21.01.2022 | 16:00

Федор Марков: «Бачча сааспар диэри үлэбин сатаан сыаналаабаппын...»

Федор Марков:  «Бачча сааспар диэри үлэбин сатаан сыаналаабаппын...»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – муосчут, Саха сирин норуодунай худуоһунньуга Федор Иванович Марков. Кинини кытта олох оскуолатын, “булкуллуу”, бэйэни көрдөнүү, уһуйуллуу, балысхан сайдыы, төттөрү барыы уонна сааһырыы туһунан сэһэргэстибит.

– Мастарыскыайбар бүгүн эрэ киһитэ суохпун. Бу күһүҥҥүттэн кэргэниттэн арахсан, ускул-тэскил сылдьар оҕону олордубутум, бэҕэһээ хос булан көстө. Дьиҥэр, үчүгэй маастар булкулла сылдьар. Уу ньуурун курдук көнө суол суох. Олоххо үөһэ тахсыы, аллара түһүү, булкуллуу-тэккиллии үгүс, – диэн сэргэх сэһэргэһээччим кэпсэтиибитин саҕалыыр. 

Муоһу олоҥхолотор, маһы үҥкүүлэтэр, мууһу ыллатар дэгиттэр уус “кыайыам дуо?” диэн саараан ыларын, “улахан талаана суохпун” диэбитин соһуйа иһиттим.

 

Муосчут буолбут аналым

– Дьиҥэр, бастакы идэм – тимир ууһа. Дойдубар Амынньыкы диэн аатырбыт ууска быыкаатык дьарыктаммытым. Онтон училищеҕа киирэн, муоска көһөн хаалбытым.

Биир сайын, булкуллан диэбиккэ дылы, бииргэ үөрэммит уолбун батыһан, Сунтаарга көмүс уустарыгар үөрэнэ бара сылдьыбытым. Сотору-сотору бэрэбиэркэ бөҕө этэ, онон сүгүн үлэлэппэтэхтэрэ. Ол сылдьан дьон көмүһүн былдьаппытым. Аны остуолбуттан дьоҥҥо оҥоро сылдьар быһахтарбын тутан ылбыттара. Ону сөбүлээбэккэ, көмүстэн уурайбытым.

 

Саха дьолугар үөскээбит харамай

– “hэлии” (“сэлии”, дьоруой бэйэтэ итинник суруй диэн туруоруста – Ааптар) диэн тыл элбэхтик туттуллар да, олохсуйа илик. Харамайбыт бэйэтэ сөбүлээбэт дуу? Эбэтэр норуот нууччалыы хайысханан баран хаалбытыттан эбитэ дуу, “мамонт” диэн тыл ордук киэҥник тарҕаммыт. 

Учуонайдар да суруйалларынан, былыргы дьон олохсуйар кэмнэригэр hэлии мээнэ көстүбэтэх быһыылаах. Таас хайаларга көстүбүт ойууларга аҕыйах. Францияҕа былыргы кыыллар уруһуйдаммыт аатырбыт хаспахтара баар. Онно hэлии курдук харамай эмиэ уруһуйдана сылдьар.

Бу саха омук дьолугар олохсуйан ааспыт, дэлэйдик үөскээн сылдьыбыт харамай дии саныыбын. Уҥуоҕа улахана, модьута бэрдиттэн, бөҕө-таҕа, ыйааһыннаах буолан, сиргэ тимирэн, баччааҥҥа диэри бүтүн көстөр. Аны күөлгэ, хаспахха, аппаҕа түһэн өлбүт эмиэ элбэх. Итиннэ ирбэт тоҥ суолтата улахан буолуохтаах. 

 

Сайдыы дуу, төттөрү түһүү дуу?

– Эн науканы мээнэҕэ ахтан ааспатыҥ. Мастарыскыайгар кинигэҥ, сурунаалыҥ элбэх. “Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр”, “Киһи үйэтин тухары үөрэнэр” диэн этиилэри кытта сөбүлэһэҕин дуо?

