17.11.2023 | 16:00

Эйэлээх олохпут туһугар көлөһүннэрин тохпуттара

Эйэлээх олохпут туһугар көлөһүннэрин тохпуттара
Ааптар: Валентина Сартаева-Васильева, Дьокуускай
Бөлөххө киир

Саха киһитэ симик, үөрбүтүн, хомойбутун ылбычча этиммэт дииллэрэ оруннаах. Төрөппүттэрбитигэр кэмигэр махтамматахпытын сааһыран олорон хомойо саныыбыт. Ол да иһин буолуо, чугас дьонум тустарынан сурукка тиһэн, өйдөөн-санаан ааһыахпын, кэпсиэхпин, үйэтитиэхпин баҕарабын. Кинилэр чэрдээх илиилэрэ – олохпут ааспыт кэмин кэрэһиттэрэ.

«Баайыстар дуо?»

Биһиги төрөөбүт нэһилиэкпит Хаҥалас сирэ-уота киэҥинэн, баай булдунан-алдынан, сирин аһа дэлэгэйинэн, дьоно-сэргэтэ ыалдьытымсаҕынан биллэр. Үгүс кэлии дьон сөбүлээн олохсуйбут, кэнчээри ыччата киэн тутта кэпсиир сирэ.

Саамай истиҥ киһибит, эбэбит Афанасьева Анисия Ивановна Таркаайыттан төрүттээх. Аҕата Афанасьев Уйбаан-Ордьоох диэн аатынан биллэр эбит. Эбэм бииргэ төрөөбүттэр алтыалар. Убайдара Сэргэй уонна Доропуун, бырааттара Дьөгүөр, Баһылай, Уйбаан. Эбэм ыал соҕотох кыыһа этэ. Кыра эрдэҕиттэн тыла суох. Дьон кэпсээнинэн,  оҕо эрдэҕинэ улахан холорук эрийэн сыһыыга бырахпытын кэнниттэн саҥарбат буолбут. Эбэм кэргэнэ Антонов Николай Егорович-Тукаала – Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Эһэм сэриигэ ыҥырыллан барарыгар улахан убайа Доропууҥҥа: «Дьоммун көрөөр-истээр, бэйэлэрэ кыайан олорор кыахтара суох», – диэн эбэбитин үс оҕотун кытта хаалларан барбыт. Улахан кыыһа Аана – биһиги ийэбит уонна кини бырааттара –  Дэлиһиэй, Баһылай. Эбэбит сэрии кэмигэр холкуос туох баар ыарахан үлэтигэр үлэлэспит. Оҕолорун аһатаары, дьоҥҥо үтүлүк, кээнчэ, бэргэһэ, истээх ыстаан тигэрэ үһү. Эн эбэҥ тикпит таҥаһын ол кэмҥэ элбэх киһи кэппитэ, тоҥортон-хатартан быыһаммыттара диэн дьон хойукка диэри махтанан кэпсииллэрэ.

Эһэбит сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, сураҕа суох сүппүт диэн сурук кэлбит. Ол курдук эбэбит үс оҕотун соҕотоҕун атахтарыгар туруортаан, үлэһит дьон оҥортообута. Оҕолоро ыал буолан, төрөөн-ууһаан, дьоһун-мааны ыал буолан олорбуттара. Эбэбит 82 сааһыгар диэри олорбута, биһигини эмиэ улаатыннарсыбыт улахан өҥөлөөх, ийэлээх аҕабыт кытаанах үлэҕэ өрөбүл, сынньалаҥ диэни аахсыбакка сылдьыбыттара.

Эбэбитин биһиги, оҕолор, тыла суоҕун улаханнык баардылаабат этибит. Илиибитинэн көрдөрөн кэпсэтээччибит. Хас биирдии тылын наһаа үчүгэйдик тарбахтарын араастаан көрдөрөн, онон билэн кэпсэтэр этэ. Биирдэ эбэбитин кулуупка киинэҕэ илдьэ бардыбыт. Сэриилээх киинэ көрдөрдүлэр. Эбэм ол киинэни нэһиилэ көрбүтэ, сөбүлээбэтэҕэ уонна хаһан да сылдьыбатаҕа.

