30.12.2022 | 13:00

Евгений Григорьев: «Куорат соҕуруу хайысханан улаатыаҕа»

Ахсынньы 22 күнүгэр «IT-куб» дьиэтигэр куорат баһылыга Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрүстэ. Икки чаас кэриҥэ буолбут кэпсэтиигэ сылаас тохтобулларга, оптуобус маршруттарыгар, суол өрөмүөнүгэр сыһыаннаах уонна да атын киин куорат олохтоохторун долгутар ыйытыылар киирдилэр.
Евгений Григорьев:  «Куорат соҕуруу хайысханан улаатыаҕа»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Арыгыны атыылыыр «туочукалары» кытта охсуһуу

Суруналыыстар, бастакы уочарат, арыгыны атыылааччылары бэрээдэктээһини ыйыттылар.

– Итирдэр утахтарынан эргинэр маҕаһыыннары 171-с №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа уонна РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕар олоҕуран бэрээдэктиибит. Итини таһынан регионнарга эбии хааччахтааһыннары киллэрэр быраап бэриллибитэ. Холобура, арыгыны атыылыыр сирдэр социальнай эбийиэктэртэн уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн төһө тэйиччи туруохтаахтарын быһаарар быраап. Биһиги 2022 сыл ыам ыйыгар арыгыны атыылыыр сирдэр социальнай эбийиэктэртэн 100 м тэйиччи туруохтаахтарын туһунан 118п №-дээх уурааҕы ылыммыппыт уонна эбийиэктэр икки ардыларын ырааҕын кээмэйдиир оросчуоту уларыппыппыт. Билигин аантан ааҥҥа диэри, көнөтүк ааҕабыт. Ити миэрэ көмөтүнэн куорат киинигэр саҥа алкомаҕаһыыннар арыллаллара бобуллубута. Ил Түмэҥҥэ киин куоракка арыгыны атыылыыр сир иэнин 75 кв. м. итэҕэһэ суох улаатыннарар курдук этиини киллэрбиппит. Көҕүлээһиммитин дьокутааттар бастакы ааҕыыга ылыммыттара

 

Оптуобус төлөбүрүн 45 солкуобай оҥорорго этии киирбит

Куорат олохтоохторун долгутар боппуруостартан биирдэстэрэ – уопсастыбаннай тырааныспар үлэтэ уонна төлөбүр үрдээһинэ.

 

– Куорат нэһилиэнньэтэ сылын аайы 3% эбиллэн иһэр, билигин манна 370 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Уһук Илиҥҥи уокурукка Дьокуускай саамай түргэнник улаатар куорат. Онуоха тырааныспар тиийбэт, урут оҥоһуллубут маршруттар да табыгаһа суохтар. Ол иһин уопсастыбаннай тырааныспар систиэмэтигэр реформа оҥоһуллуон наада. Билиҥҥи кэмҥэ оптуобус маршруттарын үөрэтэр, төһө пассажир айанныырын уонна ханан оптуобус сылдьара ирдэнэрин чопчулуур чинчийии ыытыллар. 2023 сыл бастакы кыбаарталын бүтэһигэр түмүгэ тахсыахтаах. Дьэ, оччоҕо, уопсастыбаннай тырааныспар систиэмэтэ хайдах буолуохтааҕа арылхайдык көстөн кэлиэҕэ, саҥа маршруттары оҥоруохпут.

Өссө биир түгэн – Ленин проспегынан оптуобустар сылдьыбаттара. Өрөмүөн үлэтэ бүтүөр диэри суолу арыйар бырааппыт суох, ирдэбил оннук.

Куорат баһылыгын быыбарыгар кыттарбар бырагыраамабар уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын саҥардыам диэбитим. Быйыл 100 оптуобуһу ыллыбыт, итинтэн 65-һэ «ЯПАК» МУТ бэрилиннэ, 35-һэ – чааһынайдарга. Эһиил өссө 100 оптуобуһу атыылаһар былааннаахпыт. Научнай чинчийии түмүгүн кэтэспэккэ, оптуобустар кэллилэр даҕаны, маршруттарынан таһаарыахпыт. Оччоҕо, куораты, ол иһигэр чааһынай секторы бүттүүн хабар гына, төһө оптуобуһу уонна микрооптуобуһу эбии  ылар наадата көстүөҕэ.