– Оннук. Олох оскуолата ордук элбэх билиини биэрэр дии саныыбын. Тыа сирин оҕолоро оттоон-мастаан улааттахпыт. Бастаан үчүгэйдик маһы кэрдэргэ, суорарга үөрэммиппит. Ити бастакы оскуолабыт буоллаҕа. Онтон сүөһүнү көрүү кэлэрэ. Урукку дьон малларын, туттар тэриллэрин бэйэлэрэ оҥостоллоро. Дьиэлээхтэр тугу сатыылларынан дьарыктаналлара. Дьоҕургун үчүгэйдик сайыннардаххына, маастар да буолан тахсыаххын сөбө. Ийэм иистэнньэҥ этэ.

– Аныгы олох биһигини бэлэмҥэ үөрэтэрэ үгүс. Балысхан сайдыы үтүө уонна мөкү өрүттэрин туохха көрөҕүн?

– Сайынныбыт диибит даҕаны, кырдьык, сүрэҕэ суох олус элбээтэ. Аныгы дьон илиилэринэн уруһуйдаабаттар, көмпүүтэргэ көстүлэр. Толкуйбут онно иэҕиллэн эрэр. Өйбүтүнэн үлэлиирбит аҕыйаата курдук көрөбүн. Оҕолорго табата уруһуйдаа диэтэххэ, тута төлөпүөннэрин үрдүгэр түһэллэр. Биир өттүнэн үчүгэй: көрө охсон, түргэнник оҥороҕун, бириэмэҕин сүтэрбэккин. Ол  эрээри ити киһини сыппатар эбит. 

Олох куотан иһэр. Ону эккирэтэргэ, ситэргэ төбөҕүн улаханнык үлэлэппэккин, бэлэми була охсорго тиэтэйэҕин. Холобур, бэйэм урут үөрэнэ сылдьан оҥорбуппун кыайбакка олоробун. Ити үлэбин үстэ оҥорбутум, төрдүспүн өссө тупсарар санаалаахпын. Тугу гынарбын үчүгэйдик тобулбакка сылдьабын. Сүрэҕэлдьиир буолбуппун быһыылаах (күлэр). Итинник бэлэмҥэ үөрэнэн хааллаххына, төттөрү түһүөххүн сөп эбит.  

Репин, Суриков, Леонардо да Винчи, Микеланджело курдук улуу дьон төһөлөөх илиилэринэн үлэлээбиттэрэ буолуой? Холобур, Леонардо да Винчи сэриитин сэбин ылан көр. Маһынан чаачар саа тиэхиньикэтин тупсаран, билиҥҥи олоххо тиийэ туттуллуон сөп курдук оҥордоҕо. Көрдөххө, судургу курдук эрээри, билиҥҥи киһи ону кыайан толкуйдаабата буолуо. Сороҕор, ама, оннук төттөрү түспүппүт дуо дии саныыбын.

Биһиги олох атын көлүөнэбит. Билиибит-көрүүбүт да туспа. Көмпүүтэри сатаабаппыт, төлөпүөммүтүн талкыйдахпытына баһыыба курдук. Ол эрээри аныгы көлүөнэ оҕолоро атын өттүнэн киириэхтэрин сөп. Киһи илиитинэн оҥорботун айан таһаарар кыахтаах дьон буолан тахсыахтара.

 

Санаам буолбат, тылым тахсыбат

– Ити эппит үлэҕин тоҕо тупсара, уларыта сатыыгыный? Ол аата “тоҕо итинник гымматахпыный?”, “оннук оҥоруохтаах эбиппин” диэн санаалар киирэллэр дуо? 

– Сороҕор бэйэҥ оҥорбуккуттан астыммаккын. Тугу кыайбатаххын, ситэрбэтэххин, сыыһаҕын көрөҕүн уонна тупсарыаххын баҕараҕын.