Арай биирдэ, кыра сырыттахпына, араадьыйаҕа табах буортутун  туһунан кэпсээтилэр. Эбэм оччолорго мохуорка тардар этэ. Табах туох буортулааҕын, куһаҕанын бэйэм өйдүүрбүнэн илиибинэн араастаан туттан-хаптан быһаардым быһыылаах. Эбэм өйдөөтө уонна куһаҕан баҕайытык дорҕоон таһаарда. Мохуоркатын аҕалан оһох иһигэр симэн кэбистэ. Онтон ыла хара өлүөр диэри табах тарпатаҕа.

Ийэбит, аҕабыт сэрии сылын оҕолоро буолан, тоҥор-хатар, аччыктыыр, күүстээх үлэ диэни эттэринэн-хааннарынан билбит дьон. Сэрии сылларыгар син биир атын оҕолор курдук улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээтэхтэрэ. Кэлин Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Күндүттэн күндү киһибит, ийэбит Антонова Анна Николаевна сэрии кэмигэр 12 саастаах кыыс эбит. Ийэтин батыһа сылдьан холкуос туох баар үлэтигэр  илии-атах, ийэтигэр истэр кулгаах буолбут.

Бастакы холкуостары атахтарыгар туруорууга, онтон салгыы тыа сиригэр саҥа сири оҥорууга, сири кытта үлэ култууратын үрдэтиигэ, олохтоох нэһилиэнньэттэн механизатордары үөрэтиигэ массыына-тыраахтар ыстаансыйалара (МТС) сүдү оруолламмыттара, үгүс киһи инники дьылҕатыгар төһүү күүс буолбуттара. Нэһилиэктэртэн эдэркээн кыргыттар үөрэнэн, тимир көлөнү баһылаан, күүстээх үлэҕэ туруммуттара. Ийэбит, 20 сааһын туолаат, кыргыттартан биир бастакынан Мархатааҕы МТС-ка  тырахтарыыстаан  ыһыыга, сир хорутуутугар, тиэриитигэр, күһүҥҥү паардааһыҥҥа ситиһиилээхтик үлэлээбит. Бу сылдьан аҕабыт Васильев Василий Платоновиһы кытта билсэн, ыал буолбуттар. Ийэбит пиэрмэҕэ ыанньыксытынан  киирбитэ. Бары эдэр дьахталлар буолан, күргүөмнээхтик үлэлээбиттэрэ. Мархаҕа аҕыс сыл олорбуппут, онтон  аҕабыт дойдутугар Хаҥаласка көһөн кэлбиппит. Ийэбит бэкээринэҕэ үлэҕэ киирбитэ. Сарсыарда эрдэ туран оһоҕун оттон, тиэстэтин мэһийэн кэлэрэ. Барыта илии үлэтэ буолан, үлэтэ олус ыарахан этэ. Мин бэйэм, ахсыһы бүтэрэн баран, бэкээринэҕэ үлэлээн ити үлэ ыараханын эппинэн-хааммынан билбитим. Оччотооҕу килиэп сыта дыргыйан, олус минньигэс буолара. Ийэбит хаһан да бүппэт түбүктээх үлэлэргэ сылдьыбыта, кэлин интэринээккэ өр сылларга повардаабыта. Ол быыһыгар ынаҕар тирбэҕэлээн оттуура. Дьүөгэтэ Балбааралыын иннэлээх сап курдук батысыһа сылдьаллар этэ.

Амарах аҕабыт Васильев Василий Платонович оҕо эрдэҕинэ дьоно эрдэ өлөн, аймахтарынан сылдьан улааппыт, эриирдээх-мускуурдаах олоҕу этэҥҥэ ааһан, Мархатааҕы МТС-ка үөрэнэн, идэ ылан, тырахтарыыстаабыта, суоппардаабыта. Бу идэни Чурапчы Одьулуунугар биир сыллаах үөрэххэ үөрэнэн баһылаабыта.  Мин биир сыл иһигэр мэхээньик-инженер идэтин ыллым диэн үөрэн-көтөн кэпсээбитин өйдүүбүн. Кэлин пилорамщигынан, мэхээньигинэн үлэлээбитэ. Уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн тиэхиньикэҕэ сыһыаран, билигин суоппардыы сылдьаллар. Аҕабыт бултуурун олус сөбүлүүрэ. Күндү түүлээҕи бултаабытын энчирэппэккэ барытын туттарар этэ. Күһүн буолла да муҥхалааһын тэрийэн, муҥхаҕа түмэн, балыктаан дьону үөрдэрэ-көтүтэрэ, “Баайыс муҥхата дуо?” – дэтэрэ. Эдэри кытта эдэр, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас буолан, үгүс элбэх атастааҕа-доҕордооҕо. Уоппуска ылан олорбутун өйдөөбөппүн. От-мас тиэйиитэ, өрөмүөн үлэтэ быыс булларбат этэ.

