30.04.2021 | 10:46

Евгений ГРИГОРЬЕВ: «2032 сылга хаарбах дьиэ суох буолуохтаах»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Муус устар 26 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Россия 24” ханаал “Прямой эфир с городом” биэриигэ кыттыбыта. 
Бүгүн онтон баһылык сүрүн санааларын сааһылаан, ыллыктаах этиилэрин ыпсаран таһаарабыт.

– Сотору Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев “Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытын туһунан” ыйааҕа баттаныахтаах. Кэнники 5-6 ый бу докумуон оҥоһулларыгар, ситэригэр-хоторугар Бырабыыталыстыбаны, тустаах министиэристибэлэри, Ил Түмэн, куорат Дууматын дьокутааттарын кытта ыкса үлэлээтибит. 
2032 сылга Дьокуускайы Арассыыйа атын куораттарын кытта тэҥҥэ күрэстэһэр, хотугу сир усулуобуйатыгар үтүө холобур буолар куорат быһыытынан көрөбүт. Бу үөһэ этиллибит ыйаахха киирбит бырайыактар өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар төһүү күүс буолуохтара. 
– Эһиил Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит. Онуоха диэри олоххо киириэхтээх тутаах бырайыакпыт элбэх. Ону таһынан биэс сыллаах былааны эбии туруорабын. Ол үксэ быыбар иннинээҕи бырагыраамабар киирбитэ. 2032 сылга, Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 400 сылыгар, биһиги куораппытыгар хаарбах дьиэ суох буолуохтаах, суолларбыт туох баар ирдэбилгэ эппиэттиир курдук оҥоһуллуохтаахтар. Маны таһынан, куорат сыбаалкатын рекультивацията, бөҕү араарар собуот тутуута курдук бөдөҥ бырайыактар олоххо киириэхтээхтэр. Гаас кыамтата тиийбэт боппуруоһун быһаарыахтаахпыт, суол кытыыларыгар уу сүүрэр лотуоктар оҥоһуллуохтара, биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ ыытыллыахтаах.  

– Коммунальнай сулууспалар сааскы түбүктэрэ үгүс, ааҕан сиппэккин. Үс ыйдаах ыраастааһын үлэтэ быйыл урукку сыллардааҕар эрдэ саҕаламмыта. Бэс ыйын 1 күнүгэр диэри салҕанар.

(Ааптар – Евгений Николаевич муус устарга ким да күүппэтэх элбэх сөҥүүтэ түспүтүн бэлиэтээн ааста. Ыйдааҕы нуорманы 4 төгүл куоһарбытын эттэ).

– Дьиҥэр, эрдэлээн, былааммытын толорон испиппит. Салайар хампаанньалар, “Якутдорстрой” тэрилтэ,  управалар күүстэринэн Дьокуускай куорат сириттэн-уотуттан элбэх хаары ыраастаабыппыт.

Билигин былааннаммыт үлэ ыытыллар. Уу лотуоктарын 80 бырыһыана паарынан ититилиннэ. Носуостар бары туруорулуннулар. Намыһах сирдэртэн, оҥхойдортон уу, чалбах хачайданар. Күн аайы 10-11 массыына икки симиэнэнэн үлэлиир.

Биллэн турар, таһырдьа күнүһүн сылыйан, түүнүн тоҥорон, эбиитин хаар өлгөмнүк түһэн, кэккэ кыһалҕалары үөскэттэ. Ол да буоллар, уопсастыбаннай тырааныспар тохтоло суох сырытта. Дьон социальнай эбийиэктэргэ кэлэллэригэр-баралларыгар харгыстары көрсүбэттэрин курдук ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимин биллэрбиппит.    

 

Ыксаллаах түгэннэргэ болҕомто ууруллуохтаах боппуруостара күөрэйэн тахсаллара баар суол.

– Дьокуускай куорат коммунальнай сулууспаларыгар тиэхиньикэ боппуруоһа ыарахан. “Якутдорстрой” тэрилтэ тиэхиньикэтэ бүтэһигин 2013 сыллаахха саҥардыллыбыт. “Жилкомсервис” тэрилтэҕэ балаһыанньа эмиэ оннук. Сылга 365 хонук, сууккаҕа 24 чаас устата тигинэччи үлэлиир тиэхиньикэҕэ бу улахан болдьох. Онон Дьокуускай куорат коммунальнай тиэхиньикэтин саҥардыы бырагырааматын үлэлэтиэхпитин наада диэн бэйэбэр чопчу сыал-сорук туруоруннум.

 

– Отут сылга биирдэ итинник уһун тымныылар түһэллэр эбит. Уопсайынан, туох баар ситимнэр, хочуолунайдар, итиинэн хааччыйар тэрилтэлэр бэйэлэрин үлэлэрин толордулар диэххэ сөп. Арай тохсунньу 25 күнүгэр Птицефабрика хочуолунайыгар быһылаан тахса сылдьыбыта. Уот эмискэ өрө тахсыбытыгар, носуостар үлэлэрэ тохтообута. Ол түмүгэр суукка кэриҥэ Птицефабрика оройуонугар хочуолунай үлэтигэр харгыстар тахсыбыттара. “Теплоэнергия”, салайар хампаанньалар, ОДьКХ тустаах тэрилтэлэрэ түмсүүлээхтик үлэлээн, балаһыанньаны ыксаллаах быһыыга-майгыга тиэрдибэтэхпит. 47 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ, 115 чааһынай дьиэҕэ, 2 социальнай эбийиэккэ киэһэлик үлэ чөлүгэр түһэриллибитэ.  Быйыл бу хочуолунайга улахан өрөмүөн ыытыллыаҕа. Онуоха 95 мөлүйүөн көрүҥэ үп көрүллүөҕэ.