 

Тарыып туһунан этэр буоллахха, чааһынай оптуобустары түмэр «Союз-Авто» тэрилтэ Олохтоох дьаһалтаҕа, оттук уонна сапчаас сыаната үрдээбитинэн, төлөбүрү 45 солкуобайга тиэрдиэххэ диэн этии киллэрдэ. Мин санаабар, итинник гынар сатаммат. Оптуобус төлөбүрүн эмискэ, ботуччу үрдэттэххэ, куорат олохтооҕун хармааныгар охсоро биллэр суол. Инфляция кээмэйинэн көрүөххэ наада. 

Сылаас тохтобуллар уонна дьиэтэ суохтар

Оптуобус реформатын кэнниттэн кэпсэтии устунан сылаас тохтобулларга халыйда. Сылаас тохтобуллар тоҕо хатааһыннаахтарый уонна итиннэ хорҕойор дьоҥҥо туох миэрэ ылылларый?

 

 –  Куорат үрдүнэн 70-ча тохтобул баар, итинтэн аҥаарын «ЯПАК» МУТ көрөр-истэр, аҥаарын – чааһынайдар. Сылаас тохтобуллар үлэлэрэ мэлдьи хонтуруолланар, хатааһыннаах буоллахтарына – өрөмүөн бара турар. Быйыл вандаллар 9 тохтобулу алдьаттылар, полицияҕа сайабылыанньа суруйбуппут. «ЯПАК» МУТ дьаһайар тохтобулун өрөмүөнэ арыый да бытаан, тоҕо диэтэххэ тэрилтэ сүрүн үлэтэ – пассажирдары таһыы. Ол иһин кэлэр сылтан, тохсунньу 13 күнүттэн, тохтобуллары Уопсастыбаннай миэстэлэри салайар кииҥҥэ биэрэргэ быһаардыбыт. Кинилэр ити эбийиэктэри ордук хаачыстыбалаахтык көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Тохтобуллар ахсааннарын элбэтэн иһиэхпит, биэс сыл тухары сылга 15 тохтобулу тутан, уопсайа сүүскэ тиэрдэр былааннаахпыт.

Дьиэтэ суох, ускул-тэскил сылдьар дьон туһунан этэр буоллахха, аҥаардас куорат эрэ дьаһалтата ити кыһалҕаны кыайбат. Онон ИДьМ куораттааҕы салаатын уонна Үлэ, социальнай харалта министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлиибит. Дьиэтэ-уота суох дьону полиция үлэһиттэрэ эрэ тутар бырааптаахтар диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Ити өттүнэн үлэ барар, элбэх киһини ылаллар. Куорат олохтоохторо, итинник дьон сылаас тохтобулга бэрээдэги кэһэллэрин көрдөхтөрүнэ, полицияҕа биллэриэхтэрин наада. Биллэрин курдук,  кыһын хаамаайы дьон ахсаана аҕыйыыр, саас буолла, халлаан сылыйда даҕаны, күөрэс гына түһэллэр. Биллэн турар, ити ыйтан түспүт дьон буолбатахтар, бэйэбит биир дойдулаахтарбыт. Кинилэр киһилии олоххо төннөллөрүгэр уопсастыба көмөтө ирдэнэр.

Урут, сэбиэскэй кэмҥэ, «тунеядствоҕа» ыстатыйа баара, дьон күнү күннээн, мээнэ уулуссаны кэрийэ сылдьыбакка, булгуччу үлэлииллэрэ ирдэнэрэ. Билигин, мин көрөрбүнэн, итинник  олоҕу талбыт дьон 90%-на илиилээхтэр, атахтаахтар, үлэни кыайар көрүҥнээхтэр. Ити кыһалҕаны быһаарар булгуччу ирдэнэр.