Айар үлэҕэ бэйэҥ сатаабат буоллаххына, эн оннугар ким да оҥорон биэрбэт. Аны туран, урукку уонна билиҥҥи истиилим чыҥха атын. Онтон көһөн киирэрим остуоруйалаах олоҥхо диэбит курдук (күлэр).

Билигин уруһуйдаабат буолбуппуттан кыбыстабын, чиэһинэйдик эттэххэ, хараҕым да мөлтөөбүт. Сааһырыы сиэринэн бэйэҥ үлэҕин кыайан көннөрбөт, тупсарбат уустук турукка киирэр эбиккин.

– Британия музейыгар барбыт “Ыһыах” диэн үлэҥ туһунан урут хаһыакка суруйбуппут. Урукку кэм киһитэ оҥорон хаалларбытын ситэрэр хайдах эбитий? Итинник бырайыактарга ылсаргар төһө өр толкуйдуугунуй, тута сөбүлэһэҕин дуу?

– Олох уустук.  Үүт-үкчү оҥор диэбиттэрэ буоллар, эрэй бөҕөнү көрүө эбиппин. Хата, хайдах баҕараргынан, сатыыргынан салайтар диэбиттэрэ.

Өр толкуйдуубун. Ол эрээри хаһан даҕаны харчы туһунан интэриэһиргээбэт киһибин. Төһөнү төлүүгүт диэн хаһан да ыйыппаппын. Билиҥҥи оҕолор көмөлөһө кэлэллэригэр тута харчытын чуолкайдаһаллар. Мин санаам буолбат, тылым да тахсыбат. Бачча сааспар диэри үлэбин сатаан сыаналаабаппын. Биир өттүнэн ыллахха, суобаһым да көҥүллээбэт. Иккиһинэн, оҥорбокко да сылдьан “баччаны төлөөҥ да, сабаас” диир кыаҕым суох. Үсүһүнэн, дууһабар да чэпчэки курдук.

 

Күнү быһа толкуйдуубун

– Билигин дьүкээгир литературатын төрүттээччи, суруйааччы Тэки Одулок мөссүөнүн оҥорон саҕалаатым. Көрдөспүттэригэр, баҕар, кыайыам диэн ылыстым. Туох да төлөммөт диэн тута эппиттэрэ. Болгарияҕа аан дойду бөлүһүөктэрин, чулуу дьонун үйэтитэр Суруйааччылар аллеялара диэн галереяҕа барыахтаах. Аҕыйах ахсааннаах норуот киһитэ наада диэбиттэр. Дьиҥэр, мин скульптор буолбатахпын. Ол эрээри суруйааччы Имтеургин туһунан айымньытын урут олус сөбүлээн аахпытым. Хотугу тиэмэни уруккуттан сэргиибин. Бастакы үлэм табалаах этэ. 

Тэки Одулок икки эрэ хаартыскатын буллум, онно тирэҕирэн таһаарыахтаахпын. Үүт-үкчү мэтириэтин курдук оҥоруохпун санаам сыппат. Сэлээппэлээх, синиэллээх киһини көрөн, атын омуктар дьоппуон эбэтэр монгол диэхтэрин сөп. Хотугу дойду киһитэ буоларын, норуот быһыытынан уратытын көрдөрүөхпүн баҕарабын. Суруйааччы, бөлүһүөк уобараһын тиэрдэр курдук... Онтон төһөтө кыаллар? Күнү быһа толкуйдуубун. Бу кэмҥэ хайдах олорбуттарын тиэрдэ сатаабыт киһи. Хотугу норуоттар таҥастарын-саптарын үөрэтэбин, көрөбүн (сурунаал лиистэрин арыйар). 

 

Олоҥхоттон өс хоһоонноругар тиийэ

– 2000 сыллаахха миэтэрэттэн ордук уһуннаах hэлии муоһугар “Олоҥхо дойдута” диэн үлэ оҥорбутум. Үс дойдуну, тоҕус хаттыгастаах халлааны, Үрүҥ Аар Тойон уобараһын көрдөрбүтүм. Харысхал курдук буоллун диэн, тыҥырахтаах кыылы – бэдэр уобараһын киллэрэн биэрбитим. 

