АУо аккаас эбэтэр дуогабар бырайыагын туппатаҕына, 30 үлэ күнүн иһинэн сайаапканы аннулируйдуур.
3. Сайаапкалаах 10 үлэ күнүн иһигэр гаас киллэртэрэр туһунан дуогабар бырайыагын кытта сөпсөһөрүн биллэрэн, илии баттааһыннаах биир экземпляры «Сахатранснефтегаз» АУо аадырыһыгар төттөрү ыытар.
(Хаартыскалар, дааннайдар
«Сахатранснефтегаз» АУо сайтыттан ылылыннылар)