Бэйдиэ сылдьар кыыллар

Салгыы суруналыыстар бэйдиэ сылдьар ыттар, сылгылар «штрафстоянкаларын» боппуруоһун таарыйдылар.

– Бэйдиэ сылдьар кыыллар кыһалҕалара эмиэ сытыытык турар. Бруцеллез диэн кутталлаах ыарыы туһунан ыйытыыга маннык хоруйдуубун – итинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ветеринарияҕа департамена дьарыктанар. Биллэн турар, приют куорат уокуругар турар, онон биһиги хонтуруоллаһабыт, сокуон кэһиллибэтин курдук көрөбүт-истэбит. Билиҥҥи кэмҥэ сүрүн сыалбыт – дьэллик ыттары салгыы тутуу, кыһыҥҥы өттүгэр кинилэр үөрүнэн сылдьар буолан ордук сэрэхтэнэллэр.

Тус бэйэм санаабын эттэхпинэ, «ыт боппуруоһугар» куорат баһылыгын эбэтэр көннөрү куорат олохтооҕун курдук сыһыаннаһабын диэн буолбат, барыта сокуон хараҕынан буолуохтаах. Ыттары үйэлэрин тухары аһатан-сиэтэн олоробут дуо диэн ыйытыыга эмиэ итинник хоруйдуубун – сокуон көрөҕүт диир, ол аата тыыннаахтарын тухары көрөбүт, аһатабыт-сиэтэбит. Итинтэн атын буолбат.

Урут сылгылаах дьону кытта өйдөтөр үлэни ыыта сатыыр этибит. Тавроларынан көрө этэн көрдөхпүтүнэ, олох наадыйбаттара. «Штрафстоянка» тэрийэн ботуччу ыстараап төлөттөрбүппүтүгэр дьэ «баайдарыгар» кыһаллар буоллулар, билигин куорат иһигэр сылгылара көстүбэттэр, үҥсүү аҕыйаата.

 

Куорат маастар-былаана оҥоһулунна

Пресс-конференцияҕа Евгений Григорьевка, нэһилиэнньэ ахсаана элбээн иһэринэн сибээстээн куорат хайа диэки улаатыай диэн ыйытыы киирдэ.

– Быйыл, балаҕан ыйыгар Илиҥҥи экономическай форум балаһааккатыгар өрөспүүбүлүкэ киин куоратын маастар-былаанын билиһиннэрбитим. Маастар-былаан чэрчитинэн куорат Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуохтаах өттүн диэки улаатыаҕа, итиннэ элбэх тутуу барыаҕа. Ол аата сүрүн хайысханы соҕуруу диэки тутуһабыт. Ити хайысханан «Умнас» суол саҥардан оҥоһуллар, түөрт балаһалаах буолуохтаах, коллектордар, ууну ыытыы систиэмэтэ тутуллаллар, уулусса-суол ситимэ саҥардыллар. Итиэннэ, маастар-былаан быһыытынан, куоракка халаан уутуттан куттал суоһаабатын курдук, кытылы бөҕөргөтөр үлэ ыытыллар, ол иһигэр 204-с микрооройуон тутуллуохтаах сиригэр. Соҕуруу өттүгэр сайдарга миэстэ киэҥ, өссө биир Дьокуускайы тутуохха сөп. Мырааҥҥа тахсан куораты кэҥэтии туһунан толкуй баара эрээри, итиннэ федеральнай сир. Былырыын федеральнай сиргэ элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастактарын ылбыппыт – Бүлүүлүүр тракт 16 км, Намсыыр суолугар уонна Маҕан бөһүөлэгин территориятыгар. Ити этиллибит сирдэргэ элбэх оҕолоохторго 3 тыһыынчаттан тахса учаастак түҥэтиллиэҕэ. Дьон олохсуйан бардаҕына, инфраструктура оҥоһуллуоҕа – оскуолалар, оҕо уһуйааннара тутуллуохтара.

 

Кэпсэтиини сүнньүнэн сырдаттахха, итинник. Куорат баһылыга барыта 30-тан тахса ыйытыыга сиһилии хоруйдаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....