Онтон бу “Ыhыах” диэн үлэбин Михаил Ефимович Николаевка бэлэх диэн сакаастаан оҥорторбуттара (көрдөрөр). Бэлэхтэрэ Өктөм музейыгар хараллаллар эбит. Кэлин үлэ онон-манан хайдыбытын бу абырахтаан, чөлүгэр түһэрдим, төннөрө иликпин.

Саха остуоруйаларыгар туттуллар өс хоһоонноругар аналлаах үлэлэрдээхпин. Баҕар, кэлин бу хайысхаҕа үлэлиир биир эмэ салҕааччы күөрэйэн тахсыа.

Оҥоһулла сылдьан быраҕыллыбыт үлэм син элбэх. Сааспын баттаһа, бүтэрэн кэбиспит киһи диибин. “Кут-сүр” диэн арыый таныктаах үлэм ситэ илик, онтубар ылсыам. Иэйии киирэн хаалан, саҕалаан баран, умуллан хаалбыт үлэм турар, үс хас сыл буолла. Кырдьыгынан эттэххэ, бытаарбыппын. Эбиитин коронавирустаан, үчүгэйдик истибэт буолан хааллым. Ол эрээри санаабын түһэрбэппин, кыаҕым тиийэринэн үлэлиибин. 

 

Моржа аһыытыттан Брежневкэ бэлэх

– 1976 сыллаахха Чукоткаҕа тиийэ сылдьыбытым. “Сардаана” фабрикаҕа үлэлии сырыттахпына, Л.И. Брежневкэ бэлэх оҥортороору, ыҥыртаран ылбыттара. Саха сиригэр суох матырыйаалынан буолуохтаах диэбиттэрэ. Онон моржа аһыытыттан быһах угун, кыынын оҥороҕун диэн сорудахтаабыттара. Биир нэдиэлэ ол тиэхиньикэҕэ тиийэн үөрэнэҕин диэбиттэрэ. “Ээх” диэн сөбүлэстэҕим дии.

Аны ойуутугар туох буоларый диэн толкуйга түспүппүт. Кыталыктар үҥкүүлүү сылдьаллара, ыһыах, хотугу тиэмэ буолуон сөп диэн сүбэлэспиппит. Оччолорго “Уэлен” үҥкүү ансаамбыла аатыра сылдьыбыта, ону эмиэ киллэриэххэ сөп диэн буолбута.

Ол курдук мүччүргэннээх айаҥҥа туруммутум. Магадаҥҥа милииссийэлэр тутан ылбыттара. Командировочнайбар маннааҕы пограничнай войскалар төгүрүк бэчээттэрин уурбатахтар, үс муннуктаах штампаны эрэ туруорбуттар эбит. Үс дуу, түөрт дуу күн быһаарсыы кытаанаҕа. Магадан милииссийэлэрэ салгыы көттүн диэн төгүрүк бэчээти туруоран ыыппыттара. Саллааттар атаараллар уонна көрсөллөр, онон харабыл бөҕө буолан айаннаабытым. Онтон Анадырга бэлэмнээн илдьэ барбыт үс быһахпын былдьаан ылбыттара. Биэрбэтэхтэрэ, онон турар бэйэм эрэ хаалбытым. Онон икки нэдиэлэни быһа эргийэн тиийбитим. Кырдьаҕас маастардартан гравировкаҕа үөрэммитим. Брежневкэ бэлэҕи манна кэлэн баран оҥорбутум.

 

Этэҥҥэ тыыннаах эргиллибитим

– Кэлин мууска ылса сылдьыбытыҥ. Ол туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

– Саха ыала барыта урут-уруккуттан муус уутун иһэн олордоҕо. Ол эрээри художественнай хайысха быһыытынан ким да дьарыктамматах. Дьоппуоннар, кытайдар бастаан ылыстахтара. Биһиги кэлин кииристэхпит. 