 

Манна даҕатан эттэххэ, баһылык кэлэр ититии сезонугар бэлэмнэнии үлэтэ саҕаламмытын, өрөмүөннэнэр эбийиэктэр, бырайыактар быһаарыллыбыттарын кэпсээтэ.

Эргэ Табаҕаҕа, Пригороднайга, Хатаска үгүс дьиэ учаастагын сирэ сиҥнэ турар. Быйыл биэрэги бөҕөргөтүүгэ 25 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Үгүс үлэ ыытылынна, таас хайа буора кутулунна. Ол эрээри бу сэрэтэр эрэ миэрэ диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Киэҥник ыллахха, бу кыһалҕаны даамба тутан быһаарыахпытын эрэ сөп. Олус элбэх үбү эрэйэр. Ити үс нэһилиэги уонна Тулагыны киллэрэн туран, федеральнай үбүлээһиҥҥэ киирэр курдук, бырайыак докумуоннарын оҥоруохпутун наада. Аҥаардас онно 160 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп ирдэниллэр. Эбийиэги тутууга төһө барарын этэ да барбаппыт.

9000 кэриҥэ учаастак ууга барар сиргэ киирэр. Онон бу кыһалҕаны быһаарарга куорат, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар стратегическай хабааннаах сорук турар.   

Дьиэлэр тиэргэннэрин тупсарыыга үгүс болҕомто ууруллуоҕа. Манна биирдиилээн буолбакка, комплекснай быһаарыы наада. Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр баар бырагырааманы холобурдуохпун баҕарабын. Ол курдук, кинилэр бэрэсидьиэннэрин өйөбүлүнэн “Наш двор” диэн бырагыраамалаахтар. Дьокуускайга эмиэ итинник бырагыраама баар буолуохтаах. Бу хайысханы Айсен Сергеевич өйдүүр, өйүүр. Сотору кэминэн маннык бырагырааманы олоххо киллэриэхпит диэн эрэнэбин. Куораты тупсарыы уонна көҕөрдүү үс сыллаах былаанын чэрчитинэн үбүлээһин көрүллүөхтээх. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн өйөбүл ыллахпытына, хамсааһын икки-үс төгүл түргэтиэхтээх.

Үс сыл устата 600 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп дьиэлэр тиэргэннэрин, уопсастыбаннай эйгэлэри тупсарыыга, көҕөрдүүгэ туһаайыллыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүн учуоттаан, бу бырагырааманы кэҥэтэр былааннаахпыт.     

Билиҥҥи туругунан салайар хампаанньалар бу боппуруоһу бэйэлэрин күүстэринэн хайдах даҕаны быһаарар кыахтара суох.

– Билигин Дьокуускай куоракка хаарбах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕэ ыытыллар. Манна 2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан биллэриллибит дьиэлэр хапсыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ эбии үбүлээһини көрөн, көһөрүү бырагыраамата икки сылы урутаан иһэр. 
Бэйэм элбэх кыбартыыралаах мас дьиэни барытын хаарбах туруктааҕынан биллэриэхпин баҕарабын. Бу үлэни икки сыллааҕыта, Сардаана Владимировна (Авксентьева – ааптар) баһылыгынан олордоҕуна, саҕалаабыппыт. Сыл аайы 200 кэриҥэ дьиэ хаарбах туруктааҕынан ааттанар. Ааспыт сылларга холоотоххо, 5 сыл иһигэр бырагыраамаҕа 162 дьиэ хабыллыбытын кытта тэҥнээтэххэ,  үчүгэй көрдөрүү. 

– “Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак туһунан кэпсээтэххэ, сыл аайы былааммытын улаатыннаран, үлэбитин үксэтэн иһэбит. Быйыл Дьокуускай куорат уокуругар хаһааҥҥытааҕар да элбэх суол тутуллуохтаах. Онно 44 эбийиэк киирдэ. Уопсайа 48,29 км. 2,2 млрд солкуобай кэриҥэ үп тыырыллыбыта. 
Биллэн турар, бу үтүмэн үлэ үгүс сыраны, үрдүк профессиональнай таһымы эрэйэр. Киэҥ далааһыннаах бырайыагы олоххо киллэриигэ бэдэрээтчиттэртэн, сакаасчыттартан саҕалаан, тустаах тэрилтэлэргэ, уопсастыбаннай тырааныспарга, ГИБДД-га тиийэ халыҥ хамаанда хабыллар. Билигин Окружной шоссеҕа суол болотуната бэлэмнэнэр. Иван Кульбертинов уулуссатыгар уу ааһар турбалара уурулуннулар. Сир үчүгэйдик ирэ илик. Аспааллааһыҥҥа киирэрбит эрдэ.      
Хантараак түһэрсиитин 80 бырыһыана туолла. 2019, 2020 сылларга холоотоххо, үчүгэй көрдөрүү. Былырыын былааннаммыт кэмҥэ түмүктэммитэ. Ол эрээри пандемия биллэриллибитэ.   
Киин куорат ытык-мааны олохтоохторо уонна ыалдьыттара суол үлэтин кэмигэр кэккэ хааччахтааһыннарга бэлэм буолуохтаахпыт.  Федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэн, өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн суолбутун-ииспитин тупсарар кыахтаахпыт диэн бука бары өйдүөхтээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...