Бииргэ төрөөбүт ахсыабыт: Валя, Света, Вера, Полина, Галя уонна күүтүүлээх уолаттар: Валентин, Володя, Коля. Эбэбит оҕолуура, улахан кыргыттар көмөлөсүһэн улааппыппыт. Ийэм оҕолонон баран дьиэҕэ олорбутун эмиэ өйдөөбөппүн. Биһигини аһатаары, таҥыннараары, үлэлээн тахсар этэ. Дьонум билигин бэйэлэрин ааттатар 24 сиэннээхтэр, 43 хос сиэннээхтэр, – диэн бэйэтин ахтыытын түмүктүүр Светлана Васильевна.

Былыр-былыргыттан саха дьоно хос ааттаах буолаллара. Василий Платонович уонна Анна Николаевна “Баайыстар дуо?!» – дэтэн, дьон-сэргэ убаастыыр, Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин биир тумус туттар ыала этэ. Бу төһө даҕаны биир-икки тылынан эрэ сурукка тиһилиннэр, кинилэр олорон, үлэлээн ааспыт олохторо эриирдээх-мускуурдаах, аччыктааһын, тоҥуу-хатыы эҥээрдээх буоларын биһиги көлүөнэ истэн, көрөн билэбит. Биһиги эйэлээх олохпут туһугар эрэллээх буолан, доруобуйаларын толук ууран, көмүс көлөһүннэрин тохтохторо, үгүс сыраларын биэрдэхтэрэ... Ол эрэн оҕо-уруу тэнитэн, ыал бастыҥа ааттанан, үтүө холобур буолар  дьоһуннаах олоҕу олорбуттара. Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыла биллэриллэн, үлэһит дьон олорон, үлэлээн ааспыттарын санаан-ахтан ааһарбыт тоҕоостоох.

Ийэм, аҕам

Дьүөгэм туһунан аҕыйах тылынан

Бииргэ үөрэммит үөлээннээҕим, биир санаалааҕым, дьүөгэм Стручкова Светлана Васильевна кэрэ сэбэрэлээх, сытыары-сымнаҕас майгылаах, сырдык, ыраас дууһалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ, эйэҕэс сыһыаннаах, налыччы эрээри оҥорбута-туппута эрэ баар буолан, сатаабатаҕа, кыайбатаҕа диэн суох. Дьиэтин түбүктээх үлэтиттэн ордон, биир санаалаахтарын түмэн, “Түһүлгэ” диэн уопсастыбаннай түмсүүнү салайан, Арассыыйа таһымнаах «Дууһабытынан эдэрбит» Саха сиринээҕи киинигэр үлэлэһэр уонна “Саха култуурата” бырайыагы салайан, өрөспүүбүлүкэҕэ биир санаалаахтарын өйөбүлүнэн киэҥник тарҕатар. Нэһилиэгэр ааспыт сыл түмүгүнэн “Сыл бастыҥ түмсүүтэ” ааты ылбыта. “Түһүлгэ” түмсүүтүн салайан, икки ый устата Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыы байыастарыгар таҥас тигэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит “Илии сылааһа” күрэххэ кыттан, тигии хаачыстыбатын көрөн уонна төһө элбэх таҥаһы тикпиттэрэ сыаналанан, иккис бириистээх миэстэҕэ тигистилэр уонна бу көмөлөрүн тохтоппокко салгыы үлэлэһэллэр. Светлана Васильевна түмсүүтүн сатабыллаахтык салайан, араас аһымал аахсыйаларга көмөлөрө аата-ахсаана суох, ону таһынан үгүс тэрээһиннэргэ тиһигин быспакка кытталлар.

Светлана Васильевна кэргэнэ Стручков Иван Гаврильевичтыын Мэҥэ Хаҥалас улуууһун Төҥүлүтүгэр бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор, нэһилиэк биир киэн туттар ыала, элбэх оҕо тапталлаах төрөппүттэрэ, минньигэстэн минньигэс сиэннэр эбэлэрэ, эһэлэрэ.

Баҕарбыккыт барыта табыллан, санаабыккыт сатанан, толкуйдаабыккыт туолан, кыайыы кынаттанан, ситиһии аргыстанан үөрүүгүт үрдээн истин диэн баҕа санаам бастыҥын аныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....