Кытайга, Аляскаҕа, Финляндияҕа уонна да атын дойдуларга ыытыллыбыт күрэхтэргэ кыттыбытым. Кыра кыыспын тылбаасчытынан илдьэ сылдьааччыбын. “Таһаҕаһын чэпчэппит” диэн бастакы үлэбин Аляскаҕа оҥорбутум.

Араас сирдэргэ маннык үлэҕэ сылдьан ол-бу эчэйии тахсар да түбэлтэлэрэ бааллара. 2012 сыллаахха Аляскаҕа сылдьан, мууска баттатан, улаханнык эчэйбитим. 2018 сыл бүтүүтэ Финляндияттан нэһиилэ тыыннаах эргиллибитим. Тыалга үрдэрэн, сэбиргэхтэтэн хаалбытым. Син тыыннаах төннөр эбиппин диэн дьылҕабар махтанабын. 

 

Аралдьыйбытым элбэх

– Федор Иванович, эн үгүс матырыйаалга ылсан, элбэх тиэхиньикэни баһылаабытыҥ. Ол аата эйигин биир тылынан ким диэхпитин сөбүй, маастар дуо?

– Биир тылынан уус диэххэ сөп. Америкаҕа үрдүк кылаастаах маастар дьону маэстро дииллэр. Ону биһиги маастар диибит.

– Уус дьоҥҥо ураты күүстэр көмөлөһөр дииллэрэ кырдьык дуо?

– Оннук суох курдук. Улахан талааным да суох быһыылаах. Сүрэх баҕатынан үлэлиир курдукпун. Атыттар курдук, тугу да быраҕан туран, иэйэн-куойан айбаппын. Баҕар, хас да хайысханан баран хаалбытым иһин буолуо. Аралдьыйбытым элбэҕэ бэрт. Маска, тимиргэ, көмүскэ, муоска, мууска, кумахха үлэлэстэҕим дии. Үөрэнээччилэрбин кытта Үс Хатыҥҥа киирэр аарканы, күн көрсөр аарканы уонна да элбэҕи оҥорбуппут..

– Ити “аралдьыйбытым” диэтиҥ. Тоҕо? Бэйэҥ суолгун-иискин көрдөөн дуу, саҥаҕа үөрэнээри дуу?

– Ол баар. Сонумсах майгылаахпын быһыылаах (күлэр). Саҥаны көрдөөн, ону оҥорон көрөөрү буолуо. 

Красноярскайга үс сыл айар мастарыскыайга үөрэммитим. Бу куорат билиҥҥэ диэри Уһук Илин, Сибиир худуоһунньуктара, уустара уһуйуллар сүрүн кииннэринэн биллэр. Бэлэм сылаас дьиэҕэ-уокка, үчүгэй усулуобуйаҕа олорон дьарыктаммытым. Өссө истипиэндьийэ курдук 28 солкуобай хамнас биэрэллэрэ. Ол сылларбын олус күндүтүк саныыбын.

 

Баҕалаах эрэ туһанар

Үөрэнээччилэрдээхпин диэн хаста да эттиҥ. Бэйэҥ билиигиттэн бэрсэриҥ, атын киһини сатабылга үөрэтэриҥ эмиэ туспа быһыылаах. Киһи барыта уһуйааччы буолбат...

– Оннук, сөбүлэһэбин. Биир бэйэм учууталым Зинаида Иванова-Унарова элбэххэ үөрэппитэ. Уруок кэмигэр букатын кини кэпсииригэр киирэн хааларым.   

Баҕаран кэлбит үөрэнээччилэр син тугу эрэ туһаналлар. Талааннаах, ыраас илиилээх, буочардаах диэн ымсыырбыт дьонуҥ, төттөрүтүн, сүрэҕэ суох уонна туох да хардата суох буолуохтарын сөп. Онтон кыһыйабын-абарабын. Киһи аттыгар баарын аахайбат буолар эбит. Сыралаһан, сыһа-соһо сатаабыккын сыаналаабат да дьон баар. Баҕар, улдьаарар, булкуллар кэмнэригэр өйдөөбөккө гынан баран, кэлин уһуктуохтара.

Британия музейыгар барбыт үлэтэ

Эдэр дьоҥҥо кэс тыл

– Дьулуурдаах, сүрэхтээх уонна тулуурдаах буолуҥ. Көмпүүтэри, төлөпүөнү эрэнэн олорбокко, бэйэҕит өйгүтүн-санааҕытын сытыылыы, эрчийэ сылдьыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Олоххо көхтөөх буолуҥ. Аныгы олох тэтимин куоттарымаҥ. Билигин үүнэр-сайдар кыах элбэх. Ону төһө кыалларынан туһаныҥ. Бу хамсык ыарыыта хаптайдын, сэрии эрэ буолбатын. 

 

80-с сыллардааҕы үлэлэр. Сэриигэ аналлаах серия.

Дьиэ кэргэним

– Олоҕум аргыһын кытта онус кылааһы бииргэ бүтэрбиппит. Онтон холбоһон, ыал буолан олоробут. Үс кыыстаахпыт. Үс уол, биир кыыс сиэннээхпит. Эрэллэрим, көмөлөһөөччүлэрим – кинилэр. “Сардаана” фабрикаҕа дьиэ кэргэнинэн үлэлээбит сылларбын олус сылаастык саныыбын, махталым муҥура суох. Оччолорго былааны толорон, хамнас аахсарбыт. Онон үс оҕолоох ыал “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээн, аһаан-таҥнан, дьиэлэнэн олорбуппут. Сайын аайы дойдубутугар барар үгэстээх этибит. Дойдубутун кытары ситими быспатахпыт.

 

Ураты эйгэ

Федор Иванович мастарыскыайын көрдөрдө. 1998 сылтан манна үлэлиир. Ол иннинэ Лермонтов уулуссатыгар мастарыскыайдаах эбит. “Билигин үнүстүрүмүөммүт көрүҥэ элбэх. Урут тутта сылдьыбыт тэриллэрим билигин таах тураллар”, – диир кини. Дэгиттэр уус hэлии, таба, тайах муостарыттан үлэлэрин сэргээтим.

– Баҕар, бу кыра оҥоһуктарбын бөх-сах курдук көрүөҥ. Дьиҥэр, тобох матырыйааллары туһаҕа таһаарбыт быһыым. hэлии муоһун тугун да сыыска-буорга хаалларбат буола сатыыбыт, – диэн кэпсиир.

Сэһэргэһээччим амбарнай кинигэлээх. Онно үлэлэрин аатын, хас сыллаахха оҥорбутун, кээмэйдэрин, ханна баалларын бэлиэтэнэн иһэр. Сүрүн докумуонум диэн ааттыыр. Уран тарбахтаах киһи буочара оһуор курдук. Аны туран, хас сыллаахха ханнык быыстапкаларга кыттыбытын эмиэ сурукка тиһэр эбит. Араас күрэхтэргэ кыттыбытын туоһулуур бейджиктэрин мунньар.

Федор Ивановиһы кытта ырааҕы-киэҥи ырыттыбыт, үгүһү кэпсэттибит, онтон бэчээккэ киирбэтэх элбэх. Таҥнан, тахсан эрдэхпинэ: “Олус хайҕаан суруйума. Оннугу сөбүлээбэппин”, – дии хаалла. Дьоруой көрдөһүүтүн быһа гыммакка, сэһэргэһиибитин хайдах баарынан, арай арыый да сааһылаан уонна кылгатан таһаардым...

 

Иван Чиряев, Руслана Яковлева уонна ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...